Киир

Киир

Харцизскай куорат аттыгар көстүүнэйгэ инники кирбииттэн кэлбит уолаттарга СӨ Постпреда А.С. Федотов тепловизор уонна да атын наадалаахтарын аҕалбытын туттара тиийэ сылдьыбыппыт. Снайпердар үс буолан кэлбиттэр этэ. Билсибиппитигэр Дархан – Үөһээ Дьааҥыттан, Рамзес – Амматтан, Винни Бүлүүттэн сылдьабыт диэн ыҥырар ааттарын ааттаабыттара.

Уолаттар: “Инники кирбиигэ турар сэриилэргэ настарыанньа үчүгэй, фронт билигин көнүөхтээх. Биһиги пуолкабыт инники баар, сүрүннээн, оборуонаҕа сытабыт. Запорожье диэки турабыт, Угледар биһигиттэн хаҥас диэки”, – диэн кэпсээбиттэрэ. Кинилэр балаҕан ыйын бүтүүтэ мобилизацияланан кэлбиттэр. Пуолкаларыгар алта уонтан тахса Саха сириттэн сылдьар араас омук дьоно баар эбит. Бары бэйэлэрин сахаларбыт дииллэр үһү, ону истэргэ үчүгэй баҕайы диэбиттэрэ. Кинилэр, снайпердар, соруктара дьоннорун көмүскээһин уонна өстөөх хамсаан, тугу эрэ гынаары гынарын тохтотуу үһү.

“Бу иирсээни ханнык сэриигэ тэҥниэххэ сөбүй?” диэн кэпсэтиигэ атыҥҥа сылдьыбатах буолан, тэҥниирбит уустук диэбиттэрэ. Ол эрээри мындыр уолаттар “билигин технология уонна хараахтар сэриитэ барар” диэн олус сөпкө эппиэттээбиттэрэ. Дархан: “НАТО-лар сорох технологиялара үчүгэй буолуон сөп да, хараахтардаахпыт, өссө сахалыы-махалыы толкуйбутунан ону-маны туһалааҕы, наадалааҕы оҥорон, эппиэттэһэ сылдьабыт. Сахалар сыстаҕастар, элбэҕи сатыыллар диэн хайгыыллара оруннаах. Сахалар хараахтарбытын “саха ньоҕой” диэн өс хоһооно барытын быһаарар. Өрөспүүбүлүкэ олус үчүгэйдик хааччыйар, дойдубут бэйэтин дьонугар кыһалларыттан олус үөрэбит, уолаттар киэн тутталлар. Биһиэхэ чааспытыгар баар  атын эрэгийиэнтэн сылдьар уолаттар сүрдээҕин сөҕөллөр, олус кыһамньылаах былаастаах эбиккит дииллэр”, – диэн кэпсээбитэ.

Уолаттар сакаастарынан кэлбит тэриллэргэ махтаммыттара. Ордук тепловизорга үөрбүттэрэ. Тепловизора суох буоллахха, Украина түүнэ олус хараҥа, борук-сорук буолла да, тугу да көрбөккүн.  Булчут буолан, тыаҕа сылдьар үөрүйэхтэринэн, интуицияларынан ким эрэ атын чугаһаабытын, туох куттал эрэ баарын сэрэйэн билэллэрин кэпсээбиттэрэ.

“Хотутент” тэрилтэҕэ “Ойуун” диэн көстүүм, бүрүйэр, сабар таҥастарын иһин  улахан махталларын тиэрдибиттэрэ. Тепловизор курдаттыы көрбөтүн бэйэлэрэ бэрэбиэркэлээн көрбүттэр. “Ойуун” диэн масхалаат көстүүм чэпчэки, кэтэ сылдьарга табыгастаах.

Хаһыат үлэһитэ буолан, инники кирбиигэ сахалыы хаһыаттар тиийэллэрин ыйытабын. Хаһыаттар кэлэ тураллар үһү, “Кыымы”  ааҕаллар эбит. “Ыраах баҕайы сылдьан сахалыы тыллары көрөн ааҕар дьикти үчүгэй” дииллэр.

Дроннарынан сэриилэһэргэ бэйэлэрэ үөрэнэ сылдьаллар эбит.  Бастаан “Аутел” хампаанньа дронун биэрбиттэр. Ону үөһэ таһааран устаары көтүппүттэрин өстөөхтөр көтүтэн, уоран ылбыттар. Онуоха Саха сириттэн барса сылдьыбыт, дроннарга үөрэтэр Семён Шишигин тоҕо былдьаммыт кистэлэҥин быһааран биэрбитэ. “Аутел” Эмиэрикэ хампаанньата эбит, кинилэр оҥорбут дроннарын кодтарын барытын украиналарга биэрбиттэр. Ону көтө сылдьар аутеллары сканердаан, ханнык нүөмэрдээх көтө сылдьарын булуохтарын сөп үһү. Онон инники кирбиигэ дрон ыытарга инники туруоруллубут бырагырааматын барытын алдьатан, бэйэҥ киэнин угуохха наада эбит. Исписэлиистэр дрон анал бырагырааматын алдьаттахха, кыаҕа аҕыйыыр, онон дроннаах байыас салайар маастарыстыбатын үрдүгүнэн баһыйан, субу-субу турар сиргин уларыта сырыттахха, былдьаппакка илдьэ сылдьыахха сөп дииллэр эбит. Ол эрээри аһаҕас сиргэ позицияҕын субу-субу уларытар табыллыбат, өстөөххө көстөн биэрэргинэн, бырагырааматын алдьатар ордук курдук.

Дроннары халлаан ыраас, тумана, ардаҕа суох буоллаҕына, икки өттүттэн: украиналар да, биһиэннэрэ да тохтоло суох көтүтэ олороллор.  Кыранаата бырахтараллар, байыаннайдар ханан баалларын көрөллөр, артылыарыйа ытарыгар координаттары биэрэллэр.

Уолаттар “бастаан кэлбиппит кэннэ дроннары ытымаҥ, сууллубут сиринэн артылыарыйа ытыалыыр диэн боболлор этэ.  Бэл, дроннар олус “наглайдаан” билиндээстэри “өҥөйөн” көрөллөрө. Биһиги уолаттарбыт тулуйбакка, сүүрэн тахсан күрдьэҕинэн суулларбыт этилэр, билигин ытыалыыбыт. Дрону күөрэтэргэ “МР” саа ордук буолуо эбит, биэстэ ыттахха, элбэх доруоп көтөн тиийиэ этэ”  дэһэллэр.

Украиналарга НАТО дойдуларыттан ньиэмэстэр, поляктар, атын да омуктар элбэхтэр эбит. Бэл, биирдэ рациянан кэпсэтэллэрин, аангылыйалыы билэр уолга тылбаастаппыттара Эмиэрикэ ЧВК-лара, бааһынай байыаннай хампаанньа дьоно эбиттэр.

Уолаттар өссө биир дьиктини кэпсээтилэр. Урут бэйэ-бэйэлэрин кытта сахалыы кэпсэтэллэр эбит. Онтон өстөөхтөрүгэр сахалыы саҥарар киһинэн дуу, суруллубут аудионы дуу саҥардар буолбуттар. Кинилэр долгуннарыгар тахсан “тоҕо кэллигит, дьиэҕитигэр барыҥ” эҥин дэтэн барбыттар. Ол иһин устан ылан тылбаастатыахтара диэн сэрэнэн, сахалыы саҥаралларын тохтоппуттар.

Ыраах сылдьар дьон “дойдубутун ахтабыт, хаартыскаларга, видеоларга кыһыммытын көрөрбүт үчүгэй баҕайы” дииллэр.

Дархан Саха сирэ Кировскайга чөлүгэр түһэрэр тутууну ыытарын сэргии истибитэ, кэлин ити тутууга кыттыан баҕарарын эппитэ. Мин илдьибит “Кыыммын” уолаттарга туттартаабытым. Кини хаһыаты ылан көрөн баран “түөрт хонуктааҕыта эрэ тахсыбыт” диэн, саҥа хаһыаты тутан, дойдутун саҥа сонуннарын көрүөм диэн үөрбүтэ. Ким билиэй, онно итиннэ саха хорсун буойунун миэхэ эппит тиһэх тылларын истэрбин.

Аҕыйах хонуктааҕыта, бааһырбыт саллааты инники кирбииттэн таһааран иһэн, Дархан – Моисей Иванович Иванов кыргыһыы хонуутугар хорсуннар өлүүлэринэн охтубутун туһунан ыар сураҕы истэн, улаханнык харааһынныбыт. Саха дьоруой уола Дархан туһунан сырдык өйдөбүлү умнуохпут суоҕа.

Владимир СТЕПАНОВ.