Киир

Киир

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Силиэстийэлиир кэмитиэт Саха сиринээҕи управлениетын Ньурбатааҕы оройуоннар икки ардыларынааҕы силиэстийэлиир салаатын юстиция хапытаана Н.Кириллин биллэр тустуук, Дьобуруопа чөмпүйэнээтин боруонса мэтээлин хаһаайына Николай Охлопков Алена Ананьеваны күүһүлүү сатааһыныгар (Арассыыйа ХК 131 ыст. 1 ч.- 30 ыст. 3ч.) киирбит иһитиннэриини бэрэбиэркэлээн баран, холуобунай дьыаланы тэрийэртэн батыммыт. Ону кытары өлбүт кыыс ийэтэ Анна Ильинична сөбүлэспэтин биллэрэр.

Санатар буоллахха, кулун тутар 18 күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр Алена Ананьева, кини бииргэ олорор уола Айсен Конобулов, кини балта Лилиана Конобулова уонна биллэр спортсмен Николай Охлопков дойдутугар кэлбитин бэлиэтээри мустубуттар. Аһыы утахтаах дьоро киэһэ кэмигэр Айсен табаарыһа Николай Охлопковка кыыһын күнүүлээтэҕэ буолбут. Силиэстийэ сабаҕалыырынан, Алена Айсенын кытары этиһэллэригэр Охлопков дьиэттэн тахсан барбыт. Кини тахсыбытын кэннэ кыыллыйбыт күнүүһүт уол кыысчааны өлүөр диэри үлтү сынньыбыт. Уорбаланааччы кыыһы сутуругунан, тимир олоппоһунан, мас сиппииринэн кырбаабыт уонна итии уунан куппут. 19 саастаах кыысчаан быһылаан буолбут сиригэр сырдык тыына быстыбыта. «Кини итии ууга буспут ыарыытыттан шок ылан өлбүт» диэн эспэртиисэ быһаарбыт.

Тустуук – туоһу эрэ

Айсен Конобулов кыыс сырдык тыыныгар туруутун ким да саарбахтаабат эбит буоллаҕына, бу быһылаан кэмигэр баар Николай Охлопков дьайыытын мунааран социальнай ситимнэргэ, уопсастыбаҕа улахан мөккүөр таҕыста. Ол гынан баран силиэстийэ Николай Охлопков бу ыар буруйга сыһыаннааҕын кыайан дакаастаабата, ол иһигэр полиграф чинчийиитэ эмиэ Охлопков кыттыгаһа суоҕун көрдөрбүт.

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр тахсыбыт холуобунай дьыаланы көбүтэртэн аккаастыыр туһунан быһаарыыга уорбаланааччы Конобулов уонна туоһу Охлопков көрдөрүүлэрэ баар. Онно сурулларынан, Охлопков Конобуловтыын кулун тутар 17 күнүгэр Охлопков олорор уопсайын хоһугар пиибэлии олорбуттар. Онтон түүн 12 ч. кэннэ Конобулов дьиэтигэр эбии пиибэ сакаастаан баран тиийбиттэр. Онно кинилэргэ Алена уонна Конобулов балта Лилиана кыттыспыттар. Бырааһынньык салҕанан барбыт. Охлопков сылайан саалаҕа дьыбааҥҥа нуктуу барбыт, ол сытан эмискэ иһэ ыалдьыбыт уонна туттуммакка ыстааныгар ыыппыт. Охлопков сыалаах аһы аһаабат буолан, кыайан туттумматаҕын эппит. Охлопков киртиппит таҥаһын көрүдүөргэ уларытта турдаҕына, хостон Лилиана тахсан кэлбит уонна утуйа сыппыт кырачаан кыыһы тыыппыт диэн уорбалаабыт. Ол этиһэ сылдьан куукунаҕа кэлбиттэр, онуоха Лилиана быһахтаммыт уонна Охлопков моонньун быһаҕынан сотон ылбыт. Хаан эҥин кэлбит. Онуоха кинилэр айдааннарыттан Ананьева уонна Конобулов уһуктан турбуттар уонна иирсээни тохтоппуттар. Охлопков “мин дьиэҕэ оҕо утуйа сытарын билбэт этим” диэбит уонна туохха уорбаланарын ситэ өйдөөбөтөҕүн да эппит.

Ити кэннэ салгыы пиибэлэрин ыймахтыы олорбуттар. Быһаарыыга сурулларынан, ол олорон, Алена Охлопковтыын оонньоһон, имэрийсэн барбыттар. Охлопков ону “Конобулов сэрэйбэтэҕэ” диэн көрдөрүү биэрбит. Бары утуйбуттарын кэннэ, сарсыарда 8 чаас саҕана Айсен уһуктан кэлэн баран Аленалаах Охлопков бииргэ сыталларын туппут уонна онтон уордайан, кыыһыгар саба түспүт. Ити бириэмэҕэ Охлопков кыыс хоонньуттан туран баран хоско куоппут. Конобулов Аленаҕа тиийэн баран “мин барытын көрө-истэ сыттым, тугу оҥорбуккун өйдүүгүн дуо?!” диэн түспүт. Онуоха Алена уола уорбалыырын утарбыт, утуйбатахтарын этээхтээбит. Ити кэмҥэ Охлопков таҥнан уопсайын диэки бара турбутун туһунан быһаарыыга суруллар.

Охлопковка холуобунай дьыаланы көбүтэргэ аккаастыыр быһаарыыга сурулларынан, Охлопков өлбүт кыыстыын бииргэ утуйан испиттэрин утарбат, “бэйэтэ оонньоспута” диэбит. Силиэдэбэтэллэр өлүккэ Охлопков генетическэй матырыйаалларын булбатахтар, онон “кыыһы күүһүлүү сатаабыт” диэн олоҕо суох диэн быһаарбыттар. Аны туран, дьиэҕэ баар кырачаан кыыһы ийэтэ “оҕобун күүһүлүү” сатаата диэн айдаарсан турбуттарын үөһэ этэн аһардыбыт. Онуоха бу чахчыны бэрэбиэркэлээҥ диэн кырачаан кыыс эбэтэ сайабылыанньа биэрбит. Кырачаан кыыс ийэтэ “Охлопков сыгынньах мин кыыспын кытары утуйар хоско киирбитэ, оҕом ытаабытыгар уһуктубутум” диэн быһаарбыт. Оттон бу дьиэҕэ түүн кэлбит Охлопков “оҕо утуйа сытарын олох да билбэт этим” диэбит, кини оҕону сарсыныгар уһуктан баран биирдэ көрбүтүн, түүн утуйа сытар оҕо хоһугар киирбэтэҕин эппит. Оҕо ийэтиниин утуйар хосторо тахсар аан аттыгар, көрүдүөргэ турар эбит, оттон Охлопков туттумматах хойуутун ыраастыырыгар уонна киртийбит таҥаһын уларыттарыгар ити хос аттыгар сылдьыбыт. Силиэстийэ хоско Охлопков суолун булбатаҕын этэр уонна кырачаан кыыска ханнык да эчэйии суоҕун (урут оонньуу сылдьан ылбыт кыра суоллартан ураты), Охлопков генетическэй матырыйаала кыыска булуллубатаҕын быһааран туран, Охлопков “кырачаан кыыһы күүһүлүү сатаата” диэн уорбалааһын оруна суоҕун быһаарбыт.

Ити быһаарыы матырыйаалыгар сурулларынан, Лилиана Конобулова Охлопковы кытары быһаарса сылдьан быһаҕынан таарыйбыт, ол хаан бырастыынаҕа уонна Лилиана таҥаһыгар биһиллибит. Оҕо утуйбут оронугар Охлопков матырыйааллара булуллубатахтар (ити хаантан ураты). Онуоха хааны Лилиана тутуһа сылдьан биккиллэн баран, ороҥҥо биспит буолуон сөп диэн быһаарбыттар. Маны таһынан, силиэдэбэтэл Лилиананы “кини бу иннинэ элбэҕи истэҕинэ тугу да өйдөөбөт уонна бэйэтин хонтуруолламмат түгэннэрэ бэлиэтэммиттэрэ” диэн суруйбут.

5e733fd06d0d9

“Сиэрдээх накаастабылы эрэ ирдиибит”

Биһиги суос-соҕотох кыыһын кыыллыы кырбатан өлөрбүт ийэҕэ – Анна Ильинична Игнатьеваҕа – тахса сырыттыбыт.

– Балаҕан ыйын 15 күнүгэр силиэдэбэтэл ыҥыран холуобунай дьыаланы билиһиннэрдэ. Уопсайа 6 туомнаах. Конобуловка ХК 105 ыст. 2 ч. дьыала тэриллибитэ. Бастаан отой да 111 ыст. 4 ч. тэрийэ сатаабыттара. Биһиги Охлопков эмиэ сокуон хараҕынан эппиэккэ тардыллыахтаах диэн туруорса сатаатыбыт да, кыайбатыбыт. Сүтүктээх сүүс аньыылаах дииллэр. Ол да буоллар мин бу быһылаан төрдө Охлопковка сытар дии саныыбын. Эспэртиисэ көрдөрбүтүнэн, кыыспыттан 2,96 промилле арыгыны булбуттар, ол аата олох итирик диэн. Дьиҥэ, кыыһым арыгыны батыспат, олоҕу саҥа билэн көрө сатыы сылдьар, баара-суоҕа 19 эрэ саастаах оҕо этэ. Айсенныын бииргэ олордохторуна, итирэн кэлэн баран илиитин эҥин көтөҕөрүн билэр этибит. Саҥа олорон истэхтэринэ кыыһым түүннэри ытыы-ытыы эрийэн, “кырбанным, миигин кэлэн ылыҥ” диэбитигэр, сонно тута көһөрөн аҕалбыппыт уонна олох билсимэ диэн боппуппут. Онтон 3 хоноот, кыыспын үөрэҕиттэн кэлэн иһэрин тутан ылан, бырастыы гыннаран, ааттаһан илдьэ барбыт этэ. Кыыһым барахсан “маа, мин таптыыбын ээ кинини” диэн туруорсан, талан ылан бараахтаабыта... Оо, дьэ, онно кыыспын биэрэн ыыппытым кыһыыкатыын!

Охлопков кыргыттарга арыгы иһэрдэ-иһэрдэ туһана сатаабыт. Итирик кыргыттар тугу да өйдөөбөт буоллахтара. Бастаан Лилианаҕа иҥээҥнии сатаабыт курдук. Онтон мин кыыһым итирбитин туһанан киниэхэ көспүт. Охлопков оччо итирик буолбатах эбит. Сарсыныгар туох да буолбатаҕын курдук, дьарыкка баран иһэр киһини туппуттара. Айсен кыыспар саба түспүтүн көрбүт киһи, тоҕо табаарыһын кытары эр киһилии кэпсэппэтэ, буойа сатаабата? Оҥорорун оҥорон баран, куттас киһи курдук куотан хаалла? Итирик кыыһы кыыл киэбин кэппит киһийдэххэ хаалларда? Ити быһылаан буолар күнүгэр мин кыыспын кытары 22 ч саҕана кэпсэппитим. Онуоха “ас астаатым, Айсен суох, ханна эрэ барбыт” диэхтээбитэ. Онтум түүннэри кэлэн арыгылаттахтара дии. Мин кыыһым Айсен испит буоллаҕына куттанар буолбут этэ, эрдэ итирэн баран илиитин көтөхпүтүттэн куттанаахтаатаҕа буолуо. Онон кини кутталыттан да испит буолуон сөп дии саныыбын. Айсен кыыспар чаанньыгы оргута-оргута итии ууну түөһүгэр куппут...

Аны туран, Охлопков кырачаан кыыска эмиэ иҥээҥнээбит диэн Лилиана бастааҥҥы көрдөрүүтүн эмиэ оруннаах дии саныыбын. Тоҕо кини саахтаах туруусугунан оҕо оронугар киирдэ? Оччо утуктаабыт киһи туруусуга да суох ыстааннаах сылдьыбат үһү дуо? Биһиги кыыһым өлбүтүн кэннэ ол дьиэттэн тиийэн малларын хомуйбуппут. Онно биһиги биэрбит матарааспыт бүтүннүү саах буолбут этэ. Ону биһиги оҕо сааҕа биккиллибит буоллаҕа дии санаабыппыт. Ону өйдөөн эспэртиисэҕэ ыыппакка хаалбыппыт, уоттаан кэбиспиппит... Бу киһи эрдэттэн кыргыттары арыгылата-арыгылата таҕылын таһаараары тииспит диэн саныыбын. Кини дьарыгын кэннэ Айсены бэйэтэ олорор уопсайыгар аҕалан иһэрдибит, ол кэннэ кыыһым аах дьиэлэригэр кэлбиттэр. Аны туран, кини ол “дьиэҕэ оҕо баарын билбэт да этим” диэн көрдөрүүтэ эмиэ саарбахтары үөскэтэр. Ама хайаан түүнү быһа арыгылаабыт сиригэр оҕо утуйа сытарын билбэт буолуоҕай?

***

Бу улахан айдааны таһаарбыт быһылаан сиэрдээхтик силиэстийэлэнэн, суут сөптөөх быһаарыыны ылыныа диэн эрэнэбит. Биһиги бу дьыала хаамыытын кыраҕытык кэтээн көрүөхпүт.

 

Дмитрий ИВАНОВ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар