Киир

Киир

Бүгүн, 2022 с. балаҕан ыйын 5 күнүгэр, саха биллиилээх тренерэ, педагога, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Саха АССР, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тренерэ, Бочуот Знага итиэннэ Октябрьскай революция орденнар кавалердара Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 94 сыла туолар.

Дмитрий Петрович 1928 с. балаҕан ыйын 5 күнүгэр Чурапчы оройуонун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Аҕата Коркин Пётр Кириллович уонна ийэтэ Мария Андреевна эрдэ өлөннөр, үс оҕо тулаайах хаалаллар. Алта саастаах Диманы Лазаревтар дьиэ кэргэн иитэ ылаллар. Сотору сэрии саҕаланан, Чурапчы холкуостара хоту көһөрүллэллэр, Лазаревтар Булуҥҥа бараллар.

Дмитрий Булуҥ оройуонун Бороҕон нэһилиэгин сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр, оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр гимнастиканан утумнаахтык дьарыктанар. Салгыы, Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатыгар спортивнай секцияларга дьарыктанар, ГТО-ҕа куорат үс төгүллээх кыайыылааҕынан буолар.

1952-1956 cc. Ленинградтааҕы Герцен аатынан педагогическай институкка үөрэнэр. Биир сыл көҥүл тустуунан уонна самбонан дьарыктанан, бастакы разряд нуормаларын толорор, кэлин Ленинград чөмпүйүөнүнэн, “Буревестник” ДСО күрэхтэһиитин иккис призёрунан буолар.

Dmitrij Korkin poluchaet nagradu iz ruk predsedatelya komiteta po fizkulture i sportu YAASSR Nikolaya Tarskogo

Дойдутугар эргиллэн кэлэн, Одьулуун сэттэ кылаастаах оскуолатыгар завуһунан, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир. Оройуон киинигэр Чурапчыга тустуу секциятын тэрийэр, 12 биэрэстэлээх сиргэ нэдиэлэҕэ үстэ сатыы кырынан – оҕолору эрчийэр.

Түөрт сыл буолан баран, тустууга таптала букатыннаахтык баһыйан, Чурапчыга көһөн киирэр уонна олоҕун сүрүн соругун – оҕо спортивнай оскуолатын тэрийиигэ утумнаах, өр сыллаах үлэтин саҕалыыр.

Коркин 2

Кураанах миэстэҕэ эрчийэр оҕолору кытта үс саалалаах спорт корпуһун тутан таһаарар, тустууга сөп түбэһэр спортивнай тренажердары оҥотторор.

Эрчийии бастыҥ ньымаларыгар олоҕурбут спортивнай уһаарыллыыны барбыт Коркин үөрэнээччилэрэ сотору кэминэн үрдүк чыпчааллары дабайан бараллар.

Коркин 3

Ол курдук, 1965 с. Вячеслав Карпов сахалартан бастакынан, ССРС үрдүнэн оҕолорго чөмпүйүөн буолар.

karpov vyacheslav pavlovich 656x1024Вячеслав Карпов

1969 с. оҕолорго аан дойду чемпионатыгар Илларион Федосеев бакстаы, Семён Макаров үһүс буолаллар.

FedoseevIGИлларион Федосеев

1967 c. Николай Захаров Польшаҕа буолбут «Олимпийскай эрэллэр» күрэхтэһиилэригэр кыайыылааҕынан тахсар.

200px Николай Захаров СахааччаНиколай Захаров-Сахаачча

1969 c. ССРС чемпионатыгар Роман Дмитриев муҥутуур кыайыылааҕынан буолар,  Захаров иккис миэстэҕэ тахсаллар.

589e9ff3e32d6Роман Дмитриев

1972 с. Мюнхеҥҥа буолбут Олимпиадаҕа Роман Дмитриев чөипүйүөн үрдүк аатын ылан, тренерин үөрдэр-көтүтэр.

Roman Dmitriev

Чурапчы оскуолатыттан 175 – ССРС спордун маастара, 12 – норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, 4 – ССРС спордун үтүөлээх маастара иитиллэн тахсыбыта.

Ол гынан баран, Дмитрий Петрович тренер быһыытынан сулустаах чааһа 1976 с. буолбута.

Кини үөрэнээччилэрэ Роман Дмитриев, Павел Пинигин уонна Александр Иванов Монреальга буолбут Олимпиадаҕа ситиһиилээхтик кыттан, спорт эйгэтигэр дьоһун кылааты киллэрэллэр.

Trio Monrealya 1

1977 с. Д.П. Коркин Дьокуускайга көһөн кэлэн, Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын уонна Саха сирин хамаандатын сүрүн тренердэринэн ананар.

14523232 1780316002247297 5111325093310197563 n 1

Дмитрий Петрович Коркин 1984 c. олунньу 22 күнүгэр Дьокуускайга өлбүтэ. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт дойдутугар – Чурапчыга кистэммитэ.

Улуу тренер Д.П. Коркин үтүө, сырдык аата чиэстээхтик үйэтитиллэр. Ол курдук, кини аатын Чурапчытааҕы спортивнай интернат-оскуола чиэстээхтик сүгэр.

fon shkoly 696x228

Дмитрий Петрович ыра санаатын толорон, 1999 с. Чурапчыга Физическэй культура уонна спорт института аһыллыбыта.

600eb6612b31632f6c618c9c012d873d L

gohmqy3v82bli499n71lg6llqodof287

Улуу тренер, педагог Дмитрий Петрович Коркин аатынан СӨ физическэй культураҕа уонна спорка эйгэтигэр судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммута.

Ираида Коркина-Чугдаара куйаар ситимин матырыйаалларыттан таҥан суруйда, хаартыскалары булла.

Санааҕын суруй