XIX үйэ иккис аҥаарыгар улуус олохтоох нэһилиэнньэтэ сырдыкка тардыһыыта, үөрэххэ дьулуһуута улам күүһүрэн испитэ. Ол түмүгэр 1872 сыллаахха Бороҕон улууһун киинигэр Томторго аан маҥнайгы оскуола арыллыбыта.
Бастакы учууталынан Ширшиков Иван Семенович үлэлээбитэ, оччотооҕу оскуолаҕа 11 оҕо үөрэммитэ. Томтор оскуолатыгар үөрэммиттэртэн кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үтүөкэн үлэһиттэр, наука деятеллэрэ, суруйааччылар, поэттар, учууталлар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларын чулуу үлэһиттэрэ үүнэн тахсыбыттара. БКП (б) Саха уобаластааҕы кэмитиэтин II сэкирэтээрэ, ССРС Верховнай Сэбиэтин бастакы ыҥырыытын дьокутаата Н.Н. Окоемов, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ, суруйааччы, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата В.А.Протодьяковнов-Кулантай, саха норуотун фольклорун чинчийээччи И.В. Пухов, Социалистическай Үлэ дьоруойа, ыанньыксыт А.С. Копырина, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ П.В. Аммосов, саха норуота сүгүрүйэр поэта, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата С.С. Васильев – Борогонскай, о.д.а. 1930-с. бастакы аҥаарыгар оскуола Томтортон Оҕуруоттаахха көһөрүллүбүтэ, саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһа турбута. 1936 с. - 286 миэстэлээх 2 этээстээх мас оскуола дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр оскуола учууталлара, үөрэнээччилэрэ Кыайыы туһугар суту-курааны, тоҥууну-хатыыны тулуйан бары күүстэрин түмэн үлэлээбиттэрэ, оскуола үөрэтэр-иитэр үлэтин ыыта турбута. Сэрии саҕаланыыта 67 учуутал, үөрэнээччи арҕаа, илин фроннарга хорсуннук кыргыспыттара. Буойун учууталлар: Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыт Саха АССР үтүөлээх учуутала А.И. Федоров, “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээлинэн үстэ бэлиэтэммит Г.П.Захаров, Потсдамнааҕы конференцияҕа бочуотунай харабылга турбут Н.С.Гоголев, рационализатор, суруйааччы, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ М.Н. Тролуков о.д.а ааттарын билиҥҥи көлүөнэ умнубат.
Оскуолаҕа 1947 с. Гражданскай сэрии Дьоруойа, культармеец Г.В. Егоров аата иҥэриллибитэ. Эйэлээх олоххо, сэбиэскэй кэмҥэ үөрэх-иитии соруктарын толорууга Мүрү орто оскуолатын аата өрөспүүбүлүкэҕэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьара. Бу бастатан туран ол кэмнэргэ үлэлээбит оскуола салайааччыларын, бастыҥ үлэлээх учууталларын үлэлэрин сыаналааһын, үлэ түмүгэ этэ. РСФСР, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталлара, дириэктэрдэр А.Г. Никифоров, И.Н. Данилов, И.С. Колодезников, завуч И.П. Рыбкина ааттара киэҥник биллибитэ. Дойду сайдыытын тэтиминэн оскуола педагогическай кэлэктиибин иннигэр саҥаттан-саҥа соруктар турбуттара, үөрэх, иитии үлэтигэр саҥа хайысхалар киирбиттэрэ.
1967-68 үө.с. физика-математика кылааһа аһыллыбыта. 1988-89 үө.с. саҥа үс этээстээх таас оскуола үлэҕэ киирбитэ. 2002 с. элбэх хайысхалаах адаптивнай, 2016 сылтан кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуола аатын ылбыта.
Кэлиҥҥи сылларга сыыппаранан үөрэхтээһиҥҥэ “Точка роста” үөрэх киинэ, «ЦОС» кэбиниэтэ, айти кылаас үлэҕэ киирдилэр. Күн бүгүн 730 үөрэнээччилээх, 74 педагогтаах Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата улууспутугар сүрүн оскуола буолан үтүө аатын ыһыктыбакка, айа-тута, үлэлии-хамсыы олорор.
Бу дьыл кулун тутар 24 күнүгэр 150 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах үөрүүлээх күннэргэ күндү ыалдьыттарын күүтэр.
Үөрэппит оҕолорбунан киэн туттабын
Мүрү орто оскуолатыгар – 20 сыл, ол иһиттэн 13 сыл математика, физика учууталынан, 7 сыл уһатыллыбыт күннээх бөлөххө иитээччинэн үлэлээбитим.
Учуутал суолугар турунуум 1954 сыллаахха пединституту үөрэнэн бүтэрбит сылбыттан саҕаламмыта. Мүрү орто оскуолатыгар 1973-74 үөрэх сылыгар 7 «б» кылаас салайааччытынан үлэлээбитим. Кылааска барыта 25 оҕо үөрэммититтэн 8 оҕо киин үөрэх кыһаларыгар, 12 оҕо Дьокуускайга университетка үөрэммиттэрэ.
Мүрүгэ үөрэппит оҕолорбуттан 2 оҕо физик, 4 математик, 2 программист буолбуттара. И. Сыромятников, В.Иванов Томскай куоракка политех.институту үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Физик учуутал Е.С. Васильев наһаа да үчүгэйдик үөрэтэрэ. Оскуола программатын тас өттүнэн эбии садаачалары суоттатар этибит.
Сергей Гурченков диэн 6 кылааска үөрэтэр уолум туһунан «Бэлэм буол» хаһыакка оройуоннааҕы олимпиадаҕа математика курдук уустук предмеккэ көрүллүбүт очкуону барытын ылла диэн хайҕаан суруйбуттара бэчээттэммитэ. Кэлин С. Гурченков физика- математика наукаларын доктора буолбута.
Үөрэх миниистиринэн үлэлээбит, математик идэлээх Егор Жиркову 5-с кылаастан математикаҕа үөрэппитим. А.Охлопкова- Сыромятникова наука кандидата буолбута, билигин ХИФУ –га кытаанах эттиктэр физикалара предмет преподавателэ. И. Мартынова-Крылыкова врач идэтин ылбыта. Сардаана Мигалкинаны өрүү ахта саныыбын. Билигин «Сардаана» телевизионнай биэрии ыытааччыта.
Вася Бурцев 8-с кылааска математика олимпиадатыгар С. Гурченковтан кыранан хаалан иккис миэстэлэммитэ. Вася Казахстаҥҥа Тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэммитэ.
Истиҥник саныыр оскуолабар бары үтүөнү баҕарабын
Мин 1971-74 сс. Мүрү оскуолатыгар физмат кылааска үөрэммитим. Бүтэрбит сылбар Магаданнааҕы пединститутка туттарсан киирбитим уонна алын кылаас учууталынан үлэбин Бороҕоҥҥо, Мүрү 8-с кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабытым.
1988-89 үөрэх сылыгар Мүрүгэ саҥа таас оскуола аһыллыбыта. Манна 8 кылаастаах оскуолаттан нууччалыы үөрэнэр 8 кылаас-комплект көһөн кэлбиппит. Мин ол сыл 6 саастаах оҕолору үөрэтэ ылбытым, үөрэхпит “Сардаҥа” детсадка (билигин “Уолан” гимназия интерната) буолар этэ.
1990-91 үөрэх сылыгар биһиги методическай холбоһукпут салайааччыта Егорова М.П. көҕүлээһининэн, улахан сыратынан эргэ 2 этээстээх оскуола өрөмүөннэнэн, онно алын кылаастар көһөммүт, бары туспа кылаастанаммыт, оскуола биир сменаҕа көспүтэ. Улахан үөрүүлээх сахалыы сиэр-туом туһаныылааах оскуолабыт аһыллыытын бырааһынньыга буолбута. Бу кэмнэргэ национальнай үөрэхтээһин саҕаламмыта. Мария Петровна саха төрүт култууратын кабинетын тэрийбитэ, манна атын кылаас оҕолоро УСО уруоктарыгар кэлэн үөрэнэллэрэ, кылаас таһынааҕы уһуйуулар буолаллара.
1992-94 сс. мин алын сүһүөх кылаастарга завуһунан анаммытым. Баай опыттаах, эдэрдэргэ наставник буолар учууталлар Егорова М.П., Колесова А.Н., Троева В.М., Окоемова М.Д., Ноговицына Е.Г. араас таһымнаах семинардарга аһаҕас уруок, кылаас таһынааҕы мероприятиелары ыыталлара, көхтөөхтүк кытталлара.
Мүрү 8 кылаастаах оскуолатыттан саҕалаан бииргэ үлэлээбит эдэр учууталлар Е.С. Парникова, В.А. Пермякова, С.С. Бурнашева билигин да ситиһиилээхтик, бэйэлэрэ опыттаах наставник буолан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Истиҥник саныыр үөрэммит, үлэлээбит оскуолам үөрэнээччилэригэр, учууталларыгар, бары үлэһиттэригэр үөрэхтэригэр ситиһиини, түбүктээх үлэлэрэ үчүгэй түмүктээх буоларыгар баҕарабын.
Үөрэммит, үлэлээбит оскуолабар улахан махталлаахпын
Мүрү орто оскуолатын 1972с. бүтэрбитим (кылаас салайааччыта - Сыроватскай С.Е). 1993 с. үөрэммит оскуолабар саха тылын, литературатын учууталынан үлэлии кэлбитим.
Учууталлыыр сылларбыттан биирдиилээн уолаттары оскуола иһинээҕи ааҕыыларга кытыннарбытым. Кэлин, учууталлаан бүтэн, “Түөлбэ куруһуогун салайбытым. Куруһуокпар үөрэх таһынан атын дьарыктара суох, аҕыйах саҥалаах уолаттары, биирдиилээн учууталлар көрдөһүүлэринэн, оҕолору ылбытым. Оскуола иһинэн араас ааҕыы, уруһуй күрэстэригэр 8 кылаастан саҕалаан суруйуунан дьарыктаабытым. Кэлин «Хатан» сурунаал ыытар күрэстэригэр кыттан, оҕолор үлэлэрэ бу сурунаалга бэчээттэммиттэрэ, кэккэ ситиһиилэммиттэрэ. Кыайыы 65 сылыгар аналлаах үлэтинэн 2010 с. X кылаас үөрэнээччитэ Горохов Захар, 2013 с. IX кылаас үөрэнээччитэ Лыткин Алеша «Тыа сирэ – мин дойдум» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ситиһиилэнэн Владивосток куорат «Океан» лааҕырыгар путевканан наҕараадаламмыттара. Куонкурсу Үөрэх Министерствота, «Кэскил» , «Кыым» хаһыаттар, «Ситим» медиагруппа салайан ыыппыттара.
2015-2016 үөрэх дьылыгар “Графит- 2016» дистанционнай күрэскэ кыттан «Преодолевая земное притяжение» хайысхаҕа I, II степеннээх дипломнарынан бэлиэтэммиппит. 2015 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Наша Якутия» интернет-викторинаҕа кыттан «Лучший краеведческий кружок» ааты ылбыппыт. 2016 с. «Юный краевед» сурунаал ыыппыт «Первопроходцы России» күрэҕэр куруһуок оҕолоро бары кыттыбыттара. 8 кылаас үөрэнээччитэ Готовцев Степа үһүс миэстэни ылбыта, 4 оҕо үлэтэ «Юный краевед» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. 5 кылаас үөрэнээччитэ Куприянов Ованесси уруһуйа Бүтүн Арассыыйатааҕы «ВСХП-2016» күрэс грамотатынан бэлиэтэммитэ. 2017 с. 5-с кылаастан дьарыктаабыт 5 саамай көхтөөх үөрэнээччилэрим оскуолаларын ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ. (Миша, Женя Румянцевтар, Айтал, Сандал Карамзиннар, Ганя Алексеев).
Үлэбэр оскуола, улуус библиотекалара, музейдара улахан көмөлөөхтөрө, улахан махталлаахпын.
Туохтан да күндү сылларым
Оскуолаҕа сэттэ сааспар Мүрү орто оскуолатын бастакы кылааһын боруогун атыллаабытым. Бастакы ытыктыыр учууталым - Матрена Семеновна Гоголева. Оскуоланы 1970 с. үс онус кылаас буолан бүтэрбиппит.
Оскуолатааҕы сыллар олус күндүлэр, учууталларбыт биһигини элбэххэ үөрэтэн- иитэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр үөрэнээччилэр бэйэни салайыылара көхтөөхтүк үлэлиир этэ. Пионер, комсомол тэрилтэлэрэ оҕолоу түмэн араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыталлара. Пионерга, комсомолга киирии бэйэтэ туспа эппиэтинэс буолара, үчүгэйдик үөрэнэр, активист буоллаххына ылаллар этэ. Оннооҕор перемена кэмигэр икки этээстээх мас оскуолабытыгар бары, кылаас кылааһынан, ыллыыр этибит.
Учууталларбытын олус да убаастыыр буоларбыт. Ол курдук биһиги кылаас салайааччыларбыт: М.Г. Сивцева, И.Д.Пермяков, С.Е. Сыроватскай, С.И. Мордосова; директордарбыт С.С.Готовцев, И.Н.Данилов, И.С. Колодезников; солбуллубат ытыктыыр завучпут И.П. Рыбкина кэмигэр ордук табыллан үлэлээбитэ. Бэрээдэктээх үөрэнээччилэр, ыраас оскуола, бэйэни салайыныы оҕолоро.
Ол кэмҥэ педколлектив, үөрэнээччилэр бары биир тыынынан үлэлээбиппит. Директорбыт Иван Степанович бэйэтэ биһигини 10 “в” историяҕа олус да интэриэһинэйдик, оҕо өйдүүр гына боростуойдук быһааран, кэпсээн үөрэтэр этэ, ол да иһин госэкзамены үксүбүт «5» сыанаҕа туттарбыппыт. Математикаҕа И.Д.Пермяков, кэнники И.А. Алексеев, нуучча тылыгар кылаас салайааччыбыт С.И. Мордосова олус кыһаллан үөрэтэн, биһиэхэ дириҥ билиини биэрбиттэрэ. Директорбыт И.С. Колодезников бэйэтэ Бүлүү физмат оскуолатыгар баран кэлбитэ уонна биһиэхэ 1968 сыллаахха физико-математическай кылаастары арйбыта. Физмат кылаастарга оройуон саамай үчүгэй математиктара С.Е. Максимова, А.Д. Зайцева, К.А Бурцев, И.А. Алексеев, физиктэр Е.С. Васильев, Б.Н. Баулин, П.П. Местникова үлэлээбиттэрэ. Элбэх үөрэнээччилэрэ араас идэлээх специалист буолан, республика бары муннуктарыгар үлэлии сылдьаллар.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр отряд, дружина советын председателэ, ПКО чилиэнэ, активист бэрдэ этим. Чэпчэки атлетиканан, баскетболунан дьарыктаммытым, ыытыллар бары күрэхтэһиилэргэ кыттан миэстэлэһэн, элбэх грамотанан наҕараадаламмытым. Оскуоланы Похвальнай грамоталаах бүтэрбитим (оччолорго мэтээл диэн суоҕа) уонна үргүлдьү СГУ ИФФ РО-ҕа ситиһиилээхтик туттаран, 20 баалтан 19-һу ылан киирбитим. Устудьуон сыллар эмиэ биир саамай үчүгэй кэмнэр. Устудьуоннуу сылдьан 12, 14 нүөмэрдээх уопсайдарга олорон Сэргэлээх 2-с корпуһугар устудьуон олоҕо кэрэтин, бэһиэлэйин билэн үөрэммитим. Биһиги 28 буолан ( биир уол уонна кыргыттар) үөрэнэн 5-с курска 18 буолан университеты бүтэрбиппит. Олус да эйэлээх, бэйэ-бэйэни өйөһөр араас оройуон оҕолоро этибит. Үөрэнэ сылдьан «Методика преподавания русского языка в национальной школе» спецкурска СГУ профессорыгар, биллиилээх педагога Т.П. Самсоноваҕа үөрэнэн дипломнай үлэбин «5» көмүскээн ситиһиилээхтик үрдүк үөрэҕи бүтэрбиппит.
Дьүөгэлэрбинээн А.П. Попова, М.Г. Колодезникова үһүөн Т.П. Самсоноваҕа үөрэммиппит, ол кэнники учуутал буоларбытыгар элбэҕи биэрбитэ. Өссө устудьуоннуу сылдьан, чэпчэки атлетикабын бырахпакка, аатырар тренер В.П. Кочнев секциятыгар дьарыктаммытым. Факультет, университет күрэхтэһиилэригэр кыттар этим. Ити курдук умнуллубат устудьуон кэмнэрбит, көхтөөх эдэркээн саастарбыт көрүөх бэтэрээ өттүгэр түргэнник элэҥнээн ааспыттара. Университеты ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт оройуоммар, Мүрү орто оскуолатыгар нуучча тылын, литературатын учууталын ананан кэлбитим. Ол 1975 сыл этэ.
Онтон ыла, 35 сыл ханна да хамсаабакка, наар биир Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар учууталынан үлэлээн педагогическай үлэ бэтэрээнэ буолан, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. “Сыл – хонук” дииллэринии, сыллар олус түргэнник элэҥнээн аастылар. Ол тухары элбэх оҕону үөрэтэн-иитэн таһаардаҕым дии.
Хайа баҕарар учуутал үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн киэн туттар. Аан бастаан үлэлии кэлиэхпиттэн миигин 4 “а” (27 оҕолоох) кылааска кылаас салайааччытынан анаабыттара. Кыргыттара аҕыйах, уолаттара элбэх этилэр. Билигин кинилэр бары сөптөөх идэлэрин талан, ыал буолан, оҕолонон-урууланан дьоһун дьон. Киэн туттабын: Л.И. Атласова – математик, Мүрү 1 №-дээх оскуолатыгар завуһунан үлэлээбитэ, Л.В. Мурукова – райполиклиникаҕа үрдүк категориялаах медсестра : А.И. Алексеев – «Коммунсервис» тэрилтэ кылаабынай инженера ; А.М. Никифоров – ДьУоКХ тутаах үлэһитэ о.д.а. Мин оҕолорбун кытта 10 «а» физмат кылааһы бүтэрбит 1982 с выпускниктары эмиэ күндүтүк саныыбын. Ол кылааска нуучча тылын учууталын, завучпутун кытары Ия Петровна Рыбкинаны кытта бииргэ үөрэппитим.
Үөрэппит оҕолорум араас идэни талан, дойду араас муннуктарыгар, улуустарын иһигэр үлэлии – айа сылдьаллар. Бу буолар учуутал дьоло диэн. Үлэлээбит сылларбар 15 оҕо оскуоланы кыһыл, үрүҥ көмүс мэтээллээх бүтэрбиттэрэ. Үөрэнээччилэрбин оскуола, оройуон, республика иһинэн ыытыллар бары тэрээһиннэргэ, олимпиадаларга, куонкурустарга кытыннаран үгүс оҕолор миэстэлэһэр этилэр. Дьэ, ити курдук үөрэппит оҕолоруҥ туох үлэһит буолбуттарын билэ-истэ, үөрэ-астына саныыгын.
Төрөөбүт оскуолабар киэҥ билиилээх, талааннаах, улууска, республикаҕа биллэр нуучча тылын уонна литературатын учууталларын: завуч И. П. Рыбкина, О.И. Филиппова, З.Н. Васильева, А.М. Говорова, М.Х. Кондратьева, В.С. Сивцева , Р. И. Винокурова , А.И. Местникова, З.И. Татаринова, П.И. Готовцева,З.П. Черкашина, Е.Т. Рожина , С.С. Бурцева, О. Н. Матвеева о.д.а кытта бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын.
Бу сыллар тухары үлэлэригэр олус бэриниилээх үтүөкэн учууталлары кытта бииргэ алтыспыппыттан бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын.