Киир

Киир

Сэтинньи 13 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа, Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ М.Е. Николаев төрөөбүтэ 87 сылын туолар. Кини кэмин саамай улахан ситиһиитинэн өрөспүүбүлүкэ сүбэрэнитиэтин ылыы буолара саарбаҕа суох. Бүгүн ол кэмнэр туоһулара Михаил Ефимович аттыгар 18 сыл сылдьыбыт Виктор Петрович Ноговицын санаатын кытта билсиэҕиҥ.

Уларыта тутуу – арҕааларга атыыланыы

1985 с. муус устар ый 23 күнүгэр хомуньуустар баартыйаларын мунньаҕар генеральнай сэкирэтээр М.С Горбачёв Сойуус экэнэмиичэскэй сайдыытын түргэтэтэр туһунан тыл этэр. Ол саҕана кинини кытта үлэлээбит дьон суруйууларынан, “сайдыыны түргэтэтии олох бары өттүттэн ситэ көрүллэ илик буолан, “бырагыраама” диэн ааттыыр тутах буолуо” диэбиттэр. Оннук бэлэмэ суох саҕаламмыт дойду саҥа бэлиитикэтин «Уларыта тутуу» диэн ааттыыллара. ССКП Политбюротун чилиэнэ Н.И. Рыжков ахтарынан, «Уларыта тутуу» ааҕыллыбыт-суоттаммыт былаана суоҕуттан судаарыстыба уонна баартыйа тутула ыһыллан киирэн барбыт. Ситэриилээх былаас үөһэттэн аллара ыытар тутула үлэлээбэт буолбут. Ити дойду сүрүн тутула алдьаммыта экэниэмикэ, суут-сокуон үлэтэ, омуктар икки ардыларынааҕы сыһыан ыһыллыытыгар тиэрдибит, бар дьоҥҥо өй-санаа мунуута-тэниитэ тарҕаммыт.

Ол саҕанааҕы Эмиэрикэ бэлиитикэтин дьайыылара арыллан, Уларыта тутууттан саҕаламмыт ССРС ыһыллыбыт кистэлэҥнэрин саҥа билэн эрэбит. Эмиэрикэлэр билигин: «Арассыыйа тутан олорор Сойууһун тиһигэ биһиги аан дойдуну баһылыырбытыгар-көһүлүүрбүтүгэр улахан мэһэй этэ. Ити баараҕай судаарыстыба сирин баайа элбэҕинэн, экэниэмикэтин түргэнник  сайыннарар кыаҕа улаханынан салыннарара. Ити кэмҥэ былааска дойдуларын тутулун өрө туппат дьон кэлбиттэрэ. Биһиги Арассыыйаны мөлтөтөр, Сойууһу ыһар баҕабыт туолар усулуобуйата үөскээбитэ» диэн аһаҕастык кэпсииллэр. Ол иһин арҕаа дойдулар ити кэмҥэ араас «бырабыыталыстыбаннайа суох» тэрилтэлэр, пуондалар нөҥүө күүстээх үлэни ыыппыттара. ССРС баайын-дуолун уоран-талаан куорҕаллыыр баҕа санаалаах дьону былааска аҕалан, кинилэри байытан, улуу Сэбиэскэй Сойууһу ыспыттара.

Ельцин алдьаппыт эрэ буолбатах

Ол кэннэ салгыы Арассыыйаны ыһыыга киирбиттэрэ. Ельцин хапыталыыһым идэмэрин билбэтиттэн сыыһата элбэҕэ. «1996 с. Арассыыйа бэрэсидьиэнин талар куоластааһын тутула үксэ атыыланыы этэ. Дойду баһылыгын, нэһиилэ сылдьар Ельцини киһиргэтэн, биһиги былааска аҕалбыппыт, кини тула дойдуларын сайыннарар туһунан туох да өйдөбүлэ суох дьону мунньубуппут», – диэн, «Таймс» сурунаал үгэргээн суруйбута аан дойдуга тарҕаммыта. Мөлтөөбүт Ельцин былааһа 1999 с. кэннэ өссө биир сыл барбыта буоллар, Арассыыйа диэн дойду билигин суох буолуо этэ.  Ол эрээри Ельцин сыыһатын кэмниэ кэнэҕэс өйдөөбүттэрэ. Арассыыйа дьолугар, кини дойдутун дьылҕатын өрө тутан,  биир киһилии киһи баарын – В.Путины – таба көрөн, бэрэсидьиэн буоларыгар күһэйэн Арассыыйаны быыһаабыта чахчы. Путины бастаан ким да билбэт, ким да өйөөбөт буолан, үлэлииригэр сүҥкэн ыараханы көрсүбүтэ. Ол иһин бастакы сылларга сэрэнэн үлэлээбитэ. Билигин кини модьуйар кыахтанан, Арассыыйаны аан дойдуга билиннэрэр туругун олохтоон эрэрин көрөбүт.

Эмиэрикэ аан дойду судаарыстыбаларын салалталарын дуолларынан мэҥиэлээн уонна күүһүнэн да кыһарыйан алдьаппытын-кээрэппитин утары ким эрэ туруохтаах.

Оттон биһиги, сахалар, Ельциҥҥэ кини Михаил Ефимовиһы  өйөөн, манна иккитэ кэлэн, көҥүл санааны сахпытын иһин махтаныах эрэ кэриҥнээхпит. Арассыыйа биир да ыраахтааҕыта түөрт үйэ кэриҥэ кэмҥэ сахаларга биирдэ да кэлэ сылдьыбатаҕа. Онон аан бастаан Саха сирин ытыктаан кэлэ сылдьыбыт дойду баһылыга Ельцин буолар.

Ол эрээри Ельцин билбэт ырыынагын эйгэтигэр киирэригэр тулатыгар араас «сүбэһит-амаһыт» элбиирэ өйдөнөр. Ол дьон ис санаалара иҥсэҕэ олоҕурар буолан, харчы туһугар бэрэсидьиэннэрин онно-манна уган да биэрэллэрэ элбэҕэ. Аҕыйах тылынан ол кэми санаан ааһар буоллахха, 1991, 1993 сс. Москуба иһигэр тааҥкалар, сэриилэр киирэн хаан тохтуута тахсыбыта. Чубайс “приватизациятыгар” дойду бөдөҥ тэрилтэлэрэ босхону эрэ үрдүнэн биирдиилээн дьон бас билиитигэр атыыламмыттара. Сокуон үлэлээбэт буолан, хамнас сылы сылынан хойутуура. Эмиэрикэ баһылыыр-көһүлүүр юридическай тэрилтэлэрэ кэлэн, Арассыыйа мөлтүүр сокуоннарын «сайыннаран» суруйаллара. Хоту аһы-таҥаһы таһар үлэ тохтоон, дьон олоҕо ыараабыта.

Үөрэх куорҕалланарын өтө көрбүтэ

Михаил Ефимович сүбэрэнитиэти ылыыттан туруулаһан үлэлээбит хайысхата дьонун-сэргэтин доруобуйатын тупсарыы, чөл туруктааһын уонна үөрэх таһымын үрдэтии этэ. Кини норуот кэскилэ, үтүө өй-санаа төрүттэниитэ ыччаттан саҕаланарын өйдүүрэ. Үөрэҕи, билиини ситэ ылбатах, «ээх» хоту сылдьар бэлиитик, салайааччы, учуутал, быраас, тутааччы, ас-таҥас оҥорооччу үлэтэ үчүгэй түмүгү биэрбэт. Ол үөрэх сокуонуттан быһаччы тутулуктааҕын иһин, биһиги дойдубутугар Уларыта тутууттан саҕалаан Эмиэрикэ хара санаалаах дьон кэлэн  “көмөлөспүтэ” буоллахтара.

Саха  үгэскэ кубулуйбут «туох сонуннааххын?» диэн ыйытыгынан, саҥа киһи өйүн-санаатын билэр ньымалаах. Өбүгэлэрбит онон эрэ бүппэккэ, өйдөрүн сүмэтинэн ол кэпсэтииттэн кэтэх санааны сэрэйэр кыахтара Михаил Ефимовичка баара. Ити ис дьоҕурун арыйар көрдөрөр түбэлтэ кини дойдутун Аҕа баһылыгынан үлэлээн бүппүт кэмигэр буолбута.

СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ Москубаттан учуонайдары ыҥыран, үөрэҕи саҥалыы көрүү туһунан «сайдыы пуорумун» тэрийдэ. Миигин “онно бара сылдьыахха” диэтэ. Тиийбиппит – министиэристибэ дьонугар дьэргэйии өтө көстөрө, ол дьон билигин да ити тэрилтэҕэ «үлэлии-хамсыы» сылдьаллар. Аатын өйдөөбөппүн эрээри, «таҥара таайа» диэн ааттыыр омукпут киһитэ туох да кумааҕыта суох тыл этэн саҕалаата. Кини Сойуус саҕанааҕы үөрэх ситимин “ытыра-ытыра ыкка тамнаата”.  Оҕо киһи быһыытынан араас санаалаах улаатыахтааҕын идеологиянан хааччахтааһын буортулааҕын, түөрүйэни эрэ үөрэтии, идэни баһылыырга быраактыка суоҕун, омук тылын, омук литэрэтиирэтин биллэрбэт буолуу сайдарын харгыстыырын, оҕону киниттэн, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох үлэлэтии бобуллуохтааҕын эҥин туһунан этии-тыыныы ынырык. Дакылаатчыппытын ситэ истибэккэ, Михаил Ефимович «мантан барыахха» диэтэ. Баран иһэн: «Ити дьон дойдуларын туохха-туохха тиэрдэллэрэ буолла? Эн ол Москубаҕа буолар пуорумнарыгар баран билис эрэ», – диэтэ.

Ол пуорумнарга үс сыл устата үстэ бара сырыттым. Киһи бөҕө мустар. Пуорум мунньаҕын биир эмэ РФ үөрэҕин миниистирин солбуйааччыта күөртээн саҕалыыр. Дьэ, ол кэнниттэн булкуур, мөккүөр саҕаланар. Былдьаһа-былдьаһа тыл этэр мөккүөртэн мин туох туһунан кэпсэтии буолуохтааҕын кыайан өйдөөбөппүн даҕаны. Ол саҕана үөрэх ситимэ хайа дойдуга хайдаҕын билбэт да эбиппин. Кэлин, баһылыгым эппитин кэннэ, атын дойдулар ыччаттарын хайдах үөрэтэллэрин балай эмэ үөрэппитим.

Ол пуорумнарга биирдэ да дойду үөрэҕин миниистирэ кэлэ сылдьыбата. Айаҕалыы сатаан, Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтигэр тиийэн, миниистиргэ киирэ сатаатым. Онтон солбуйааччыга киирээри гыммыппар, «туох боппуруоска?» диэн буолла. Мин «Хоту дойдуга үөрэх ситимин туһунан» диэтим да, суох, киллэрбэтилэр. Ол сырыыларбын Михаил Ефимовичка кэпсиибин, киһим истэр эрэ, туох да диэн хоруйдаабат. Ол булкуллуу төрдө саҕаламмытын көрөн олордоҕо. Билигин өйдүүрбүнэн, мөккүөртэн туох да тахсыбат, кырдьык өйдөһүүттэн-өйөһүүттэн тахсар эбит.

Ол биһиэхэ буолбут «пуорум» кэннэ биһиги министиэристибэбит көҕүлээһининэн, улуус оскуолалара эспэримиэн бөҕөнү тэрийдилэр. Онно Арассыыйаттан харчы эбии көрүллэр буолан, оскуолаларга “көх бөҕө”. Өктөмҥө мустан эспэримиэннэрин туһунан санаа атастаһыытын тэрийэллэр да, биир да этиини олоххо киллэрбэтэхтэрэ. Ол кураанаҕы ытыйар өй-санаа Арассыыйа үрдүнэн күөдьүйэ сылдьыбытын, сырата туох да түмүгэ суох бүппүтүн Аан дойду билими, үөрэҕи, култуураны көҕүлүүр тэрилтэтэ ЮНЕСКО бэлиэтээн этэн турар. ЮНЕСКО суруйуутунан, Сэбиэскэй Сойууска үөрэх таһыма 1920 с. олох аллара сылдьыбыт. 1990 с., 70 сыллаах үөрэххэ туһуламмыт сыралаах үлэ кэнниттэн, ССРС аан дойду үрдүнэн 3-с миэстэҕэ тахсыбыт. Бу ситиһии үөрэх бэлиитикэтин өрө тутар дойду салайааччыларын өҥөлөрүнэн үйэ бүтүөр диэри тулуктаспыт. Онтон булкуллуу-тэккиллии бүппэккэ, Арассыыйаҕа 2001 с. саҕалаан үөрэх таһыма ыһыллыыта, аллара түһүүтэ саҕаламмыт. 2012 с. үөрэх арыый ситимнэнэн, Арассыыйа үөрэҕин таһыма аан дойдуга 35-с миэстэҕэ тахсыбыт. Оччотугар Михаил Ефимович Үөрэх министиэристибэтин «пуорумугар» Москуба учуонайын этиитин ылыммакка, тута сахалыы өйдөөн саарбахтаабыта оруннаах буолан тахсар. Баһылыкпын кытта мунньахха буолбакка, син балай да элбэх эйгэ сүнньүн туһунан аһаҕастык кэпсэтэрбит. Онно кэпсэтии сүнньүн өйдүү охсор дьоҕурун, омугун инники дьылҕатыгар ис-иһиттэн кыһаллар баҕа санаатын итэҕэйэр этим.

Сүбэрэнитиэккэ тоҕо тиийбитэй?

Михаил Ефимович, айылҕаттан бэриллибит дьоҕуругар, бэлиитикэ эйгэтигэр сыстан үлэлээбит билиитигэр-көрүүтүгэр тирэнэн, оччотооҕу дойду атыыламмыт салайааччылара кини сааһырыар диэри улуутуппут Сойууһун, Арассыыйаны ыһар санаалаахтарын билбитэ. Ол содулугар дойдутун дьонун-сэргэтин көмүскүүр санаата «сүбэрэнитиэт» диэн өйдөбүлгэ тиэрдибитэ. Ыарахан түгэннэргэ Баһылык дойдутун көмүскүүр, тула өттүн хайынан, дьоно кумалааҥҥа барарыттан быыһыыр, инники сайдар суолун-ииһин эркээйитин ыйар Ытык иэстээх. Бу тутаах сорук туолара кини киһи киһилии быһыытыттан-майгытыттан, эр санаатыттан, көнө сүнньүттэн, дьонугар-сэргэтигэр этэр итэҕэтиилээх тылыттан тутулуктаах. Тыйыс айылҕаҕа эриллэн айыллыбыт омук итэҕэйбэт киһитин истэ да барбата чахчы. Ол иһин биһиги билигин даҕаны дьон-сэргэ бэйэтин билинэн олоҕун тупсарар тутулун 1990–1992 сс. киллэрбит уон иккис ыҥырыылаах сүбэ мунньахпыт дьокутааттарын ахтабыт-саныыбыт, испитигэр махтанабыт.

Киэҥ билиилээх-көрүүлээх юриспыт М.М. Яковлев соторутаа-ҕыта араадьыйаҕа 2000 сыллаахтан саҕаламмыт «приведение в соответствие» диэн бэлиитикэттэн дьон мунаахсыйарын быһаарбыта. Балаҕан ыйын, муус устар 27 күннэрин “Өрөспүүбүлүкэ күннэрэ” диирбит сүбэрэнитиэппит сотуллубутун кэннэ өйдүүргэ уустук. “Сүбэрэнитиэт” диэн тыл Аҕа баһылыкпыт туруорсуутунан, бэйэ сирин баайын-дуолун бас билии, бэйэни билинии, үп-харчы киллэринэн сайдыыга тиийии диэн этэр. Ол эрээри, чахчы, дойду иһигэр баар эрэгийиэн сүбэрэнитиэттээх буолара, биир өттүнэн, сэрэхтээх. Дойду биир кэлимсэ сүбэрэнитиэттээҕэ дойду ыһыллыбатын хааччыйар. Итини Чечняҕа буолбут сэрии туоһулуур. Биһиги Төрүт сокуоммутугар билигин «сүбэрэнитиэт» диэн тылбыт суох. Ол эрээри ускуопка иһигэр да буоллар, «судаарыстыба» диэн тыл сурулла сылдьар. Аны сүбэрэнитиэт туһунан «декларация» (баҕа санаа, сокуон буолбатах) хайдах суруллубутунан баарын этэр. Макар Макарович “сүрүн сокуоҥҥа «достояние республики» диэн тыл «собственность» диэн тылынан солбуллубута үчүгэй” диир.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Михаил Ефимович өрүү туттар «бэйэни билинии, бэйэни билиннэрии» диэн тыллара салгыы сайдыбыттарын туһунан 34 сыл ааспытын кэннэ этэр күчүмэҕэй. Билиҥҥи саҥа былаас дьоно үөһэттэн аллара сүрүннэнэн үлэлиир саҥардыллыбыт судаарыстыба сокуонугар олоҕурар. Ол да буоллар  кинилэр “Бастакы бэрэсидьиэннэрин уонна кини кэмигэр үлэлээбит дьону  ахтан-санаан ааһаллара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө холобур буолуо” диэн эрэннэрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.

Ол  туоһута – 2024 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр ис киирбэх тыллаах Ил Түмэммит салайааччыта А.И. Еремеев сүбэрэнитиэт туһунан ахтыы тыл эппитэ ааспыт ситиһиибит быыс кэми этэҥҥэ туораабыт төрүөппүтүн сиһилии арыйда. Михаил Ефимович дойду үрдүнэн ааҥнаабыт алдьархайтан дьонун-сэргэтин көмүскүүргэ туруммут туохтан да толлубат сүрүн күүһэ, кэскили кэрэһилиир эркээйи тэҥэ суолун арыйар баҕата, ыччакка анаммыт сырдык ыра санаата толору этилиннэ. Алексей Ильич М.Е. Николаев 1990 с. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин мунньаҕар сойууһунай өрөспүүбүлүкэ таһымын ыларга баҕа санаатын эппитин; сир баайын бас билэр тэрилтэлэри Саха сирин Бырабыыталыстыбата дьаһайар кыаҕын ситиспит дьаныардаах үлэтин; ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, Уһук Хоту дойду дьоно быыс кэмҥэ этэҥҥэ олороллорун хааччыйбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Сүдү өй, барҕа баҕа, сэллээбэт сэниэ Үрдүк Айыыларбытыттан, үтүө өбүгэлэрбититтэн, сирбит-уоппут иччилэриттэн саха туһугар ананан кэлэн айгырыыр кэми этэҥҥэ туораппыта – итэҕэлбитигэр «Араҥаччы» диэн өйдөбүл баарын бэлиэтэ.

М.Е. Николаев Азия судаарыстыбалара түмсэн, «БРИКС» диэн ааттанан, Эмиэрикэ сайдар кыахтарын харгыстыырын утары баралларын Арассыыйа көҕүлүүрүгэр биһиги Баһылыкпыт үлэлэспитэ. «Азия оҕолоро» диэн оонньууну дойдутугар олохтообута. Федерация Сүбэтин биир салайааччыта буола сылдьан, сылга хаста да Азия дойдуларыгар Арассыыйа дэлэгээссийэтин салайааччытынан сылдьыбыта да ону этэр. БРИКС аан дойдуга киэҥник тарҕаннаҕына, сүбэрэнитиэттээх дойду ахсаана элбээн, биир тэҥ бырааптаналлара ситиһиллиэҕэ. Оччотугар дойдулар көҥүл сайдан, олорор сирдэрин-уоттарын көмүскээн, киһи аймах салгыы сайдар саҥа төрдө олохтонуо. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үйэттэн ордук кэмҥэ салайбыт баһылыктарбыт баҕалара барҕарыан сөп курдук. Айылҕа тыыннааҕа хайа баҕарар омукка – дьоло. Биһиги ойууннарбыт “Арассыыйа инникитин сайдыа” диэн көрүүлэрэ Михаил Ефимович курдук дьон иитиллэн тахсалларын алгыһа буолуо дии саныыбын. Ол санаа өбүгэлэрбититтэн кэлбит «Уол оҕо – кэскилбит, эр киһи – эрэлбит» уонна «Кыыс оҕо – омук бэйэтин тус анала» диэн бэргэн этиилэригэр олоҕурар иитэр-такайар үлэ түмүктээх буоллаҕына, омукпут барҕаран туругуруо диэн баҕа санаабын үтүө дьоммор тиэрдэбин.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар