2023 сыл – хоруолук сыла. Кытай халандаарынан өссө хара хоруолук сыла диэн ааттанар.
Хоруолук оттон куобах бииһин ууһугар киирэр кыыл буоллаҕа. Онон, биһиги, саха дьоно, син өрдөөҕүттэн куобах сылын быһыытынан ылынабыт, билинэбит, саныыбыт. Куобаҕы бэрт чугастык, истиҥник ылынабыт.
Уһуйааҥҥа куобахчааннар тустарынан ырыаны үгүспүт ыллаабыта буолуо:
“...Куруҥ тыаҕа мустаммыт,
Куобахчааннар элбэхпит.
Иллээх кэргэн буоламмыт,
Иирсээн диэни билбэппит...”
Сэрии ыар сылларыгар куобах барахсан дьон-сэргэ үрүҥ тыынын өллөйдөөбүтүн туһунан эбэлэрбит, эһэлэрбит элбэхтик ахталлар. Суруйааччы Бүөтүр Тобуруокап: “Саханы саха дэппит, саха дьолугар-соргутугар айыллыбыт, сут-кураан сылларыгар элбэх киһини хоргуйууттан өрүһүйбүт кыылынан куобах буолар”, – диэбиттээх. Аны “Дойду сурахтаах, алаас ааттаах” (1982) кинигэҕэ Багдарыын Сүлбэ суруйуутун ааҕыаҕыҥ: “Куобах саха дьонун былыр-былыргыттан абыраабыт ахан кыыл... Куобах былыр даҕаны, билигин даҕаны элбэҕи абыраабыт булт. Хаһан эрэ киниэхэ биһиги норуоппут таас пааматынньыгы тутуоҕа”. Сыыспат буоллахпына, Саха сиригэр куобахха таас пааматынньык суох. 2006 сыллаахха Дьокуускайга, Емельян Ярославскай аатынан түмэл тиэргэнигэр икки куобах скульптурата туруоруллубута. Ол гынан баран, оҥоһуллубут матырыйаала – мас.
Куобахха сыһыаннаах билгэлэр
* Куобах бүөрэ бүтэй буоллаҕына, сылгыга үчүгэй хаһыылаах кыстыгы күүтэҕин.
* Соторунан былыт, ардах кэлэригэр куобах күүтүгэс буолар.
* Куобах күһүҥҥү күн сытар сириттэн сыҕарыйан, мэлдьитин үрдүк сири талан сытар буоллаҕына – куһаҕан күн-дьыл буоларын биттэнэр.
* Куобах саас хойутаан түүлээтэҕинэ, тымныы саас буолар.
* Куобах сарсыарда хойутаан туран мэччийэр буоллаҕына, соторунан уһун ардах, силбик кэлэр.
* Куобах эрдэ ойуур саҕатыгар таҕыстаҕына, дьогдьоот күһүн буолар.
* Куобах эмис күһүнүгэр кыһына уһун уонна кытаанах буолар.
* Күһүн көтөҕө эрдэ түһэр буоллаҕына, куобах эрдэ ойуур саҕатыгар тахсар, оччотугар дьогдьоот күһүн кэлэр.
Сэрии саҕана Арассыыйа киин да уобаластарыгар куобах мэнээгэ буолуталаан дьону-сэргэни абыраабыт эбит. Айылҕа, булт туһунан киһи аахтар ааҕа туруон курдук суруйар Василий Песков диэн суруналыыс баара. Кини 2013 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. Хара өлүөр диэри бэртээхэй матырыйааллара “Комсомольская правда” хаһыакка тахса турбуттара. “Айылҕаҕа түннүк” диэн анал рубрика баара. Василий Песков куобах мэнээгин туһунан маннык суруйбуттаах: “Зайцев в 44-м году было так много, что в лунную ночь всегда их можно было увидеть... А днем в саду я однажды увидел диковинную птицу – белую в крапинах с огромными желтыми глазами. Это была северная сова. Обитателей очень далекой тундры обилие зайцев привлекло аж в наши воронежские места...”
Куобах кураан сылларга элбиир, куобах мэнээгэ саҕаланар диэн буолар. Норуот да билгэлэрэ итини бигэргэтэллэр: “Уһун, унньуктаах улуу кураан дьыллар кэлэллэригэр, куобах мэнээгэ буолар”; “Өҥ дьыллар кэлэллэригэр куобах мэнээгэ ааһар”; “Өрүс кытыытыгар куобах суола-ииһэ элбээтэҕинэ – куобах барар, мэнээгэ уурайар, угут дьыллар эргийэллэр”.
“Плодятся как кролики”, – диэн өс номоҕор кубулуйбут этиини бары билэбит. Куобах да сылга элбэхтик төрүүр (үстэ). Кураан сылларга оҕолоро бары тыыннаах хаалан, куобах мэнээгэ саҕаланар буоллаҕа. Элбэх ардахтаах, сөрүүн сайыннаах сылларга куобах оҕото өлөн-сүтэн, бэрт аҕыйах мохоллой тыыннаах ордор. Пекарскай тылдьытыгар ити тыл быһаарыыта: “Мохоллой барахсан – говорится с любовью по отношению к зайчонку”.
Оттон “мэнээк” диэн тылы бочуоттаах академик түөрт суолталаан быһаарбыт. Олору судургутук быһаардахха – дьэллик сылдьыы, кыыл таба, үөр (стадо) уонна аата-ахсаана биллибэт курдук элбэх. Итиннэ: “Куобах мэнээгэ – набег зайцев. Куобах мэнээк эрдэҕинэ”, – диэннэри ааҕабыт.
Куобахха сыһыаннаах өс хоһоонноро
* Ойуурдаах куобах кэтэҕинэн оонньуур, дьонноох киһи сототунан оонньуур.
* Ойуурдаах киһи охтон биэрбэт, дьонноох киһи өлөн биэрбэт.
* Ойуурдаах куобах өлбөт, уулаах балык аппат.
* Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи быстыбат.
* Ойуурдаах куобах кэтэҕинэн оонньуур, уулаах балык кутуругунан оонньуур.
* Куобах – ойуурунан, киһи – дьонунан.
* Сохсобор собо, туубар куобах киирбиттэрэ диэбиккэ дылы.
* Тууттан куобаҕы, туһахтан собону бултаабыкка дылы.
* Ороҕун устун сүүрдэр (куобах, кутуйах).
* Куобах маҕана, тииҥ харата үчүгэй буолааччы.
* Кус сүрэх, куттас куобах.
1992 сыллаахха Дьокуускайга Иннокентий Сосин уонна Иннокентий Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” диэн дьоҕус үлэлэрэ бэчээттэммитэ. Онно: “Куобах мэнээгин кэнниттэн саһыл мэнээгэ кэлэр, саһыл мэнээгин кэнниттэн эһэ, бөрө мэнээгэ кэлэр”, – диэн норуот билгэтин ааҕабыт.
Куобах сөбүлүүр аһа – иирэ талах, үөт, ыарҕа, тэтиҥ лабаалара. “Куобах эригэр былах быһан биэрэригэр дылы”, – диэн аныгы киһи тута өйдүү охсубат өс хоһооно баар. Былах диэн иирэ, хатыҥ лабааларын ааттыыбыт. Урут былах быһыытыгар субуотунньуктар тэриллэллэрэ. Фольклорист Николай Емельянов үөһэ ахтыллыбыт өс хоһоонун суолтатын: “Кыаҕын, күүһүн таһынан өҥө оҥоро сатааһыны этэллэр”, – диэн быһаарбыт. Оттон Өксөкүлээх Өлөксөй быһаарыыта: “Заяц самец мельче и слабее самки, потому весною силы у него истощаются раньше, чем у самки. Говорится о человеке, сделавшем больше добра, чем следует (через силу)”.
Үгүспүт куобах суолун эндэппэккэ билэр буолуохтаах. Кини ойуолаан сыҕарыйар буолан суола ала-чуо бэлиэ. Пекарскай тылдьытыгар: “Куобах мохороҥноон сүүрэр – заяц скача бегает (бежит)”; “Куобах мохчороҥноон сүүрэр – заяц скачет, сутулясь”; “Мохчойбут – сутуленький (говорится с любовью о маленьком зайце)” – диэн ойуулуур этиилэр бааллар. Тылдьыкка өссө “Ойуурга мохчос баар үһү” диэн таабырын киирбит. Таайыыта, биллэн турар, куобах.
“Куобаҕы өссө табысхаан, таабыскаан, табасхаан, табыскаан, табышкаан, табышхаан, тамышкаан диибит, – диэн Багдарыын Сүлбэ 1982 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр суруйбута. – Бу – төрүт-уус түүр тыла, ити куобахха үтүрүттэрэн умнуллан эрэр... Былыргы узбек уонна туркмен тылларыгар табыш, тавыш “сүүр”, “ыстаҥалаа” диэн суолталардаах туохтуурдар бааллар эбит. Кинилэргэ -хаан диэн дьүһүн хоһуйан биэрэр сыһыарыы сыстыбыт. Ол түмүгэр, саха билиҥҥи тылыгар таһаардахха – сүүрүк, ыстаҥаһыт диэн өйдөбүллээх тыл тахсан кэлбит”.
Куобах холобурданар таабырыннара
* Куобах бэргэһэлээх оҕолор үрүө-тараа сырсаллар (хаардаах төҥүргэстэр).
* Ойуур быыһыгар куобах бэргэһэлээх оҕолор тураллар.
* Нэлээчээн эмээхсин куобах суорҕанын сабыннаҕына, ол үрдүнэн кус бөҕө сылдьар үһү (муус устун дьон сылдьара).
* Биир маҥан куобаҕы хара ыт эккирэтэр да, сиппэт үһү (кырынаас кутуругун харата).
* Куобах уҥуоҕун тойон киһи тосту ыстаабат үһү (үүннээх ат).
* Кус сүрэх, куобах быар баар үһү (куттамсах киһи)
“Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” табысхаан диэн тыл быһаарыыта: “Киин улуустарга үөскүүр маҥан куобах”.Уонна Николай Якутскай айымньытыттан холобурдаммыт: “Табысхаан хайыы сахха кыһыҥҥы саҕынньаҕын кэтэ охсубут буолбат дуо!”
1975 сыллаахха тахсыбыт “Саха таабырыннара” кинигэҕэ: “Бэс ойуур бэтэрээ өттүгэр дьүөлэкээн сыһыыта баар үһү”, – диэн таабырын баар. Таайыыта – киһи ытыһа. Оттон дьүөлэкээн диэн тугуй? “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” ити тыл бэрт кылгас быһаарыылаах: “Дьааҥы куобаҕа”. Манна сыһыаран Пекарскай тылдьытыттан холобур аҕалабыт: “Дьүөлэкээнтэн мөҥүөтүн таҥнар”.
Революционер, фольклорист уонна этнограф Иван Худяков 1867–1874 сылларга Дьааҥыга сыылкаҕа олорбута. Онно олорон “Краткое описание Верхоянского округа” диэн билим эйгэтигэр киэҥник биллэр үлэтин суруйбута. Иван Худяков ити үлэтигэр дьүөлэкээн ахтыллар: “Многочисленность куропашек и зайцев вошла у якутов в пословицу, у них есть даже выражение об изобилии: “Түннүгүнэн-үөлэһинэн куобаҕы, хабдьыны кэбиһэн биэрэрин курдук”... Заяц (куобах) носит следующие названия: табыскаан, ускаан, дьүөлэкээн, ботокуй, хотоннох (маленькая порода)”. Заячий помет (в виде порошка) некоторые курят здесь вместо табаку”.
Иван Худяков куобах биир аатын “хотоннох” диэбит. Пекарскай тылдьытыгар “хотонох” дэнэр. Быһаарыыта: “Старинное название зайца”. Саха тылын улахан тылдьытын быһаарыыта эмиэ чопчу: “Куобах (заяц-беляк)”.
Чэ, манан тохтоон эриэҕиҥ, уһаан-кэҥээн бараары гынныбыт.
Үүммүт Куобах сылынан, күндү ааҕааччылар! Бу сыл күскэс куобах курдук сытыары-сымнаҕас майгыланнын, мөлбөкөй куобах курдук өҥ дьыл үүнүөхтүн!
Федор РАХЛЕЕВ.