Бэйэни салайыныы сүрүн хайысхаларын уларытыы ситимигэр, сэрэйдэххэ тупсарыы дииллэрэ буолуо, бэрт кылгастык санаабын этээри гынабын, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыаран эттэххэ, куораттааҕы уонна муниципальнай уокуруктар диэн баар буолуохтаахтар.
Утарааччы үгүс, биһирээччилэр да бааллар эбит. Ким хайдах саныыра, толкуйдуура туох да диэн омнуоламмат буоллаҕа дии. Ырытыах, дьүүллэһиэх иннинэ бүгүн, а.э. билиҥҥи кэмҥэ хайдах былааска олорору ырыҥалыахха. Саҥа Арассыыйаҕа олороргун умнумуохха, баар былааһы билинэргэр эрэ тиийэҕин. Былаас “барахсан” наһаа уһаппакка эрэ, бу “саҥа сокуону” ылыныа, эбэтэр ылыныа суоҕа диэн сэрэйэ сатаан, оҕолуу толкуйдаамыахха, бигэргэтиэҕэ. Толорор эрэ муҥа бу кэлээри турар. Арассыыйа эбэ хотун “саҥа өйдөөхтөрүн” утарылаһан кыайар күүс баарын билэ иликпин.
Дьүүллэһэр-дьүһүннэһэр, саҥарар-иҥэрэр үөһэттэн да ирдэбил, норуот да модьуйсарын быһыытынан наада. Муҥ саатар, мээнэ олорон биэрбэтэхпит диэн саныырга да ордук буолуо.
Онон санаалары, этиилэри суругунан түһэрэргэ тиийиллэр. Ону ылынар-ылыммат биһиги дьыалабыт буолбатах, онно чугаһыыр кыахпыт суох. Ил Түмэммит туруулаһыа этэ диэн буолар да, истэр тухары кыайарга-хоторго тиистэрин-уостарын күүһэ, сытыыта олох мөлтөх диэн этэллэриттэн хомойорго эрэ тиийэҕин.
Мин санаабар, биһигини барыбытын бастакы уочарат дэриэбинэлэрбитин, саха омук ньээкэ уйатын хайдах быыһаан хаалабыт диэн боппуруос долгутуохтаах. Онно биир эрэ суол баар – саҥа тэрээһиннэр салалталара үлэ дьонугар, төһө кыалларынан, чугас буола сатыылларын тобулар наада. Оттон улуустары хайдах баарынан тутан хааллахха, олох да букатын тэйсиигэ тиийиэх курдукпут – алдьатыылаах эрэ буолууһу. Сокуон бырайыагар улуустар территорияларын уларытыахха сөбүн туһунан этиллэр.
Оннук буоллаҕына, норуокка чугаһыыр биир эрэ суол баар курдук. Ол дойду ыһыллыан иннинэ баар 121 сопхуостар кииннэринэн түмэн, тус-туспа муниципальнай уокуруктары оҥоруоҕуҥ. Ити уокуруктар сүрүннээн 3-5 нэһилиэктэри холбуохтара, оттон нэһилиэктэри старосталар салайар буоллахтарына, былыргы сэбиэттэр, эбэтэр отделение управляющайдарын эбээһинэстэрин сүгэллэригэр тиийэллэр.
Былаас норуоту кытта улахан сүбэтэ суох ыытар араас уларыйыыларыгар утарсааччы үгүс буолар, аҕыйах да буоллар, сөбүлэһээччи көстөөччү. Сокуон бырайыагын ааҕыах, ырытыах диэтэххэ, улахана да бэрт. Бука ахсааннаах киһи аахтаҕа буолуо.
Аныгы былаас үлэтигэр киһи сөпсөспөт өрүттэрэ, били этэргэ дылы, хаһыстахха баттаххынааҕар элбэх. Ону көннөрүүгэ туруорсуу барар, бардын, ону быһан эрэ кэбиһимиэххэ. Баҕар, инники олох сиэрдээх суолга тахсар кэмнэрэ кэлиэхтэрэ.
Бүгүҥҥү турук туһунан манныгы этээри гынабын. Былааһы уларыта охсор кыах суох буоллаҕына, олоҕу хайдах баарынан ылынаргар тиийэҕин, баҕар, баҕарыма. Онно бэйэ миэстэтин буларга дьулуһуохха, суолун тобулуохха.
Өйдөөхтөр, муударайдар, өбүгэ саҕаттан этэллэрэ: утары киирсэн кыайбат буоллахха, өйгүнэн кыайыахтааххын. Атыннык эттэххэ, былааһы кытта этиһэн буолбакка, сүбэлэһэн, ол сүбэҕэ өйгүнэн сүүйүөхтээххин! Ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаарарга эҥин араас суоллар бааллар. Кылаабынайа, ол быһаарыылар ыарыылара норуокка муҥутуур кыра буолаллара наада.
Аныгы сиксиллэ буккуллар үйэҕэ уруккуну уонна хойуккуну утары туруортаан, билиҥҥи кэмҥэ ночооттоох эрэ буолуохха сөп.
Ону бигэргэтэн, Англия ааттааҕа Уинстон Черчилль этиитинэн түмүктүүм, тыбаастаабаппын, нууччалыытынан: “Затеяв спор настоящего с прошлым, мы обнаружим, что потеряли будущее”.