Киир

Киир

Бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр, СӨ Үрдүкү суута 72 саастаах Анатолий Чомчоевы быһаҕынан анньан өлөрө сыспыт 39 саастаах Дмитрий Ермоловы үөрдэ-көтүтэ көҥүлгэ ыытта.

Ол курдук, Дьокуускай куорат суута атырдьах ыйын 16 күнүгэр Дмитрий Ермоловка таһаарбыт «Холуобунай кодекс 111 ыстатыйатын 2-с чааһын З пуунунан «Бирэдимиэти өлөрөр сэп быһыытынан туттан киһи доруобуйатыгар ыар эчэйиини оҥорбутун иһин» уопсай режимнээх холуонньаҕа 3 сылга ыытарга» диэн бириигэбэрин судьуйа Окороков бүтүннүү көтүрэн кэбистэ.

Ол эбэтэр, Үрдүкү суут, түүн 3 чааска чааһынай бас билиигэ киирэн кырдьаҕас киһини өлөрө сыспыт Дмитрий Ермоловы, буруйдаммыт ыстатыйатын 114-с «Бэйэни көмүскэниигэ эбэтэр буруйу оҥорбут киһини тохтотууга муҥутуур кээмэйи кэһэн, доруобайаҕа орто эбэтэр ыар эчэйиини оҥоруу» диэн ыстатыйаҕа  уларытан, буруйун барытын туора сотон, баара-суоҕа 11 ый көннөрөр үлэҕэ ыытарга уурда.

Суут быһаарыыта тахсыан иннинэ буруйданааччы албакаата Ермолов ол түүн арыгы испэтэҕин, итирик сылдьыбытын дакаастыыр туох да мэдиссиинискэй докумуон суоҕун, кини Чомчоевка бастакынан саба түспэтэҕин, прикладынан төбөҕө охсуллан уонна хаста да саанан ытыллан бааһыран баран биирдэ, тыыннаах хаалар туһугар быһаҕынан анньыбытын, Чомчоев ыппытыттан улаханнык эмсэҕэлээн сыл аҥаарын быһа эмтэниигэ сылдьарын, ону туоһулуур элбэх мэдиссиинискэй докумуон баарын, өссө кини ойохтооҕун, биэс саастаах оҕолооҕун, көмөҕө наадыйар кырдьаҕас төрөппүттэрдээҕин туһунан бэрт уһун дакылааты иэйэн-куойан аахта. Салгыы кини эппитин Ермолов, аһыннарыылаах куолаһынан хат кэпсээн, чиҥэтэн биэрдэ.

Эмсэҕэлээччи Анатолий Чомчоев,  соторутааҕыта эпэрээссийэлэнэн тахсыбыт буолан, кыайан кыттыбата. Дьыала саҕаланыаҕыттан суут бары мунньахтарыгар көтүппэккэ сылдьыбыт төрөппүт уолун киллэрбэтилэр. Наймыласпыт албакааттара үлэлээн бүппүт.

Ити курдук, судаарыстыбаннай буруйдааччы – борокуруор Дьокуускайдааҕы суут таһаарбыт бириигэбэрин оннунан хаалларарга эппитин үрдүнэн, Үрдүкү суут сылтан ордук барбыт силиэстийэ түмүгүн, туга-ханныга көстөн турар дьэҥкэ дьыаланы таҥнары эргитэн таһаарда. Судьуйа Окороков, өрө көтөҕүллэн туран, Ермоловы «немедленно» дьиэтигэр ыытарга соруйда. Буруйданааччы ойоҕо эрин хаайыыттан таһаарбыт албакаатын үөрүүтүттэн, аан айаҕыттан саҕалаан таһырдьа тахсыар диэри, сыллаата-уураата, махтанна.

Билигин Чомчоевтар алта ый иһигэр Үрдүкү суут быһаарыытыгар Кассационнай суукка үҥсүү түһэрэр бырааптаахтар. Биһиги санаабытыгар, киирсэ сорунан баран, тиһэҕэр диэри киирсиллиэхтээх. Эбэтэр ким баҕарар, киһи тыыныгар суудайан баран, көмүскэммит аатыран хаардыы хаамар күнэ-дьыла үүннэ дуу?

Манна даҕатан, Ермолов «көрүүгэ-харайыыга наадыйар кыаммат» төрөппүттэриттэн биирэ мэдиссиинэ киинин биир улахан салаатын тутан олорор киһинэн биллэр. Ол туох суолталааҕын бэйэҕит өйдөөн-дьүүллээн көрүҥ.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй