Ленинград былакаадаттан босхоломмута 80 сылыгар
1940 с. С.А. Григорьев салайааччылаах хамыыһыйа, Саха сирин араас муннугуттан талааннаах оҕолору наардаан, Ленинградка А.Н. Островскай аатынан тыйаатыр институтугар, бэрэпиэссэр Л.Ф. Макарьев кылааһыгар театровед, худуоһунньук, режиссёр уонна артыыс идэтигэр үөрэттэрэ ыыппыта. Бүтүн тыйаатыр – 34 оҕо. Эдэркээн дьон үөрэхтэрин бүтэрэн, дойдуларыгар төннөн, улахан артыыс буолар ыралаахтара...
Ол эрээри ыраларын Аҕа дойду Улуу сэриитэ туора соппута: уолаттар сэриигэ барбыттара, кыргыттар Ленинград былакаадатыгар түбэспиттэрэ. Бу оҕолортон соҕотох Анастасия Ларионова эрэ артыыс буолар баҕа санаата туолбута. Кини, Аҕа дойду сэриитин, Ленинград былакаадатын бары ыараханын туораан, таптыыр идэтин баһылаан, кырдьыар диэри Саха тыйаатырыгар үлэлээбитэ.
Бу кутурҕаннаах кырдьыкка олоҕуран суруллубут Иван Гоголев-Кындыл пьесатынан, Саха тыйаатырыгар “Кэрэ көмүскэлигэр” испэктээкил тохсунньу 26 күнүгэр үһүс төгүлүн сүрэхтэннэ. Биһиги испэктээкил көрөөччү киэҥ араҥатыгар тахсыан аҕай иннинэ дириэктэр Пётр Макаровы, туруорааччы-режиссёр Руслан Тараховскайы кытта кэпсэттибит уонна сүрүн оруоллары толорор эдэр артыыстар санааларын иһиттибит.
Пётр Макаров, Саха тыйаатырын дириэктэрэ:
– 2002 с. сүүрбэ биир оҕо Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетын бүтэрэн кэлбиппит, олортон 16 – Саха тыйаатырыгар, 5 Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар анаммыта. Оччолорго икки сыл курдук улахан туруорууларга сүрүн оруолларга үлэлээбэккэ сылдьыбыппыт. Онтон, дьэ, Иван Гоголев-Кындыл айымньытынан “Кэрэ көмүскэлигэр” испэктээкили биһиэхэ анаан туруорбуттара. Миэхэ сүрүн оруоллартан биирдэстэрэ – Исай Попов оруола – тиксибитэ. “Исай Попов оруолун оонньуугун” диэбиттэригэр долгуйуу, соһуйуу да баар этэ. Оччолорго иккис туруоруу өрөспүүбүлүкэҕэ балай да хамсааһыны оҥорбута. Биир устуудьуйа оҕолоро бары бииргэ оонньообуппут үлэбитигэр-хамнаспытыгар үктэл, тирэх буолбута. Ону тэҥэ 1940 с. А.Н. Островскай аатынан Ленинградтааҕы тыйаатыр үрдүкү институтугар үөрэнэ барбыт оҕолору оонньуур улахан чиэс-бочуот уонна эппиэтинэс этэ.
“Кэрэ көмүскэлигэр” билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох. Испэктээкилинэн патриот өйдөбүлүн күүһүрдэр сыаллаахпыт. Хас биирдии киһи, чуолаан эр дьон, уолаттар, Ийэ дойдуларыгар дурда-хахха буолуохтаахтар. Оччотооҕуга устуудьуйа оҕолоро Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр турбуттара. Ыар кэмҥэ төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүттэрэ, аччыктаабыттара булуой?! Бу барыта билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох. Онон “кэлэр кэнчээри ыччат, чуолаан эр дьон, уолаттар, бу испэктээкили көрөллөрө буоллар” диэн баҕа санаалаахпыт.
Руслан Тараховскай, Саха тыйаатырын сүрүн режиссёра, туруорааччы-режиссёр:
– “Кэрэ көмүскэлигэр” Саха тыйаатырыгар үсүһүн турда. 1983 с. Федот Потапов туруорбут. Онтон 2005 с. мин режиссёр идэтин көмүскүүр дьупулуомум үлэтэ буолбута, уус-уран салайааччым Андрей Саввич Борисов этэ. Онтон быйыл 6-с устуудьуйа щепкиннэргэ анаан, үсүһүн сөргүтэн туруордубут.
Олох, биллэн турар, уларыйа турар. Иккис туруоруу кэннэ 20-чэ сыл ааста, олох сүрдээҕин уларыйда. Ол курдук, В.А. Чусовскаяны, А.С. Борисовы кытта толкуйдаан көрбүппүт, арай, 1940 с. устуудьуйа оҕолорун ыра санаалара туолбут эбит. Ол хайдах туолбутуй диэ? Ленинградка барбыт устуудьуйа оҕолорун сыдьааннара билигин биһиэхэ үлэлии сылдьар эбэтэр үлэлээбит култуура, ускуустуба улахан диэйэтэллэрэ буолан тахсыбыттар. Холобур, аҕа саастаах артыыспыт Татьяна Мыреева убайа – Егор Мыреев, уус-уран салайааччыбыт Андрей Борисов эдьиийэ, эбэтин кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар кыыһа – Татьяна Монастырева, улахан драматурбут Семён Ермолаев аймаҕа – Миша Ермолаев, Олоҥхо тыйаатырын научнай үлэһитэ, бөлүһүөпүйэ билимин хандьыдаата Валентина Чусовская аймаҕа – Гоша Чусовской, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицын аймаҕа – Пётр Ноговицын. Онон, кинилэр баҕа санааларын кэнчээри ыччаттара толорбуттар.
Аны бу устуудьуйа оҕолоро, Егор Мыреевынан, докумуоннарынан да көрдөххө, олоҥхону оонньууллар, туойаллар эбит. Онон Саха тыйаатырыгар кэлэллэригэр хайыы үйэ Олоҥхо тыйаатырын тэрийэр туһунан санаа “сиэмэтэ” баар эбит. Билигин онтубут Сайсары күөл кытыытыгар тутулла турар. Ол аата, 1940 с. устуудьуйа оҕолорун ыра санаалара туоллаҕа, олоххо киирдэҕэ дии. Үһүс туруоруубут ити туһунан.
Дойдуга таптал, дойду сайдарын туһугар сыралаах үлэ, олоҕу анааһын өйдөбүлүгэр билиҥҥи дьон олус күүскэ наадыйаллар. Сырдыкка тардыһар идийээллэри көрдөрөр испэктээкилгэ киһи барыта өйдүүн-санаалыын талаһар. Ол иһин 1983, 2005 сыллардаахха уонна билигин даҕаны “Кэрэ көмүскэлигэр” дьон-сэргэ утаппыттыы көрүөҕэ, сүрэҕин-быарын таарыйтарыаҕа дии саныыбын. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, бу испэктээкилгэ идэҕэ бэринии уонна ускуустубаҕа таптал баар.
Санаан да көр, Анастасия Ларионова, бииргэ үөрэммит доҕотторун кэриэстээн, Саха тыйаатырыгар кэлэн үлэлээтэҕэ дии. Билигин испэктээкил ол туһунан буолла.
– Бу үһүс туруорууга ити түгэн киирдэ...
– Таня Монастырева Анастасия Ларионоваҕа: “Былаачыйабын кэтэн Саха тыйаатырын сыанатыгар тахсаар”, – диэн баран чымадаанын быраҕарын, онтон сэниэтэ эстэн, тимир суол кыра ыстаансыйатыгар охтон хааларын киллэрдибит. Испэктээкил финалыгар Анастасия Ларионова ол былаачыйаны кэтэн вальстыыр уонна сыана иннигэр тахсан: “Тыйаатыр – хараам, мин хараамым – тыйаатыр”, – диир. Кэлин итинник тупсаран, эбии киллэрэн биэрдибит.
– Руслан Игоревич, 2005 с. от ыйын 9 күнүнээҕи премьера күнүн санаан ааһыахха...
– Ол күн Эбэ диэкиттэн улахан баҕайы кумах буурҕа кэлэн түспүтэ. Хап-хара былыттар тоҕо анньан кэлбиттэрэ, чаҕылҕан бөҕө буолбута. Тыйаатыр түннүктэрэ күүстээх тыалы тулуйумуна, арылла биэрбиттэрэ... Көрөөччү ол буурҕа быыһынан тыйаатырга кэлбитэ. Онтон бу дьиэ үрдүгэр антыанна курдук баар дии, онно чаҕылҕан сааллыбыта. Уоппут баран хаалбыта.
Ол саҕана тыйаатырга саҥа үлэлээн эрэр эдэр киһи буоллаҕым, сиэр-туом диэни соччо билбэппин... Арай хабыс-хараҥаҕа түннүк сабан-хайаан булумахтана аҕай сырыттахпына, ким эрэ илиибин тутта. Мин хайыһан көрбүтүм – ким да суох. Онтон аллара көрбүтүм 1955 с. Щепкини бүтэрбит Мария Канаева турар. “Руслан, сиргин аһаппытыҥ дуо?” – диир. Мин “суох” диэтэҕим дии. Онуоха Мария Спиридоновна “тоойуом, сиргин аһатыый” диэтэ. Онуоха, хата, буфекка алаадьы астаабыт этилэр, онтон ылан, таһырдьа ойон тахсан муннуктарга уура оҕустум уонна төттөрү киирдим. Сценаҕа киирбитим, уот өссө кэлэ илик этэ. Көрөөччүлэр хайыы үйэ саалаҕа киирбиттэрэ. Кэтэһэ түстүбүт. Дьэ, онтон диисэл холбооннор этэ дуу, хайдах дуу, уот кэлбитэ.
Көрөөччү тобус-толору, күүтэн олороллор. Испэктээкилбит саҕаланна. Мин дьупулуомнаах үлэм буоллаҕа, “уот эрэ барбатар” диэн долгуйабын. Хата, уоппут барбакка, испэктээкилбит этэҥҥэ түмүктэннэ. Көрөөччүлэр ытаабыттар, ытыс тыаһа бөҕө буолла. Онно буурҕа түспүтүн бары өйдүүбүт. Кэлин, бириэмэ арыый ааспытын кэннэ, кырдьаҕас артыыстарбыт “ити оҕолор дууһалара кэлэн барда” диэбиттэрэ. Ону истэн эрэ кэбистэҕим дии, эмиэ дьикти. Айылҕа биллэрдэҕэ...
Иван Кузьмин, Исай Попов оруолун толорор:
– Мин Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгиттэн сылдьабын. Исай Попов оччотооҕу устуудьуйа оҕолоруттан саамай аҕалара, 23 саастаах. Эрдэ тыйаатырга үлэлии сылдьыбыт. Мин эмиэ кууруспар саамай улаханнарабын, режиссёр онон да миигин бу оруолга талбыта буолуо. Исай – эппиэтинэстээх, муударай, дьиссипилиинэлээх уонна чуумпу киһи. Сэрии тирээн кэлбитигэр, бэйэтин эр санаалаах, дойдутугар бэриниилээх киһи быһыытынан көрдөрбүтэ.
– Иван, испэктээкилгэ Исай Анна Борисовнаны сөбүлүүр курдук көстөр. Ол чахчы дуо?
– Исай Анна Борисовналыын 1945 с. диэри суруйсаллар эбит. Холобур, фроҥҥа да сылдьан Анна Борисовнаҕа суруйар уонна сырыы аайы хаартыскатын ыытарыгар көрдөһөр эбит. Онтон учуутала “хаартыскам суох” диэн хоруйдуур, ол эрээри суругар илии баттыырыгар “Анна Борисовна” диэбэккэ, көннөрү “Анна” диэн суруйар эбит. Исай кэлин “салгыы үөрэниэхпин баҕарабын” диэн, үөрэҕэр кэлэ сылдьыбыт. Ону: “Суох, Исай. Устуудьуйа кыайан тэриллибэт, эн соҕотоххун”, – диэн аккаастаабыттар. Бу туһунан Е.К. Лепковская Таисия Мырееваҕа кэпсээбититтэн билэбит.
– “Кэрэ көмүскэлигэр” тус бэйэҥ бу этиини хайдах ылынныҥ?
– Мин санаабар, эдэркээн баҕайы ыраас, кэрэ оҕолор бардахтара дии. Онон Иван Гоголев айымньытын аатын итинтэн таһаарбыт буолуон сөп. Кинилэр кэлиҥҥи көлүөнэлэргэ салҕанан, тымыр-сыдьаан аймахтара тыйаатырга, култуураҕа сыһыаннаах дьон буолан тахсыбыттар.
Сандаара Федотова, Таня Монастырева оруолун толорооччу:
– Мин Үөһээ Бүлүү Далыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Оскуолабын бүтэрэн баран, Щепкиҥҥэ үөрэммитим уонна номнуо Саха тыйаатырыгар үлэлээн эрэбин.
– Сандаара, Таня Монастырева оруолун толордуҥ...
– Бастаан оруоллары наардааһын буолбута. “Кэрэ көмүскэлигэр” эрдэ тура сылдьыбыт буолан, биһиэхэ иккис туруорууну устубуттарын ыыппыттарын көрбүтүм. Онно Татьяна Легантьева Таня Монастырева уобараһын наһаа үчүгэйдик биэрбит этэ. Мин Таня Монастырева туһунан истибит аҕай курдук этим, онтон “арба даҕаны, Андрей Саввич эдьиийэ буолбатах этэ дуо...” диэн архыыптары, кинигэлэри, “Саха тыйаатырын антологиятын” көрөн барбытым. Оннук үөрэтэ сырыттахпына, Таня Монастырева оруола миэхэ түбэспитэ.
– Таня Монастырева былаачыйатын туһунан...
– Испэктээкилгэ баар чүөчэ Паша прототиптаах – Андрей Саввич аймаҕа. Бу чүөчэ Паша кыыһа Таня Монастыреваҕа үөрэххэ барарыгар былаачыйа тигэн ыыппыт. Архыыпка көрдөххө, Таня Монастырева дойдутугар төннөр пуойаска кыайан киирбэтэх, арай бүтэһик күүһүн мунньунан чымадаанын бырахпыт... Онтон төһө эрэ кэм ааспытын кэннэ, чүөчэ Паша уулуссаҕа кыыһа хааман иһэрин көрбүт. Ону көрөн, утары сүүрэн кэлбитэ – атын кыыс буолан хаалбыт. Дьиҥинэн, ол былаачыйаны бэйэтэ тиктэҕэ дии. Биһиги толкуйдуурбутунан, кини былаачыйатын Саха тыйаатырыгар Настя Ларионова эрэ кэппит буолуон сөп.
Былаачыйа уобараһа тыйаатырга бэриниилээх буолууну көрдөрөр дии саныыбын. Кэрэ диэн тугуй? Кэрэ диэн – ускуустуба. Бу оҕолор төһө да сэрии, аччык кыһалҕата кыһарыйдар, доҕотторун сүтэрдэллэр, ускуустубаҕа бэриниилээхтэр. Онон Таня Монастырева былаачыйатын ускуустуба сиимбэлэ диэн көрөбүн.
Айаана Егорова, Настя Ларионова оруолун толорооччу:
– Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгиттэн сылдьабын. “Кэрэ көмүскэлигэр” 1940 с. тыйаатыр институтугар киирбит оҕолортон соҕотоҕун тыйаатырга үлэлээбит Настя Ларионова оруолун толоробун.
– Айаана, Настя Ларионова, эн санааҕар, хайдаҕый?
– Миэхэ тыйаатыр артыыстара кэлэ-кэлэ: “Кини наһаа үчүгэй мичээрдээх этэ”, – диэччилэр. Настя Ларионова Туйаарыма Куону оонньуур кэрэ көрүҥнээх уонна хоп-хойуу хара суһуоҕун наар икки гына өрүнэ сылдьар буолара үһү. Оннооҕор нуучча педагогтара кини баттаҕар ымсыыраллара үһү. Онон кинини наһаа кырасыабай, кэрэ, үтүө майгылаах уонна олоҕор элбэх ыараханы көрсүбүт киһи быһыытынан, хайа да оруолу итэҕэтиилээхтик оонньуур дии санаатым. Кини үөрэххэ киирбит кыргыттартан саамай тулуурдаахтара, оннооҕор, Ленинградка бааһырбыт дьоҥҥо көмөлөһөн, хаан туттарар эбит. Доҕотторун барыларын көрө сылдьыбыт.
– “Кэрэ көмүскэлигэр”... Аан бастаан аатын хайдах ылыммыккыный?
– Бу оруолга оонньоон баран, тыйаатыр, ускуустуба – кэрэ көмүскэлэ диэн ылынным. Бары да ускуустуба туһугар үлэлээбит, охсуспут, сэриилэспит дьон.
Мария САННИКОВА.