Саха сиригэр быйылгы күммүт-дьылбыт, төгүрүк сылы быһа кубулҕатыран, улаханнык уолуталаата. Сайынын солуута суох кураанныыра, онтон ардыыра суох. Аны кыһынын икки ыйы быһа тоһуттар тымныынан өрө бурҕачыйан турбута. Уопсайынан, халлааммыт кыралаан “буккуллан” ыларын бары даҕаны көрө-билэ сылдьабыт. Аны бу ааспыт ыйтан күннэтэ кэриэтэ хаар түһэр. Кэнники сылларга хаарбыт бачча өлгөмнүк түспүтүн соччо өйдөөбөппүт. Дьэ, маннык өлгөм хаар мантан саас өссө тугунан кутуруктанан-силлиэлэнэн тахсыа биллибэт. Киһи көһүппэтэх өттүттэн туох баҕарар буолуон сөп. Бырабыыталыстыбаҕа халааҥҥа бэлэмнэнэр үлэ тиһигин быспакка бара турар. СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросовы кытта кэпсэттибит:
– Иннокентий Михайлович, дьэ, эн халааны бохсорго үлэлээбит уопуттаах киһигин.
– Халлааммыт хайдаҕын бары да көрө-билэ олоробут. Хаар түһүүтэ өссө да уһуур чинчилээх. Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн көрдөххө, биһиги сирбит-уоппут киэҥинэн, сааскы угут түөрт уонча хонук барар. Биһиги ЫБМ Саха сиринээҕи салаатын кытта суһал хамыыһыйаларга киирэн, биир ыйтан ордук халааны арыаллаан барабыт. Ол аата, Витим бөһүөлэгэр ыам ыйын 4–5 күннэригэр кэлэр. Аллараа Халыма улууһугар Походскайга, инньэ Индигииркэ төрдүгэр Дьааҥыга бэс ыйын 10 күнүгэр диэри тиийэр. Инньэ гынан уһун баҕайытык барарын быһыытынан, Саха сиригэр куттал суох буоллун диэн, тэрээһин үлэтин бэрийэн күүскэ ыытабыт. Ону арыаллаан уһун сааһы быһа сылдьабыт.
– Төһө элбэх нэһилиэнньэлээх пуун кутталга олороруй?
– Сахалар барахсаттар “Уруу ырааҕа, уу чугаһа” диэн өс хоһооммут этэринии, үгүс нэһилиэк өрүс үрдүгэр олохсуйан олорор. Өр баҕайы кураан дьыллар тураннар, өссө өрүс диэки кимэн киирбиппит. Уопсайа, дьон олорор 123 нэһилиэнньэлээх пуун уу ылыан сөптөөх, кутталлаах зонаҕа киирэн хаалла. Инньэ гынан, онно киирбит нэһилиэктэр ыктаран аҕай олороллор. Саҥа ыал буолбут ыччаттарыгар сир биэриэхтэрин, социальнай эбийиэк туттарыахтарын баҕараллар. Оннук кутталлаах зонаҕа киирбиттэргэ туох даҕаны тутуу көҥүллэммэт. Тутууну ыыттаҕына, баһылык сууттаныан сөп. Ол сири кини үрдэтиэхтээх эбэтэр уу киирбэтин курдук, даамба, модоҕо оҥоруохтаах. Ол реестртэн таҕыстаҕына, биирдэ эрэ туттар бырааптаахтар. Ол иһин нэһилиэнньэлээх пууннар тутууларын генбылааннара ити “зонаны” кытары утарыта көрөн тураллар. Биһиги иккиэннэрин бииргэ ситимнээн саҥаттан оҥоруохтаахпыт. Дьэ, итинник кыһалҕа баар.
– Муус устара, айылҕа сүдү көстүүтэ, көрөргө төһө да кэрэ, сэргэх курдук буоллар, арыт содула ыар буолар.
– Саха сирин киин, соҕуруу, арҕаа, хоту өттүгэр – барытыгар араас сылга ууга барбыт дэриэбинэлэр бааллар. 1966–67 сс., 1998, 2001 сылларга улахан хоромньу тахсыбыта. Ол иһин Ил Дархан, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата сааскы халааны бохсорго үлэ бөҕөтүн ыыталлар. Халааны кытары сибээстээх тэрилтэлэр бука бары түбүккэ түһэбит, үлэ ыытабыт. Бастакытынан, эһиил хайдах буолуой диэн, күһүҥҥү өттүн кэтээн көрөбүт. Иккиһинэн, туох баар докумуоммутун эрдэттэн оҥоробут. Холобура, тохсунньу 23 күнүгэр 39 №-дээх бырабыыталыстыба дьаһала тахсыбыта. Онно туһааннаах тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, муниципальнай тэриллиилэр, хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэр, быһата, ким тугу дьарыктаныахтааҕа барыта сурулла сылдьар. Онон бары ол дьаһал ирдэбилинэн бииргэ үлэлиибит. Биһиги ити дьаһалынан министиэристибэлэртэн, тэрилтэлэртэн, улуустартан ирдиибит. Ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына, кыра ороскуоттаах буоллун диэн, дьон, сүөһү, көтөр өлүүтэ тахсыбатын диэн, кыһаллан үлэлиир буоллахпыт. Ол бэлэмнэнии барыта оҥоһуллан турар. Араас таһымнаах мунньах быыстала суох ыытыллар.
– Билигин туох үлэ барарый?
– Мууһу кэбирэтии үлэтэ бара турар. Уопсайа, 44 мөл. суумалаах үлэ. Сүнньүнэн, федеральнай үп барар, өрөспүүбүлүкэ кыратык эбэр. Өлүөнэ, Алдан, Амма, Халыма, Нүүйэ, Токко өрүстэр муустарын хараардыы, эрбээһин үлэтэ ыытыллар. Ол гынан баран хаар түһэн, билигин үлэ бакаа тохтоон турар. Тоҕо диэтэххэ, хараардыбыт кэннэ үрдүгэр хаар түстэҕинэ, туох да көдьүүһэ суох. Кумах уонна чох быылын кытта булкуйан, чараас гына куталлар. Ону күн көрөн, хара эттиккэ сыстан, итиини иҥэринэн дьөлө сиир. Чаҕылхай күннээххэ 50 см кэбирэтэр, сиэн кэбиһэр. Итини өрүс эстиитигэр, маҥнай муус хамсааһыныгар бытарыйдын диэн оҥоробут. Ону көтө сылдьан, элбэхтик кэтээн көрөбүт. Син көдьүүстээх буолар. Итинник үлэ тэриллэн, Киин Саха сиригэр муус устар 20 диэки бүтэриэхтээхтэр, хоту – ыам ыйын 5 диэри. Бэдэрээтчиттэр, көрүллүбүт харчыны куонкуруска кыайан, өрүскэ киирэн үлэлииллэр. Ити – сүрдээх киэҥ үлэ. Аан дойдуга мууска итинтэн атын үлэни айа иликтэр.
– Эн санааҕар, быйылгы халаан хайдах буолуой?
– Уустук буолуо дии саныыбын. Кэнники сүүрбэ сылы ылан көрөр буоллахха, биир даҕаны сылга муус харбакка барбыта суох. Ханан эрэ булгуччу харар. Гидрометсулууспа сүнньүнэн ханнык өрүстэргэ харыы буолуон сөбүн ыйар эрэ. “Муус маннык таһымҥа ааһыа, ол гынан баран харыы буолуон сөп, оччоҕо бу дэриэбинэ ууга барыан сөп” диэн мээнэ ыйаллар эрэ. Ханна буоларын ким даҕаны чопчу эппэт. Өлүөнэ эбэбитин муус устар 20–25 күннэригэр Иркутскай уобаласка эһиннэҕинэ уонна төһө уулаах иһэриттэн киһи чопчу быһаарыан сөп.
– Сорох дьыл халаан хайдах ааһара, ууга барбыт дуу, суох дуу диэн биллээччи. Хаара аҕыйах, мууһа чараас буоллаҕына, киһи этэҥҥэ ааһыа диир. Быйыл хайдах даҕаны этэҥҥэ ааһыа диир кыахпыт суох.
– Кырдьык оннук, маныаха хас даҕаны биричиинэ утары тураллар. Бастакытынан, күһүнүн баһаардар содуллара (түөрт сылы быһа баһаар буолла). Аны туран, күһүн ардаабыта аҕай. Онон кыра да өрүстэр, үрэхтэр, бэл, күөллэр үрдүк ууга тоҥмуттара. Туолан тураллар. Мууһун иэнэ киэҥ буолан, мууһун маассата олус улахан. Ол аата, киэҥ сири кытыыттан хоҥуннаран илдьэ барарга элбэх уу наада. Ол аата, уутун мунньара буолуо. Мунньа-мунньа кэллэҕинэ, харыы буолуон сөп. Иккиһинэн, уу тэрилтэлэрэ анаалыс эҥин оҥороллор. Онно көрдөххө, бу баһаар буолбут сылларыттан иккилии сыл буолан баран уу кэлэр эбит. Билигин 2021 сыллаахха улахан баһаар турбута. Онон быйылгы, эһиилги сыл уулаах буолуон сөп. Элбэх уу киирэр, үрэхтэр туолаллара улахан оруоллаах. Үсүһүнэн, били, туора кыра салааларбыт, Өлүөнэ да, атын да өрүстэр – бары салаалара туолан, кыһыны быһа уу бөҕөнү киллэрдилэр. Муус да тоҥмутун кэннэ, аннынан бара сытар. Ол баран улахан өрүскэ киирдэҕинэ, кыайан киирбэккэ, үөһэнэн тахсан, мууһу үрдүнэн тааҥ үөскүүр. Мууһурар. Ааспыт нэдиэлэҕэ өрүһүнэн Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ баран кэллибит. Тааҥа олус улахан. Онто тутан турар буолан, харыы тахсарыгар көмөлөһөн биэрэр. Төрдүһүнэн, мууспут халыҥ. Быйыл хаардаах буолан, мууһа аһара халыҥаабата гынан баран, былырыыҥҥытынааҕар быдан халыҥ. Сорох сиргэ аһарда даҕаны. Холобура, Өлүөхүмэҕэ муус – 120 см. Миэтэрэлээх мууһу үлтүрүтэр манан аҕай дьыала буолбатах. Соҕуруу дойдулар муустара 30 см буолар. Элбэх сиргэ халыҥ. Билиҥҥэ диэри халыҥыы турар. Холобур, кулун тутар ый 20 күнүгэр Өлүөхүмэҕэ 100 см буолуохтааҕын 120 буолбут, 20 см эбиллибит. Бүлүү өрүс мууһа барыта – халыҥ. Халыма мууһа эмиэ үрдээн турар. Инньэ гынан, мууспут эриэ-дэхси буолбатах. Ууну кэтээн көрөр тэрилтэ мэлдьи биир сиргэ кэтээн көрөр. Ортотугар эмиэ атын буолар. Ол иһин биһиги саас георадиолокатор диэн тэрилинэн муус халыҥын, сүнньүнэн, төһө халыҥ буолар эбитий диэн көрүөхтээхпит. Сыл аайы биһиги кыра сөмөлүөтүнэн көтө сылдьан, Алдан өрүс төрдүттэн саҕалаан, устан ылабыт. Ону көрдөхпүтүнэ, гидромет киэниттэн мэлдьи 20–30 см халыҥ буолааччы.
– Тоҕо?
– Кинилэр кытыыттан эрэ мээрэйдиир буоллахтара дии. Аны, бэсиһинэн, хаарбыт халыҥ. Күн бүгүҥҥэ диэри түһэ турар, тохтуур санаата суох. Барытын кэтээн көрө олоробут, өрөспүүбүлүкэни бүтүннүү ылан эрэр. Ленскэй, Өлүөхүмэ бүтүннүү бүрүлүннэ. Алданынан, Амманан бүтүннүү барда. Киин улуустар хаардара – нуорманы таһынан. Онон кыра үрэхтэр сүрдээх кутталы үөскэтиэхтэрин сөп. Дьэ, бу биэс биричиинэни ааттаатым. Муус туруута, баһаардар сабыдыаллара, тааҥ, муус халыҥа уонна хаар халыҥа. Сорох сиргэ күнү-дьылы кэтиир-сылыктыыр дьон этэллэринэн, уулаах дьыл буолуо. Уу кэлиэҕэ.
– Дьэ, дьыала соччото суох эбит. “Арай өскөтүн...” диэн уоскутунар буоллахха?
– Өрүс эстэр кэмигэр тэмпэрэтиирэ уонна бу күн көрөрө улахан оруоллаахтар. Халлааммыт үчүгэй буоллаҕына, күн күүскэ көрдөҕүнэ, муус бытарыйан, ууллан хаалыан сөп. Оттон тымныы күннэр турдахтарына, түүнүн “минус” буолар буоллаҕына, дьэ кырдьык, харыы тахсыаҕа. 2001 сыллаахха Ленскэйгэ түүнүн мэлдьи тымныы этэ, ол иһин хам ылан кэбиһэн баран, кыайан ыыппакка, ол содулугар улахан халаан буолбута.
– Халлаан сылыйдаҕына, күн көрдөҕүнэ, үчүгэйинэн дьайыан сөп эбит дии...
– Ол эмиэ кутталлаах. Уопсайынан, “дружная весна” диэн гидрологическай тиэрмин баар. Ол аата – эмискэ итийии. Тоҥорон туран-туран баран, эмискэ итийэр. Дьэ, ол итийдэҕинэ, туох баар кыра салаалар, үрүйэлэр – бары уу киллэрдэхтэринэ, уу эмискэ кэлэр. Бэлэмэ суох мууска уу кэллэҕинэ, мууһун үлтүрүппэккэ, харан сордуур. “Дружная весна” биһиги өрүстэрбитигэр олох куһаҕаннык дьайар. Биһиэхэ бытааннык кэлиэхтээх, аргыый аҕай. Ардыыр, тоҥорор, ириэрэр, онтон эмиэ тоҥорор, ириэрэр. Сороҕор оннук буолааччы. Биһиги оннукка баҕарабыт. Дэлби ириэрэ-ириэрэ тоҥордоҕуна, эбиитин тыалырдаҕына, үчүгэй буолааччы. Бу диэки кэлиитигэр үчүгэйдик итийиэн наада. Хоту баран иһэр буоллахпыт дии. Мин бэйэм итинник сылыктыыбын уонна итиннэ сиэттэрэн үлэлиибин.
– Иннокентий Михайлович, дьоммутугар-сэргэбитигэр өйдөнөр гына быһааран биэрбиккэр махтал.
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА