Киир

Киир

Олунньу 1 күнүгэр Үөһээ Халыма оройуоннааҕы суутугар (Орто Халыма к.) 2022 сыл от ыйын 27 күнүгэр «алдьаммыт тыраахтарынан сылдьан уоту ыытан, 51 мөлүйүөннээх хоромньуну таһаарбыт» Налимскай сэлиэнньэтин олохтооҕо, 42 сыл ыстаастаах мэхэньисээтэр Аркадий Еремеев дьыалатын саҥаттан көрүү түмүктэннэ. Судьуйа Артемьев, СӨ Үрдүкү суутун быһаарыытыгар олоҕуран, дьыаланы борокуруор Холмогоровка эбии силиэстийэҕэ ыытарга уураахтаата.

Санатар буоллахха, 2023 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр  СӨ Үрдүкү суута А.И. Еремеев Ааһынар үҥсүүтүнэн Үөһээ Халыма оройуоннааҕы суутун (судьуйа Гончар, борокуруор Холмогоров) бириигэбэрин Холуобунай-процессуальнай кодексы, буруйданааччы быраабын кэһиилэр тахсыбыттарын иһин көтүрэн, дьыаланы бастакы инстанция суутугар атын састаабынан саҥаттан көрүүгэ ыыппыта.

Аркадий Иннокентьевиһы дьаныардаахтык көмүскүү сылдьар албакаат Альберт Егоров матырыйаалы илиитигэр тутуоҕуттан, холуобунай дьыала туох да буруйа суох киһиэхэ тэриллибитин, хомуллубут дакаастабыл барыта сымыйа буоларын, силиэстийэ ньүдьү-балай барбытын, бастакы инстанция суута сыыһа бириигэбэри таһаарбытын мэктиэлиир.

Ол курдук, кини киллэрбит хадатаайыстыбаларын судьуйа Гончар уонна борокуруор Холмогоров адьас ылымматахтара, аҕалбыт туоһуларын туох да төрүөтэ суох киэр илгибиттэрэ. Ол да иһин кинилэр бириигэбэрдэрэ СӨ Үрдүкү суутугар көтүрүллэн, Орто Халыма суутугар саҥаттан көрүллэн, эбии силиэстийэлэнэр уһукка тиийдэҕэ. Ол тухары бүтүн дьиэ кэргэн олоҕо айманан, кырдьаҕас ыал аҕата, эһэтэ үтүмэн элбэх силиэстийэ, суут тэрээһиннэринэн соһуллан бүппэт.

Ол да буоллар, буруйа суоҕун билэр, бэйэтигэр эрэллээх киһи, кырдьыгын булар туһугар тиһэҕэр диэри киирсэр аналлаах. Онон, дьыала хайа диэки иэҕиллэн эрэрин салгыы Альберт Егоров кэпсээниттэн билиэҕиҥ.

BfRWCkK02EM

- Альберт Захарович, силиэстийэ хайдах барбытын бары билэбит. Ол туһунан хаһыакка хаста да суруйан турабыт. Ону ахтыбакка, СӨ Үрдүкү суута Үөһээ Халыма оройуоннааҕы суутун бириигэбэрин тоҕо көтүрбүтүн быһаарыахха.

- СӨ Үрдүкү суутун быһаарыытыгар Үөһээ Халыма оройуоннааҕы суута буруйу оҥоруу ис хоһоонугар сөп түбэспэт сыыһа нуормалыыр аактаны, ол эбэтэр РФ Бырабыыталыстыбатын 1479 №-дээх «Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар эбийиэктэригэр бурдугу хомуйуу уонна сүөһү сиир аһын бэлэмин кэмигэр баһаары сэрэтии быраабылатын бигэргэтии туһунан» уурааҕын туһаммытын ыйар. Ол эбэтэр, кинилэр Аркадий Иннокентьевиһы, ити уураахха олоҕуран, «кыымы умуорар тэрилэ суох глушителлээх, алдьаммыт тыраахтарынан оттуу тахсыбыт» диэн буруйдууллар. Дьиҥэр, дьыалаҕа тиһиллибит докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, баһаар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар эбийиэгэр буолбакка, Байдын нэһилиэгин Омук атаҕа диэн сиригэр ойуур суолун аттыттан саҕаланан хонууга уонна ойуурга тарҕаммыт. Оттон ол кэмҥэ итиннэ уонна Аччыгый омук диэн сиргэ Еремеев, Лаптев, Бережнов уонна Кондаков оттууллар эбит. Онон, баһаар ойуурга тахсыбытынан, бастакы инстанция суута адьас атын нуормалыыр аактаны – Ойуур кодексын туһаныахтаах этэ. Суут маннык улахан алҕаһы таһаарар түгэнигэр, бириигэбэр көтүллэн, борокуруорга төннөрө оруннаах.

- Силиэстийэ да, суут да кэмигэр буруйданааччы быраабын кэһии элбэхтик тахсыбытын билэбит. СӨ Үрдүкү суутун быһаарыытыгар ону ыйбыттара дуо?

- Бу дьыалаҕа буруйданааччы быраабын кэһии хара баһаам. Олортон СӨ Үрдүкү суута туоһулары истиигэ сыһыаннаах биир эрэ түгэни киллэрбитэ. Оттон РФ Холуобунай-процессуальнай кодексын (салгыы ХПК) 87-с ыстатыйатынан, дакаастабыл төһө кырдьыктааҕын атын дакаастабыллары кытта тэҥнии тутан, эбэтэр саҥа дакаастабылы туһанан билиллиэхтээх. ХПК 271-с ыстатыйатын 4-с чааһа этэринэн, суут өрүттэр көҕүлээһиннэринэн көрдөрүү биэрэ кэлбит туоһулары доппуруостууртан аккаастаныа суохтаах. Онуоха, Үөһээ Халыма суутун мунньаҕын боротокуолугар көстөрүнэн, буруйданааччы өттүттэн көрдөрүү биэрэ кэлбит Третьяковтары уонна кырдьаҕас албакаат Оконешниковы истэртэн судьуйа, сокуону кэһэн туран, туох да төрүөтэ суох батыммыт. Онон, Үөһээ Халыма оройуоннааҕы суута ХПК 389.15, 389.16, 389.17 ыстатыйаларын кэһэн туран бириигэбэр таһаарбыта бэлиэтэнэр.

- Оттон дьыаланы саҥаттан көрбүт бастакы инстанция судьуйата Артемьев мунньахтара хайдах бардылар? Ол туоһулары иһиттилэр дуо?

- Дьыаланы саҥа састаабынан көрүү барыахтааҕын курдук барда. Эбии хомуллуохтаах дакаастабыллар син киирдилэр. Биһиги өттүбүтүттэн урут көрдөрүү биэрэр бырааптан маппыт элбэх туоһу кытынна. Ол эрээри урут Еремеевы утары көрдөрүү биэрбит, холуобунай дьыаланы тэрйибит дознаватель Оконешников үлэһитэ, понятойа, оччолорго бэйэтэ улахан буруйу оҥорон сууттанан СИЗО-ҕа сытан тахсыбыт сүрүн туоһу Слепцов, сэрэйбиппит курдук, көрдөрүүтүн икки саар икки ардынан биэрдэ: борокуруорга – кини тугу истиэн баҕарарын, биһиэхэ – эмиэ ол курдук. Ол да буоллар, урут сымыйанан «быһылаан буолбут сирин көрүүгэ (осморт места происшествия) сылдьыбыттара» диэбит дьонун бу сырыыга сылдьыбыттара диэбэтэ.

- Саҥаттан көрүүгэ биэс хадаатайыстыбаны киллэриэхтээх этиҥ. Ону көрдүлэр дуо?

- Барыта алта мунньах буолла. Биһиги биэс хадаатайыстыбаны киллэрээри бэлэмнээбиппит. Ону баара, борокуруор киллэрбит икки этиитин көрөннөр, биһиэнигэр тиийбэккэ хааллылар. Көрбүттэрэ буоллар, баҕар, адьас атын ис хоһоонноох уураах тахсыах этэ. Бэлэмнээбит хадаатайыстыбаларым бары дознаватель Оконешников сымыйанан хомуйбут дакаастабылларыгар сыһыаннаахтар.

Элбэхтэн аҕыйаҕы ахтар буоллахха, бу киһи толорбут боротокуоллара уонна дьыалаҕа тиспит матырыйааллара бары кэриэтэ кэһиилээхтэр. Ол курдук, кини «2022 сыл от ыйын 27 күнүгэр быһылаан буолбут сиригэр толорбут» боротокуола баһыттан атаҕар диэри сымыйанан оҥоһуллубут докумуон буолар. Бастатан туран, боротокуол көмпүүтэргэ бэчээттэммитэ улахан саарбахтааһыны үөскэтэр. Тоҕо диэтэххэ, быһылаан буолбут сиригэр уот суох, ол күн кини компьютердаах, принтердаах сылдьарын биир да киһи көрбөтөх уонна ону бэйэтэ да ыйбатах. Иккиһинэн, силиэстийэлиир дьайыыларга кыттыбатах дьону – атын сиргэ ойуур уотун умуруора сылдьыбыт Лаптевы уонна Еремеевы, итиэннэ туоһу буолуо суохтаах исписэлииһи -  буруйдуур интэриэстээх Гороховы боротокуолга «кытыннылар» диэн суруйбут. Маны сэргэ, «понятойдарынан» бэйэтин үлэһиттэрин Слепцову уонна Белоноговы оҥостубут. Үсүһүнэн, бу боротокуолга адьас атын 6-А К880 №-дээх ойуур баһаарыгар сыһыаннаах силиэстийэлиир дьайыыларга түһэрбит 18 хаартысканы кыбыппыт.

Уопсайынан, матырыйаалга киирбит хаартыскалар оҥоһуллубут күннэрэ-ыйдара барыта кэриэтэ сымыйанан суруллубуттар. Холобура, «от ыйын 30 күнүнээҕи» боротокуолга алтынньыга түһэрбит хаартыскаларын сыһыарбыттар. Силиэдэбэтэл Романова алтынньы 4 күнүгэр Аркадий Иннокентьевиһы илдьэ баран тыраахтарын хаарын ыраастаппыт уонна глушителин уһултарбыт, онтон хаартыскаҕа түһэрбит уонна төттөрү олорторбут. Ол эбэтэр, кини хаартысканы дознаватель Оконешников быһылаан буолбут сирин көрө сылдьан от ыйын 27 күнүгэр түһэрбит курдук оҥоро сатаабыт. Тыраахтыр хаара ыраастаммытын үрдүнэн, сиргэ сытар хаар син биир көстөн хаалбыт.  

Өссө дознаватель Оконешников бу боротокуолга  190,174,154 кыбаарталларга тахсыбыт 6-А (ЗК) 880 №-дээх ойуур баһаарын көрөбүт диэн суруйбут. Оттон от ыйын 27 күнүгэр 190 кыбаартал «Омук атаҕа» диэн учаастага эрэ умайбыта, ону да киэһэ хойут умуруорбуттара. Оттон атын кыбаарталлар кэнники, утары уот ыыппыттарын түмүгэр күөдьүйэн умайбыттар. Ол эбэтэр, дознаватель ити дааннайдары боротокуолга атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи ойуур баһаарын аактатыттан ылан киллэрбит. Силиэстийэ матырыйаалыгар маннык «оҥоһуу» олус элбэх. Барытын кэпсиир кыаллыбат.

- Бүгүн дьыалаҕа эмсэҕэлээччи бэрэстэбиитэлэ буолбут Халыматааҕы лесничество исписэлииһэ Дьячков В.В. дьыаланы саҥаттан көрбүт Үөһээ Халыма суутун уурааҕар Ааһынар үҥсүү биэрбитин биллибит. Оччотугар салгыы туох буоларый?

- Дьячков В.В. эмсэҕэлээччи бэрэстэбиитэлинэн атырдьах ыйын 12 күнүгэр эрэ билиниллибитэ. Ол эрээри кини бэлиэр атырдьах ыйын 2 күнүнээҕи баһаарынай-тэхиньиичэскэй эспэртиисэ боротокуолугар эмэсэҕэлээччи быһыытынан илии баттаабыт этэ. Бу эмиэ улахан кэһии буолар.

Ити эспэртиисэни ыытыы туһунан уураах атырдьах ыйын 1 күнүгэр (ону да атын даата үрдүнэн суруллубут) тахсыбыт диэн. Боротокуолга «илии баттаабыт» Еремеев ити күн «Сайбалаах» диэн сиргэ эмиэ ойуур баһаарын умуруора сылдьыбыт, онон хайдах даҕаны ити докумуону билсэр кыаҕа суох этэ.

Биллэн турар, Дьячков В.В. эмсэҕэлээччи бэрэстэбиитэлин быһыытынан Ааһынар үҥсүү түһэрэр бырааптаах, ол эрээри кини тус баҕатынан манныкка тиийбитин саарбахтыыбын. СӨ Үрдүкү суутун быһаарыытыгар судьуйа Гончар уонна борокуруор Холмогоров  улахан кэһиилэри таһаарбыттара ыйылла сылдьар эбээт. Кинилэр биһиги туоһуларбыт көрдөрүүлэрин ылыммакка, дознаватель Оконешников оҥорбут сымыйа боротокуолларыгар уонна кини туоһуларын сымыйа көрдөрүүлэригэр олоҕуран бириигэбэр таһаарбыттара.

Ол да иһин судьуйа Артемьев дьыаланы борокуруор Холмогоровка төттөрү эбии силиэстийэҕэ ыыттаҕа. Ону Дьячков В.В. бэйэтэ өйдүөхтээх этэ. Эбэтэр кини ол сайын тахсыбыт ойуур баһаарын барытын Еремеевкэ ыйыыр тус интэриэстээх дуу?

Салгыы туох буолара биллэр. Дьыала эмиэ СӨ Үрдүкү суутугар көрүллэригэр тиийэр. Билигин буруйданааччыга уонна кини дьиэ кэргэнигэр уустук быһыы-майгы бүрүүкээн турар. Ол да буоллар, кырдьыкпытын булар туһугар тиһэҕэр диэри киирсиэхпит, кырдьыкпытын булуохпут диэн эрэллээхпит.  

****

Дьэ, ити курдук, силиэстийэ хайдах барбытын ааҕан киһи сүрдээҕин кэлэйэр. Дьиҥэр, үтүмэн элбэх кэһиилэртэн адьас аҕыйаҕы аҕынныбыт эбээт. Ама да барытын кумааҕы быһаарар үйэтэ буолбутун иһин, киһини маннык атаҕастааһын, матырыйаалы маннык хомуйуу хайа да сиэргэ баппат. Оттон онно хараҕын симэр суут-сокуон систиэмэтин киһи бу кэннэ хайдах итэҕэйиэн сөбүй? Чэ, кэм-кэрдии көрдөрүө...

 Матырыйаалы бэлэмнээтэ КҮНДЭЛИ.