2021 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускай куорат дууматын сессиятыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын - Дьокуускай 2032 сылга диэри сайдыытын» туһунан ыйаах таһаарбыта. Бу Ыйааҕы олоххо киллэрии быһыытынан, СӨ Бырабыыталыстыбата Дьокуускай куорат маастар-былаанын толкуйдаан оҥорууга Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас куонкуруһу тэрийэри көҕүлээбитэ.
Онон, 2022 сыл олунньу 22 күнүгэр куонкурус тэриллэн, сайаапкалары хомуйуу саҕаламмыта. Манна Арассыыйа 10 куоратыттан 34 сайаапка киирбититтэн 11 кыттааччыны талбыттара. Олор истэригэр үс биирдиилээн кыттааччы уонна 8 консорциум (хас даҕаны киһи, тэрилтэ холбоһуга) бааллар.
Быһааран эттэххэ, «Куорат маастар-былаана» диэн стратегическэй суолталаах докумуону Владимир Путин Уһук Илиҥҥи регион куораттарын сайыннарар, тупсарар, дьон олороругар табыгастаах оҥорор соруктаах ВЭФ-2021 кэмигэр киллэрбитэ. Дьокуускай куорат маастар-былаанын толкуйдаан оҥоруу сүрүн ирдэбилинэн киин куорат олохтоохторун кытта ыкса алтыһыы, кинилэр санааларын үөрэтии уонна кинилэр ыйар итэҕэстэрин, киллэрэр этиилэрин хомуйуу буолбута.
Дьүүллүүр сүбэҕэ регионнааҕы уонна олохтоох былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, куораты тутуу уонна былааннааһын, архитектура уонна экономика эйгэтин эспиэрдэрэ киирбиттэрэ. Күрэс партнердара - ДОМ.РФ пуонда уонна Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата. Сакаасчыт - «Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр көлүөнэлэрин тус сыаллаах пуондата». Оператор - «ЦЕНТР» стратегическэй сайдыы ааҕыныстыбата.
От ыйын 13 күнүгэр куонкурус түмүктэнэн, үс бастыҥ үлэлээх хамаандалар ааттарын биллэрдилэр. Кыайыылаах үрдүк аатын «Институт Генплана Москвы» ГАУ сүрүннүүр консорциума сүктэ. Манна 6 тэрилтэ холбоһон үлэлээбит, олор истэригэр Саха сириттэн икки тэрилтэ баар: «ЛСТК-Проект» ХЭТ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Инженернэй-техническэй института. Бириис сууммата – 2,5 мөл.солк.
Иккис миэстэни эмиэ Москуба куораттан «АйЭнДи Аркитектс» ХЭТ салайар консорциума ылла. Бириис сууммата - 2 мөл.солк.
Үһүс миэстэни саамай улахан састааптаах «Мастер’с План» хампаанньа (Москуба) ылла. Манна Саха сириттэн ХИФУ профессор Д.Д. Саввинов аатынан Хоту сир прикладной экологиятын научнай-чинчийэр института, ХИФУ Историческай факультета уонна «Архитектурное бюро «База 14» ХЭТ (Дьокуускай) үлэлэспиттэр. Бириис сууммата - 1 мөл.солк.
Кыайыылаах «Институт Генплана Москвы» ГАУ сүрүннүүр консорциумун сүрүн кэнсиэпсийэтэ Дьокуускай куорат крио-култуура киинэ буолуохтаах диэн. Ол эбэтэр, кинилэр киин куорат инники сайдыытын ирбэт тоҥ ирдиир бары усулуобуйатын тутуһан уонна Саха сирин уратытын көрдөрөн былааннаабыттар. Кыайыылаахтар Дьокуускай куораты бары өттүнэн - климат, экономика, демография, социум, ландшафт, архитектура киритиэрийдэринэн - научнай чинчийии, дьон санаатын араас ньыманан сиһилии үөрэтии кэнниттэн 400 сирэйдээх маастар-былааны үлэни оҥорон туттарбыттар. Кинилэр манна Дьокуускай хас биирдии кыбаартала хайдах сайдыахтааҕын, дьиэлэр ханнык матырыйаалтан тутуллуохтаахтарын, туох үүнээйи үүнүөхтээҕин, тырааныспар хайдах сылдьыахтааҕар тиийэ толкуйдаабыттар.
Бу маастар-былаан чопчу чинчийиилэргэ олоҕуран, дьон баҕатын учуоттаан, олус үрдүк таһымҥа уонна сиһилии оҥоһуллубута кими баҕарар сөхтөрөр уонна кэрэхсэтэр кыахтаах. Ол курдук, кыайыылаахтар толкуйдарынан, Дьокуускай киининэн 67-с уонна 68-с кыбаарталлар буолуохтарын сөп. Маны таһынан, куорат ипподромун оннугар үөрэх уонна култуура кыбаартала тутуллар чинчилээх. Консорциум сүрүн болҕомтону Чернышевскай уулусса кытыл үрдүнээҕи сиригэр, Бүлүү тыраагар, чааһынай сектордарга уурбут.
Кыайыылаах маастар-былааны балаҕан ыйыгар ВЭФ-2022 тэрээһиҥҥэ кытыннараары бэлэмнииллэр. Онно Уһук Илин куораттарын маастар-былааннара бастыҥ буолар иһин күрэстэһиэхтэрэ.
Бэйэ кэр.