“Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн үп-харчы көрүллэн, “бастакы сүһүөх мэдиссиинэ маннык тубуста, оннук тубуста” диэн кэпсииллэр. Чахчы, улуустарга КТ, МРТ, о.д.а. тэрил кэлбитэ, массыыналар сүүрбүттэрэ олус үчүгэй буоллаҕа. Ол эрээри ити кэннигэр туох кыһалҕа саһа сытарын, кытыы сир мэдиссиинэтин ыарыылаах боппуруостарын төһө билэбит? Этэргэ дылы, биһиэхэ айсберг үрдэ эрэ көстөр...
Онон бу биир улууска быраас уурайбытыттан сылтаан тахсар кэпсэтии, баҕар, кыһалҕаны көрөргө көмө буолуо диэн суруйабыт. Бу – саҕаланыыта эрэ.
Бу күннэргэ Бүлүүттэн уопсастыбанньык Светлана Тарасовна Иванова ыксаан эрийдэ: “Биһиэхэ олох сатаммат дьыала буолан эрэр. Хайдах даҕаны ону таах хаалларар сатаммат”, – диэн. Светлана Тарасовна – уопсастыбаннай олоххо-дьаһахха актыыбынай позициялаах, туохха барытыгар чопчу санаатын толлубакка этэр, сөптөөх быһаарыыны туруорсан тэйэр, кырдьыгы туруулаһар киһи. Мээнэ тылынан ыһыахтаммат. Кини манныгы кэпсээтэ:
– Чинэкэ нэһилиэгэ хас эмэ сылы быһа бырааһа суох олорбута. Онуоха ааспыт сылтан үрдүк категориялаах кардиолог-быраас Анна Иннокентьевна Сивцева, мэдиссиинэ дуоктара, Үөһээ Айыылартан айдарыылаах луохтуур, биһиэхэ кэлэн үлэлээн барбыта. Чинэкэ кини аҕатынан дойдута, онон биһиги кыыспыт буолан, кэлбитигэр олус үөрбүппүт. Чинэкэ 1000 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх, билиҥҥи кээмэйинэн, добуочча улахан нэһилиэк. Бу кэнники уонча сыл тухары бырааһа суох олорон кэллэ. Анна Иннокентьевна кэлиэҕиттэн соҕотоҕун тиэх-үлэһитин кытта үлэлии олордо. Мэдсиэстэрэтэ да, биэлсэрэ да суох.
Ол эрээри ити кылгас кэм иһигэр, нэһилиэк үгүс олохтоохторун биллибэккэ сылдьар ыарыыларын чуолкайдаан, быһаартаран, ол дьон эпэрээссийэҕэ баралларын ситиһэн, элбэх киһини сөпкө эмтээн, олохторун быыһаата диэтэххэ, сымыйа буолуо суоҕа. Сыччах 5 онко-ыарыылааҕы булан, эпэрээссийэҕэ, эмтэниигэ баралларын ситистэ, ол дьон билигин эмтэнэ сылдьаллар. Бу биир дэриэбинэҕэ 5 онко-ыарыһах диэн элбэх буолбатах дуо?! Сүрэх ыарыытыгар бэйэтэ кардиолог буолан, олох үчүгэй, элбэх киһи махтал тылларын этиэн этэр. Тыа сиригэр, саха дьонугар сүрэх ыарыыта хайдах курдук тарҕанан эрэрин туһунан биллиилээх кардиохирург Пётр Захаров кинигэтигэр суруйан турар дии. Ити курдук, үлэлээбитэ аҕыйах кэм да буоллар, туох даҕаны таһаарыылаахтык, кыһамньылаахтык үлэлээтэ.
Ону баара, улуустааҕы доруобуйа харыстабылын салайааччыларыгар итинник үлэһит баара, этэргэ дылы, “как кость в горле” быһыылаах. Оннук киһиэхэ көмөлөһөр, кинини өйүүр оннугар сүгүн үлэлэппэтилэр. Салгыы үлэлииригэр, атын сиргэ барбатын туһугар туох баар усулуобуйаны барытын тэрийэн хааллара, тута сатыахтаах этилэр. Ону баара, хонтуораҕа олорор салайааччылар, тыа бырааһа кырдьыгы этэрин тулуйбакка, сөптөөҕү туруорсарын батарбакка, үлэтиттэн уурайарыгар күһэйдилэр.
Кэнники Чинэкэҕэ туох да олус билиилээх быраас кэлбитин истэн, атын сиртэн кытта көрдөрүнэ, сүбэлэтэ кэлэр буолбуттара... Онон Анна Иннокентьевна элбэх киһини куоракка эмтэтэ ыытан, өлөр өлүүттэн быыһаата.
Бу барыта олоххо баар чахчы, оттон кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Анна Иннокентьевна сүрдээх үлэһит. Үлэтигэр сарсыарда 7.30 ч. тахсан, хойукка диэри үлэлиир, өрөбүл эҥин диэни да билиммэккэ, ыҥырыкка сылдьар. Кырдьаҕас, көрбөт буолбут 80 саастаах ийэтин кытта тымныы баҕайы дьиэҕэ олороллор. Билиҥҥи үйэҕэ ол ыарахан буолбатах дуо? Биһиги бэйэбит каадырбытыгар тоҕо маннык сыһыаннаһабытый?
Мин маннык этиилээхпин: Чернышевскай нэһилиэгин баһылыга Антон Сергеевич, юрист Акулина Аркадьевна, бары дьокутааттар, бырааспыт Анна Иннокентьевнаны салгыы үлэлиирин туһугар өйүүрбүтүн биллэриэххэ. Кини туруорсар каадырдарынан, тэхиниичэскэй тэриллэринэн булгуччу хааччыйалларын ирдиэххэ. Ону нэһилиэнньэ аатыттан үрдүкү салалтабытыгар, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ыыталларын модьуйуохха.
Ол инниттэн сөбүлэһэр дьон илии баттааһынын хомуйалларын ситиһиэххэ.
“Барар буоллаххына, бар ээ”
Хомойуох иһин, быраас Анна Иннокентевна Сивцева уурайарын туһунан сайабылыанньа биэрбит диэтилэр. Кинини өйдүөххэ сөп: Бүлүү ЦРБ-тын сүрүн бырааһа Егор Григорьев ааспыт быыбарга Ил Түмэн дьокутаатынан талыллыбыта. Кини билигин, этэргэ дылы, былаас бэрэстэбиитэлэ буоллаҕа. Онон ол тугу эрэ ирдээн туруорсубут, итэҕэстэрин-быһаҕастарын хайдах баарынан ыйбыт “боростуой” тыа бырааһын тулутуо дуо. Үлэтигэр-хамнаһыгар ЦРБ салалтата туох баҕарар дьиэги, сыыһаны-алҕаһы булан “тыыхайдыа” турдаҕа.
Онон даҕаны улуус мэдиссиинэтин сэбиэтин сэмэлээһиннээх мунньаҕар “сымыйанан суһал (экстреннэй) ыҥырыыны суруммуккун, 1 чаас оннугар 3 чаас гыммыккын” диэн буруйдаатахтара. Тыа сирин бырааһыгар суһал көмөҕө наадыйан ыҥырыы киирдэҕинэ, массыыната-тойо суох собус-соҕотоҕун баран үлэлииригэр 3 чаас да буолуо суоҕа дуо, ама?
Соҕотоҕун үлэлии сылдьар бырааһы буруйдуурга ол төрүөт үһү дуо?! “Быһыыны биэрбэккэ олороҕун!” диэбиттэр. Оттон быһыыны биэриэхтээх биэлсэринэн, мэдсиэстэрэнэн хааччыйбыттар дуо? Бүлүү куоратыгар быһыы ылбыт оскуолалара, дьыссааттара бары сабыллан тураллар. Оттон Чинэкэҕэ быһыы ылбатахтар да, ыарыы көрдөрүүтэ намыһах. Онон киирэр хайдаҕый?
Оннооҕор, “олох да билим дуоктара буолбатах эрээригин, дуоктар диэн сымыйанан ааттана сылдьаҕын” диэн өһүргэтэр тылынан сирэй-харах анньыбыттар. Быһата, “барар буоллаххына, баран хаал” диэбиттэрин тулуйумуна, Анна Иннокентьевна уурайарга сайабылыанньа биэрбит диэн сурах кэллэ.
* * *
Итинник кэнэн, туох да этика диэни тутуспат бас баттах, барытын “чааһынан-дууһанан, ахсаанынан” суоттуу олорор чунуобунньуктарбыт эмчит үлэтин ис дьиҥин, суолтатын өйдөөхтөөбөт буоллахтара. Төһө да “национальнай бырайыактан”, төһө да үлүгэр харчыны кута олор, төһө да мэдиссиинэ араас аныгы тэрилинэн хааччый, итинник дьон олороллорун тухары ол көдьүүһү биэриэ саарбах. Хата, бу дьон бары да бэйэлэрин умнубаттар эбит: бары бэйэлэрэ урбааннаахтар, чааһынай килииньикэлээхтэр-тойдоохтор диэтилэр.
Чинэкэ олохтоохторо суруйаллар
– Мин, Сухарева Саргылана Иннокентьевна, былырыын 2022 с. сэтинньигэ улаханнык иһим ыалдьан, Анна Иннокентьевнаҕа баран көрдөрбүппэр тута УЗИ-га ыытан, үөспэр 5 см таас баарын билэн, хирургияҕа анабыл биэрэн, нэдиэлэ иһигэр эпэрээссийэ оҥорторбутум. Ол иһин Анна Иннокентьевнаҕа махталым улахан.
Протопопова Розалия Петровна, 77 саастаах, биэнсийэлээх:
– Нэһилиэкпитигэр бырааһынан үлэлиир Сивцева Анна Иннокентьевнаны уурайан баран эрэр диэни истэн, айманан, хомойон, суруйан эрэбин. Биһиги нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, уонтан тахса сыл устата сөптөөх медүлэһиттэри булан үлэлэппэккэлэр, уһун кэмҥэ наһаа эрэйдэммиппит. Онтон, дьэ, ааспыт сыл күһүнүттэн Анна Иннокентьевна кэлэн, бырааһынан үлэлээн үөрбүппүт баара. Олус билиилээх, үрдүк таһымнаах быраас буолан, кэллэ да, ыарыһахтарга сөптөөх диагнозтары туруоран, дьаныһан туран Дьокуускайга ыыталаан, элбэх ыарыһах сөпкө эмтэнэрин ситиспитэ, олохторун да кыл мүччү быыһаабыта.
Улуус ЦРБ-тын туһааннаах салалтата бу балыыһаҕа мэдсиэстэрэни да, биэлсэри да булан үлэлэппэккэ, ыарахан балаһыанньаны үөскэтэн манныкка тиийдибит. Анна Иннокентьевна ыарыһахтарыгар, атын да дьоҥҥо истиҥ, амарах сыһыаннаах. Оттон салалтаҕа итэҕэһи-быһаҕаһы баары баарынан этэр, ону туоратары күүскэ туруорсар, ирдэһэр бириинсиптээх киһи буолан, салалта сөбүлээбэккэ, онон уурайарга күһэлиннэҕэ буолуо дии саныыбын. Уопсайынан, улууспутугар доруобуйа харыстабылыгар каадыры кытта үлэ быстар мөлтөх. Ол нэһилиэкпит олоҕор да биллэр, эрэйдэнэн олорбуппут хас эмэ сыл буолла.
Николаева Антонина Васильевна:
– Мин мэдиссиинэҕэ үлэбин 1983с. Халбаакытааҕы учаскыабай балыыһаҕа саньытаарканан саҕалаабытым. Манна 1989 с. көһөн кэлэн, салгыы үлэлээбитим, билигин да үлэлии сылдьабын. Мэдиссиинэ билимин дуоктара Сивцева Анна Иннокентьевна 2022 сыл алтынньытыгар үлэлии кэлбитэ. Бу идэтин толору баһылаабыт, дириҥ билиилээх быраас үлэлээн барбытыгар наһаа үөрбүппүт. Ыарыһаҕы анаалыска, УЗИ-га, КТ-га ыытан, сөптөөх диагноһы туруоран эмтиирэ. Элбэх киһи эмтэнэн, эпэрээссийэлэнэн, бырааска махталлара муҥура суох. Үтүөкэн быраас туһунан сурах улууска иһиллэн, атын нэһилиэктэртэн кытта кэлэн, көрдөрүнэн бараллара да элбээтэ. Өссө таһаарыылаахтык үлэлиэн, биэлсэрэ, сиэстэрэтэ да суох, былыргылыы чороҥ соҕотох.
Михайлова Анна Гаврильевна:
– Бырааспыт Анна Иннокентьевна үрдүк билиилээх, эппиэтинэстээх, кыһамньылаах диэн хайгыыбын. Биһиги аҕабыт 83 сааһыгар эмискэ охтубутугар диагноһын чуолкайдык туруоран, тутатына эмтээбитэ. Мин атаҕым гон-артрозтаах буолан, сезон аайы эмтэнэбин, аматыйабын. Анна Иннокентьевна элбэх киһини анаалыстаан, көрөн-истэн, Дьокуускайга көрдөрүнэ, чинчийтэрэ баралларын ситиспитэ, элбэх киһи олоҕун быыһаабыта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Киниэхэ элбэх киһи кэлэн, эмп анатан, тутатына аматыйан, махталлара баһаам. Анна Иннокентьевна өссө да уһуннук үлэлиирэ буоллар диэн баҕарбыппыт баара...
Ердашева Парасковья Дмитриевна, Халбаакы:
Онкология ыарыыта кэнникинэн тумуу курдук элбээбитэ сөхтөрөр. Онон билиилээх быраастары харыстыыр, хараанныыр кэм кэллэ! Өйдөстөххө, ол тоҕо кыаллыбат буолуой, сыччах киһилии сыһыан эрэ наада.
Эмтэммит, Бүлүү к. олохтооҕо:
–Дьэ, кырдьык, куһаҕан сонун, бэл, куораттан тахсан эмтэнэн үчүгэй буоллубут диэччи элбэх этэ, билигин саамай сүрэхтэрэ ыалдьар дьон элбэх. Чинэкэлэр үөрэллэр аҕай этэ уонна хайдах итинник буолан хаалла? Чинэкэлэр, туруорсуҥ, таах хаалларымаҥ, олохтоохтор бары, биир киһи курдук туруҥ, кытаатыҥ. Онто да суох быраас тиийбэт, биир эмэ кэллэҕинэ, сүгүн үлэлэппэттэр. Өссө кыра оҕо курдук мөҕүллүө ини... хаарыан быраас. Оттон баһылык тугу көрөрүй?! Нэһилиэнньэ туһугар кини кыһаллыахтаах этэ эбээт!
Бу – эрэдээксийэҕэ киирбит тыа сирин дьонун хаһыыта. Хайдах даҕаны ону истибэтэх курдук ааһар кыаллыбат диэн, куһаҕаны хасыһан буолбакка, уопсай дьыала тупсарын, көнөрүн туһугар сыал-сорук туруоран суруйабыт. Кэлэр сырыыга, быраастан бэйэтиттэн, салалтаттан санааларын истиэхпит.
Нина ГЕРАСИМОВА.