Арассыыйаҕа саҥа тутуллар дьиэлэргэ кыбартыыра сыаната 12% үрдүөҕэ, оттон элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирэллэрэ 15% аччыаҕа диэн ТАСС күн бэҕэһээ иһитиннэрии таһаарда.
Ол аата, судургутук быһаардахха, кыбартыыра сыаната – таас буоллун, учаастак дьиэтэ буоллун (ис дьиҥэр киирдэххэ, хайатыгар да охсор) – биллэрдик үрдүүр эбит диэн өйдүөххэ сөп. Солкуобай хамсааһынын, кириисис ыган кэлиитин түмүгэр ити уларыйыы сыл бүтүүтэ дьэ дьиҥ чахчы биллэн барыаҕа. 2021-2025 сылларга дьиэлэр бу үрдээбит сыаналарын тутан туруохтара, сыана өтөрүнэн түһүө суоҕа диэн федеральнай эспиэрдэр сабаҕалыыллар.
Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ дохуота түһэ турарынан сибээстээн, дойдубут соҕуруу куораттарыгар балаҕан ыйын бүтүүтүттэн саҥа тутулла турар дьиэлэргэ спрос түспүтүн бэлиэтээтилэр. Онтон 2020 сыл түмүгэр дойду үрдүнэн «новостройкалары» атыылаан киллэрэр выручка 20 % түһэрин (2,9 трлн солкуобайга диэри), оттон атыыланар дьиэ иэнэ 33 %, ол эбэтэр 32 мөл. кв.м. диэри аччыырын сэрэтэллэр. Дьиэ-уот тутуутун ырыынага 2019 сыллааҕы таһымын эрдэлээбитэ 2025 сылга биирдэ ылар эбит диэн өйдөбүл үөскүүр.
Дьоллоох Дьокуускайга балаһыанньа хайдаҕый?
Ити – дойдуга уопсай балаһыанньа. Оттон бэйэлээх бэйэбит Дьокуускайбытыгар балаһыанньа хайдаҕый?
Биир өттүнэн ылан көрдөххө, кэлиҥҥи икки сылга эдэр ыал дьиэлэнэригэр судаарыстыба көмө, чэпчэтии бөҕөнү оҥорор курдук. Оҥорбот буолбатах, кырдьык, оҥорор. Уһук Илиннээҕи 2 %-наах ипэтиэкэ диэн, эдэр дьиэ кэргэҥҥэ чэпчэтиилээх ипэтиэкэ диэн, аны туран, тыаҕа олохсуйар эдэр дьоҥҥо эмиэ кыра бырыһыаннаах туһунан ипэтиэкэ баар. Баҕарбыт дьиэҕин-уоккун, кыбартыыраҕын ылан, быр бааччы олор, үлэлээ-хамсаа, үүн-сайын, онно туох мэһэйдиирий диэн өйдөбүл үөскүүргэ дылы.
Иккис өттүнэн, бу саныырбыт курдук, барыта судургу буолбатах. Сыл саҥатыгар 2 %-наах «Уһук Илин» уонна эдэр ыалга субсидиялаах (5 %-наах) ипэтиэкэ киириэҕиттэн дьиэ сыаната үрдээн барбыта. Наадыйыы баар – сыана үрдүүр. Сыл аҥаарын анараа өттүгэр кыбадыраата 85-95 тыһ. солкуобайга атыылана турбут дьиэлэр билигин хайыы үйэ 105-110 солк. буола оҕустулар. Оннооҕор икки-үс сылынан биирдэ үлэҕэ киириэхтээх саҥа тутулла турар дьиэлэргэ кыбартыыра кыбадыраатын 100 тыһ. солкуобайтан кыраҕа атыылаабат буолан тураллар.
Биир күн кэллиэгэм үлэтигэр ыксаан аҕай кэллэ. Маннык кэпсээннээх буолла: “Бэҕэһээ Студгородок түөлбэтигэр 55 кв.м. иэннээх, өрөмүөннэммэтэҕэ үйэ буолбут дьиэни көрөн кэллим. Сыанатын 6 мөлүйүөн диэтилэр. Сыана хаһан итиччэ үрдүү оҕуста?!” Сөҕүү-соһуйуу бөҕө.
Биллэриилэри киирэн көрөттөөтүм. Сыана быйыл сааскыттан ортотунан 200-250 тыһ. солкуобайынан үрдээбит. Холобур, сайын, чопчулаан эттэххэ, от ыйыгар, Ярославскай уулуссатыгар турар КПД дьиэҕэ 2 хостоох кыбартыыраны 4 мөл. 200 тыһ. атыылыыбыт диэн биллэрии таһаарбыттар. Икки ый иһигэр онтуларын 4 мөл. 500 тыһ. солкуобайга диэри үрдэппиттэр. Итиччэ үрдэппиттэрин кэннэ «дьон ыйыталаһар эбит дуо?» диэн интэриэһиргээн, эрийэ сырыттым. «Кыбартыыра атыыламмыта. Бааҥҥа докумуон түһэрсэ сылдьабыт», – диэн хоруйдаатылар.
Иккис түбэлтэ. Кыһын, хамсык Кытайга саҥа тарҕанан эрдэҕинэ, Кыайыы болуоссатын аттыгар турар, 90-с сылларга тутуллубут, 112 сиэрийэлээх дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыраны 4 мөл. 800 тыһ. атыылыыбыт диэн биллэрии баара. Ол дьиэ билигин да атыыга турар эбит. Өрөмүөннээбэтэхтэрин, саҥа миэбэл атыыласпатахтарын үрдүнэн сыаната биллэрдик эбиллибит – 5 мөл. 100 тыһ. солк.
Дьон санаата маннык эбит:
– Борокуратуура тоҕо дьиэ, кыбартыыра сыанатын бэрэбиэркэлээбэтий? Дьиэбит сыаната ыараханынан дойду үрдүнэн үһүс миэстэҕэ турабыт. Бүгүн сарсыарда сонуннарга өссө 15 % үрдүөҕэ диэн кэпсээн «үөртүлэр». Ол аата итинтэн өссө элбэх бырыһыан үрдүүр.
– Кыра учаастак – 4 мөлүйүөн! Ити харчыга сылаас килиимэттээх сиргэ, Арассыыйа киин чааһыгар, дьиэ ылбытым ордук курдук буолан тахсар.
– Санкт-Петербург саҥа кыбартаалыгар кыбартыыра сыаната Дьокуускайдааҕар чэпчэки. Атын эрэгийиэннэри киһи этэ да барбат. 2 %-наах ипэтиэкэ киириэҕиттэн дьиэ сыанатын халлааҥҥа тиийэ үлүннэрдилэр.
– РИА сыананы үрдэппэппин диэбитэ даҕаны, Жорницкай уулуссатыгар эһиил үлэҕэ киириэхтээх дьиэ кв.м. 100 тыһ. солк. атыылана турар.
– Федеральнай сокуоннар улахан мегаполистар интэриэстэригэр үлэлиир. Ол онтон кыра эрэгийиэннэр экэниэмикэлэрэ атахтанар, норуот эмсэҕэлиир.
– Бу маннык араллаан 2014 сыл бүтүүтүгэр буола сылдьыбыта. Билэр киһим Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа 80-с сылларга тутуллубут дьиэҕэ 1 хостоох кыбартыыраны 3,8 мөлүйүөҥҥэ атыылаан турар. Биир-икки сылынан сыана түһэн хаалбыта. Билигин куорат киинигэр КПД дьиэҕэ 1 хостоох кыбартыыра үрдээбитэ 3.6 мөл. атыылыыллар.
Кыбартыыраҕын төһөҕө атыыластыҥ, атыылаатыҥ?
Кэлиҥҥи икки ыйга Дьокуускайга кыбартыыра атыыласпыт дьону кытта кэпсэттим. Төһөҕө ылбыттарый? Дьиэ сыаната хайдаҕый? Туораттан эбии дохуота суох, орто хамнастаах тыа киһитэ уйунуон сөп эбит дуо?
Мария Горохова, Дьааҥы Баатаҕайыгар олорор, 38 саастаах:
– Иккис оҕобун оҕолоноот, ийэ хапытаалын туһанан Дьокуускайга кыбартыыра ылынар санаалаах этим. Сыана үрдүүр кэмигэр түбэһэн хааллым. Балаһыанньа өтөрүнэн көнүө суох диэммин, Студгородок түөлбэтигэр саҥатык дьиэҕэ 55 кв.м. иэннээх икки хостоох кыбартыыраны көрдөөн-көрдөөн 5 мөл. 700 тыһ. буллум. Куорат киинигэр саҥатык дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыралар 6 мөл. чэпчэкигэ суохтар. Аны туран, бу кыбартыыра саас 5 мөл. 400 тыһ. атыылана турбут. Дьэ, дьиэ сыаната уларыйар да эбит! Килиэп да сыаната итинник түргэнник үрдээбэт. Кыра уурунуу харчылаах этим. Ийэ хапытаалын кытта холбоон, мөлүйүөҥҥэ кыранан тиийбэтэ. Ипэтиэкэбин оруобуна 20 сылга суруйтардым. Ый аайы 40 000-ҕа чугаһыыр сууманы төлүөхтээхпин. Төлөбүрэ элбэх да буоллар, хайдах гыныахпыный... Оҕолор улаатан эрэллэр. Куоракка кэлиэхтэрэ-барыахтара турдаҕа. Онно чугас аймахпыт суох.
***
Александр Васильев, Дьокуускай олохтооҕо, быраас идэлээх, түөрт уончалаах:
– Ленин бэрэспиэгэр турар 90-c сыллаах дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыралаах этим. Саас, кулун тутар бүтүүтэ, 4 мөл. 750 тыһ. атыылаан испитим. «Харчыны ууран биэрэбин» диир киһи баара да, эмискэ сыстыганнаах дьаҥ туран хаалан, балаһыанньа көннүн, оннун-тойун буллун диэн тохтообутум. Итиччэ ыгым кэмҥэ саҥа дьиэни ханна көрдүү барыахпыный? Күһүн, балаҕан ыйыгар, атыылаан көрөргө санаммытым. Ырыынагы үөрэтэн баран, 5 мөл. 50 тыһ. атыылыырга быһаарыммытым. Биллэрии таһаарбыт күнүм киэһэтигэр дьиэм атыыламмыта. Арыый ыарахан сыанаҕа атыылаабакка дии саныыбын. Барыа эбит. Бу кыбартыырабын былырыын сайын 4.3 мөл. ылбытым. Онон, сыл иһигэр 700 тыһ. солкуобайы көтөхтүм. Сатыыр дьон ити курдук эргинэн харчы оҥороллор эбит.
Халбаҥ кэм: дьиэ атыылаһабыт дуу, балаһыанньа оннун-тойун буларын кэтэһэбит дуу?
Бу ыйытыыга үгүс киһи төбөтүн сынньар буолуохтаах: атыылаһабыт дуу, эбэтэр кэтэһэбит дуу? Дьиэ, кыбартыыра атыытын эйгэтигэр ахсыс сылын үлэлиир, «Правовой центр недвижимости» риэлтордар ааҕыныстыбаларын тэрийэн үлэлэппит, билигин «Home_ykt» түмсүүнү салайар Аркадий Назаровка сибээскэ тахса сырыттым.
– Аркадий, ырыынагы кэтээн көрө олорор буолуохтааххын. Дьиэ сыанатын үрдэттилэр. Федеральнай эспиэрдэр 4-5 сыл устата маннык балаһыанньа туруоҕа дииллэр. Дьокуускайга балаһыанньа хайдаҕый?
– Дьокуускайга дьиэ, кыбартыыра атыылаһарга уустук кэм кэлэн эрэр. Сыана өтөрүнэн түһүө суоҕа. «Новостройкаҕа» кыбадыраатын 100-110 тыһ. солкуобайга атыыласпыт дьон өрөмүөннэтэн баран, итинтэн кыра сыанаҕа атыылаабаттара чахчы. Эһиил саас сыана өссө үрдүө дии саныыбын. «Вторичнай» ырыынакка сыана эмиэ үөһэ тахсан эрэр.
– Саҥа тутулла турар дьиэ сыаната үрдүүрүн, чэ, өйдүөххэ сөп. 2 %-наах ипэтиэкэ, онно эбии тутулла турар дьиэ ахсаанын аччатан кэбистилэр. Оттон «вторичнай» ырыынак сыаната тоҕо хамсыырый?
– Наадыйыы баар. Сыл саҥатыгар Уһук Илин бырагырааматынан ипэтиэкэ киирээтин кытта эдэр ыаллар саҥа тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһар түбүккэ түспүттэрэ. “Вторичнай” ырыынакка дьиэ бөҕө атыыламмыта. Ыксыыр уонна атыыланар дьиэ элбэх буолан, сыана билиҥҥиттэн быдан намыһах этэ. Саас атыыласпыт дьон, дьэ, абыранан олороллор. Үчүгэй түөлбэҕэ тутуллар дьиэлэр атыыланан бүттүлэр. Дьон аны чэпчэтиилээх ипэтиэкэни туһанаары, дьиэ туттан эрэллэр. Ол иһин учаастак сыаната ыараан таҕыста. Үчүгэй түөлбэҕэ кубус-кураанах учаастагы 2 мөлүйүөнтэн тахсаҕа атыылаан эрэллэр.
– Оччотугар билигин дьиэ атыылаһар наада дуу, суох дуу?
– Уһук Илин бырагырааматынан чэпчэтиилээх ипэтиэкэҕэ хапсыбыт буоллаххытына, атыылаһыҥ. Үчүгэй түөлбэҕэ «новостройкалар» аҕыйаан иһэллэр. Сыанатын төһө да үрдэппиттэрин иһин 8-9 %-наах көннөрү ипэтиэкэҕэ тэҥнээтэххэ, син биир барыстаах. Кыах баар буоллаҕына, учаастак атыылаһан бэйэҕит туттаргыт ордук. Чааһынай дьиэ сыаната сыл аайы үрдүү турар. Оттон ханнык да бырагыраамаҕа кыайан хапсыбат буоллаххытына, «вторичнай» ырыынакка саҥа дьиэни атыылаһаргыт ордук. Биири сүбэлиэм этэ. Атыылаһыаххыт иннинэ «бу дьиэ кэлин атыыга хамаҕатык барыа дуо?» диэн толкуйдаан көрүҥ. Уурбут-туппут курдук өрөмүөннээх, сыаналаах миэбэллээх дьиэни атыылаһыах кэриэтэ, боростуой эрээри, үчүгэй түөлбэҕэ саҥатык дьиэни ылбыт быдан ордук.
***
Алтынньы ыйыгар дьиэ, кыбартыыра атыытын балаһыанньата маннык. Салгыы быһыы-майгы дьэ хайдах уларыйан иһэр...
Бэлэмнээтэ Диана КЛЕПАНДИНА