Ааспыт сыл күһүнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр ыар быһылаан тахсыбыта. Сонно тута эдэр киһи буруйун билиммит диэн буолбута... Дьыалаҕа суут уурааҕа тахсан буруйдаах хаайыллыаҕын, үгэс курдук, хара ааныттан сөпсөспөт түгэннэр тахсан кэлэ тураллар. Силиэдэбэтэл, биллэн турар, дьыаланы бүтэрэ охсуон баҕарара өйдөнөр, былаан туолуутун ирдэбилэ күүтэ сыттаҕа. Уорбаланааччы көрдөрүүтүгэр иккитэ-үстэ охсубутун билинэр, онтон туох буолбутун төрүт өйдөөбөт. Ол кэннэ туох баҕарар буолуон сөп... Силиэстийэҕэ эгэ эрэ, киһи бэйэтинэн баарын кэннэ, былаан туолуутун сырсыытыгар, быһылааны дириҥник ымпыгар-чымпыгар тиийэ хорутан көрө сатаабат бөҕө буоллахтара дуу?! Туоһулар көрдөрүүлэрин эмиэ бэйэлэрин өттүгэр сатабыллаахтык хайыһыннарбыттар. Онон уорбаланааччыны буруйдуурга бары өттүттэн ылы-чып, ханан да иҥнигэһэ суох кылааккайдык оҥоһуллубут курдук. Төһөлөөх киһи ситэтэ суох сиикэй силиэстийэҕэ, сыччах былааны эрэ эккирэтиһэр интэриэскэ ыар буруйга уорбаланан хара балыырга түбэспитэ, кырдьыгын булбакка хас эмэ сылга хаайыы сиэртибэтэ буолбута буолуой?! Онон манна уорбаланааччыны көмүскүүр икки биэрсийэни бар дьон билиитигэр таһаарыахпын баҕарабын.
Санатар буоллахха... 2018 сыл алтынньы 1 күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр Сунтарскай переулокка турар арболит дьиэттэн Н.Н. Игнатьев сидьиҥник кырбанан тыына быстыбыт өлүгэ көстөн, сонно тута уорбаланааччы М.Г. Петровка РФ ХК 111 ыст. 4 ч. холуобунай дьыала тэриллибитэ. Уорбаланааччы сонно тута СИЗО-ҕа хаайыллыбыта. Дьыала уһуннук силиэстийэлэнэн, суукка дьэ утаарылынна. Эппитим курдук, силиэстийэ сонно бүтэн-оһон испитэ буоллар, суут бүппүтэ ырааппыт буолуо этэ. Ону уорбаланааччыны көмүскүүр албакаат силиэстийэ сиэрэ суох сиэмэх быһыытын-майгытын, «билиммит» эрэ диэн уорбаланааччыны хаайа сатыыр мөккүөрдээх көрүнньүк үлэлээх-хамнастаах силиэстийэни кытары сөбүлэспэтэ өйдөнөр. Онон суут эмиэ уһуннук буолар чинчилээх.
Ускуустуба киһитэ буолан
Миша Петрову мин быыкаа эрдэҕиттэн билэбин. Ийэтигэр, аҕатыгар, чугас аймахтарыгар уо.д.а. дьоҥҥо барытыгар ураты истиҥ сыһыаннаах буолааччы. Ордук ийэтигэр чугас. Хайдах курдук ийэтин харыстыырын, биир куһаҕан тылынан саҥарбатаҕын, мэлдьи үөрдэ-көтүтэ эрэ сылдьар майгылааҕын көрөн-көрөн кэллэҕим. Ийэлээх уол бэйэ-бэйэлэригэр олус истиҥ сыһыаннаахтар. Сорох эдэр дьон ийэлэригэр соччо арыллыбат эбит буоллахтарына, кини куруук ийэтигэр дууһатын арыйан кэпсиир, санаатын үллэстэр, сүбэлэһэр. Ийэтин бииргэ төрөөбүттэригэр, ону сэргэ өлбүт таайа Игнатьев Николайга эмиэ истиҥ сыһыаннааҕа. Хаһан эмэ куолаһын соноппутун ким да истибэтэҕэ, охсубутун ким да көрбөтөҕө буолуо. Николай, аһыы утахха охтон, киһи аатыттан тахсыбытын да кэннэ, ийэтиниин мэлдьи көмөлөһө, өйүү сатыыр мөккүөрдээхтэрэ. Быһата, Миша дьоҥҥо барытыгар үтүө майгылааҕынан биллэр.
Айылҕаттан уруһуйдуур, хоһоон суруйар, ырыа айар, уопсайынан, ис-иһиттэн ускуустуба кэрэ эйгэтигэр бигэнэн улааппыт оҕо. Оскуолатыгар мэлдьи үчүгэй сыанаҕа үөрэнэн, үһэ суох бүтэрэр. Улаатан истэҕин аайы уруһуйдуур, айар-тутар дьоҕура өссө сайдан, оскуола кэнниттэн тута Дьокуускайдааҕы дизайн уонна технология колледжыгар үөрэнэ киирэр. Бу үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, аны, Арктикатааҕы ускуустуба үрдүк үөрэҕин кыһатыгар киирэр. Өссө оскуола эрдэҕинээҕитин аахпакка, уонтан тахса сыл маннык эйгэҕэ сыстан сылдьыбыт киһи ис дууһалыын, өйдүүн-санаалыын ыраас, сырдык буолара өйдөнөр. Уопут ылаары Дьокуускайынан, Нерюнгринан идэтинэн эрэкэлээмэ эйгэтигэр графическай дизайнерынан үлэлиир. Ол кэннэ лаппа уопутурбут киһи быһыытынан аҕыйах сыллааҕыта дойдута Сунтаарга үлэлиирдии, олохсуйардыы көһөн барар. Идэтин толору баһылаабыт, сиппит-хоппут дизайнеры былдьаһыгынан үлэҕэ ылаллар. Ол курдук, “ИП Уаров” тэрилтэтигэр үлэлии киирэр. Ону таһынан “Саха” НКИХ Сунтаардааҕы салаатыгар мэлдьи көх-нэм буолар. Үлэһит, эппиэтинэстээх, дьоҕурдаах уолу кэлэктиип барыта сөбүлүүр. Бэйэтин үлэлиир тэрилтэтин дириэктэрэ үлэһит, дьоҕурдаах уолу эмиэ олус убаастыыр, сыаналыыр. Сунтаар улууһун олоҕор, ол-бу тэрээһинигэр мэлдьи көхтөөхтүк кыттар. Тугу эмэ оҥортороору көрдөстөхтөрүнэ, үөрэ-көтө сөбүлэһэр. (Миша хайдах курдук үлэһит да, лиичинэс да быһыытынан хайҕалга, өрө тутууга сылдьыбытын бу тэрилтэлэр силиэстийэ кэмигэр биэрбит сыанабылларыттан да көрүөххэ сөп).
Кэргэнин сүтэрбит ыар кэмигэр
Ол сылдьан сүрэҕин аҥаарын – Кристинаны – көрсөн, ыал буолан, кыракый кыыстарын төрөтөллөр. Кэргэнэ эрдэ икки уол оҕолоох эбит. Ол уолаттар Мишаны тута сөбүлээн, сүрэхтэригэр чугас киллэрэн “аҕа” дииллэр. Аныгы үйэ буолан, эдэр ыаллар хайдах олороллорун, «Инстаграмтан» билэ-көрө олороҕун. Ол курдук, Михаил дьиэ кэргэнинэн эрэ олорорун, кэргэнин, оҕолорун хайдах курдук күүскэ таптыырын, бэриниилээҕин кинилэр «Инстаграмнарыттан» көрүөххэ сөп. Хаһан даҕаны хараҥа былытынан саба бүрүллүө суох ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, эмискэ эдэр ыаллар олохторугар алдьархай ааҥныыр. Ким кыраабыта эбитэ буолла?! Эмискэ эдэркээн ийэ суорума суолланар... Субу күлэ-үөрэ сылдьан... Субу доҕотторунуун үөрэ-көтө көрсөн баран... Бүтэһигин чугас дьүөгэтин кытары быстах-остох кэпсэтэн баран: «Киирэ туруҥ, олоро түһүөм», – диэбит уонна... Бүттэ! Дууһатыгар туохтан эмэ кистээн ыктара-ыгылыйа дуу, мунчаара-харааста дуу сылдьыбыта буоллар, саамай чугас дьонугар – ийэтигэр, дьүөгэтигэр эбэтэр кэргэнигэр арыллыа эбитэ буолуо... Туох санааттан итинник быһыыламмытын ким да билбэт.
Эдэр киһиэхэ эмискэ субу күлэ-үөрэ сылдьыбыт доҕорун сүтэрии, буолаары буолан, бэйэтигэр тиийинэн... киһи тылынан да, суругунан да кыайан эппэт ыар туруга буоллаҕа. Соһуччута бэрт... Маннык ыар охсуу эдэр киһи өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар хара суолу хаалларара өйдөнөр. Айар куттаах киһи өссө уйан буолар. Тоҕо, туохтан диэн ыйытык бу киһи төбөтүгэр төһөлөөх эргийбитэ, түүннэри утуппакка уутун аймаабыта, күнүһүн аанньа үлэлэппэккэ моруу гыммыта буолуой?! Олоххо эрэлэ, таптала, сырдык ыра санаата бүүс-бүтүннүү күдэҥҥэ көттөҕө. Таптыыр киһини сүтэрии, аһыйыы хайдах курдук сүтүктээх киһи дууһатын хаанынан ытатарын бары да өйдүүр буолуохтааххыт. Аанньа утуйбакка, дуоннааҕы аһаабакка, эбиитин хаанынан ытатар санаа-оноо баттааһына доруобай да киһини өй-мэй оҥороро биллэр.
Ийэ кынньын кымньыылаах кыйдааһына
Мишалаах (кыыс аҕатын аатыгар) ипотеканан саҥа атыыласпыт дьиэлэригэр, көмүү кэннэ тута, суорума суолламмыт эдэр дьахтар ийэтэ эринээн көһөн кэлэллэр. Оҕо көрсөөрү диэн. Миша төһө да инники олоҕо хара былытынан сабылыннар, кыракый кыысчаанын, таптыыр кэргэнин инники оҕолорун туһугар олох олорорго дьулуһар. Бу төһөлөөх күүһү-уоҕу, оҕолорбун иитиэхтээхпин диэн эппиэтинэс ылынан салгыы олох олоро сатаабыта, төбөтүн оройунан үлэҕэ умса түспүтэ буолуой?! Киниттэн атын киһи эбитэ буоллар, маннык морууну тулуйбакка арыгыга умса түспүтэ ырааппыт буолуо этэ. Миша, төһө да кэргэнин сүтэрдэр, биир хааппыла арыгыны испэккэ сылдьар. Оҕолорум туһугар диэн күүс-уох ылынан этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьыбыта сыччах...
Таптыыр киһитин кистээбиттэрэ түөрт уон хонугун кэннэ, ийэ кынна күтүөтүн ыар кэмигэр өйүүрүн-өйдүүрүн оннугар, батарбакка, биир «үтүө» күн дьиэтиттэн үүрэн таһаарар. Сылтаҕа: «Өрөбүлгэр оҕо көрсүбэккин», – диэн. Миша төһө эмэ: “Оҕолор таҥастарын сууйтарыам, уонна ыксаллаах сакааһы бүтэриэхтээхпин”, – диэн эппитин үрдүнэн, дьахтар күтүөтүн кыһыл тылынан кымньыылаан, кыйдаан таһаарар. Дьахтар күннэтэ үөҕүүтүн нэһиилэ тулуйан туттуна сылдьар киһи төлө барара биллэр. Миша оҕолорун көрсүбэт аҕа буолбатах. Кыратын күннэтэ дьыссаакка илдьэрин-аҕаларын, хайдах курдук эппиэтинэстээҕин бу уһуйаан үлэһиттэрэ олус үчүгэйдик суруйбуттар. Уолаттарыгар эмиэ ураты истиҥник, харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын, «Инстаграмтан» да булан ааҕыахха сөп. Ол үрдүнэн ийэ кынна силиэдэбэтэлгэ биэрбит көрдөрүүтүгэр күтүөтүн туһунан “хаһан даҕаны оҕо көрсүбэтин, дьиэҕэ көстүбэтин, арыгы иһэрин” туһунан олус холуннаран суруйбут. Ама да сүтүктээх ийэ буолбутун иһин, баары суох гынан сымыйанан итинник холуннарара, сыанабыл биэрэрэ сүрдээх дьыала. Оҕо көрсөрүн туһунан уһуйаан үлэһиттэрэ биэрбит көрдөрүүлэрэ баар. Арыгы испэтэҕин туһунан бииргэ үлэлиир да дьоно этиэхтэрин сөп.
Барыта быа, туһах булан
Миша силиэстийэ кэмигэр биэрбит көрдөрүүтүттэн көрдөххө, ити күн сарсыарда тастыҥ балтыгар оҕолорун таҥастарын сууйтара барар. Сууйтара сылдьан, тэлэбиидэнньэҕэ баран, ыксаллаах сакааһын оҥорон бүтэрэр. Таҥас сууйар дьиэтигэр төттөрү кэлэр уонна А.К. диэн табаарыһын ыҥырар. Таҥас сууйтарар кэмигэр биирдэрэ күүтэн олорор, кэпсэтэллэр. Онтон дьиэлээн иһэн, ити табаарыһа дьиэтин аттыгар шашлыктыахха диэн ыҥырар. Ийэ кынныттан үүрүллүбүтүн санаан, дьиэтигэр барбакка сөбүлэһэр. Баран иһэн маҕаһыынтан икки бааҥка биирдии лиитирэлээх пиибэ атыылаһаллар. Алексей табаарыһын – А.В. диэн киһини ыҥырар. Үс буолан шашлыктыыллар, Миша пиибэ иһэр, атыттара буокка атыылаһан иһэллэр. Ол кэннэ тарҕаһаллар. Миша дьиэтигэр кыыһыгар барбытын ийэ кынна эмиэ ыһыытаан-хаһыытаан, дьиэтиттэн үүрэн таһаарар. Хайыай, итиччэ үүрүллэн баран, кыыһын докумуонун ылан, дьиэттэн тахсан барарга күһэллэр. Үүрүллүбүт киһи быһыытынан, табаарыһыгар барар. Эбии биир бытыылка буокка, икки пиибэ атыылаһаллар. Ол кэннэ, өлүү болдьохтоох, саҥа билсибит киһитин кытары Миша балтын дьиэтигэр бараллар. Ол баран иһэн эмиэ пиибэ, буокка атыылаһаллар. Балтын дьиэтигэр тиийэн иһэ олордохторуна, балта кэлэн, үүртэлээн ыытар. Миша ханна да барар сирэ суох буолан, балтыттан: “Эйиэхэ хоно хаалабын дуо?” – диэн көрдөһөн көрөр да, анараата төрүт сөбүлэспэт. Үүрэн ыытар. “Саатар, илдьэн биэр!” – диэн, таайын аахха илтэрэллэр.
Туох буолбутай?!
Хайыай, саҥа булсубут атаһын кытары Сунтарская диэн переулокка олорор таайыгар – Игнатьев Николайга тиийэллэр. Испитэ ырааппыт киһи дьиэтэ-уота туох аанньа буолуой... Хаарыаннаах төрөппүттэрин дьиэлэрэ, арыгыһыттар мустан арыгылыыр “притоннарыгар” кубулуйбут.
Силиэстийэ кэмигэр уорбаланааччы Петров Михаил көрдөрүүтүн маннык биэрбит: “Саҥа билсибит киһибин кытары таайым дьиэтигэр киирбиппит, киһибит итирик туруктаах хоһугар сытар этэ. Киирбит дьон быһыытынан дорооболоһон баран, саалаҕа арыгыбытын ситэри испиппит. Бу кэмҥэ Игнатьевы ыҥырбыппыт. Антонов Владик тахсыбытын кэннэ, таайбын “үөрэтэн” киирэн барбытым. “Арыгылыыгын, киһи буолан бүппүккүн...” – диэн саҥарбытым, мөхпүтүм уонна бэйэбин холобурдаабытым. Төһө да кэргэним өллөр, оҕолорум туһугар салгыы олоро сатыыбын, арыгы испэппин диэн. Онуоха киһим: “Куһаҕаннык өлбүт ойоххун санаама, итинниктэри ахтыллыбат”, – диэбитэ. Түөрт уон хонугу быһа илдьэ сылдьыбыт аһыыбын-абабын таарыйтаран, ынырыктык ньиэрбинэйдээбитим. Кыыһырар кэммэр таайбын сутурукпунан, ытыспынан иккитэ-үстэ охсуталыыр курдугум, ол барыта кини утуйар хоһугар буолбута. Атын хоско киирэн, ыскаабы суулларан эрэрим уонна эмискэ төбөм аһыс гыммыта, хайдах эрэ буолбутум. Ол кэннэ туох буолбутун төрүт өйдөөбөппүн. Сарсыарда уһуктубутум, аттыбар хайыы үйэ сойбут киһи сытар этэ. Мин ыксаан хаалбытым, дэлби хаһыытаабытым, ыалларбын тахсан ыҥыра сатаабытым. Ким да аанын аспатаҕа. Ыксаан, онно-манна субуоннаталаабытым. Өлүгү саала хоско соспутум, түннүгү арыйбытым. Биир таайбын – И.В. ыҥырбытым. Кини кэлэн, полицияны ыҥырбыта” (Кылгатыллыбыт тылбаас). Михаил этэринэн, ньиэрбинэйдээбитин кэннэ эмискэ төбөтө ыалдьыбыт уонна ол кэннэ туох буолбутун өйдөөбөт. Баҕар, ким эрэ кинини кэнниттэн кэлэн төбөҕө охсон дөйүппүтэ буолаарай?!
Туоһулар көрдөрүүлэрэ
Уорбаланааччыны кытары А.В. диэн киһи быһылаан буолбут сиригэр кэлсибит. Бу киһи алтынньы 2 күнүгэр маннык көрдөрүүнү биэрбит: “Убайбын кытары массыына өрөмүөннүү сырыттахпытына, 15 чаас 30 мүнүүтэҕэ Леха диэн билэр уолум субуоннаабыта. “Дьиэм таһыгар шашлыктыы сылдьабыт, кэлбэккин дуо?” – диэн. Мин 16 чааска кинилэргэ тиийбитим. Леха Петров Михаил диэн табаарыһын кытары шашлыктыы уонна биирдии пиибэ иһэ тураллар этэ. Кэпсэтэ түһэн баран, таксыы сакаастаан “Эрэл” диэн маҕаһыынтан биир буокка атыыласпыппыт. Леха биһикки буокка испиппит. Миша буокка иһэртэн аккаастаммыта, ол иһин таксыыга икки бытыылка пиибэ сакаастаабыппыт. Иһэн баран маҕаһыын сабыллыан иннинэ өссө баран аһыы утаҕы атыыласпыппыт уонна Миша балтын кыбартыыратыгар барбыппыт. Онно тиийэн иһэ олордохпутуна, балта кэлэн үүртэлээбитэ. Леха дьиэтигэр барбыта, тугунан барбытын билбэппин. Биһигини балта атын аадырыска илдьэн биэрбитэ. Икки кыбартыыралаах арболит дьиэҕэ тиийбиппит. Бастаан Миша бэйэтэ киирбитэ уонна тахсан ыҥырбыта. 22 чаас буолбут этэ. Дьиэҕэ биир сааһырбыт итирик киһи баара. Испитэ ырааппыт көрүҥнээх этэ. Дьиэ иһэ ыһыллан-тоҕуллан дьаабы этэ. Дьиэ сыта куһаҕанын иһин, таһырдьа кирилиэскэ тахсан илдьэ кэлбит буоккабытын испиппит. Били дьиэҕэ баар киһи биһиэхэ тахсыбыта. Тымныытын иһин иһирдьэ, саала хоско, киирэн ситэри испиппит. Миша аймаҕын “үөрэтэн” киирэн барбыта. Охсубатаҕа, көннөрү мөхпүтэ. 22 чаас 30 мүнүүтэҕэ дьиэттэн тахсан барбытым. Дьиэбэр сатыы 23 чааска тиийбитим. Сарсыарда 9 чаас 30 мүнүүтэҕэ уһуктан Миша субуоннаабытын көрбүтүм уонна киниэхэ эрийбитим. Миша аймаҕа өлбүтүн туһунан эппитэ. Төлөпүөнүм нүөмэрин сотторорун туһунан эппитэ. Ол кэннэ кинини көрбөтөҕүм”. Бу киһи иккис көрдөрүүтүгэр “Миша буокканы куһаҕаннык иһэрин туһунан эрдэ сэрэппитин” туһунан эбэн эппит. Уонна бүтэһигэр Мишаны “итирбитэ” диэбит. Оттон уорбаланааччы көрдөрүүтүгэр барытыгар буокка испэтэҕин, пиибэ эрэ испитин эппит этэ.
Туоһу Н.И-ва көрдөрүүтэ: “Мин бу күн Дьокуускайтан кэлбитим. Дьиэбэр киирэ сылдьыбытым, ким да суох этэ. Утары олорор ыалбар тахсыбытым. Д. диэн чүөчэлиин олороллор этэ. “Олоро түһүөххэ” диэн буолбута. Кинилэр маҕаһыынтан арыгы атыылаһан кэлбиттэрэ, мин дьиэбэр тахсыбытым. Кэлбиттэрин кэннэ биһиэхэ атыыласпыт буоккаларын испиппит. 18 чааска кыргыттар дьиэлээбиттэрэ, мин дьиэбэр хаалбытым. Киэһэ 20 чаас кэннэ убайым Игнатьев Николай кэлбитэ, итирик этэ. Кэлэн, хоһугар киирэн сыппыта. Мин Папанин аатынан уулуссаҕа балтыбар барбытым. 21 чаас саҕана дьиэбэр төттөрү кэлбитим. Убайым хоһугар племяннигым муостаҕа олорон убайбын мөҕө олорор этэ. Коляны мин баарбар 3-4-тэ сутуругунан төбөҕө охсуталаабыта. Мин уоскута сатаабытым, Миша онно тохтообута. Ол гынан баран, син биир “агрессивнай” этэ. Сүгүн буолуо суох диэн, мин дьиэттэн куоппутум. Балтыбар хоно барбытым. Дьиэлэрэ уота суоҕун иһин, массыынатыгар киирэн утуйбутум. Убайым өлбүтүн туһунан сарсыарда биирдэ истибитим”. Көрөргүт курдук, бу туоһу А.В. баарын туһунан биир да тылынан ахтыбатах. Оттон уорбаланааччы Петров уонна туоһу А.В., тоҕо эрэ бу дьахтар быһылаан буолбут дьиэтигэр ити кэмҥэ баарын туһунан эмиэ биир да тылынан ахтыбатахтар. Тоҕо?! Бу дьахтар, баҕар, туох буолбутун, Игнатьев Николайы ким өлөрбүтүн көрбүтэ буолаарай?!
Истибит туоһу көрдөрүүтүнэн...
Туоһу Д.Ф. (истиэнэ нөҥүө олорор дьахтар) алтынньы 1 күнүгэр биэрбит көрдөрүүтэ: “Бэҕэһээ дьиэбэр олордохпуна, 20 чаас кэннэ Игнатьевтар дьиэлэригэр дьон саҥата иһиллибитэ. Саҥаларыттан иһиттэхпинэ, үс киһи быһыылааҕа. Кыралаан этиһэн ылаллара. Ким эрэ: “Бүт эрэ”, – диирэ иһиллэрэ. Киэһэ 22 чаас саҕана мин хоспор киирэн сыппытым. Онно саҥалара иһиллибэт. Хоспор сыттахпына, киэһэ 23 чаас кэннэ өстүөкүлэ алдьанара уонна тугу эрэ тамныыр тыас иһиллибитэ. Тэлэбиисэри сиргэ хаста даҕаны быраҕаттыыр тыас иһиллибитэ. Мин санаабар, барытын биир киһи быраҕаттыыра. Тоҕо диэтэххэ, тугу да саҥарбакка, хаһыытаабакка быраҕаттыыр этэ. Онтон куукуна диэки биир киһи улахан баҕайытык үөгүлээбитэ уонна чуумпурбута. Ол кэннэ тыас-уус сүппүтэ. Охсуһуу суох курдук этэ. Түүн этиһэллэригэр “Владик” диэн ааттыыллара иһиллибитэ. Д.Ф. иккис көрдөрүүтүгэр (алтынньы 22 күнүгэр биэрбит): “Балаҕан ыйын 30 күнүгэр дьиэбэр олорбутум. Киэһэ 19-20 чааска үс эр киһи саҥатын истибитим. Кимнээх куоластара буоларын билбэппин. Бастакы куолас кими эрэ мөҕөр этэ, иккиһэ ону тохтото сатыыра. Онтон чуумпурбуттара. Мин утуйар хоспор утуйа барбытым. Онно 22 чаас саҕана истиэнэ нөҥүө ыскаап сууллар, өстүөкүлэ алдьанар тыаһа иһиллибитэ. Ол кэннэ пластмасс тэлэбиисэр туохха эрэ саайыллар тыаһын истибитим. Ону сэргэ бүтэҥи охсор тыас баара, ол эбэтэр ким эрэ тугу эрэ тэбиэлиир курдуга. Бу кэмҥэ ким даҕаны саҥарбатаҕа уонна биир эрэ киһи тыастаах баҕайытык хаамара. Ол кэмҥэ киһи хаһыытын истибитим. Саҥа таһаарар хаһыы буолбатах, көннөрү дорҕоон таһаарар курдуга. Ол хаһыы куукуна диэкиттэн иһиллэрэ”, – диэбит. Бу туоһуну үһүстээн доппуруостуулларыгар эмиэ көрдөрүүтүн ити курдук биэрбит. Киэһэ 19 чаас үс киһи кэпсэтэрин, икки киһи этиһэрин, этиһэн бүппүттэрин, наллаан кэпсэппиттэрин, күлэллэрин истибитин эппит. Киэһэ 22 чаас кэннэ ыскаап суулларын, өстүөкүлэ алдьанарын, пластмасс тэлэбиисэр сууллар тыаһын, ким эрэ тэбиэлиирин, куукуна диэкиттэн дорҕоон таһаарар хаһыы иһиллибитин эппит. Бу тыаһы барытын утуйар хоско сытан истибит.
Бу туоһу дьахтар этэринэн көрдөххө, уорбаланааччы Петров таайын мөҕө-этэ, айдаара-куйдаара сылдьыбыт бэйэтэ, хайдах эмискэ саҥата суох им-ньим барыай? Эмиэ өйдөммөт балаһыанньа. Айдаара сылдьыбыт, эбиитин өйүттэн тахсыбыт киһи ситэри айдаарыахтаах, ыһыытыахтаах, хаһыытыахтаах этэ буоллаҕа. Буолаары буолан, ону-маны тамныырыгар, кими эрэ тэбиэлииригэр, охсуолууругар. Оннук буолбатах дуо?
Туоһу Н.И. бастакы да, иккис да көрдөрүүтүгэр быһылаан буолбут сиригэр А.В. баарын туһунан биир даҕаны тылынан ахтыбатах. А. да, уорбаланааччы Петров даҕаны эмиэ бу туоһуну быһылаан буолбут сиригэр ити кэмҥэ баарын туһунан биир да тылынан суруйбатахтар. Ону, саатар, силиэдэбэтэл да ыйыталаспатах. Дьэ, дьикти... Бириэмэни көрдөххө, И. бу дьиэҕэ Петровтаах А.В. иккиэн баар кэмнэригэр баар эбит. Өскөтүн А.В. бэйэтэ этэринэн, кини бу дьиэттэн 22 чаас 30 мүнүүтэҕэ тахсан барбыт буоллаҕына, бу туоһу дьахтар баар кэмигэр кини эмиэ баар. Оччотугар тоҕо бэйэ-бэйэлэрин кистээтилэр диэн ыйытык үөскүүр!
Оттон Д.Ф. диэн туоһу Н.Иг-а саҥатын бу кэмҥэ истибитин туһунан тоҕо эрэ эмиэ эппэт. Оччотугар бу дьахтар быһылаан кэмигэр дьиэҕэ баар дуу, суох дуу? Кини көрдөрүүтүгэр Петров кини көрөн турдаҕына Игнатьевы охсуолаабытын туһунан тоҕо эппитэй? Бу туһунан силиэдэбэтэл туоһулартан эмиэ чопчуласпатах.
Дьикти-дьиибэ дакаастабыллар
Быһылаан буолбутун кэннэ, силиэстийэ кэмигэр быһылаан буолбут дьиэтин-уотун сыныйан, чинчийэн көрүүгэ дьиктитэ диэн, соҕотох уорбаланааччы Петров атаҕын суола эрэ баарын булбуттар. Уоннааҕылар, туоһу А.В., өлбүт Игнатьев, туоһу И. уо.д.а. көтө сылдьыбыттар быһыылаах. Куһаҕантан киһи да күлэр. Бу – бастакыта.
Иккиһинэн, бокуонньук бүтүн баһа хампарыйыар диэри хаана дьиэни биир гына халыйыахтаах этэ буоллаҕа. Ону баара, хаана суох. Эмиэ дьикти. Ып-ыраас гына сууйуллубут, сотуллубут курдук. Били, үөһэ этиллибит уорбаланааччыттан ураты атын дьон атахтарын суоллара суоҕар дылы.
Үсүһүнэн, бокуонньук баһын уҥуоҕа эмтэрийиэр, сирэйин уҥуоҕа ханньайыар, ойоҕоһугар биир даҕаны бүтүн уҥуох хаалымыар, иһэ-үөһэ бүттэтэ суох барыар диэри сидьиҥник кыыллыы кырбаммыт. Киһини этэ-сиинэ, уҥуоҕа-иҥиэҕэ бу үлүгэр буолуор диэри кырбаабыт киһи, дьиҥэ, бэйэтин сутуруга илдьи барыан сөп этэ. Эспэртиисэ этэринэн, уорбаланааччы сутуругар баара-суоҕа биир тарбаҕар сараапыналаах диэн суруллубут. Ону силиэдэбэтэл “улуу” дакаастабыл курдук ылыммыт. Уорбаланааччы быһылаан буолбут сарсыҥҥытыгар хаайылла сытар сиригэр ийэтэ уолун көрсөрүгэр, Миша сутуруга ырааһын, биир даҕаны эчэйиитэ, сараапыната суоҕун этэр. Ама, ити үлүгэр бүтүн киһини эттээһиҥҥэ биир эрэ тарбахха сараапына хаалыа дуо?!
Төрдүһүнэн, уорбаланааччы быһылаан кэмигэр кэтэ сылдьар таҥаһыгар хааппыла да хаан суоҕа эмиэ дьикти. Сыччах кэтэ сылдьыбыт атаҕын таҥаһыгар хааннаах. Уорбаланааччы доппуруос кэмигэр чопчулаабытынан, сарсыарда уһуктубутугар ол атаҕын таҥаһа уһуллан аттыгар сытарыттан соһуйбут. Ама да буолбутун иһин, ити үлүгэри “оҥорбут” итирик киһи кирдээх дьиэҕэ, муостаҕа сууллан түһэн утуйарыгар атаҕын таҥаһын устубута буолуо дуо?! Саарбахтыыбын.
Силиэдэбэтэл булбут дакаастабылларын көрдөрөн туран, сөпсөспөт өрүттэр өссө даҕаны баалларын этэбин. Саатар, туоһулар этэр бириэмэлэрэ да сөп түбэспэт. Силиэдэбэтэл бэлэм уорбаланааччы баар диэн, туоһулары ымчыгар-чымпыгар тиийэ ыйыппатах, дакаастыыр матырыйаалы хомуйбатах буолан тахсар курдук.
Дьиҥэр туох буолбутай?! (сабаҕалааһын...)
Маннык этэн туран, ол күн буолбут биэрсийэни этиэхпин баҕарабын. Мин бу быһылаан буолбутун кэннэ, айылҕаттан айдарыылаах икки удаҕаҥҥа сылдьыбытым. Бокуонньук уонна уорбаланааччы хаартыскаларын туппутунан. Иккиэннэригэр – тус-туһунан кэмҥэ. Аны, бу айылҕалаах дьоммут бэйэ-бэйэлэрин билсибэттэр. Хаартысканы көрдөрөн ыйытааппын кытары, хартыынаны хайдах баарынан ойуулаан биэрдилэр. Хас киһи баарын, тугу кэпсэппиттэрин, өссө ким өлөрбүтүн эмиэ. Уорбаланааччы эрэйдээх өйүн сүтэрэн, тугу даҕаны өйдөөбөт, билээхтээбэт буолан маннык ыар буруйу ылынарга күһэлиннэҕэ. Петров Михаил көрдөрүүтүгэр да этэрин курдук, эмсэҕэлээччи наар арыгылыырыттан кыһыйан-абаран элбэхтик мөхпүт-үөхпүт, маатыралаабыт, айдаарбыт-куйдаарбыт, аны сүрэҕин бааһын таарыйтаран, өһүргэнэн, ньиэрбинэйдээн иккитэ-үстэ сирэйгэ охсубут, ыскаабы суулларбыт. Манан кини дьайыыта бүтэр. Ол кэннэ туох буолбутун өйдөөбөт. Кинини бу кэмҥэ кэнниттэн кэлэн ким эрэ дөйүтүөн сөп диэн сабаҕалааһын баар. Ол иһин тугу да өйдөөбөт. Оттон ыаллара туоһу дьахтар инники айдаарбыт, мөхпүт киһи кэлин биир да тылы саҥарбатаҕын туһунан эппитэ. Кини ол кэмҥэ дөйө сыттаҕа дии. Оттон дьиҥнээх өлөрүөхсүт дьыалатын барытын туох да айдаана-куйдаана, саҥата суох ымыр да гыммакка, быһаарбыт курдук. Ол эбэтэр, эмсэҕэлээччини атаҕынан үнтү тэбиэлээбит, быһата, туох баар ойоҕоһун уҥуоҕа тостуор, иһэ-үөһэ бүттэтэ суох, төбөтө, сирэйэ ханньаччы барыар диэри сытар киһи үрдүгэр эккирээбит (Туоһу эппитин курдук, ким эрэ тугу эрэ тэбиэлиир тыаһа иһиллибит). Өлөрүөхсүт дөйө сытар киһини (уорбаланааччыны) уонна бокуонньугу иккиэннэрин кэккэлэһиннэри сытыартаан кэбиһиэн сөп. Хааны-сиини сууйан баран, уорбаланааччы атаҕын таҥаһын устан бокуонньук хааныгар биспит уонна аттыгар ууран кэбиспит буолуон сөп. Мин санаабар, силиэдэбэтэл иккис киһини (туоһуну) кистии-саба сатыыр курдук, ити киһи таҥаһын-сабын бэрэбиэркэлээбэтэҕин, доппуруоһугар үчүгэйдик ыкпатаҕын сатаан санаабаппын.
Онон Сунтаардааҕы силиэстийэлиир кэмитиэт силиэдэбэтэлэ ситэтэ суох сиикэй, биир эрэ киһини уорбалыыр, билиннэрэр сиэрэ суох ыытыллыбыт силиэстийэтэ сыччах уорбаланааччыны буруйдаан хаайар эрэ интэриэстээх. Тоҕото өйдөнөр. Сыыппара, былаан сырсыыта. Оттон буруйа суох киһи 15 сылга диэри хаайылларыгар, төлкөтө түҥнэстэригэр, дьылҕата хайдах буоларыгар, кыракый кыысчаана аҕата суох улаатарыгар кинилэр кымаардаан да көрбөттөр. Бу матырыйаалы суруйа сылдьар кэммэр Сунтаарга бу дьыаланан суут саҕаланна. Дьэ, суут хайдах барарын кыраҕытык кэтээн көрүөхпүт. Кэлэр нүөмэргэ суруйуохпут.
Бэй. кэр.