Үөһээ Дьааҥы ууга барбытын туһунан бары истэн олордоххут. Өтөрүнэн кэлбэтэх улахан уу Дьааҥы сирин-уотун, дьонун-сэргэтин аймаата, куттарын көтүттэ. Маннык улахан содуллаах уу хаһан кэлбитин бэл ытык кырдьаҕастар өйдөөбөттөр.
Бассаап бөлөхтөрүгэр тэбэр сүрэхтээх, сүүрэр хааннаах киһи аймана көрөр устуулара тарҕаммыттара. Оттон Дьааҥыттан төрүттээх дьон харах уута суох кыайан көрбөтүбүт...
Улахан уу баара-суоҕа биэс-алта күн иһигэр Дьааҥы түөрт нэһилиэгин, Верхоянскай куораты олоччу, түөрт-биэс бөһүөлэгин түөлбэлэрин олордон ылла. Төрүөтэ күүстээх ардах тоҕо түһэн диэн. Дьааҥы үрэхтэрэ – Дулҕалаах, Сартаҥ, Адыаччы, Боруулаах, Туостаах – хааларыттан биир кэмҥэ тахсан, улахан иэдээни оҥордулар. Олохтоохтор уос номоҕо оҥостон кэпсииллэринэн, кырдьаҕас улуус икки улахан хорук тымыра – Дьааҥы уонна Адыаччы – урукку өттүгэр иккиэн бииргэ хаһан да тахса иликтэрэ эбитэ үһү.
Ол бэйэтэ айылҕабыт быйыл сэрэппэккэ улууһу атыйахтаах уунан аймаата. Улууһу эрэ буолуо дуо – бүтүн Саха сирин.
Айылҕа да тыынар тыыннаах. Маннык улахан уу тоҕо анньан кэлбитигэр биллэр төрүөттэр бааллар. Бастатан туран, Дьааҥыга хас да сыл субуруччу уот кураан туран, улахан баһаардар буолбуттара. Ол түмүгэр ирбэт тоҥ араҥата ууллар. Быйыл Дьааҥы уонна Черскэй сис хайаларын хаара, ирэр кэмэ сөп түбэһэн, онно эбиилэстэ. Аны туран, сир-буор аннынан иһиттэххэ, Адыаччы, Дьааҥы үрэхтэрин баһыгар сир баайын хостооччулар тигинэччи үлэлии-хамсыы олороллор үһү. Олор уулара-хаардара айылҕаҕа үтүөнэн дьайбат. Ол биллэр.
Биир түгэни ахтан ааһыым. Бу ыксаллаах күннэргэ Дьааҥыттан төрүттээх дьон балаһыанньаны билэ-көрө, биир дойдулаахтарбытын кытта сибээстэһэ олордубут. Хайалар быыстарыгар олорор буоламмыт, ыанньыйбыт, лүһүр былыттар кэлэн, ууну кутан ааһаллара. Ити – уулаах былыкка. Силбирээн ардах, биллэн турар, баар. Ол ордук күһүөрү түһэр. Бу сырыыга, олохтоох киһи кэпсээбитинэн, “үрүмэ курдук чараас былыттар уста сылдьан, хас да күн устата ыаҕастаах уунан куппуттар”. “Оҥоһуу ардахтар эбиилэспит буолуохтарын сөп” диэн эмиэ сэрэйэллэр.
Айылҕа тугу бэлэмнээн, тоһуйан турарын ким-туох билиэ баарай? От ыйын саҥатыгар дьааҥыларга “эһиэхэ улахан уу кэлиэҕэ, нэһилиэги нэһилиэгинэн олордон ылыаҕа” диэн эппиттэрэ буоллар, бука, итэҕэйиэ суохтара эбитэ буолуо. Хотугулуу майгынан оннук холкутук, нуһараҥнык олорбуттара. Мин билэрбинэн, айылҕа туругун кэтиир анал тэрилтэттэн маҥнайгы сэрэтии от ыйын 8 күнүгэр кэлбит. Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэриитигэр: “Ааспыт ардахтаах күннэринэн сибээстээн, Дулҕалаах, Сартаҥ, Адыаччы үрэхтэрин ууларын таһыма эмискэ үрдүөҕэ, биир хонук иһигэр 1 миэтэрэттэн 3 миэтэрэҕэ диэри улаатыаҕа. Ардах өссө түһэр түгэнигэр үрэхтэр үрдүлэригэр турар дьиэлэр, ходулаһар ууга барыахтарын сөп”, – диэн суруйбуттар. Бу иһитиннэрии улуус дьаһалтатын ситимнэригэр, бассаап бөлөхтөрүгэр тарҕаммыта.
Чыпчылыйан ылыахпыт эрэ кэрэх, от ыйын 9-10 күннэригэр Суордаах бүтүннүү ууга барар. Бу күн улахан уу 300 киһи олорор 88 дьиэтин, 5 социальнай эбийиэги кылгас кэм иһигэр ылар. Өрүһүспүт курдук, ити күн аны Дулҕалааҕы “атаакалыыр”: дьиэ-уот, ходуһа барыта ууга “олорор” буолар. От ыйын 9 күнүттэн саҕалаан Дьааҥы нэһилиэктэрэ, киһи соһуйуон курдук, биир-биир ууга барыталыыллар. От ыйын 11 күнүгэр – Боруулаах сорох түөлбэтин, Токума учаастагын, Адыаччы нэһилиэгин, 12-13 күннэригэр Боронугу уонна Верхоянскай куораты бүтүннүү уу ылар. Улуус киинэ Баатаҕайы уонна Элгэс нэһилиэгин улаханнык ыксатар. Баатаҕайга олохтоохтор күннэри-түүннэри үлэлээн, даамбаны бөҕөргөтөн бэрт кыранан өрүһүннүлэр.
Ити курдук күн аайы нэһилиэктэр биир-биир ууга баран истилэр. Ийэм эрийэн: “Манна улахан иэдээн буола турар. Ууга барбыт дьиэлээх дьону аһынан ытыах санаа кэлэр. Кэлэҥҥин суруйуоҥ этэ”, – диэн улаханнык долгутта. “Үрдүттэн көрөн-истэн, олохтоохтору кытта кэпсэтэн суруйар ордук” диэн, тэрилтэм хомондьуруопкаҕа ыытыах буолан, билиэт көрдүүр түбүгэр түстүм. Атырдьах ыйыгар диэри Дьокуускайтан көтөр билиэт ончу суох. Хаасса атыыһыта: “Все улетают в Батагай!” – диэт, илиитин нэлэс гыннаран кэбистэ. Онон бүттүбүт.
Салалта нөҥүө суһал көмө сөмөлүөттэрэ көттүлэр эрээри, Дьааҥыга айанныыр хайдаҕын бэйэҕит билэҕит: тобус-толорулар.
Онон, олохтоохтору кытта кэпсэппиппин сурукка түһэрдим. Олоччу ууга барбыт Суордаах, Дулҕалаах, Адыаччы, Боронук нэһилиэктэрэ, Верхоянскай куорат олохтоохторо улахан уу хайдах кэлбитин, туох урусхалы оҥорбутун, дьон хайдах дьаһаммытын-өрөһүммүтүн бу курдук кэпсээтилэр.
СУОРДААХ
Суордаах – Дулҕалаах үрэх хаҥас биэрэгэр турар Дьааҥы биир ыраах нэһилиэгэ. Улуус кииниттэн, Баатаҕайтан, массыына суолунан 264 килэмиэтири айаннаан тиийиллэр. Нэһилиэнньэтэ (2021 с.) – 336 киһи.
Нэһилиэк бүтүннүү ууга былдьаммыта: 88 тиэргэн, 85 дьон олорор дьиэтэ, 3 социальнай эбийиэк (ол иһигэр оскуола, уһуйаан) ууга барбыта. Бу дьиэлэргэ 317 киһи (олортон 76-та – оҕо) олорор. От ыйын 11 күнүгэр нэһилиэк ууттан босхоломмута.
Суордаах оскуолатыгар математика учууталынан үлэлиир, Намтан төрүттээх кийиит Яна Стручкованы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттим. Сибээстэрэ мөлтөх, быстан ылар:
– Суордаахтар 2014 с. ууга барбыппыт. Быйыл оннооҕор улахан уу кэллэ. Гарааспытын, сарайбытын ылбыта, олорпут туох баар үүнээйибитин суурайан барбыта. Бадыбаалбыт уунан туолбута, билигин да оборторобут. Саас бэлэмнээбит мастарбыт устубуттара. Саһаан маспытын ортотугар диэри ылбыт уонна баайан-баттатан бөрөөбүт буоламмыт эристилэр. Биһиги арыый үөһэ олоробут. Оттон ыаллыы олорор дьоммут дьиэлэрин түннүгэр диэри уу ылбыта. Сорох дьиэлэр кырыыһалара эрэ көстөн турбута. Уу өссө кэлбитэ буоллар, биһиги дьиэбитин эмиэ ылыа эбит, бэрт кыранан эристибит. Ол эрээри дьиэбит анна бүтүннүү – уу. Муостабытын көтүрэн куурдабыт. Үлэ, түбүк бөҕө.
2013-2014 с. эмиэ бу курдук кыһалҕаны көрсүбүт буоламмыт, “сэбээн күөллэр ууга барбыттар, ол уу манна кэлиэҕэ” диэн эрдэ сэрэппиттэригэр малларбытын үөһэ ууран, өрө тардан бэлэмнэнэ сатаабыппыт. Ол эрээри уу дьиэҕэ киирдэр эрэ өрө көтөҕөн барытын суулларан түһэрэр эбит. Бу курдук улахан уу кэлиэ дии санаабатахпыт. Эбиитин ардах тохтообокко түһэ турбута.
Уу улам-улам тахсан испитэ. Маҥнай нэһилиэкпитин төгүрүйбүтэ. Үрүйэлэр ууларын толорон, инниттэн-кэнниттэн эргийэн, тула өттүн уунан толорон баран, бөһүөлэги олордон ылбыта. Суолбутун-ииспитин хаһыталаан кэбиспит. “Убаһалар өлбүттэр үһү” диэн кэпсииллэр. Ходуһаларбыт бары ууга сыталлар. Дьон “хайдах оттоон сыл тахсабыт?” диэн олус санааргыыллар. Биһиги ынах сүөһүбүт суох. Арай икки сибиинньэлээхпит. Хотоммутун эмискэ уу ылан, онтуларбыт хотон иһигэр уста сылдьаахтыыллар этэ. Быыһаабыппыт.
Уу бөһүөлэккэ киирээтин кытта, тута эвакуациялаан барбыттара. Уус Күрүөтэ диэн үрдүк сирдээхпит. Онно бөртөлүөт түһэрэ. Бөртөлүөт элбэхтик кэлэн барда. Кыанар дьон дьиэбитин-уоппутун быыһыыр түбүгэр түспүппүт. Сорохтор кырыыһаларыгар тахсан олорбуттара. Дьиэлэрин оннук бүтэһигэр диэри быыһыы-өрүһүйэ сатаабыттара. Бөһүөлэк иһигэр мотуорканан сылдьарбыт. Тиэргэн иһигэр аантан ааҥҥа диэри – тыынан. Дьиэлэрэ олоччу ууга барбыт дьон үрдүк сиргэ эвакуацияламмыттара. Дьаһалта эмиэ онно олорон үлэлээбитэ.
Ардахпыт билигин да кэлэн түһэ турар. Сөрүүн, тыаллаах...
Нэһилиэк баһылыга Владимир Стручков: “Ынах сүөһүбүт 100 % баар. Сылгы туруга мөлтөх. Кулуннарбыт 50 %-нара ууга былдьаннылар. Билигин ааҕа сылдьабыт. Мотуордаах дьон ыраах учаастактарга айаннаатылар. Нэһилиэкпитигэр 409 киһи бэрэпиискэлээх. Оскуолаҕа 52 оҕо үөрэнэр. Уһуйаан иитиллээччитэ – 35”, – диэн кэпсээтэ.
ДУЛҔАЛААХ
Дулҕалаах (иккис аата – Томтор сэл.) – хотугу эргимтэҕэ киирэр Дьааҥы эмиэ биир ыраах нэһилиэгэ. Улуус кииниттэн 232 км тэйиччи турар. Нэһилиэнньэтэ (2021 с.) – 281 киһи.
Улахан уу 95 тиэргэни, 50 дьон олорор дьиэтин, социальнай эбийиэктэри ылбыта. Уу ылар кэмигэр нэһилиэккэ 135 киһи, ол иһигэр 45 оҕо, олороро. От ыйын 12 күнүгэр уу түспүтэ.
Антонина Слепцова, уһуйаан үлэһитэ, уопсастыбанньык, Дулҕалаах олохтооҕо:
– Уубут түстэ, үрэхпит урукку оннун булла. Ол эрээри бөһүөлэкпит сорох түөлбэтэ, аппалаах сирдэр уунан туолан тураллар. Нэһилиэкпит ууга барар кэмигэр мин Дьокуускайга баарым. От ыйын 15 күнүгэр төннөр билиэттээх этим эрээри, дьиэбин-уоппун өрө тардаары ыксалынан 10 чыыһылаҕа суһал сөмөлүөтүнэн Баатаҕайга көтөн кэлбитим. Дулҕалаахха эмиэ “ЧС” бөртөлүөтүнэн айаннаабытым.
Дьон улахан охсууну ылла. Санаалара түһэн да хайыахтара баарай, дьиэлэрин-уоттарын ыраастаналлар, өрө тардаллар. Суол-иис олус алдьаннылар, уу тоҕута түһэн кэбистэ. Нэһилиэкпитигэр ититии ситэ тардылла илигэ. Үлэ бара турбута эрээри, турбалары эҥин барытын уу алдьатта. Чохпут барыта ууга барда. Хочуолунайбыт намыһах сиргэ турара, уунан туолбута. Ити курдук аахтахха, Дулҕалаахха олус улахан хорумньу таҕыста, элбэх үлэ күүтэр.
АДЫАЧЧЫ
Адыаччы – Дьааҥы улууһун биир улахан нэһилиэгэ. 1924 с. төрүттэммитэ. Улуус кииниттэн – 46 км. 2021 с. түмүгүнэн 908 киһи олороро билиэтэммит.
Раиса Чирикова, “Дьааҥы аартыга” хаһыат кэрэспэдьиэнэ, култуура управлениетын үлэһитэ, Адыаччыттан төрүттээх:
– Адыаччы эбэ урукку кэмнэргэ элбэхтик эрэйдии сылдьыбыт буолан, нэһилиэнньэ эрдэттэн бэлэмнэммитэ. Ынах сүөһүлэрин, сылгыларын хоту өттүгэр үрдэл сиргэ таһаарбыттара, тырааныспары барытын бөһүөлэктэн 5 км тэйиччи сиргэ илдьибиттэрэ. Уу сүүрүгэ түргэн буолан, хас да күнү быһа үрдэтэн оҥорбут даамбаларын алдьатан намыһах сирдэринэн бөһүөлэккэ киирбитэ, суолу саппыта.
Кэлиҥҥи уонча сылтан бэттэх дьиэлэр үрдүк сыбаайаҕа тутуллубут буоланнар, сорохторо ууга улаханнык алдьамматылар. Аны бөһүөлэк тулатынааҕы уонна иһинээҕи күөллэр уулара “олорон хааланнар”, кыһалҕаны үөскэттилэр. Билигин ууну нээриктээн (хорон) төттөрү ыыталлар. Бырабыыталыстыба, Ил Дархан уонна улуус дьаһалтата ыытар үлэлэрин түмүгүнэн элбэх көмө кэлбитин, оҕолор бары кэриэтэ Дьокуускай лааҕырдарыгар сынньана барбыттарын дьон махтана кэпсиир. Мотуок хайа саҕаланыаҕыттан Дьокуускайга, киин улуустарга олорор биир дойдулаахтара көмөнү ыыта олороллор.
Адыаччы дьоно 1967 с. от ыйын 19 күнүгэр буолбут алдьархайдаах мотуогу умнубат. Олохтоохтор маннык ахталлар: “Ынах сүөһү син быыһаммыт буоллаҕына, сылгылар сэмнэхтэрин эрэ булбуттара. Улахан уу төгүрүйэн, сылгылар былдьаммыттара. Тиити, титириги кирбиттэр, суулларбыттар этэ. Оччолорго мотуор аҕыйаҕа. Биир катер баара, ол дьону, сүөһүнү таспыта. Дьон үксэ Таалаҕа, дьиэлэр үрдүлэригэр, оскуолаҕа олорбуттара. Ынахтар оскуола ампаарын үрдүгэр төрөөбүттэрэ. Биэс дьахтар оскуола учууталыскайыгар оҕоломмуттара. Таалаҕа ас дэлэй этэ. Бөртөлүөтүнэн рафинад саахары, үрүҥ килиэби таһаллара. Дьоммут сэппэрээтэрдииллэрэ, умуһахтарга эт төһө сииргинэн баара”. Иккис ахтыы: “Ууга сытыйбыт таҥас таҥас буолбат эбит этэ. Тимир эрэ оронноох хаалбыппыт. Бадыбаал уутун илиибитинэн таспыппыт. Онно олус эрэйи көрбүппүтүн өйдүүбүн. Аны дьиэбит сыбах буолан, икки өттө бүтүннүү сууллан түспүтэ. Оскуолабыт адьас госпиталь курдуга...”
Хоту дойду сайына кылгас. Күһүн бу ыган кэлэн эрэр. Хоромньуну түргэнник ааҕан үлэни ыыталлар. Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ долгуйарын, көмө-тирэх буоларын дьааҥылар билэ олороллор, махтаналлар, үөрэллэр. Бириэмэ төһө да ыгым буоллар, хоту дойду дьоно дьиэлэрин-уоттарын, хаһаайыстыбаларын чөлүгэр түһэрэр туһугар күнү-түүнү аахсыбакка күүскэ үлэлииллэр. Дьааҥы улууһа сарсыҥҥыга эрэллээх.
Верхоянскай куорат – Саха сирин биир кырдьаҕас уонна хотугу куората. Улуус кииниттэн 92 км ыраах. Дьааҥы өрүс уҥа биэрэгэр турар. Нэһилиэнньэтэ 2010 с. 1311 эбит буоллаҕына, былырыыҥҥы дааннайынан, 1095 киһи.
Лариса Попова, туризмынан дьарыгырар урбаанньыт, Верхоянскай куорат олохтооҕо:
– Верхоянскай куоракка уу от ыйын 13 күнүн түүнүгэр киирбитэ. “Улахан уу иһэр” диэн эрдэ сэрэппиттэрэ эрээри, “2014 сыл мотуогун курдук урусхаллаах буолуо суоҕа” диэн, бэйэбитин уоскуппуппут. Сир быһыыта уларыйар быһыылаах. Урут уу ылбат сирдэрэ бардылар.
Биһиги тыаҕа турар турбазалаахпыт. Онно уу үрэҕинэн уонна күөлүнэн – икки сиринэн тоҕо көтөн киирбитэ. Олус дохсун үһү. Уолум “нэһиилэ куотан кэлбитим” диэн кэпсиир. Дьиэтигэр кэлбитэ, аны дьиэтэ ууга турар үһү. Хайаахтыахпыт баарай, айылҕаны киһи кыайан тохтоппот буоллаҕа... Турбазабыт балаҕанын 40 см диэри ылбыта. Буор оһох ууну оборон ылар эбит, илийэн-сиигирэн турар. Улуус граныгар киирсэн баанньык туттуохтаах этибит. Атыыласпыт мастарбытын уолум баайан, нэһиилэ өрүһүйдүбүт. Уолум хонноҕор диэри ууну кэһэ сылдьан ураһаларын баайталаабыт. Баайбатаҕа буолар, ууну кытта устан хаалыахтаахтар этэ.
Маннык улахан ууну аан маҥнай көрдүм. Долгуйан, уолуйан хаалбытым. Улахан уу тугу барытын тоҕута анньан барар эбит. Верхоянскай куорат олохтоохторо, уу кэлэр сураҕын истээт, даамбаны бөҕөргөппүппүт. Куорат, улуус дьаһалталара күннэри-түүннэри күүскэ үлэлээбиттэрэ. Уу олус түргэнник кэлэр эбит. Даамбаны тоҕо көппүтүгэр ыксаан хаалан, ону бүөлээри сүүрэн истэхпитинэ, “Барыма-аҥ!” диэн хаһыы-ыһыы бөҕө буолбута. Даамбаны тоҕо көттөҕүнэ, ууга ааны арыйан биэрэр курдук эбиккин, көрүөх бэтэрээ өттүгэр чугас дьиэлэри барытын ыла охсубута. Олохтоохтор бүтэһиккэ диэри тугу барытын умнан туран куораппытын быыһыы-өрүһүйэ сатаабыппыт да, кыаллыбата...
БОРОНУК
Боронук – Верхоянскай куораты кытта сэргэстэһэ турар нэһилиэк. Олохтоохтор 107 км айаннаан улуус киинигэр тиийэллэр. Нэһилиэньэтэ (2010 с.) – 307. Бу – бары сахалыы тыыннаах нэһилиэктэр. Олохтоохторун 80-95%-нара сахалар.
Надежда Потапова, Бабушкинскай нэһилиэк баһылыга:
– От ыйын 12 күнүгэр Боронук ууга барбыта. 58 чааһынай, 7 элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэни, 8 социальнай эбийиэги ылла. Уу ылар кэмигэр нэһилиэккэ 315 киһи олороро.
Бабушкинскай нэһилиэк Боронук уонна Мачах диэн икки бөһүөлэктээх. Эрдэ сэрэппиттэрэ. Малбытын-салбытын, тэриллэрбитин үөһэ таһаартаабыппыт. Ынах сүөһүнү, сылгылары Боронуктан килэмиэтир курдук тэйиччи турар үрдүк сиргэ үүрэн илдьибиппит. Оскуолаҕа эвакуация пуунун тэрийбиппит, олохтоохтору онно аҕалтаабыппыт. Бөртөлүөт түөртэ кэлэн барбыта. Иһэр ууну, килиэби, бородууктаны аҕалтаабыта, дьону таспыта, 37 оҕобутун лааҕырга илпитэ.
Ынах сүөһүбүт сүтүгэ дьэ биллэн эрэр. Мачах үрдүк сиргэ турар буолан, дьиэлэри уу ылбатаҕа эрээри, сүөһүлэр ууга былдьаннылар. Мачахха 9 өлүгү буллулар, аак оҥордулар. Боронукка билиҥҥитэ 1 сүтүк көһүннэ, ынах сүөһү, сылгы бөҕө сүтэн турар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салаатынан саас кууруссалары аҕалан атыылаабыттара. 24 куурусса, 2 бөтүүк ууттан өллүлэр.
Боронукка уу ыксаллаах таһыма 970 см эбит буоллаҕына, 1091 см диэри таҕыста. Кырыыһаҕа диэри ууга барбыт дьиэ биһиэхэ суох, саамай улаханнык 1 м 5 см диэри ылла. Ити – уоскуппат. Дьон баардара-суохтара – дьиэлэрэ, уһаайбалара, хотонноро, гараастара, отторо-мастара, үүнээйилэрэ, хаһаайыстыбалара – барыта ууга барда. Ил Дархан Айсен Николаев кэлэ сылдьан “Олус долгуйумаҥ, санааҕа баттатымаҥ. Биһиги кыахпыт тиийэринэн көмөлөһүөхпүт” диэн эрэннэрбитэ. Онон, дьон-сэргэ санаата арыый бэттэх кэлбитэ. Олох салҕанан барар...
Ынах сүөһү, сылгы туруга хайдаҕый?
Дьааҥы дьоно ынах сүөһүнү иитэллэр. Сылгыны тутар дьон элбэх. Онон эттэнэн-арыыланан, аһаан-таҥнан олороллор. Тастан хантан да эт да, үүт да кэлбэт. Таба ыстаадалара бааллара, олор эстибиттэрэ быданнаата. Тустаахтарга, чахчы, олус ыарахан балаһыанньа. Улуус дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар начаалынньык Евдокия Слепцова бу курдук кэпсиир:
– Суордаахха 40 субаҥ сүөһү сүппүтэ. Олору квадрокоптерынан көрдөөн булбуппут. Уу түстэҕинэ, сылгыларбытын көрдүөхпүт. Биһиэхэ, дойдулаах киһи билэриҥ буолуо, сылгыларбыт ыраах сылгы базаларыгар бааллар. Дьон сылгыларын идэһэ кэмигэр биирдэ көрөллөр диэххэ сөп. Улахан уу кэлбитигэр бары күүстэрин ууран, дьиэлэрин быыһыыр кыһалҕаҕа түспүттэрэ. Билигин ыраастанар түбүгэр сылдьаллар.
Аны туран, “Бэтэринээр аага”, ол эбэтэр сүөһү өлүгэ баар, бэтэринээр ону көрөн аак суруйбут буоллаҕына эрэ, сүөһү, сылгы ууга былдьаммытынан ааҕабыт. Урукку сылларга уу кэлбитигэр сылгылар сүтэн баран күһүн көстүбүттэрэ. “Сылгы өлүктэрэ бааллар үһү” диэн кэпсээн тарҕанар да, бүгүҥҥү туругунан аак киирэ илик.
Уу түстэҕинэ, хорумньуну толору ааҕыахпыт. Ороскуот улахана бэрт, үлэ уһун буолуоҕа. От ыйын 18 күнүн туругунан, тэриллиилээх хаһаайыстыба 7 хотоно алдьаммытын бэлиэтээтибит. Былырыыҥҥы уонна быйылгы оттору холбоон уопсайа 567 туонна оппут ууга былдьанна. Сааскы төрүөҕү ааҕан туран, улууска уопсайа 3 332 (ыанар ынаҕа – 1 210) ынах сүөһү баар, сылгы ахсаана – 10 069 (биэтэ – 4 825).
Быйыл 8200 туонна окко былаан түспүтэ. Ил Дархан киин улуустарга оттооһун балаһыанньата уустугунан сибээстээн, “Оккутун улуус иһиттэн бэйэҕит толору хааччынаҕыт” диэтэ. Билиҥҥи туругунан, улуус ходуһаларын 80 %-на ууга сытар. Мобильнай биригээдэлэри тэринэн ыраах сирдэргэ оттуур соруктаахпыт да, ол ходуһаларбыт туруктара хайдаҕа эмиэ биллибэт. Бүтэһик үс сылга күһүммүт уһаабыта, быйыл эмиэ халлааммыт хойукка диэри сылаас туруоҕа диэн эрэнэбит. Балаһыанньабыт уустук. Биир салаа от туһугар охсуһар санаалаахпыт...
Евдокия Платоновнаны кытта кэпсэппит күнүм киэһэтигэр Боронукка ынах сүөһү, сылгы өлүктэрэ көстүбүтүн туһунан хомолтолоох сонуну иһиттим. “Уу содула олус улахан. Сүөһүлэрбит, сылгыларбыт сүтэн тураллар, онтон дьиксинэбит”, – диэн эттилэр.
Үлэбэр, бүөм хоско чуумпуга олорон, кэпсэттим. Аттыбар олорор кэллиэгэм: “Ити бэйэлээх уустук балаһыанньаҕа түбэһэн баран, холку да майгылаах дьон эбит. Биир даҕаны киһи аймаммата...” – диэн сөрү-сөхтө. Истэригэр олус долгуйаллара, айманаллара биллэр эрээри, хоту дойду дьоно киэҥ көҕүстээхтэр, ону тастарыгар таһаарбаттар. “Айылҕа күүһүн тохтоппут диэн суох, хаһан да хайыахпытый...” диэхтииллэр.
Олоччу ууга барбыт нэһилиэктэр ыксаллаах кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ, улуус салалталара улаханнык өйөөбүттэрин, көмөлөспүттэрин, ЫБММ быыһааччылара, тутуу этэрээтин устудьуоннара күннэри-түүннэри үлэлииллэрин бэлиэтээн эттилэр. Өрөспүүбүлүкэ үтүө санаалаах дьоно-сэргэтэ, улахан тэрилтэлэр Суһал көмө пуунугар күннэтэ көмөлөрүн аҕала тураллар.
От ыйын 20 күнүн сарсыардатыгар, дойду Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сиригэр кэллэ. Ил Дархан Айсен Николаевы кытта Үөһээ Дьааҥыга көттүлэр.
Улахан мотуок кэнниттэн Дьааҥы улууһа хайдах чөлүгэр түһэрий, өрүттэрий? Ууга барбыт дьиэлээх дьоҥҥо туох көмө оҥоһулларый? Ол туһунан – кэлэр нүөмэргэ.
Диана КЛЕПАНДИНА