«Кыым» хаһыакка Анатолий Чомчоевка хайдах сидьиҥник саба түспүттэрин, силиэстийэ хайдах баран иһэрин уонна тугунан түмүктэммитин хаста да суруйбуппут. Дьокуускай куорат суута буруйданааччы Дмитрий Ермоловы үс сылга хаайыыга ыыппытын үгүспүт мыыммыта да буоллар, суут-сокуон кырдьыгын итэҕэйэр Анатолий Игнатьевич үҥсүү суруйбатаҕа. Тоҕото өйдөнөр: бэйэлээх бэйэҥ тиэргэҥҥэр кимэ биллибэт киһиттэн кырбанан, ытыллан, өссө быһаҕынан анньыллан, тыыны күрэтии, сылы-сыллаан силиэдэбэтэллэргэ соһуллуу, сууттаһыы элбэх сэниэни сиэтэҕэ.
Туох буолбутун санатар буоллахха, былырыын ыам ыйын 12 күнэ үүнэр түүнүгэр Дьокуускайтан тэйиччи Анатолий Игнатьевич сиригэр-уотугар икки эр киһи «Росгвардия» массыынатынан кэлэн Айыы Тайбыт күөлгэ ааһа сатаабыттара. Олортон биирдэстэрэ Дмитрий Ермолов, хаһаайын сөбүлэҥ биэрбэтэҕин иһин арыгылаан баран төннөн кэлэн, нэгэйдик быһыыламмыта. Кырдьаҕас киһини, кэпсэппитэ буола туран, сутуругунан быарга охсубута, куотан истэҕинэ кэнниттэн бэстилиэтинэн ытыалаабыта. Онтон хаһаайын саатын ылан салгыҥҥа ыппытыгар бэриммитэ буолан кубулуммута, ол кэннэ өлөрөрдүү быһаҕынан анньыбыта. Чочмоев, бэйэтиттэн икки төгүл улахан уонна эдэр киһиттэн кыл мүччү куотан, хаана баран өлөн эрэрин өйдөөн, массыынанан куоракка көтүппүтэ, балыыһаны булан тыыннаах ордубута.
Ол күн холуобунай дьыала тэриллэн силиэстийэ саҕаламмыта. Хас да түһүмэхтээх суут буолбута. Дьокуускай суута Д.Ермоловы Холуобунай кодекс «Киһи доруобуйатыгар ыар оһолу оҥоруу» диэн 111-с ыстатыйатын 2-с чааһын З-с пуунунан уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа 3 сылга ыытарга уураахтаабыта. «Түүҥҥү ыалдьыты» суут саалатыттан тутан илдьэ барбыттара.
Ууттан кураанах тахсыан баҕарбыт Ермолов, өр-өтөр буолбакка, албакааттарын көмөтүнэн СӨ Үрдүкү суутугар ааһынар үҥсүү түһэрбитэ. Ол тугунан түмүктэммитин истибиккит буолуо...
Ермолов «буруйа суоҕун дакаастаабыт» Үрдүкү суут үлэтин туһунан
Алтынньы 17 күнүгэр Үрдүкү суут Окороков бэрэссэдээтэллээх үс киһилээх кэллиэгийэтэ Дьокуускай куорат суутун Дмитрий Ермоловка таһаарбыт бириигэбэрин көтүрэн кэбиспитэ. Ол түмүгэр саба түһээччини эмсэҕэлээччи оҥорон, буруйдаммыт ыстатыйатын 114-с «Бэйэни көмүскэниигэ эбэтэр буруйу оҥорбут киһини тохтотууга муҥутуур кээмэйи кэһэн, доруобуйаҕа орто эбэтэр ыар оһолу оҥоруу» диэн ыстатыйаҕа уларытан, баара-суоҕа 11 ый көннөрөр үлэҕэ ыытарга уурбута.
Ермолов «буруйа суоҕун дакаастааһын» хайдах барбытын кылгатан кэпсиибит. Анатолий Игнатьевич доруобуйатын туругунан суукка кыайан кыттыбатаҕа. Кини оннугар кэлбит итэҕэллээх киһини – төрөппүт уолун – суут саалатыттан таһааран кэбиспиттэрэ. Ол кэннэ Ермолов албакаата Осодоев, киһитин көмүскээн, уоттаах-төлөннөөх тылын истибиппит. Онно суруллубутунан, Ермолов барахсан «бултуу баран испит, арыгы испэтэх, саанан ытыллан, прикладынан төбөҕө охсуллан баран, тыыннаах хаалаары быһахтаммыт. Чомчоевтан олус улаханнык эмсэҕэлээбит, доруобуйатыгар улахан охсууну ылбыт, уһуннук эмтэммит, Чомчоев кинини өлөр өлүүгэ быраҕан барбыт».
Ол кэннэ «үс төбөлөөх» кэллиэгийэ Ермоловы саба түһээччиттэн көмүскэнээччигэ кубулутар соһуччу быһаарыытын таһаарбыта. Онно суруллубутунан, Дьокуускай куорат суута Чомчоев эрэ көрдөрүүлэрин ылыммыт, оттон Ермолов көрдөрүүлэрин ылымматах, эбиитин эмсэҕэлээччи көрдөрүүтүгэр бутулларын учуоттаабатах. Онон Үрдүкү суут буруйданааччы хара маҥнайгыттан силиэстийэ кэмигэр уонна суукка тутуспут көрдөрүүтүн – Чомчоев кинини тобукка ыппытын уонна прикладынан төбөҕө охсубутун иһин быһаҕынан анньыбытын – ылынарын быһаарбыта. Салгыы судьуйа Окороков модьуйуутунан «бэйэтин көмүскэнэн эрэйи көрбүт, алҕаска хаайыллыбыт» барахсаны суһаллык көҥүлгэ ыыппыттара...
Дакаастаммыт чахчылар, өйдөммөт түгэннэр, истээх итэҕэстэр...
Дьокуускай куорат суута кырдьыгы олохтуур, буруйданааччыны көннөрөр уонна кини саҥа буруйу оҥорорун сэрэтэр туһугар Холуобунай кодекс 43-с ыстатыйатын 2-с чааһынан сирдэппитэ уонна «буруйданааччы Ермолов лиичинэһин үөрэтии түмүгэр, кини холуонньаҕа хаайылыннаҕына эрэ көнөр суолга турар, оҥорбут буруйун билинэр кыахтааҕын» быһаарбыта. Ол курдук, суут «Ермолов 2022 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр түүн 01 чаастан сарсыарда 04 чааска диэри Чомчоевтар олорор Айыы Тайбыт диэн сирдэригэр итирик сылдьыбытын уонна хаһаайыны, киллэрбэтэҕиттэн уордайан, хаста да искэ охсубутун, онтон быһаҕынан түөскэ анньыбытын, салгыы үрдүгэр олорон биэстэн аҕыйаҕа суох сирэйгэ охсубутун, Чомчоев быһаҕы түөһүттэн бэйэтэ хостоон быыһаммытын, Ермолов кини доруобуйатыгар ыар эчэйиини оҥорбутун» дакаастаабыта. Ол эрээри манна кырдьаҕас киһини сутуругунан кырбааһын, тииһин көтүрү охсуу, быарын доргутуу ахсааҥҥа киирбэтэҕэ. Эгэ, уйулҕатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар, дьиэ кэргэнигэр охсууну оҥоруу туһунан баар буолуо дуо.
Арыгы иһэн баран киһини бааһырдыы – буруйу дириҥэтэр чахчы. Ол да иһин арыгыны иһии чахчытын дакаастыыр эспэртиисэ кинилиин бииргэ сылдьыбыт Буториҥҥа эрэ оҥоһуллубут, оттон Ермоловка – суох. Буруйу оҥорууга уопуттаах эрэт ону билэн сырыттаҕа. Дьиҥэр, кинилэр Кэҥкэмэҕэ кэлэн пиибэ уонна буокка испиттэрин силиэстийэ кэмигэр бэйэлэрэ билиммиттэрэ эбээт. Дэлэҕэ, убайа Буторин тугу да истибэт буолуор диэри массыынаҕа утуйа сытыа дуо?
Оперативнай бөлөх Ермоловы Буторины кытта Дачная уулуссаҕа баар дьиэттэн сарсыарда 07.45 чааска булбута. Манна кинилэри кытта өссө биир Росгвардия үлэһитэ баар буолан биэрбитэ. Бачча эрдэ тугу гына сылдьыбытын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Буторин маҥнай «Ермолов манна суох» диэн кистии сатаабыта. Өссө бу кэмҥэ ойоҕо опердарга «Дьиэтигэр кэллэ» диэн сымыйалаан эрийбит этэ. Онон, Ермоловтар-Буториннар хара маҥнайгыттан бэркэ диэн сүбэлэһэн хамсаммыттара, дьаһаммыттара, сымыйа көрдөрүүлэринэн көмүскэммиттэрэ. Ол да иһин албыны быһаарар аппаракка бэрэбиэркэ ааһартан кыккыраччы аккаастаннахтара.
Мантан сиэттэрэн, «Үлүгэрдээх улахан эчэйиини ылбыт, атахха ытыллан кыайан хаампат буолбут» Ермолов, бэлэм массыынанан балыыһаҕа барбакка, тоҕо Дачная улууссаҕа кэллэ?» диэн ыйытыы үөскүүр. Кини 08.46 чааска биирдэ суһал көмөнү ыҥыран барбыта биллэр, ол эрээри хайа балыыһаҕа көрдөрбүтэ аныаха диэри биллибэт: 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа тиийбиттэрин «эчэйииҥ кыра» диэн травмпууҥҥа ыыппыт курдуктар. Арай кэнники элбэх эчэйиини ылбытын туһунан мэдиссиинискэй эспэртиисэ түмүгэ баар буолбут. Онно этиллэринэн, киниэхэ биир ытыыттан 117 доруобунньук суола хаалбыт. Бу Чомчоев 16 калибрдаах саатын доруобунньугун ахсааныгар сөп түбэспэт. Хата Ермолов бэйэтин уонна быраатын 12 калибрдаах сааларыгар сөп түбэһэр. Онон «быһылаан кэннэ анаан оҥоһуллубут эчэйии» буолуон сөп.
Манна даҕатан, Ермоловы бастакынан булбут П. көрдөрүүтүгэр кини атахтара хаан билик буолбуттарын туһунан биир да этии суох. Кини Буторины кытта «атаҕын кыайан токуруппат буолбут» киһини (Ермолов кэпсээнинэн) массыына инники олоппоһугар олордорго көмөлөспүт. Өскөтүн Ермолов хаан билик буолбут буоллаҕына, туоһу П. таҥаһа, массыына иһэ тоҕо хаан буолбата? Атаҕын токурутар буолан иннигэр олортохторо?
Ермоловтаах Буторин көрдөрүүлэригэр «бултуу тиийбиппит» дииллэр. Ол эрээри Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, о.д.а. тэрилтэлэр кинилэр лиссиэнсийэтэ суохтарын көрдөрбүттэрэ. Ол аата, кинилэр суукка киллэрбит докумуоннара сымыйа буоллаҕа? Манна даҕатан, кинилэр 2018 с. Кэҥкэмэҕэ сылдьан ЯКГЭН иниспиэктэрдэригэр тутуллубуттарын бэлиэтиибит.
«Кырдьыгы буларга спутнигы эрэ туһанарбыт хаалла»
Ермолов Үрдүкү суукка албакаат Осодоев көмөтүнэн кыайыылаах тахсыбытын кэннэ, нууччалыы хаһыаттарга, саайтарга кини буруйа суоҕун көрдөрөр, Анатолий Игнатьевиһы “саралыыр” суруйуулар тахсыталаабыттара. Онно сатабыллаах албакаат Чомчоев Ермоловы бастакынан саанан ытан ыараханнык бааһырдыбытын, Ермолов ол иһин быһахтанарга күһэллибитин, Чомчоев «сиэртибэтин» хонууга хаалларбытын, ойоҕун саатын көҥүлэ суох туттубутун уо.д.а. атыны кэпсиир. Маны ааһан, Ермолов албакааттара полицияҕа Чомчоевтарга холуобунай дьыала тэрийэр туһунан икки үҥсүүнү киллэрбиттэр: 1) Чомчоев бааһырбыт киһини хаалларан барбытын иһин; 2) Чомчоева саатын сэрэҕэ суох харайбытын иһин. Хата, ИДьМ ити үҥсүүлэри ылымматах.
Маннык сидьиҥ быһыы тахсыбытын кэннэ Анатолий Игнатьевич, быһылаан буолбут сиригэр суруналыыстары мунньан, барытын хаттаан быһаарарга күһэлиннэ. Кини нууччалыы иһитиннэриитин сахалыы тылбаастаатыбыт.
– Дьокуускай куорат суутун бириигэбэрэ бүтүннүү ИДьМ силиэдэбэтэллэрэ ыыппыт силиэстийэлэрин түмүгэр олоҕуран оҥоһуллубута. Бу исхиэмэҕэ туох буолбута, ханна тугу булбуттара барыта көстөр. Үс силиэстийэлиир бөлөх баара. Бастакы бөлөх быһылаан буолбут сиригэр 2022 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр сарсыарда 8 чааска кэлбитэ. Силиэдэбэтэл уонна криминалист туох баар дакаастабылы барытын хомуйан барбыттара.
Кинилэр шлагбаумтан 250 миэтэрэлээх сиргэ турар холомобут иһиттэн 16 халыыбырдаах саа гильзатын уонна дьиэ инниттэн Ермолов бэстилиэтиттэн үс гильзаны булбуттара. Өссө холомобут күүлэтин өстүөкүлэтигэр Ермолов үс буулдьатын суола хаалбытын дакаастабыл быһыытынан киллэрбиттэрэ. Шлагбаумтан 80 м тэйиччи Ермолов сыппыт сириттэн саа түөрт гильзатын уонна быһаҕы булбуттара. Миигин быһаҕынан анньыы Ермоловы шлагбаум диэки хомбуойдаан истэхпинэ, 30 м тиийбэккэ буолбута. Маны таһынан быһаҕынан дьөлө анньыллыбыт кууркабын ылбыттара. Хаҥас сиэҕэр икки буулдьа суола баарын кэнники суут кэмигэр бэйэм көрбүтүм.
Силиэстийэ быһылаан буолуоҕуттан муус устар ыйга диэри салҕанан барбыта. Куорат суутугар үс туомнаах дьыала киирбитэ. Дьыаланы көрүүлэргэ судьуйа мин аймахтарбын туоһу быһыытынан истибитэ. Оттон Ермоловы бастакынан булбут ыаллыы олорор киһибитин П. тута кыайан доппуруостаабатахтара. Киниттэн кулун тутар 14 күнүгэр биирдэ көрдөрүү ылбыттара. Суукка кыттыбатаҕа.
Силиэдэбэтэллэр хомуйбут докумуоннарыгар “очнай ставка” матырыйаала баар. Онно Ермолов олох атыны кэпсии олорбута. Үрдүкү суут таһаарбыт быһаарыытыгар ханан да сөп түбэспэт көрдөрүүлэри биэрбитэ. Холобура, кини буулдьалара ханна сыталлар этэй? Эппитим курдук, дьиэм аттыгар. Ытыалыан иннинэ тииспин көтүрү охсубута, быарбын доргуппута. Ол содула улахан. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр диэри эпэрээссийэлэнэн балыыһаҕа сыппытым. Онон Үрдүкү суут мунньаҕар кыайан тиийбэтэҕим. Тиийдэхпинэ да, кулгааҕым кыайан истибэт, Чернобыль радиацията сиэбитэ.
Буториннаах Ермолов «бултуу кэлбиппит» дииллэр. Дьиҥэр, шлагбауму 350 м ааһан кэбиһиилээх от турар сиригэр тиийбиттэр этэ. Дьэ, тоҕо салгыы айаннаабатылар? Онтуларын кэнники «шлагбауму ааспатахпыт» дииллэр. Ермолов бастакы быһаарыытыгар «шлагбаум аттыгар малбытын сүөкэнэ турдахпытына, саха уола кэлэн ытыалаан барбыта» диэн суруйар. Оттон бу албыны СӨ Үрдүкү суута итэҕэйэн ылынар. Өссө «лиичинэһин учуоттаан туран» бириигэбэрин уларытар. Ол эбэтэр, кини 17 саастааҕар уулуссаҕа киһини халаан ыар буруйу оҥорбута, оттон 2018 с. дьон дьиэтигэр күүһүнэн киирэн устудьуон кыыһы күүһүлүү сатаабыта кинилэргэ туох да суолтата суох, ону ааһан «биһирэнэр» буолан тахсар.
Үрдүкү суут Ермоловы булбут туоһулар П. уонна Б. «Ермолов сиргэ сытар, кыайан турбат этэ» диэн көрдөрүүлэригэр олоҕурар. 1,5 м үрдүккэ турар термометр ол түүн -2 көрдөрөр этэ. Ол эбэтэр, сиргэ -5 буолар. Ермолов сиргэ чараас путбуолканан түүн 3.30 сарсыарда 6 чааска диэри сыппыт буоллаҕына (П. булбут кэминэн), көһүйэрэ өйдөнөр, буолаары буолан, арыгы испит киһи.
Мантан Ермолов сыппыт сиригэр диэри 135 м баар. Силиэдэбэтэллэр суруммуттара. Оттон Ермолов дьайыы барыта манна буолбут курдук кэпсиир. Аны туран, «тоҕо ала-чуо соседкатыттан эрэ көмө көрдөөтө?» дииллэр. Ону баара, мантан ханна эмэ эрийэн тиийэр уустук, сибээс суох. Сибээстээх сиргэ тиийэн баран биирдэ эрийдэҕим дии. Ол түүн ханна эрийбиппин көрдөрөр докумуону тутан олоробун (03 чаас 44 мүнүүтэттэн саҕалаан биир киһиэхэ – иккитэ, үс киһиэхэ биирдиитэ эрийбит). Эрийбит дьонум төлөпүөннэрин ылбатахтара, утуйа сыттахтара. Арай маннааҕы ыалбыт Марина ылбыта.
Үрдүкү суут «быһылааны көрөн турбут туоһу суоҕунан» куоһурданар. Оттон биһиги «Глонасс БДД» систиэмэ нөҥүө мөлүйүөнүнэн туоһуну буолуох этибит. Сааҥсыйа суоҕа буоллар. Ол туһунан силиэдэбэтэллэргэ эппиппин «биһиги үлэбитигэр оннугу туһаныы суох» диэбиттэрэ. Бу спутник ким ханна турбутун, туох буолбутун, оннооҕор тугу кэпсэппиппитин кытары көрдөрөр кыахтаах. Ол дааннайдары Эмиэрикэттэн ылар кыаллыбат. Хата, Кытайтан ылыахха сөп. Онон, түгэни туһанан, Кытайга олорор сахам дьонуттан көмө көрдүүбүн. Бу систиэмэни туһанар буоллаххытына, бука диэн, биһигини кытта сибээстэһиҥ, – диэн Анатолий Игнатьевич иһитиннэриитин түмүктүүр.
Салгыы туох күүтэрий?
Анатолий Игнатьевич интэриэһин көмүскүөхтээх албакааттартан биирдэстэрэ СӨ Үрдүкү суута олус кутталлаах быһаарыыны таһаарбытын бэлиэтиир. Онно олоҕуран, Ермолов албакааттара билигин Чомчоевы бэйэтин бүрүстүүпүнньүк оҥороору күүскэ ылса сылдьаллар. Кинилэр суут преюдицията диэн баарын, ол эбэтэр Үрдүкү суут таһаарбыт быһаарыытыгар, «дакаастаабыт чахчыларыгар» эбии дакаастабыл ирдэммэтин билэллэр. Онон «бастакынан ыппыт, киһини бааһырдыбыт» Чомчоевы холуобунай дьыалаҕа тардаары хайыы үйэ силиэстийэ ыыта сылдьаллар. Ол эрээри...
Билигин барыта Владивостокка баар 9-с Ааһыныы суута Анатолий Чомчоев үҥсүүтүгэр туох быһаарыыны таһаарарыттан тутулуктаах. Маныаха кырдьыгы булар туһугар судаарыстыбаннай буруйдааччы СӨ Борокуратуурата эмиэ ити суукка ааһынар үҥсүү түһэрэр бырааптааҕын бэлиэтиибит. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ киһи быраабын көмүскүүр соҕотох уоргаммыт дьыаланы тиһэҕэр диэри туруулаһарын күүтэбит.
Матырыйаалы бэлэмнээтэ КҮНДЭЛИ.