RTVI анал кэрэспэдьиэнэ Алексей Сочнев 34 саастаах доброволеһы кытта кэпсэтиитин кылгатан таһаарабыт. Дьылҕа Хаан ханна тириэрдибэтэҕэ баарай. Баҕар, кимиэхэ эмэ сүбэ-соргу да буолуон сөп.
– Инники кирбиигэ сылдьыбытыҥ төһө өр буолла?
– Былырыын ыам ыйыгар баҕа өттүнэн кэлбитим. Маҥнай “Пятнашка” диэн биригээдэҕэ (ДНР) үс ый сулууспалаан баран, РФ аармыйатыгар хантараакка илии баттаспытым.
– Туох эмэ байыаннай уопуттааххын дуо?
– Урут ПВО чааһыгар сулууспалаабыттаахпын. Онон сааны-саадаҕы хайдах туттары син билэбин диэхпин сөп, ол эрээри бойобуой дьайыыга кыттыбыт уопутум суоҕа.
– Билигин байыаннай дьайыыга мобилизацияҕа түбэспиттэри үөрэтэллэр, өссө маннык анал лааҕыр хас эмэ сиргэ баар. Эн бастаан ДНР-га кэлэргэр сэриилэһэргэ бэлэмнэнии диэн баара дуо?
– Дьиҥэр, бэлэмнээх кэлэр үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Баҕа өттүнэн кэлбит буоллаххына, үс-түөрт күн дьарыктыыллар. Биирдиилээн туспа. Түөрүйэни быһаараллар, сэби-сэбиргэли хайдах туттарга үөрэтэллэр. Кыратык ытан көрөҕүн, илдьэн сыал ыттараллар. Таактыкаҕа подразделениены кытта бэлэмнэнии диэн баар. Инструктордар үчүгэйдэр.
– Ол аата, мобилизацияҕа түбэспиттэри ордук үчүгэйдик бэлэмнииллэр диэн дуо? Оччотугар баҕа өттүнэн кэлбиттэри тута инники кирбиигэ ыыталлар дуу?
– Билбэтим, үчүгэйдик-мөлтөхтүк диир кыаҕым суох. Уһуннук үөрэтэллэрэ – чахчы, ол эрээри киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Мин ыам ыйыгар кэлбитим, икки күн подразделение олоҕор-дьаһаҕар үөрэммитим, онтон харабылга сылдьан барбытым. Тохсус күммэр бойобуой сырыыга айаннаабытым. Түөрт күҥҥэ.
– Ол “бойобуой сырыы” диэн тугуй?
– Быһата, инники кирбиигэ тиийэҕин, онно позицияны тутан сытар уолаттары солбуйаҕын. Бастааҥҥы позициям балачча кутталлаах этэ – инники өтөн киириилээх. Быһааран эттэххэ, өстөөх 300 миэтэрэлээх сиргэ баар, аны туран, онтуларыҥ чугаһаан кэлэллэр. Авдеевка таһыгар буолбут биир күнү үчүгэйдик өйдөөн хаалбытым. Окуопаҕа олордохпуна, минометунан ытыалаатылар. Уһуннук ытыалаабаталлар да, этэргэ дылы, сүрэхтэннэҕим дии. Нөҥүө күнүгэр көннөрү ытыалаһыы буолбутугар кыттыбытым. Дьэ, иккис бойобуой сырыым балачча кытаанах этэ: үс киһибит “үс сүүстээх” (бааһырыы) уонна биир ыарахан туруктаммыта. Мин таспар олорбут киһи миинэ үлтүркэйигэр атахха ыараханнык бааһырбыта. Бэрэбээскилээн баран, бүлүмүөт, миномет ытарын аахсыбакка, наһыылкалаан таһаарбыппыт. Ол, дьэ, дьулаан этэ, хата, быыһаабыппыт.
– Авдеевканы ахтан аастыҥ. Анал эпэрээссийэ сыл курдук буолла да, Донецкай аттынааҕы Авдеевка билигин да ВСУ илиитигэр баар. Тоҕо оннугуй?
– Олус судургу. Аҕыс сыл устата күүскэ бөҕөргөтүннэхтэрэ дии. Сири дириҥник хаһан, ону барытын бетоннаан. Оборуона хас эмэ лииньийэтэ баар: окуопалар, туннеллар, траншеялар, бункердар. Артылыарыйа ыттаҕына, авиация буомбалаатаҕына, онтуларыгар дьылыс гынан хаалаллар. Хорҕойорго эрэ буолбакка, барытыгар табыгастаах, бэл, дуустанар сирдээхтэр. Авдеевка сороҕо – промзона. Элбэхтэ атаака буолбута. Ытар сирдэрин, бүлүмүөттэрин бэркэ табан туруорбуттар. Онон кимэн киирэр уустук.
– Биһиэннэрэ Мариупольга “Азовсталь” диэни ылбыттара эбээт. Оттон онно кэмбинээт сороҕо өссө дириҥ сиргэ баара.
– Манна ордук туох улахан суолталааҕар сытар буолуон сөп. Мариупольга ФАБ-тары (фугастаах авиабуомба) туттубуттара. Манна оннук буомбалаабаттар. Оттон Авдеевканы ылар наада тирээтэҕинэ, булгуччу ылыахтара дии саныыбын. Онно ВСУ 25-с биригээдэтэ уонна 503-с муора пехотатын батальона оборуонаҕа сыталлар, баҕар, өссө хайа эрэ подразделение баара буолуо. Билиэн түбэспит саллааттара кэпсииллэринэн, омук инструктордара тохтоло суох үөрэтэллэр үһү. Сэптэрэ-сэбиргэллэрэ эмиэ омук киэнэ дииллэр. Биһиги шведтэр ”Карл Густав”, NLAW диэн гранатомёттарын, о.д.а. трофей гыммыппыт.
Ааһар сиргэ турумуохха
– Артылыарыйа ытыалаан бардаҕына, хайдах быыһаныахха сөбүй? Истэр былаһын тухары анараа да, бэттэх да итинник ытыалааһын кэмигэр өлөллөр диэн буолар.
– Бастатан туран, чуор буолуохха наада. Холобур, 82-с эбэтэр 120-с (сэнэрээт халыыбырдара) иһэр тыастара эрдэттэн иһиллэр, онон кирийэр бириэмэлээххин. Иккиһинэн, эрдэ төһө сатанарынан дириҥник хаһан бэлэмнээбит окуопаҕар хорҕойуохтааххын. Сэнэрээт ханна түһэн эстибитин көрө сатаан, төбөҕүн төрүт быктарыа суохтааххын – оскуолак дьөлө көтүөн сөп. Уопсайынан, маҥнай утаа сэриилэһэ үөрүйэх дьон аттыгар сылдьар ордук. Хаһан баҕарар сүбэ-ама буолуохтара. Аны биири өйдүөххэ – дьон ааһар сиригэр турумуохха. Ааһар, тахсар сири ким да бүөлүө суох тустаах. Үгэс курдук, саллааттар билиндээс айаҕар туран, табахтаан бусхаталларын сөбүлээччилэр. Дьэ, ити – улахан сыыһа. Быһата, өлөр төрүөт диэххэ сөп. Чэ уонна бронежилеты, каасканы кэтэ сылдьарыҥ уонна аптечкалааҕыҥ наада.
– Чэ, окуопа туһунан өйдөнөр. Арай баран истэххинэ, эмискэччи артылыарыйанан ытыалаатыннар? Хайдах буолабын?
– Барыахтаах сиргин билиэххин наада. Туох ханааба, дьиэ, мас баарын. Биллэн турар, күүскэ ытар буоллахтарына, күүтэ түһэр ордук. Оттон саһар сиргэ сүүрэн тиийэр кыахтаах буоллаххына, сүүрэр ордук. Дьиэ буолла да, бадыбаалга дьылыс гын.
Беспилотник олус элбэх
– Кыргыс хонуутугар кэлбиккэр, дьэ, туох санаа үөскээтэ? Афганистаҥҥа, Чечняҕа, Сирияҕа буолбут байыаннай дьайыылары син удумаҕалыыр буоллаҕыҥ дии.
– Билиҥҥи быһыы-майгы Аҕа дойду Улуу сэриитин сырдатар киинэлэргэ майгыннаан ылардаах. Саллааттар окуопаҕа олороллор, кинилэри тохтоло суох ытыалыыллар, сэнэрээт эстэр, миинэ түһэн дэлби барар. Мин тоҕо эрэ туох эмэ улахан барыы-кэлии, хамсааһын буолуо дии саныырым. Холобур, Чечнятааҕы сэриини киинэҕэ көрдөххө, наар ханна эрэ айанныыллар, ботурууллар сыбыытыыллар. Манна оннук суох, кыратык сыҕарыйан биэрии баар, ол эрээри түргэн баҕайытык. Кыратык тардылынныҥ да, сонно ытыалаабытынан бараллар. Аны туран, беспилотник хара баһаам. Эрэспиэскэлииллэр, артылыарыйаҕа өстөөх ханан баарын ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Дибэрсээннэр бөлөхтөрө, бөҕөргөтүммүт туочукалара ханан баарын билэллэр. Танкистар эмиэ оннугу туһаналлар. Уопсайынан, беспилотник соруга, үлэтэ толору. Дрону сатаан туттар эпэрээтэртэн эпэрээссийэ улахан тутулуктаах. Биһиги аармыйабытыгар эрэспиэскэлиир, кыранаата кыыратар бүтүн подразделениелар баар буоллулар. Ити курдук үөһэнэн көтө сылдьан тиэхиньикэни, ыскылааттары, ГСМ-ры тоҕута тэптэртииллэр. Өстөөхтөр эмиэ ити таактыканы тутуһаллар. Урут хаһан да маннык сэриилэһии суоҕа.
– Биир видеоҕа өстөөх беспилотнига биһиги саллааппыт окуопаҕа сыттаҕына, кыранаата бөҕөтүн утуу-субуу түһэрбитин ону, хата, кини киэр элитэн иһэрин көрдөрбүттэрэ. Дьэ, маны кытта хайдах охсуһабыт?
– Бастатан туран, окуопаны, тирэх пууннары, уопсайынан, тарҕанан сытар сиргин хаххалыыр сиэккэнэн, лабааларынан эҥин сабыахтааххын. Плащ-палатка эмиэ үчүгэйдик хаххалыыр. Окуопаны хаһар саҕана хайаан да саһыл хороонун курдук оҥостор наада. Дьиҥэр, беспилотнигы түһэрэр (устуруойтан таһаарар) анал саалаах сэрииһиттэр бааллар. Ол эрээри аптамаатынан эмиэ сууллары ытан түһэриэххэ сөп. Өскө, коптёр үрдүк баҕайынан көтөр буоллаҕына, эрэспиэскэлиир биитэр артылыарыйаҕа биллэрэр диэн өйдүөххэ наада. Оттон олох намыһахтык көтөн иһэр буоллаҕына, ол аата эйиэхэ кыранаата кыыратаары иһэр.
Элбэхтик хаарга олоруллааччы
– Байыаннай дьайыыга барар дьон туох таҥаһы ылыахтарын сөбүй?
– Сылаас ис таҥас (термобельё) булгуччу наада уонна үчүгэй атах таҥаһа. Хаарга олорорго турист олбоҕо хайаан да наадалаах. Самыыртан хаххаланар пылаас да үчүгэй.
– Ыччакалаах тымныыга хайдах иттэҕитий? Украиналар СМИ-лэрэ “атахтарын, илиилэрин үлүппүт саллаат гуоспуталга элбэх, ону таһынан тымныыттан, сыырастан атахтара ыалдьар” диэн суруйаллар.
– “Каталитическай грелка” диэн баар. Сиэпкэ уктуллар, бэнсиининэн сапыраапкаланар. Мобильнай төлөпүөн саҕа кээмэйдээх. 8 – 10 чаас устата сылытар. Олус бэрт. Биһиги онтубутугар саппаас бэнсииннээх барааччыбыт. Уопсайынан, ахтан аһарбытым курдук, термобельё, саппаас таҥас, утуйар мөһөөччүк (спальник) хайаан да наада. Биһиги дьоммут үлүйбүттэрин көрбөтөҕүм, син сөптөөх таҥастаахпыт дии саныыбын.
– Өссө эбии туох нааданый?
– Ачыкы. Холобур, түүн ойуур устун баран иһэн, мас лабаатыгар хараххын өлөрүөххүн сөп. Биирдэ биир табаарыспыт туалекка баран иһэн, хараҕын мас лабаатыгар өлөрөн, улаханнык моһуогурбута. Аны туран, ытыалыыргар буорах гааһа хараххын буортулуон сөп. “Ратник” диэн кэмпилиэккэ баллистикалаах (хараҕы харыстыыр аналлаах) улахан ачыкы баар, сороҕор оннугу биэрээччилэр. Кэтэ сылдьарга толоос курдук да, кыра ол-бу үлтүркэйтэн-кыырпахтан хараҕы бэркэ харыстыыр.
– Саа-саадах туһунан тугу этиэххин сөбүй? Сороҕор киинэҕэ көрдөххө, хайа эрэ киһи аптамаата чалбахха түһэн, эстибэт буолан хаалар.
– Аптамаатыҥ мэлдьи ыраас буолуохтаах, бэйэҕиттэн араарыа суохтааххын. Таас кыырпаҕа, кумах киирбэтин диэн, изоленталаан кэбиһэр ордук. Биллэн турар, дэҥ-оһол тахсыбатын курдук сэрэниэхтээххин. Оптиканы, бүнүөкүлү, тепловизоры харах далыгар илдьэ сылдьыллар.
– Аптечкаҕа туох баар буолуохтааҕый?
– Хааны бохсор жгут, сатанар буоллаҕына, турникет эмиэ наада. Биинтэ, ыарыыны мүлүрүтэр эмп. Бу – сүрүн аптечкаҕа. Иккис аптечка диэн эмиэ баар – төбө, ис ыарыытын, о.д.а. табылыаккалара. Маны барытын илдьэ сылдьар ордук. Араас барыта буолуон сөп. Тииһиҥ ыалдьан дуу, тэмпэрэтиирэҥ олус тахсан хааллаҕына дуу, аанньа сэрииһит буолуоҥ дуо.
Барытыгар олус түргэнник үөрэнэҕин
– Куттал, өлүү-сүтүү туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Бастаан манна кэлэрбэр куттал туһунан элбэхтик санаабытым. “Тулуйуом дуо, аны куотан хаалыам” эҥин диэн санаалар киирэллэрэ. Дьиҥэр, киһи олус түргэнник үөрэнэр, кыһаллыбат буолан хаалар эбит. Аан бастаан киһи өлөрүн көрөрбөр да холку этим. Ыарахан кэм да ханна барыай. Холобур, биһиги уолаттарбыт сэрии сэбин сүөкүү сылдьан, артылыарыйа уотугар түбэспиттэрэ. Биһиги онно тиийэн табаарыстарбыт өлүктэрин таспыппыт. Олор истэригэр чугастык билэр уолаттарым бааллара. Кэлин өлүктэри көрөн, кимнээхтэрин быһаарарга сылдьыспытым. Дьулаан хартыына этэ. Ол эрээри син биир итинниккэ үөрэнэн хаалаҕын.
– Өстөөҕү кытта илиинэн киирсии буолааччы дуо?
– Бэрт дэҥҥэ, ол эрээри тус бэйэм оннукка түбэһэ иликпин.
Кылаабынайа – утуйумуохха
– Дибэрсээннэр бөлөхтөрүн туһунан кэпсиириҥ буоллар.
– Дибэрсээннэри хас да бөлөххө араарыахха сөп. Сорохтор, холобур, Донецкайга күнүс олохтоох дьон курдук көрсүө баҕайытык туттан сылдьаллар, оттон түүнүн миинэ иитэллэр, террордууллар. Өстөөх сорох бөлөҕө уоскулаҥы төрүт биэрбэт соруктаах. Сэптэрэ-сэбиргэллэрэ үчүгэй, түүнүн көрөр прибордаахтар, тепловизор кытта баар. Чугаһаан кэлэн гранатомётунан эҥин ытыалыыллар. Снайпер да толору. Ол эрээри биһиги дьоммут итиннэ барытыгар бэлэмнэр. Кылаабынайа, утуйумуохха, бүтүннүү кулгаах-харах буолуохха наада. Ким эрэ иһэрэ булгуччу биллэр.
– Табаарыскын да, бэйэҕин да кутталга киллэрбэт инниттэн тугу гынар сатамматый?
– Инники кирбиигэ мобильнай сибээһи, банаарыгы туттар, пуоска туран табахтыыр сатаммат. Табахтыыр буоллахха, ханна эмэ саһан, көстүбэккэ олорон тарт. Үс киһиттэн элбэх буолан мустумуохха. Ханна эмэ барар буоллахха, бэйэ икки арда, саатар, 10 миэтэрэ буоллун. Бэлэм окуопаҕа да түбэстэххинэ, эбии хаһан, тупсаран, маскировкалаан биэриэххэ. Сүрэҕэлдьиир сатаммат, итинтэн тыыннаах хааларыҥ тутулуктаах.