Ахсынньы 10 күнүгэр Саха тыйаатырын олоҕор биир бэлиэ күн буолла. 73 сыл буолан баран Саха тыйаатырыгар Александр Островскай «Ойуур» диэн айымньыта сахалыы тылынан дьон дьүүлүгэр таҕыста.
Бу испэктээкили эмиэ ахсынньы 10 күнүгэр 1949 сыллаахха киэҥ араҥаҕа таһаарбыттар. Сүрүн оруолга – Несчастливцев (Сордоохоп) оруолун Д.Ф. Ходулов оонньообут эбит. Быйылгы премьера ытыктыыр, чулуу артыыспыт 110 сааһыгар ананарын бэлиэтээтилэр.
Испэктээкил буолуон иннинэ бырайыак салайааччыта, тыйаатыры үөрэтээччи Надежда Осипова бэрт дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэрии оҥордо. Онно кини тоһоҕолоон эппитинэн, саха тыйаатыра тэриллиэҕиттэн А.И. Софронов-Алампа тутуспут хайысхатын илдьэ сылдьан А.Островскай сүүрбэччэ айымньытын туруорбут буолан, бу Арассыыйа тыйаатырын ускуустубата сайдарыгар олук уурбут улуу драматург тыынын илдьэ сылдьан Саха тыйаатыра улахан таһымҥа тахсыбыт. Ол курдук, аан маҥнай саха тыйаатырыгар А. Островскай айымньытынан испэктээкил 1934 с. туруоруллубут эбит.
Аны 1973 с. биллиилээх учуонай Георгий Башарин «Островский и Якутия» диэн кинигэтигэр ыйбытынан, А. Островскай айымньыларын сахалыы саҥардан киэҥник тарҕатыахха, туруоруохха наада диэн эппитэ билиҥҥи кэмҥэ да тоҕоостоох эбит. Онон бу улуу драматург үйэлээх айымньыларын сахалыы тылбаастыырга билигин да таһымнаах үлэ ыытыллара буоллар диэн баҕа санаа этилиннэ.
Алампа этэн турардаах: «Театр - киһи көстүбэт иэйиитин арыйар сир». Бу этиитэ хайдахтаах курдук уот харахха этиллибитин бу Сергей Потапов «Ойуур» диэн туруоруутун көрөн баран өйдүүгүн.
А. Островскай бэйэтин кэмигэр үгүс мөккүөрү үөскэппит, олох оҥкуллара урусхалланар, олох-дьаһах уларыйар быыһык кэмнэригэр үөскээбит сиэр-майгы уларыйыытын ырылхайдык көрдөрбүт айымньытын С. Потапов, үгэһинэн, аныгылыы тыыннаан, билиҥҥи олохпутун кытары дьүөрэлии тутан күүстээх аллегория көмөтүнэн өйдөнүмтүө гына тириэртэ.
Билигин биһиги ураты кэмҥэ олоробут. Хас эмэ уонунан сыллар усталарыгар тулхадыйбатах олохпут онно урусхалланан, араас хамсааһыннар, араас күүстэр харсыһыылара, сырдык-хараҥа иирсээнэ... Бу маннык кэмҥэ былыр да, быйыл да майгы-сигили алдьанарын, сиэрэ суох быһыы-майгы үөскүүрүн бары бэркэ билэбит. Дьон хабахха да тыыныыта баар суол...
Маны барытын табатык С. Потапов испэктээкилин геройдарын үөн-көйүүр мааскалаан, араас кыыл-харамай дьүһүннээн көрдөрдө.
Олох араас охсууларыгар оҕустаран сорох кыыллыйар, адьырҕа тириитин кэтэр, сорох илэ дьүһүнүн сүтэрэн, туох да толкуйа суох күннээҕинэн олорор, иһэ эрэ тоторун ситиһэр үөн-көйүүр кэриэтэ олохтонор. Киһи сиэрин сүтэрбэтэх, ис кыахтаах да дьон ыгылыйар кэмнэрэ бүрүүкээн туруулара бу олохпут эргииригэр элбэх буоллаҕа... Үгүс киһи дьиҥ сирэйин, санаатын кистиир буккуур кэмнэрэ.
Маннык кэмҥэ толкуйдаах, билиилээх-көрүүлээх дьон хараастар, сырдыкка күүстээхтик тардыһар, ол эрэн суолу-ииһи тобулар кэмнэрэ. Өрүү буоларын курдук: «Тугу оҥоруохха? Тугу ситиһиэххэ?» - диэн толкуй үгүспүтүн долгутар кэмнэрэ.
А. Островскай бу айымньыта ол ыраах 1870 с. крепостнай быраап үрэйиллэн саҥа олох тутула үөскүүр балкыырдаах кэмҥэ суруллубут эрээри, геройдар ис туруктарын, сыһыаннарын билиҥҥи олоххо буолар быһыыга-майгыга олус дьүөрэлии тутан көрдөрүлүннэ.
Албын-көлдьүн, ымсыы-обот санаалаах, куорҕаллаан, хоро сиир баҕалаах Восьмибратов курдук дьон билигин да баар бөҕө буоллахтара. Кини, харчыга хараҥаран, дьахтары да албынныырын, уолун да дьолун тоҕорун кэрэйбэт киһийдэх. Гурмыжская киэҥ сиринэн тайаан сытар уһаайбатын көрүнэр аатыттан тахсыбытынан, ол түгэнинэн туһанан, Восьмибратов, үктэтэн, ойууру чэпчэки сыанаҕа албыннаан ылар баҕалаах.
Восьмибратов уола Петр эдэркээн Аксюшаны таптаата эрээри, аҕата ирдэһэр энньэтин бу кыыс төлүүр кыаҕа суоҕуттан эдэр дьон тапталлара атыы-эргиэн сыһыаныттан ырааппата. Харчыттан тутулуктана үөрэммит уол аҕатын тылыттан тахсан, бэйэтин да тапталын туһугар турууласпата.
Олох уларыйыытыгар бэлэмэ суох улугура быһыытыйбыт дьон, холобура, Гурмыжская, бэйэтин албыннанан, саппаҕырбыт санаатын саймаардан араас көччүр олоххо умсугуйар, сиэрэ суох, содур быһыыланар. Сидьиҥ майгылаах Буланов бу саастаах дьахтар тапталынан туһанан, кинини иирдэн, бэйэтин иннин көрүнэр, балаһыанньатын тупсарынар. Дьиҥэ баара, бу икки атахтаах баарын тухары көстөр мөкү быһыы. Билигин да “суоттаах-учуоттаах”, толкуйдаах таптал суох үһү дуо?
Сорох дьон олоххо буолар уларыйыылары олус судургутутан, көҥүл буолуу диэн өйдөбүлү сыыһа ылыналлар. Ол курдук, Улита диэн чаҕар дьахтар сүрэҕин иэйиитинэн эрэ салайтаран, таптаан-таптатан, тугу баҕарбытын аһаан-таҥнан олоруон – бу кини көҥүлэ буоларын этинэр.
Испэктээкилгэ уот-күөс көмөтүнэн түмүгэ суох, эргийэ турар суол ойууланар – бу олох, кэм-кэрдиис эргиирэ, бу барыта биир ситим. Олоҕу хаһан баҕарар тохтообот киирсии хамсатар, уларытар.
Араас суоллаах-иистээх Сордоохоп уонна Дьоллоохоп – биирэ үөһэттэн кэллэ, биирэ аллараттан күөрэйдэ. Бу икки киһи дьылҕата сор уонна дьол диэн өрүү бииргэ бу олоххо аргыстаһалларын туоһулуур. Олох диэн түөрэҥниир тыы курдук: уол оҕо биир күн – ат уорҕатыгар, атын күн – ат өрөҕөтүгэр буоларыныы, бу дьон эмиэ да табыллан, эмиэ да айгыраан, эмиэ да харчыланан, эмиэ да мэлийэн сылдьаллар.
Ол эрэн Дьоллоохоп кыраттан үөрэн дьол амтанын билэн сылдьар. Кини олох охсууларын судургутук ылынан аһарынар. Онтон Сордоохоп ардыгар олус элбэҕи толкуйдуур, анаарар киһи буолан, олоҕор көрсөр кыһалҕаларын сүрэҕэр чугастык ылынар, сиэрдээх буолан албынныырыттан санааргыыр. Кини уйан дууһата олох мөкү көстүүлэрин ылыммат эрээри, киһи сиэринэн сылдьаары, баай аймаҕа Гурмыжская кырыы хараҕыттан куотунан, албынныырга күһэллэр. Ол курдук кини артыыс буоларын кистээн, сиппит-хоппут, ааттаах-суоллаах астаапкаҕа сылдьар чыыннаах киһибин дэнэр. Бу сылдьан кини эдэркээн Аксюшаҕа эрэ истиҥ иэйиитэ аһылынна эрээри, кыыс атыны таптыыр буолан, Сордоохоп эмиэ дьолтон матта.
Испэктээкилгэ Сордоохоп эрэ үтүө өрүтү тутуста, албыннаппыт Гурмыжскаяҕа харчытын төннөрдө, эдэркээн Аксюшаны өлөр өлүүттэн быыһаата, албын санааттан төлөрүйдэ.
Билигин да биһиги ортобутугар төһөлөөх элбэх Сордоохоптор-Дьоллоохоптор баалларый?!
Ойуур... Ыркый ойуур... Халыҥ тыа... Эмискэ – чөҥөчөктөр. Кэм-кэрдии эргиирэ оннук буоллаҕа, туох барыта уларыйар. Олохпутугар туох эрэ дьайар, ону биһиги ардыгар үөрэ ылынабыт, ардыгар утарсабыт. Хаһан эрэ хараҥа ойууртан тахсар баҕалаахпыт, ойуур быыһыгар сандааран көстөр сырдыкка талаһан көҥүлгэ дьулуһабыт.
Аныга олох сайдыытыттан хайа да омук туора туран хаалбат, аан дойдуга буолар быһыы-майгы барыбытын хаарыйар, олохпут оҥкулугар ол барыта дьайар. Ол эрэн биһиги ити Гурмыжская курдук, эбэтэр кыра үөн-көйүүр, харамай курдук үөтэтэ суоҕунан дьарыгыран, олорон хааларбыт табыллыбат. Төһө да ыарахан дьылҕаланнар, Сордоохоптор баар буоланнар, үгүспүт хараҕа кырдьыгы таба көрүө, мөкүттэн үтүөнү араарыахпыт, олох дьэбэрэтин сэмэлиэхпит.
Өрүү буоларын курдук, хабыр хапсыһыы, киирсии, кыргыс... Испэктээкилгэ ол барыта уоту-күөһү, күлүгү сатабыллаахтык туһанан көрдөрүлүннэ. Ол эрэн ким биһиги уу нуурал чуумпу олохпутун аймаата, огдолутта? Хабараан хапсыһыыны тэниттэ? Чээлэй күөх тыабытын күл-көмөр оҥордо? Бу кинилэр эбээт – араас тылынан чыыбырҕаабыт, муостаах-туйахтаах абааһы аймахтара, адьарай биистэрэ!
Аныгы олохпутугар үөйбэтэх өттүбүтүттэн алдьархай ааҥнаабыта бу туруорууга эмиэ арылхайдык көһүннэ диэхпин баҕарабын. С. Потапов аныгы олохпут кистэлэҥ санааларын, таайбараҥын (энигманы) эппитин хас биирдиибит сүрэхпитигэр сыһыары тутан анааран, сыныйан ылыныахтаахпыт. Бу курдук айымньылар өтө көрөр уонна сэрэтэр суолталарын сөпкө өйдөөн ааспыт үйэ алҕастарыгар үөрэнэн, аныгы дьон ыар содуллаах алҕастары оҥорботоллор ханнык...
Сергей Потапов бэйэтин талаанынан киэҥ сирдэргэ сылдьан, саҥа дьону кытары билсэн-алтыһан, бу үлэтигэр эмиэ ааттаах-суоллаах, тарбахха баттанар уот-күөс режиссерун – Станислав Свистуновиһы, ыҥыран бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгүн көрөөччүлэр олус сэргээтибит, биһирээтибит.
Ону тэҥэ испэктээкилгэ норуокка биллибит ырыа-тойук сөрү-сөпкө туһаныллан ураты көрүдьүөс, сэргэх түгэннэри үөскэттэ.
Бу айымньы кэмиэдьийэ дэнэр, ол эрээри харах уулаах кэмиэдьийэ...
Антонина Ускеева