Киир

Киир

Бүлүү эспэдииссийэтэ: буруй барыта Моттойоҕо?

Быһыт тоҕо баран, өрүс киртийэн, Бүлүү сүнньүгэр олорооччуларга алдьархай ааҥ­ныаҕыттан 4 сыл кэриҥэ ааста. Ити кэннэ Бүлүүгэ кэлим эспэдииссийэ ыытар туһунан ыйаах тахсыбыта. Икки сыл устата ыытыллыбыт (2020-2021 сс.) билим эспэдииссийэтэ соторутааҕыта түмүктэннэ.

Ол туһунан ааҕыҥ.

 “Ким төлүүр – ол үҥкүүлүүр...”

Владислав Коротов, Экологтар уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта, суруналыыс:

– Буруйу барытын олохтоохторго түһэрбиттэрин сөҕөн сылдьабын. Этэргэ дылы, “Буруй барыта Моттойоҕо ыйаммыт” курдук. Бастакытынан, канализация суох диэбиттэр. Канализация суоҕа бырабыыталыстыба, ДьУоХХ тэрилтэлэрин буруйа буоллаҕа. Оттон дьон үчүгэй олоххо тардыһарын хайдах эрэ төттөрү буруйдаары гыммыт курдук буолбут, “Кинилэр өссө онно баҕарбыттар” диэн. Ити өйдөммөт. Билим эспэдииссийэтэ олохтоох экэниэмикэни, усулуобуйаны, улуус үбүлээһинин – барытын эргиччи үөрэтэн көрөн баран, түмүк таһаарыахтаах этэ.

Б.М. Кершенгольц отчуотугар “айылҕа фона” диэни сигэлээбит. “Айылҕа фонун” былыр-былыргыттан билим чинчийэн, учуоттаан, ааҕан кэллэҕэ. Ол уларыйыыта баар дуу, суох дуу диэн тэҥнээн көрөөһүн, анаалыс баар буолуохтаах этэ. Аны туран, өрүс уутун киртийиитэ 90%-на – олохтоохтор, ДьУоХХ буруйунан диэбиттэр. Онтон бырамыысыланнай тэрилтэлэр киртитиилэрэ 10%-ны ылар диэн. Ити баһан этии курдук. Эспэдииссийэ түмүктэрин тутулуга суох күүстээх эспэртиисэ сыаналыан наада дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, ким төлүүр даҕаны, кини туһугар оҥоһуллуон сөп курдук.      Били 2018 сыллааҕы саахал кэннэ өрүстэр киртийбиттэригэр, хампаанньа “Бу эһиги өрүскүтүн бэйэҕит киртитэҕит, сүөһүгүтүн уулатаҕыт, ол иигэ-сааҕа киирэ турар” диэн сирэй-харах анньыбыттааҕа.

Аны нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун мэдиссиинэ өттүнэн “билиитэ суоҕунан”, “оскуола мэдиссиинэтэ мөлтөҕүттэн” диэн быһаарбыттар. Бу олохтоох нэһилиэнньэни атаҕастааһын курдук иһиллэр. Бу маннык халы-мааргы түмүк оҥороору, итиччэ элбэх үп ороскуоттанна дуо?! Биһиэхэ Бүлүү эҥээр – 4 саха улууһугар 165 тыһыынча киһи олорор. Бу дьонтон 3 тыһыынча киһини, ол аата, 2%-нын кыайбаты чинчийэн баран, итинник дириҥ силистээх быһаарыыны оҥорор сөп дуо?

Сунтаар: уу кыһалҕата

Бүлүү өрүһү кыйа олорон, Сунтаар улууһа иһэр да, туттар да ууга кыһалҕалаах. Ону кытта аны билигин элбэх нэһилиэнньэ түөлбэлээн олорор сиригэр хомунаалынай убаҕас тобоҕун кыһалҕата эмиэ сытыытык турда. Сунтаар улууһун баһылыгын I солбуйааччыта Николай Александров улууска ол биир сүрүн (приоритет) хайысха буоларын, элбэх үлэни, үбү-харчыны эрэйэрин туһунан кэпсиир:

– Улууска канализацияны ыраастыыр ыстаансыйа (КОС) I кэрдииһин бүтэрбиппит. 200 к/м ууну ыраастаан таһаарар буолуохтаах, ити аҕыйах, онон, кэнэҕэскитин итини өссө улаатыннарар курдук, сир ылбыппыт. Ол эрээри, туруохтаах тэрилэ “импорт” буолан, кэккэ уустуктары көрүстүбүт. Онон, бэйэбит дойдубутугар оҥоһуллубут тэрили туруорар курдук бырайыактаары сылдьабыт.

Ил Дархан өйөөн, улууска ДьУоХХ ГУП көмөтүнэн улахан модульнай ууну ыраастыыр ыстаансыйалар турдулар. Сунтаар сэлиэнньэтигэр “Ыраас уу” национальнай бырайыак чэрчитинэн ДьУоХХ министиэристибэтэ, “Водоканал” ГУП буолан ууну ыраастыыр ыстаансыйа тута сылдьаллар. Түргэнник үлэҕэ киллэрэ охсоору, улуус бүддьүөтүттэн магистральнай ситимнэригэр үбүлээһинин көрдүбүт. Нэһилиэктэргэ 2018 сылтан ууну ыраастыыр тэриллэр тураллар, олору нэһилиэк дьаһалтата бэйэтэ быһаарар: баҕар арыандаҕа биэрэрин эбэтэр бэйэтэ көрөрүн. Арай туттуллар матырыйаалга кыһалҕа баар. Холобур, дьон бары ол улахан кэнтиэйнэрдээх ууну атыыласпакка, уу хаалан, сөҥөн хаалар, киртийэр. Онуоха биилтирэ субу-субу киртийэн хаалар, ону уларытан иһэр наада.

Билиҥҥи кэмҥэ тутуу матырыйаала барыта баар, онон тыа ыала тугу, хайдах баҕарарынан туттар буолла: дьиэлэригэр душ, баанна, туалет – барыта баар. Ити биһиги иннибитигэр саҥа соруктары туруорар. Биһиги ону хааччыйар сөптөөх үлэни ыытыахтаахпыт, ону былаанныахтаахпыт. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри эрэ буолбакка, барыларын хабыахтаахпыт. Онон, КОСтары тутан олоххо киллэрдэхпитинэ, ити кыһалҕата быһаарыллыа, иһэр уу, тулалыыр эйгэ ырааһырыытыгар улахан көмө буолуо этэ.

Олохтоох дьаһалта кыайбат...

Надежда Данилова, уопсастыбанньык, Бүлүүчээн олохтооҕо, санаатын үллэстэр.

– Дьиҥэ, хайа да нэһилиэги ылан көрдөххө, ардах-хаар уута ситимнэнэн, сөҥөрдүллэр анал тутууларга барар курдук тэриммитэ суох, былыргыттан хайдах олорбуппутунан олоробут. Бу элбэх үбү эрэйэр үлэ буолара өйдөнөр.

Толору хааччыллыылаах тэрилтэ убаҕас тобоҕо эмиэ таах кутулла турар, ону ыраастыыр ыстаансыйа диэн суох, ол үбүн-харчытын олохтоох дьаһалта кыайбат таһыма.

“Ыраас уу” бырагырааманан ууну ыраастыыр ыстаансыйалаахпыт. Ол эрээри, тиэхиньикэ буолан, син биир алдьанар, “хлоратор” диэн тэрилэ саахалламмыта ыраатта. Оҥоһуллуута итинник уустуга дуу, сыаната ыарахана дуу – ол солбулла илик. Онон, сааскы халаан кэмигэр эмиэ аанньа ыраастамматах ууну иһэ олоробут...

Эспэдииссийэ “Нэһилиэнньэ чэгиэн буоларга бэйэтэ дьулуспат” диэн түмүктээбит. Дьиҥэ, биһиги бөһүөлэкпит дьоно “Чөл олох” бырагыраамаҕа бастакынан кыттыспыттара, куһаҕан дьаллыктан тэйиигэ элбэх үлэ барбыта уонна барар. Билигин тэнийбит хаалыктаах хаамыынан инньэ 1998 сылтан (!) 24-с сылын дьарыктанабыт, хаампат ахсааннаах буолуо. Онон, “Дьон доруобуйатыгар бэйэтэ кыһаллыбат” диир сыыһа.

Биһиги оптимизация кэнниттэн билигин ыаллыы сытар Наахара бөһүөлэгиниин биир биэлсэрдээхпит. Нэһилиэк­пи­тигэр быраас баар эрдэҕинэ, ыарыһахтары, эдэрдэри кэмигэр көрөн-истэн, эбии көрдөрүнэ улуус киинигэр исписэлиистэргэ ыыталыыра олус үчүгэй этэ. Билигин дьон баалатыар диэри сылдьар, доруобуйаны көрүнүү таһыма түстэ эрээри, ол төрүөтэ ити этиллэрин курдук, “Дьон бэйэтэ баҕарбатыттан” дуу, “Грамотнайа суоҕуттан” дуу буолбатах. Быраас туруорса сатыыбыт да – суох.

Аны оскуола саастаах оҕо­лорго медик ыстаатын суох гыммыттара. Хомойуох иһин, көрдөрбүт оҕоттон 1-кы бөлөх доруобай оҕото олох ахсааннаах: үксэ туох эмэ ыарыылаахтар, бары кэриэтэ тиистэрэ куһаҕан этэ.

Ол да буоллар, кэлим чинчийии түмүгүнэн, үөһээ салалта толкуйдаан, үбү-харчыны сөпкө тыыран, сааһылаан туох эрэ үтүө уларыйыылар тахсыахтара дии саныыбыт. Бэйэбит да күүтэн олорбоппут, дьаһалта да, нэһилиэкпит дьокутааттара да үлэ ыыталлар. Ол эрээри хол кыайбата диэн эмиэ баар. Дьиҥэ, сокуон ирдииринэн, маҥнай тэриллиэхтээх, онтон ирдэниэхтээх. Биһиэнэ тэлиэгэбит ат иннигэр айанныыр курдук. Кэлэн тэрилтэлэри ыстарааптаан бараллар. Ол ирдэбили толорууга үлүгэр үп наадатын билбэт курдук... Тыа сиригэр ити барыта хайдах эрэ улам кыаллыбат кыһалҕа буолан эрэрэ көстөр. Онон, итиннэ кимиилээх соҕустук ылсар, хамсанар кэм кэллэ дии саныыбын.

Сир аннынааҕы дьааттаах уу

Семен Петрович Готовцев, геология-минералогия билимин хандьыдаата, РНА СО П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥ институтун билим сүрүн үлэһитэ, сир аннынааҕы ууну чинчийэр учуонай:

– Мин отчуоту көрө иликпин, онон, бэйэм чинчийэр хайысхабынан эрэ санаабын этиим. Бу кэлим эспэдииссийэ чэрчитинэн, карьерга (шахтаҕа) тахсар сир аннынааҕы туустаах ууну сөпкө харайыы туһунан сиһилии үөрэтиэххэйиҥ диэн бырайыак суруйан киирсэн көрбүтүм да, ылымматахтара. Бу сир аннынааҕы уу олус элбэх туустаах. Карьер дириҥээн истэҕин аайы, тууһа элбээн иһэр (билигин 300-400 г/л). Ону сир анныгар 160-200 м дириҥҥэ, ирбэт тоҥҥо хачайдыы сатыыллар. Тууһа элбэҕэ бэрт буолан “минусовой” кыраадыска да ол тоҥмот, онон, хайдахтаах да быһыт туппат. Дьэ, ол иһин ити уу сир үрдүгэр тахсан, өрүскэ түһэр сирэ элбиир. Бу кыһалҕа ордук сытыытык “Удачнай” туруупкатыгар көстөр. Тоҕо диэтэххэ, ол уутун састаабыгар элбэх дьааттаах компоненнаах. Олор бастаан Далдын өрүһүгэр, онтон Марха өрүскэ түһэллэр. Бүлүү сүнньүн олохтоохторун доруобуйаларын туруга, сүнньүнэн, онтон кэбириир.

Дьааттаах компоненнар ортолоругар сир үрдүгэр мээнэ көстүбэт элэмиэннэр бааллар: бор, бром, сезий, стронций уо.д.а.

Хас карьер, шахта сыллааҕы хачайдыыр уутун кээмэйэ, ортотунан биир мөлүйүөн м3 кэриҥэ итинник уу. Дьэ, уонна санааҥ көрүҥ!

АЛРОСАттан киирэр үп ханна барар?

Роман Десяткин, биология билимин дуоктара:

– Дьиҥинэн, ааспыт үйэ 90-с сылларыттан бу хайысхаҕа үп бөҕөтө көрүллүбүтэ. Онон ыллахха, эспэдииссийэ чинчийиилэригэр туох да саҥа түмүк суохха дылы, отчуоттан отчуокка көһөр түмүк курдук.

Оттон ууну ыраастааһын, уу кыһалҕатын быһаарыы –“АЛРОСА” АХ сыл аайы улуустарга үп бөҕөтүн көрөрүттэн тоҕо баччааҥҥа диэри быһаарыллан быстыбат кыһалҕаный? САПИ сыалай туонна көмүһү ити дьыалаҕа ылбыта – ол ханнаный? Барытыгар итинник дьалаҕай-көтүмэх сыһыан, үбү уччутуу – ол түмүгэр дьон олоҕо сайдыан оннугар, таҥнары барар.

Дьон билиэн баҕарар

Василий Титов, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрэ, Үөһээ Бүлүү:

– Бүлүү эбэ экологиятын туругар уонна олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын туругар бырамыысыланнас уонна гидроэнэргиэтикэ эбийиэктэрин дьайыыта 90-с сыллартан ордук күүскэ биллэн барбыта. Ол сыллартан элбэх экология чинчийиилэрэ ыытыллыбыттара, Экология министиэристибэтин өттүттэн хонтуруоллуур үлэ тиһигин быспакка барар. Бүтэһик билим эспэдииссийэтэ 2020-2021 сс. Бүлүү сүнньүгэр үлэлииригэр улуустардааҕы иниспиэксийэ үлэһиттэрэ бэйэлэрин кыахтарынан, эспэдииссийэ үлэтигэр көмөлөстүлэр. Эспэдииссийэ түмүк отчуотун өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар туттарда диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Онтон аны эспэдииссийэ үлэтин түмүктэрин уопсастыбаннас дьүүлүгэр таһаараллара хайаан да наада. Дьону-сэргэни бу ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн, айылҕа уонна дьон доруобуйатын тупсарыыга туох-ханнык үлэлэр ыытыллыахтара ордук интэриэһиргэтэрэ буолуо. Бу маннык кэлим чинчийии инникитин да ыытыллара наада.

Уопсастыбаннай дьүүллэһиини ыытыахха

Быһата, уопсай санааны түмтэххэ, кэлим чинчийэр-үөрэтэр эспэдииссийэ ыытыллыбыта үчүгэй. Салгыы чинчийиилэр түмүктэрин, эрэкэмэндээссийэлэри уопсастыбаннай дьүүлгэ таһаарар наада. Ил Түмэн айылҕа харыстабылыгар, сир баайын хостооһуҥҥа, сиргэ сыһыаннаһыыларга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев: “Эспэдииссийэ эрэкэмэндээссийэлэрин олоххо киллэрэргэ былаан ылыллара, бигэргэнэрэ, үбүлээһинэ, эппиэттээхтэр ананаллара, болдьоҕо чопчуланара, эбии үбүлээһинэ көрүллэрэ наада. Оттон ол иннинэ публичнай дьүүллэһиини тэрийэр, ону Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын таһымыгар быһаарар, ол дьүүллэһиигэ “АЛРОСА” АХ, Үүнэр көлүөнэ пуондата, учуонайдар-толорооччулар, эспиэртэр улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, биэдэмистибэлэр, дьокутааттар, уопсастыбаннас кыттара наада этэ”, – диэн этиитигэр сөбүлэһиэххэ сөп.

* * *

Онон, эспэдииссийэ түмүгүнэн публичнай истиилэри тэрийиэхтэрэ, эрэкэмэндээссийэлэри көрүөхтэрэ, баҕар, дьүүллэһии түмүгэр эбии чуолкайдааһыннар этиллиэхтэрэ диэн күүтэбит. Уопсастыбаннаһы кытта дьүүллэһиитэ суох ылыллар миэрэлэр туохха тиэрдэллэрин көрө-билэ сылдьабыт.

Онон, уһулуччу суолталаах тиэмэҕэ бу этиини ылыныахтара дии саныыбыт.

Нина Герасимова

Фото Вилюй 1

Бүлүү эспэдииссийэтэ: кумааҕы таһымыгар хаалбатын

Бүлүүгэ кэлим эспэдииссийэ түмүгүн туһунан биология билимин хандьыдаата, ХИФУ Хотугу прикладной экология институтун ыстаарсай билим үлэһитэ, ирбэт тоҥ буору үөрэтэр лабаратыарыйа сэбиэдиссэйэ Пётр Петрович Даниловтыын кэпсэтэбит. Кини Бүлүүгэ ыытыллыбыт эспэдииссийэҕэ икки сыл үлэлээн кэлбит.

– Бүлүү өрүһү чинчийиигэ биһиги институппут 90-с сыллартан үлэлиир. Оттон бу кэлим эспэдииссийэ үлэтэ Бүлүү өрүс билиҥҥи туругун үөрэтиигэ ананна, онуоха көрдөрүүлэри хомуйан, 2018 сыллааҕы туругу 2020, 2021 сыл туругун кытта тэҥнээн көрүү (мониторинг) үлэтин ыыттыбыт. 26 кэтээн көрөр пууннартан анаалыска боруоба ылан үөрэттибит. Светлэйдээҕи ГЭС туругуттан саҕалаан, Кыһыл Сыырга диэри чинчийдибит. Итиннэ Аччыгый Ботуобуйа уонна Иирэлээх үрэх эмиэ хабыллыбыттара. Ол дааннайдар барыта төрүт курдук ылыллыбыттара. Итиннэ биһиги ууну, уу харамайын, балыгы, уу түгэҕэр сытар почваны – быһата, уу туругар сыһыаннааҕы барытын үөрэттибит. Ону таһынан уу ылар сирин, ол үүнээйитин, экосистиэмэтин эмиэ үөрэттибит. (Пойма – сыл аайы ууга барар сир. “Аллараа пойма” – сыл аайы ууга барар сир. “Үрдүк” диэн, 3-5 сыл буола-буола ууга барар). Биһиги иккиэннэрин хабан үөрэттибит. Киртийии элэмиэннэрэ үрдүк сиргэ хаалан хаалар. Ол иһин биһиги ону көрөн, учуоттаан үөрэтэбит.

– Эспэдииссийэ түмүгүнэн “Бу учуонайдар өрүс уутун бырамыысыланнай хампаанньалар буолбакка, өрүһү кыйа олорор нэһилиэнньэ бэйэтэ киртитэр эбит диэбиттэр” диэн өһүргэммит элбэх. Итини эн хайдах быһаараҕын? Туохха олоҕуран итинник түмүгү оҥордугут?

– Биһиэхэ хонтуруоллуур уорганнар бааллар. Холобур, Өлүөнэ уутун тардыытын управлениета диэн. Туох баар ууну туһанааччылар, өскө ууну туттар дуу, ууга тугу эрэ тоҕор, быраҕар буоллахтарына, кинилэр бу хонтуруоллуур уорганнары кытта дуогабар түһэрсэллэр. Ону кытта Экология министиэристибэтин иһинэн Ууга сыһыаннаах департамент диэн баар. Биһиги кинилэр ыстатыыстыкаларын ылан үөрэттибит, онтон ити көрдөрүү таҕыста: улуустар – 90%, бырамыысылыннас – 10% диэн.

– Кинилэр төһөнү ыстарааптаабыттарынан көрөн дуо?

– Суох, ити ыстараап көрдөрүүтэ буолбатах. Итиннэ чопчу ханнык тэрилтэ төһө ууну өрүскэ быраҕара учуоттанар. Ханнык баҕарар ДьУоХХ буоллун эбэтэр бырамыысыланнай тэрилтэ – кинилэр ууга быраҕарга көҥүл ылаллар. Онно “Быйылгы сылга биһиги бачча ууну быраҕабыт” диэн чопчу ыйыллар. Кинилэр нормативка эппиэттиири быраҕаллар. Онтон элбэҕи быраҕар буоллахтарына, хоромньу сууматынан ыстараап төлүүллэр.

– Итиннэ чопчулаан этэр буоллахха, туох киирэр?

– Канализация уутун ыраастыыр тэрил (канализационные очистные сооружения), ууну эбэҕэ түһэрэ олорор – хайдах да мунньар кыаҕа суох. Ити төгүрүк сыл устата барар көстүү. Ол бырахпыт кээмэйин отчуоттуур, ону барытын ааҕан, дуогабар түһэрсэллэр. Ол ыстатыыстыкаҕа киирэр. Биһиги ол дааннайдары ылан, анаалыстаатахпыт.

– Оттон састаабынан ылан көрдөххө, хайдаҕый? Холобур, ирбэт тоҥу үөрэтэр учуонайдар карьердартан туустаах уу быыһылаан син биир киирэ турар диэн этэллэр. Ол уу аны аһара дьааттаах үһү.

– Оннук, туус баара көстөр. Геологиятын ылан көрдөххө, Бүлүү өрүһүнэн үөһэ тахсан истэххэ, көнө сир бүтэн, салгыы хайалаах “Приленскэй плато” саҕаланар. Итиннэ үрэхтэр бары туустаахтар, уопсайынан, айылҕаҕа туус баар. Онно эбии бырамыысыланнас тууһу күүскэ туттан, ол эбиллэр. Ол иһин, туус ити оройуоннарга элбэх. Марха да баһыгар, тууһу кытта арааһынай радиоактивнай элэмиэннэр бааллар. Сир баайа баар сиригэр хаһан баҕарар туспа састааптаах – ол бэйэтэ айылҕа ураты аномалията. Онно олоҕуран, анаалыстаан, биһиги дааннайбытын ылан көрдөххө, хайалаах сиргэ, Сунтаарга, Мииринэйгэ, Ньурба хоту өттүгэр – үрдүк сирдэр бары туустаахтара көстөр. Сунтаарга туустаах Кэмпэндээйи үрэҕэ Бүлүүгэ түһэн, геохимическэй хартыынатын уларытан кэбиһэр. Кэмпэндээйи үрэҕин айылҕата бэйэтэ оннук. Кини эрэ буолбатах, ити систэн тардан ылар үрэхтэр бары туустаахтар, хайа боруодатын суурайан киллэрэллэр. Ол иһин уу састааба итиннэ олох атын.

– Оччотугар бу эспэдииссийэ түмүгэ ордук бэйэбит улуустарбытыгар туһаайыллар буолан тахсар дуо?

– Бу чопчу саахал кэннинээҕи туругу уонна, уопсайынан, Бүлүү уутун тардыытын билиҥҥи туруга хайдаҕый диэн үөрэтэр үлэ буоллаҕа. Бырамыысыланнас дьайыыта баар дуо, суох дуу, ону кытта, атын дьайар фактордары үөрэттэхпит. Айылҕатын аан бастааҥҥы (исходнай) туругун, онно “антропогеннай” көстүүнү (киһи тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын) чинчийдибит. Онно тахсан кэлэр, бырамыысыланнас оруола төһө улахана.

– Ол дьайыыны 10% диэн түмүктээтэххит дии?

– Суох, ити – 10% диэн ууну киртитии дааннайа. Аны туран, “бырамыысылыннас дьайыыта” диэн алмаас хостуур бырамыысыланнаһы эрэ буолбакка, Бүлүү экосистиэмэтигэр охсууну оҥорор энергиэтикэни эмиэ киллэрэр наада. Тоҕо диэтэххэ, гидроэлектро-ыстаансыйаны ыллахха, улахан киртийиини бырахпат гынан баран, уутун хамсатыыга элбэҕи оҥорор. Бүлүү өрүс уруккутун курдук халааннаабат, хонтуруолланар. Уу түһэрэ, тахсара итиннэ элбэҕи охсор. Өскөтүн балык ыыр кэмигэр уу үрдүк, балык ыабытын кэннэ түһэн хааллаҕына, ыамата барыта кытылга хаалар. Иккиһэ, уу аҕыйах буоллаҕына, өрүскэ бэйэтигэр туус күүскэ мустар. Онон, уутун састааба уларыйар, ол эрэгийиэн гидрогеологията (гидроэкологията?) эмиэ уларыйан тахсар. Ууну атын кэмҥэ ыыттахха, экосистиэмэ үлэтэ барыта кэһиллэр.

Өрүс бэйэтин бэйэтэ ыраастанар (самоочищаемость) диэн өйдөбүлү туттубут этигит. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?

– Итинник өйдөбүл уруккуттан баар. Үөһэ, хайалаах сиргэ, Сунтаар, Мииринэй өттүгэр таас үрэхтэр буоллахтара, онон киртийии хаалбат, барыта суураллан иһэр, оттон аллараа хочо сиргэ киирдэҕинэ, дьэ, онно кэҥиир, мунньуллан хаалар. Ол быыһыгар үүнээйигэ туһалаах да бэссэстибэ хаалар, онон, хочолоох сир быйаҥнаах буолар. Ол – үөһэттэн киирбит киртийии мунньуллар буолан.

Ити мэхэньиисим уруккуттан биллэр. Ньурбаттан саҕалаан аллара Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ ол эмиэ көстөр. Онно гаас хостуур тэрилтэ дьайыыта эмиэ баар. Билигин бу эрэгийиэҥҥэ ньиэби-гааһы хостуур бырамыысыланнас күүскэ киирэн эрэр. Ити эмиэ күүскэ охсуоҕа. Ол иһин, анаалыстаан көрдөххө, Бүлүү эбэҕэ киһи оҥорор дьайыыта, ол быыһыгар техногеннай ноҕурууската улаатан иһэр диэххэ сөп. Ол туругун хайдах чөлүгэр түһэриэхпитин сөбүй? Хайдах гынан, туһаныыны хонтуруоллаан, охсуутун аччатыахха сөбүй, ол туһунан бу үлэ түмүгүнэн эрэкэмэндээссийэ биэрдибит.

Фото 2

– Холобур, эрэкэмэн-дээссийэҕэ “Аччыгый водохранилищены оҥорорго” сүбэлээбиккит. Ити туохха көмөлөһүөй?

– Бүлүү өрүскэ түһэр ыраас уулаах тыытыллыбатах үрэхтэр бааллар. Ити үрэхтэргэ быһыт тутан баран, түгэҕин ыраастаан, киһи ууну хаайан, онно күөл курдук оҥорон, иһэр уу оҥоруохха сөп этэ. Онно балыгы да үөскэтиэххэ сөп. Сайдыылаах дойдулар итинник дьаһаммыттара ыраатта. Улахан эбэлэр бырамыысыланнас баар сиригэр син биир киртийэллэр. Ону көрөн олорбокко, биһиги үп-харчы көрөн, нэһилиэккэ кыра-кыра водохранилищелары оҥорорбут быдан туһалаах буолуо этэ.

Маалыкай таһыгар, Хатыы диэн кыра бөһүөлэккэ, күөллэрэ олох уолан хаалбыт, сылгы, ынах уулуур кыаҕа суох, чып-чычаас буолбут. Биһиги кинилэргэ сиһилии быһааран, суруйан биэрдибит, маннык кыһалҕа баар диэн. Скважина оҥосто сатыыллар, ону эккирэтиһэллэр. Кинилэр итинник кыра водохранилище оҥостоллоро бэрт буолуо этэ. Сунтаар, Ньурба улуустарыгар ыраас үрэхтэр бааллар, онно тутар дэлэ үчүгэй буолуо этэ дуо!

Кэлэр уонча сылга кураан туруо диэн билгэлииллэр. Хотугу сир физтех кыһалҕаларын институтун гидрологтара этэллэринэн да, Гидрометео-сулууспа дааннайдарын да үөрэттэххэ оннук. 50-60 сыллаах дааннайдары тэҥнээтэххэ, 2032 сылга диэри кураан дьыллар буолуохтара диэн. Оттон кураан дьылга сөҥүү аҕыйыыр түбэлтэтигэр өрүс уута түһэн, уу састааба уларыйан, тууһуруу күүһүрүө. Оччоҕуна уу хаачыстыбата СанПиН ирдэбилигэр эппиэттээбэт буола мөлтүөн сөп. Дьэ, онон даҕаны үрэхтэр баар сирдэринэн, кыра водохранилищелары тутар наада.

– Ону ким оҥоруон сөбүй? Ханнык эмэ бырайыактыыр тэрилтэ баар дуо?

– Биһиги бырайыактарга кыттыһан үлэлээччибит. Инженернэй-экологическай изысканиетын ыытааччыбыт. Сойуус саҕана кыра-кыра быһыттаан тутуллубут водохранилищелар элбэхтэр этэ. Урут мелиорация систиэмэтэ сүрдээх күүстээх буоллаҕа. Үбэ-харчыта эрэ көһүннэр, бырайыагын оҥорооччулар билигин да бааллар. Итинник дьаһаныы уларыйа турар килиимэккэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус көдьүүстээх буолуо этэ.

– Эспэдииссийэ түмүгүнэн, уопсастыбаннай дьүүллэһии барара наада дии санаабаккын дуо? Ылыммыт эрэкэмэндээссийэлэргит отчуот быһыытынан кумааҕыга хаалбакка эбэтэр ыстатыйа, монография эрэ таһымыгар хаалбаттара буоллар.

– Хамсыгынан сибээстээн, хааччахтар бүттүлэр, онон, биһиги уопсастыбаннаһы, нэһилиэнньэни кытта дьүүллэһиилэри ыытар былааннаахпыт. Бүлүү сүнньүгэр сытар хас биирдии улууһу кытта оннук үлэлиэхпит диибит. Сөпкө этэҕин, эрэкэмэндээссийэлэр олоххо киириэхтэрин наада. Биһиги отчуоппут түмүгэ бырамыысыланнаска уонна олохтоох дьаһалтаҕа ананар. Онон, кинилэр түмүк оҥостуохтаахтар, онно олоҕуран, үлэлэрин былаанныахтаахтар. Биһиги улуустары кытта өссө саахал буолуоҕуттан, 2018 сылтан ыкса үлэлэһэбит, кинилэр биһиэхэ мэлдьи көмөлөһөллөр. Боруоба ылыыта эбэтэр атын да чинчийии буоллун, – иниспиэксийэлэр, улуус, олохтоох дьаһалталар эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ эмиэ көмөлөһөр. Дьон иһэр уута, балык туруга хайдаҕын билиэн баҕарара, бу кыһалҕалаах тиэмэҕэ интэриэһэ, өрүстэрин көмүскүүр санаалааҕа көстөр.

– Ити КОСтар туһунан этэн аһарбытыҥ. Оттон ыстаансыйа ыраастыыр уута, дьиҥэ, ыраас уу түһүөхтээх буолбатах дуо?

– Айхал, Удачнай, Мииринэй куоракка, бөһүөлэктэргэ сылдьарбытыгар ол канализация түһэр сириттэн эмиэ анаалыска боруоба ылбыппыт. Онтон көстөн тахсар, ыстаансыйа хайдах, төһө көдьүүстээхтик үлэлиирэ. Кирдээх уу түһэр буоллаҕына, ол аата ыстаансыйа ыраастаабат. Ол туһунан эмиэ суруйан киллэрбиппит. Ыстаансыйа бырайыага мөлтөх буолуон сөп, эбэтэр, фильтра киртийиэн сөп.

– Оттон улуустарга оннук ыстаансыйалар ханна үчүгэйдик үлэлииллэрий?

– Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ оннук ыстаансыйалар суохтар, Мииринэйгэ эрэ баар. Тиийдэхпитинэ, дьаһалтаттан тиийэн ыйытабыт “Убаҕас тобоххутун ханна кутаҕытый?” диэн. Тоҕо диэтэххэ, “благоустройство” диэн киирбит, ол эрээри, сиэптиктэн оборторон тоҕор, мунньар сирэ суох буолан, ол үлэлээбэт. Итинник киллэрэр буоллахха, ол тобох кутуллар, ыраастанар сирэ, анал полигон баар буолуохтаах. Оттон улуустарга туох да суох. Биһиги мунньахтарга ити туһунан этэ сатыыбыт.

– Ити боппуруос күүскэ турара наада буолуо?

– Олох күүскэ туруорсар кэмэ кэллэ. Сыбаалкаҕа илдьэн убаҕас помуойаларын сүөкүү олорор бөһүөлэктэр бааллар. Онтулара сытыйа сытар, ону таһынан, ханан эрэ быыһылаан, хаар, ардах уутун кытта үрэххэ, өрүскэ түһэр буоллаҕа. Биһиги барытын хаартыскалаан, боруоба ылан, үөрэтэн кэлбиппит. Онон, ити боппуруоһу бырабыыталыстыба таһымыгар таһааран, быһаарыллыан наада. Бырайыак оҥоһуллуута, улахан ыстаансыйа тутуута элбэх үбү-харчыны эрэйэр. Ону нэһилиэк дуу, улуус дуу бэйэтин эрэ бүддьүөтүнэн уйунар, тэринэр кыаҕа суох.

Дьиҥэ, бу Саха сиригэр барытыгар сытыы кыһалҕа буолла. Соҕуруу сылаас дойдуларга тэрээһиннээхтик биир систиэмэни киллэрэн үлэлэтэр буоллахтарына, биһиэхэ ол кыаллыбат. Бастакытынан, биһиги нэһилиэнньэлээх пууннарбыт ыраах-ыраах сыталлар. Иккиһинэн, тымныы кыһыммыт. Онон, хайдах гынан нэһилиэнньэлээх пууннары ыраас уунан хааччыйыы, тобоҕу ханна, хайдах ыраастыыр кыһалҕата бырабыыталыстыба таһымыгар быһаарыллыан наада.

Оттон айылҕа туругун, нэһилиэнньэни үөрэтэр кэлим эспэдииссийэ салҕаныахтаах. Оччоҕуна эрэ мониторинг көмөтүнэн айылҕабыт хайдах уларыйан иһэрин кэтээн көрөн, биһиги эрдэ түһэн, “превентивнэй” дэнэр хамсаныылары оҥорон, онно сөп түбэһэр үлэни ыытан, көдьүүстэниэхпитин сөп. Оннук сыаллаах-соруктаах ыытылыннаҕа, бу эспэдииссийэ үлэтэ.

– Махтал, Пётр Петрович!

Нина Герасимова.