Ааспыт ыйга Саха тыйаатырын кэлэктиибэ Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн бар дьонугар сүдү бэлэх оҥордо. Киэҥ далааһыннаах режиссер Руслан Тараховскай Далан арамааныгар олоҕуран “Тулаайах оҕо” диэн испэктээги туруоран бар дьон дьүүлүгэр, сыанабылыгар таһаарда. Өрөспүүбүлүкэ күнүттэн саҕалаан түөрт күн субуруччу буолла, билиэтэ ый инниттэн атыыланан бүппүт. Дьэ, көрөөччүлэр кэтэһэн-манаһан көрдүлэр-иһиттилэр, сыаналаатылар. Суруналыыстарга, учуонайдарга премьера буолуон иннинэ күн анаан көрдөрдүлэр. Испэктээги туруорбут режиссёр бииргэ үлэлээбит халыҥ хамаандатын суруналыыстары кытары билиһиннэрдэ, тылларын-өстөрүн иһитиннэрдэ. Үс чааһы быһа испэктээкпитин тыыммакка да олорон көрдүбүт. Ол кэннэ дьэ тугу көрбүтү ырытыы саҕаланна. Далан айымньыларын анаан үөрэтэр учуонайдар, историктар, этнографтар санааларын этиннилэр.
В.С. Яковлев-Далан “Тулаайах оҕо” арамааныгар Тыгын үйэтэ бастакынан прозаҕа сырдатыллыбыта. Бу бары-барыта бобуллар-хаайыллар сэбиэскэй кэмигэр тугунан да кэмнэммэт хорсун быһыы этэ. Бүтэй Бүлүүгэ олохтоох омуктар, туматтар, тоҥ биистэр, дьирикинэйдэр, чаабыгырдар, саамайдар, майааттар, сахалар дьылҕаларын кыргыс үйэтин нөҥүө тыктаран көрдөрөр арамаан аан маҥнай утарсыыны көрсүбүт. Айымньы тахсыбыта 40 сыл буолла. Билиҥҥи кэмҥэ Далан “Дыгын Дархан”, “Тулаайах оҕо” сүдү арамааннарынан “Дыгын Дархан” испиэктээк (туруорааччы – Сергей Потапов) Саха тыйаатырын сыанатыгар туран, дьон сэҥээриитин ылбыта. Ол кэннэ, аны, 2020 cыллаахха Никита Аржаков “Тыгын Дархан” киинэтэ киэҥ экирээҥҥэ тахсыбыта. Ньурба тыйаатыра былырыын “Ньырбакаан” испэктээкили туруорбута. “Тулаайах оҕо” туһунан матырыйаал Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сыанатыгар “Хааннаах илкээни” диэн ааттанан туруоруллубута. Онтон бу аҕыйах хонуктааҕыта Саха тыйаатыра “Тулаайах оҕо” диэн саҥа испэктээги туруорда.
Руслан ТАРАХОВСКАЙ, испэктээги туруорбут режиссер:
– Далан “Тулаайах оҕо” айымньытын туруорарга санаммытым ыраатта. Үс сылы быһа сүгэһэр курдук сылдьыбыта. Испэр иитийэхтии, оҥорон көрө сылдьыбытым. Тыйаатыр иһигэр кэллиэгэлэрбин кытары кэпсэтэр этибит, ыра санаа курдук сылдьыбыта. Майя Власьеваҕа тахсан, арамааҥҥа дьоруойдар кэпсэтэр диалогтарын суруйан биэриэҥ дуо диэн көрдөспүппэр тута сөбүлэһэн, суруйан биэрбитэ. Ол онтон эмиэ тоҕо эрэ сыппыта, кэм-кэрдии ааһан испитэ. Бука, кэлиэхтээх кэмин кэтэстэҕэ буолуо. Быйыл Далан төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан хайаан даҕаны туруорарга быһаарыммыппыт. Бу сезон саҕаланыыта Дьулустаан Сэмэнэп диэн Саха тыйаатырын артыыһын кытта кэпсэтэн, инценировкалаппытым. Идиэйэтин, суолтатын этэн туран Майя Власьева сүһэн ылбытын биэрбитим. Дьэ ол кэннэ, худуоһунньуктары кытта сүбэлэспиппит, үлэлээбиппит. Александр Манжурьев диэн худуоһунньуктуун, уустуун кэпсэтэн испэктээк истиилин булбуппут. Артыыстарга оруоллары түҥэтэлээн баран, үлэбитин саҕалаабыппыт. Дьэ, онно омооно, көстүүтэ, идиэйэтэ аа-дьуо тахсан барбыттара. Саха дьонугар урут-уруккуттан биллэр-көстөр айымньы буоллаҕа. Ол иһин, эппиэтинэһэ да үрдүгэ сүрдээх этэ. Оннугун бу үлэлээбит бөлөх толору өйдүүр этибит. Ис сүрэхпититтэн кыһаллан, ол эппиэтинэс улаханын өйдөөн туран оҥордохпут. Үгүс дьоҕурдаах дьон бу айымньы тула мустан үлэлээбиттэрэ. Саха тыйаатырыгар түөрт күн устатын тухары саала тобус-толору этэ. Испэктээк бүтүүтүгэр артыыстар тахсалларыгар бука бары туран эрэ көрөн, уйадыйан туран таһыммыттара биһиги айар дьоҥҥо улахан үөрүүбүт, наҕараадабыт буоллаҕа. Биһиги айымньыбытын, үлэбитин ылыннылар диэн сүрдээҕин өрө көтөҕүлүннүбүт, астынныбыт. Мин режиссер быһыытынан ааптары арыйа сатаабытым, Далан бу манан норуотугар туох идиэйэни этэ сатаабытын, туох боппуруостарга тохтообутун, тугу өрө туппутун илдьиритэн тиэрдэ сатаабытым. Бу айымньы бэйэтэ олус уустук. Хас даҕаны хартыгастаах, түгэхтээх айымньы. Икки аҥаар чаас иһигэр айымньыны барытын толору киллэрбэккин. Даҕанча уонна Ньырбачаан айаннарын хайдах буолбуттарын Туоҕу Баатыр Бүлүү сиригэр тиийэн туох кыһалҕалары көрсүбүтүн, Тыгын Дархан кэлиитин көрдөрдүбүт. Үс-түөрт тус-туһунан сюжет көрдөрүллэн баран тиһэҕэр тиийэн бииргэлэһэрин бүтэһигэр түмүллэн биир санаа этиллэрин курдук оҥорбуппут. Онтон бу айымньыга Бүлүү сиригэр омук үөскээһинин, тэнийиитин туһунан, араас биис уустара кыһалҕаттан хаан холбоһуутун, омук үөскээн тахсарын көрдөрдүбүт. Бу испэктээк ситинник араас хартыгастаах санааны үөскэтэр. Холобур, өбүгэлэргэ сүгүрүйүү диэххэ эмиэ сөп. Биир-икки тылынан судургутук этэн кэбиһэр табыллыбат. Уопсайынан, “Тулаайах оҕо” айымньыны, испэктээги уһуннук, дириҥник ырытыахха наада.
Устуоруйаҕа, чахчы, маннык баара дуо?
Ол туһунан ХИФУ бэрэпиэссэрэ Розалия БРАВИНА маннык диир:
– Бу испэктээк тыйаатырга туруон аҕай иннинэ, саҥа икки улахан кинигэҕэ сыанабыл суруйдум. Национальнай архыып дириэктэрин билимҥэ солбуйааччыта Степанова Н.С. Дьокуускай, Москуба архыыптарын докумуоннарыгар олоҕурбут «Вилюйские якуты (17–начало 18 в.). Вып. Бордонские якуты» уонна бу сотору «Айар» кыһатыгар тахсыахтаах «Кэбээйи фольклора». ХИФУ Олоҥхо институтын эспэдииссийэтэ хомуйбут матырыйааллара. Кэнники кинигэҕэ Григорьева Ульяна Васильевна, 1950 с.т. Мастаахха төрөөбүт сайылык олохтооҕо, оскуолаҕа алын сүһүөх учууталынан үлэлээбит дьахтар: “Устуорук идэлээх Кэбээйи биллэр сэһэнньитэ Николай Федотович Егоров (1932—1988 сс.) Дьокуускайга балыыһаҕа сытан Далаҥҥа Кэбээйи төрдө буолбут Туоҕа Баатыр туһунан үһүйээни кэпсээбит. Ону “Тулаайах оҕону” суруйарыгар туттубут”, – диэн кэпсээбит. Ити төһө оруннааҕа биллибэт да, саха үһүйээннэрэ түөлбэтиттэн тутулуга суох ис хоһоонноро, матыыптара майгыннаһара бэрт дьикти. Ити фольклор устуоруйа кырдьыктааҕын биир туоһута буолуон сөп.
Н.Ф. Егоров суруйуутунан, аан маҥнай Тыгынтан арахсан көһөн тахсарыгар Тойон Булгудах диэн ааттаах эбит. Кини Тыгын Өрдүөһүт диэн ааттаах атын алҕаска өлөрөн кэбиһэр. Онуоха Тыгын атын 40 улахан уҥуоҕун ааҕа төлөтөргө сананар, онтон күрээн Бүлүүнү булаллар. Кэлин Бүлүүгэ олохсуйбутун кэннэ, Туоҕа Баатыр диэн ааттыыр буолбуттар. Былыргы сэһэннэргэ бухатыыр хорсун, хоодуот сырыыны сылдьан кэллэҕинэ, киниэхэ дьиҥ иккис ааты иҥэрэллэр. Туоҕа Баатыр caҥa олохсуйа кэлбит сиригэр олохтоох биис уустарын кытта эйэ дэмнээхтик олоруу оҥкулун охсубутун, бэйэтин үйэтин кыргыс дьонуттан эйэлээх-иллээх олоххо дьулуһара көстөр. Кини сэттэ ураһа тоҥустарга ыалдьыттыырыгар, эйэлээх, иллээх үгэстэри тутуһар, холобур, ох саа кирсин сүөрэн баран кэлэр, аһыылларыгар сыалаах, хоргуннаах барчаны илиилэринэн баһан сииллэригэр даҕаны көстөр. Сыалаах илиинэн ох саа кирсин кыайан таппаккын диэн буолар. Аны кэлин биир боотурун тоҥустарга кэргэн кэпсэттэрэ, күтүөт гына ыытар. Былыр Бүлүүнү күтүөттэр дойдулара диэн ааттыыр үһүлэр.
Далан бу арамаана саха литэрэтиирэтигэр былыргы биис уустарын дьылҕаларын көрдөрөр бастакы устуоруйалыы арамаан буолар. Даҕанча, Ньырбачаан, Туоҕа Баатыр – үс дьоруой – билиҥҥи Саха сирин улахан түөлбэтин дьоно: Туманнаах Түбэ (Өлөөн), Бүлүү–Ньурба, Улуу Туймаада. Кинилэр көрсө түһэр сирдэрэ – Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү, Хоргун Бүлүү – дьол көрдөһөр, соргу талаһар сирдэрэ буолар. Онон, дьэ бу тус-туспа сирдээх-уоттаах, дьонноох-сэргэлээх түөлбэлэртэн кэлбит утарыта турар кыргыс биистэриттэн биир дойдулаах, биир сомоҕо Саха сирин олохтооҕо үөскүүр.
Саха диэн кимий, туох уратылааҕый, олоҕун сүнньэ, тутула туохханый?! Туоҕа Боотур саҥа сиргэ кэлээт дьонун үс бөлөххө хайытар: 1 – от оттуур. 2 – дьиэ-уот, 3 – чуҥнуур, таарыйа бултуур. Айыы ойууна Лүксүрээни дэлбиргэ ыйаан алгыыр. Аны туматтар кинилэри төһө да мөлтөхтөр, куттастар диэтэллэр, «Саха урааҥхайдар төгүрүк туйахтаах кыылларын мииннэхтэринэ туох да тулуспат хоһууттарыгар кубулуйаллара».
Руслан Тараховскай туруорбут “Тулаайах оҕо” испэктээгэр мин биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын: Хаттыана и Мохсохо саха сыаннастарын көрдөрөллөр. Мин манна Дьол туһунан тиэмэ киириэн баҕарбытым. Оҕонньор эмээхсиниттэн: “Миигин кытта хайдах олоҕу олордуҥ?”– диэн ыйытар. Ону эмээхсин кэлин Ньырбачааҥҥа: “Дьол – булт тосхойоро, үчүгэй кэргэн, оҕо-уруу”, – диир.
Тыгын – бу арамааҥҥа бардам, аһынары билбэт, өһөс хаан. Алҕаска өлбүт атын хас уҥуоҕунан ааҕа төлөтөр. Испэктээккэ үтүө санаалаах курдук көстөр.
Артыыстар дьоруойдар уобарастарын дириҥник көрдөрдүлэр. Ордук эдэр артыыстар омук биистэрин туттууларын-хаптыыларын, майгыларын-сигилилэрин уратытын таптылар. Худуоһунньуктар С.Федотова, Д. Дмитриева, дьиҥ чахчы, этнографическай көстүүмнэрэ испэктээги ситэрэн биэрдэ.
Далан арамаанынан көрдөххө
Саргылана НОЕВА, ф.н.к., Гуманитарнай институт билимин үлэһитэ:
– Кылаассыка буолбут, дьон сүрэҕэр иҥмит айымньылары сыанаҕа туруоруу куруук улахан эппиэтинэстээх. Онуоха эбии Тыгын Дархан, Ньырбачаан, Туоҕа Баатыр курдук саха төрдө-төбөтө буолбут дьон туһунан матырыйаалы дьон-сэргэ үйэлэр тухары харыстаан, бүөбэйдээн, чочуйан илдьэ сылдьыбыт буолан, долгуйа кэтэһэр, сыанабыл да биэрэригэр кыраҕытык көрөр-истэр. Р.И. Тараховскай режиссёрдаах улахан айар-тутар бөлөх үлэтэ, мин санаабар, сатаммыт. Литэрэтиирэни чинчийээччи буоларым быһыытынан, бастатан туран, уус-уран айымньы сюжетын, уобарастарын, проблематын испэктээххэ хайдах быһыылаахтык көрдөрбүттэрин болҕойдум. Арамаан үгүс сюжетын харыстаан туттубуттарын, хас да дьоруой лииньийэтин алтыһыннаран, дьүөрэлээн сөпкө көрдөрбүттэрин сэҥээрдим. Улахан кээмэйдээх айымньыны 2 чаастаах испэктээххэ киллэрэр уустук. Ол эрээри көҥүл, сэрии–эйэ, сырдык–хараҥа, саҥа–эргэ, оҕо–аҕа проблемаларын табыгастаахтык дириҥэтэн көрдөрбүттэр. Тыйаатыр урамньы (ускуустуба) көрөн сыаналыыр (зрелищнэй) көрүҥэ буолар. Онон арамааҥҥа киһи сайдыытын сырдатар айан сытыары географическай эйгэҕэ уонна туруору сакральнай эйгэҕэ икки хайысхатын кэрэхсэбиллээхтик көрдөрбүттэрин бэлиэтиибин. Бу саха итэҕэлигэр, култууратыгар бэлиэ суолталаах өйдөбүллэр. Уобарастар бары ураты суолу туталлар. Ньырбачаан олох олорор суолу талар, Даҕанча хааннаах илкээнини батыһан, өс ситиһэр суолга турунар, Туоҕа Баатыр аҕа баһылык быһыытынан дьонун-сэргэтин быыһыыр санаанан салайтарар.
Сүрүн дьоруой Ньырбачаан оруолун толорбут артыыс туттара-хаптара тупсаҕайынан, кыргыс бүдүмүк кэмиттэн ойуччу көстөр сырдык сэбэрэтинэн көрөөччүгэ биһирэттэ дии санаатым. Кини тыын тэскилэтэр суола хас да сыл буолан баран төттөрү Бүтэй Бүлүүтүгэр аҕалыаҕын ааҕааччы да, көрөөччү да билэн олорор. Онуоха кинини хараҥа, араллааннаах эйгэттэн илдьэ барбыт Тыгын Дархан тимир куйахтаах ата тимир, сайдыылаах култуура кэлиитин чаҕылхайдык кэрэһилиир.
Артыыстар оонньууларын, ураты сценографияны сэргэ туспа бэлиэтиэххэ сөптөөх өрүт – дьоруойдар таҥастара. Кэрэ көстүүлээх таҥас-сап киһи барахсан кыргыс үйэтигэр да олордор, кэрэҕэ тардыһыытын, уран көрүүтүн сырдык сиимбэлэ буолар. Хаарыаннаах да култууралар былыргы быраман дьылларга туман буолан симэлийбиттэрин киһи харааста саныыр. Ол билиҥҥи кэмҥэ биһиэхэ эмиэ сэрэтии буолар. Билигин Дьокуускайга оҕоҕо аналлаах сахалыы испэктээк быстар аҕыйах. Кэмигэр тыйаатыр нөҥүө саха оҕотун-ыччатын сахалыы тылга, култуураҕа, өйгө-санааҕа иитэр бэртээхэй испэктээк турбутунан эҕэрдэлиибин!
Түмүк оннугар
В.С. Яковлев-Далан суруйан хаалларбыт баай нэһилиэстибэтэ, чахчы даҕаны, күн бүгүҥҥэ диэри хас даҕаны көлүөнэ ааҕааччыны толкуйдатар. Саха ыччатын – омугун туһугар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьарга билигин даҕаны ыҥыра, сирдии турар соруктаах. “Тулаайах оҕо” билиҥҥи ааҕааччыга, испэктээги көрөөччүгэ – саха норуотун төрүттэниитин, төрүт омуктары кытта сыһыанын, хайдах эйэни олохтообуттарын, оччотооҕу олохторун-дьаһахтарын, өйдөрүн-санааларын, үйэлэри уҥуордаабыт дьылҕаларын туһунан ырыҥалыырыгар ыҥырар. Айымньы – төрөөбүт тылларын, култуураларын инникитин тымтыктанан көрөллөрүгэр, омук быһыытынан өйдөрүн-санааларын туругурдар кэскиллээх дьон үөскүүллэригэр төһүү күүс буолар. Саха тыйаатыра, дьэ, кырдьык, бэрт испэктээги туруорда. Кылаабынайа, көрөөччүгэ судургутук өйдөнөр. Кыра итэҕэс-быһаҕас баарын сонно тута сыһыаннаах дьон эппиттэрэ.
Балаһаны бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.