Киир

Киир

Балаҕан ыйын 24 күнүттэн Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 116-с сезонун арыйан эрэр. Бу ыйдааҕы репертуар таҕыста. Бастакынан саха суруйааччыларын айымньыларынан турбут испэктээктэр көстүөхтэрэ. Ол курдук, тыйаатыр саҥа сезона В.В. Никифоров-Күлүмнүүр “Манчаары” испэктээгинэн саҕаланыа. Быйыл Саха тыйаатыра туох былааннааҕын, ханнык саҥа туруоруулары бэлэмниирин туһунан сүрүн режиссёр Руслан Тараховскай кэпсиир.

image 20 09 21 10 49

Руслан Тараховскай, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр сү­рүн режиссёра:

– Бастакы улахан тэрээһим­митинэн сэтинньи ыйга уус-уран салайааччыбыт Андрей Борисов 70 сааһын бэлиэтиэхпит. Кини туруорбут “Алилет хайаҕа күрүүр” (Тихон Сёмушкин арамаанынан) испэктээгэ сыанаҕа Казаҥҥа Саха сирин күннэригэр сүрэхтэммитэ. Аны бэйэбит дьоммутугар таһаарыахпыт. Ону тэҥэ Андрей Саввич төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, туруорбут испэктээктэринэн дэкээдэ былаанныыбыт.

Иккис улахан тэрээһимми­тинэн Саха АССР төрүт­тэммитэ 100 сылынан хас да туруоруу баар буолуо. Бэлэмнэнии саҕаламмыта. Улахан суруйааччыларбыт айымньыларын таһаарыахпыт. Эрдэ салалта мунньаҕар Былатыан Ойуунускайтан, Алампаттан хайаан да туруоруу баар буолуохтаах диэн быһаарсыбыппыт, холобур, “Кыһыл Ойуун”. Ол эрээри билиҥҥитэ “чуолаан бу айымньы” диэн этэр кыах суох. Бу сотору көрсөн бы­һаар­сыахтаахпыт. Ол кэннэ, дьэ, уопсай хартыына көстөн кэлиэҕэ. Аны өрөспүүбүлүкэни төрүт­тэспит улуу убайдарбыт Махсыым Омуоһап, Былатыан Ойуунускай, Исиидэр Бараахап тустарынан эмиэ испэктээктэр көстүөхтээхтэр. Ону тэҥэ киин куораппытыгар, улуустарга элбэх тэрээһин ыытыллар буолуохтаах, онно Саха тыйаатыра син биир сүрүн күүс буолабыт.

Этэҥҥэ сайылаан, бары сынньанан, күүс-уох ылан, үлэбитигэр кэллибит. Ааспыт нэдиэлэҕэ кэлэктиип сирэй көрсөн, күө-дьаа кэпсэтэн, түмүстүбүт. Дириэктэрбит Пётр Макаров салалтатынан дьиэбитин өрөмүөннээтибит. Тыйаатыр тас өттүн билиитэтин саҥардыахтаахпыт, матырыйаала кэлбитэ. Онон бу дьылга көрөөччүлэрбитин саҥа­лыы тыыннанан, үчүгэй кө­рүҥ­нэнэн көрсүөхтээхпит. Хомойуох иһин, хоруона хамсыгынан сибээстээн, ирдэбили тутуһаммыт, саала аҥаарыгар эрэ көрөөччүлэри киллэрэбит. Бөдөҥ кылаассыктартан саҕалыыбыт. Балаҕан ыйын 24-с күнүгэр “Манчаарыны” таһаарабыт. Бу күн араас көлүөнэ артыыстары кытта сыана иннигэр тахсан, көрөөччүлэрбитин көрсүөхпүт, эҕэрдэлэһиэхпит, сонуннарбытын кэпсиэхпит. Кинилэр да биһигини ахтыбыттара буолуо диэн эрэнэбит, күүтэбит. Салгыы балаҕан ыйын 25-гэр – Былатыан Ойуунускай “Кээрэкээн ойуун”, 26.09. – Николай Неустроев “Тиэтэйбит”, 27.09. – өрөспүүбүлүкэ тиэмэтигэр сөп түбэһэр Исиидэр Бараахап туһунан Дмитрий Наумов суруйуутунан “Бүгүн эбэтэр хаһан да”, 28.09. – Дмитрий Таас “Кыһыл көмүс хоруоп” уонна балаҕан ыйын 29-30 күнүгэр Николай Якутскай “Төлкө” испэктээгин көрдөрүөхпүт. Онон тыйаатыр саҥа дьылын аһарга бэлэммит. Бары да сыанабытын, көрөөччүлэрбитин, ытыс тыаһын олус аҕынныбыт.

image 20 09 21 10 55

Биһиги кэлэктииппитигэр 62 артыыс үлэлиир, ыстааппыт толору. Режиссёрдар үһүөбүт: уус-уран салайааччыбыт Андрей Борисов, Сергей Потапов уонна мин. Худуоһунньуктарбыт: Лена Гоголева, Михаил Егоров, Сардаана Федотова, Дария Дмитриева буолан айа-тута сылдьабыт.

Ааспыт сылга сүрүн сыананы таһынан Алампа аччыгый саалатын уонна лабаратыа­рыйа саалатын арыйан үлэлэп­пиппит. Манна режиссёр үөрэ­ҕэр үөрэнэ сылдьааччылар, режиссёр идэтигэр холонон көрөөччү артыыстар испэктээктэри туруорбуттара. Ол курдук, Роман Дорофеев, Василий Борисов үлэлэрин көр­бүппүт. Лабаратыарыйа саалатын үлэтин хайысхата элбэх этэ, кыра кээмэйдээх туруоруулары тэҥэ поэзия киэ­һэ­лэ­рин, биллэр-көстөр дьону кытта көрсүһүүлэри, аһаҕас кэпсэ­тиилэри ыыппыппыт. Дьон-сэргэ олус сэҥээрбитэ, сөбү­лээн сылдьыбыта. Сүрүн сыананы ааҕан туран, 7-8 саҥа испэктээги таһаарбыппыт. Үс сааланан тохтоло суох ньиргиччи үлэлээбиппит. Тыйаатыр олоҕо, этэргэ дылы, күөстүү оргуйбута. Быйыл даҕаны оннук үлэлииргэ бэлэммит, ол эрээри бу дьаҥынан улахан эрэ сыанаҕа оонньуубут.

Үгэс быһыытынан, фойебытыгар тиэмэлэринэн араас хабааннаах быыстапкалар туруохтара. Ефим Степанов салайыытынан түмэлбит эспэнээттэрин таһааран иһиэхпит.

Гостуруол туһунан тугу да этэр кыах суох. Үксүн саас сылдьааччыбыт, ол саҕана балаһыанньа хайдах буолара көстөн иһиэ. Былырыын хааччаҕынан сибээстээн, ханна да айаннаабатахпыт. Дьаҥ аастаҕына эбэтэр аҕыйаатаҕына, барыахпыт этэ. Мин тыйаатырга кэлбитим 20-чэ сыл буоллаҕа дии, ол тухары хоту улуустарга барыларыгар тиийдэхпит буолуо, сорох сиргэ бөртөлүөтүнэн көтө-көтө. Арай Өлүөхүмэҕэ уонна Ленскэйгэ сылдьа иликпит быһыылаах.

Быйыл артыыстары эбии ылбатыбыт. Састааппыт толору, онон көрөн саҥа туруорууларбытыгар оруолларбытын аттарыахпыт. Уопуттаах эбэтэр эдэр диэн көрбөппүт, үөрэҕи хаһан ылбыта эҥин оруолу оонньообот. Холобур, биһиги кэллэ-кэлээт “Ромео уонна Джульетта” оонньообуппут дии. Сүрүн ирдэбилэ оонньуур кыахтаах уонна оруолугар барсар буолуохтаах. Режиссёрдар артыыстары талыыга биир киһини былдьаспыппыт диэн суох. Ол эмиэ барыта эрдэттэн учуоттанар, биир артыыска хас да сүрүн оруол бэриллибэт. 2023 сылга “щепкиннэри” күүтэбит. Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ, тутуспутунан Саха тыйаатырыгар кэлиэхтээхтэр. Онон үтүө үгэс салҕанар. Бастакы устуудьуйаны 1955 сыллаахха бүтэрэн, Саха тыйаатырын аатырдыбыт артыыстарбыт Анна Кузьмина, Михаил Гоголев, Татьяна Мыреева, Мария Канаева уо.д.а. кэлбиттэрэ. Араас кэмҥэ Зоя Багынанова, Василий Фомин, Тимофей Сметанин, Прасковья Адамова, Андрей Борисов, Анатолий Николаев, Зоя Попова, Ефим Степанов, Степанида Борисова, Пётр Баснаев, Дмитрий Михайлов, Нерюнгри тыйаатырын уус-уран салайааччыта Пётр Скрябин, Ньурба тыйаатырын салайааччыта Юрий Макаров, Никита Аржаков, Елена Сергеева-Румянцева, Елизавета Потапова, Надежда Ушницкая артыыс идэтин баһылаабыттара. 2002 сыллаахха биһиги көлүөнэбит кэлбитэ уонна, дьэ, 21 сыл буолан баран, 6-с устуудьуйа оҕолоро “щепкиннэр” кэлиэхтэрэ.

Ити курдук, тыйаатыр сүрүн режиссёра Руслан Тараховскай былааннарын кэпсиир. Сыанаҕа “Тимир Баасса” испэктээккэ бэлэмнэнии бара турар эбит. Режиссёр Сергей Потаповка түбэһэн, кэпсэтэ түстүм.

 image 20 09 21 10 33 7

Сергей Потапов, П.А. Ойуу­нускай аатынан Саха тыйаатырын режиссёра:

– Казахстантан кэллим, Октава куоракка казах тылынан Федерико Гарсиа Лорка “Дом Бернарды Альбы” пьесатын туруордум. Испания драматурдарын айымньыларын ыллым. Норильскайга эмиэ Лорка суруйуутунан “Кровавая свадьба”, Татарстаҥҥа Алехандро Касона “Утренняя фея” пьесатын, Хорватияҕа Николай Гоголь “Ревизорун” туруордум. Манна Николай Вампилов “Утиная охота”, Максим Горькай “Васса Железнова” пьесаларынан үлэлээтим. Сылга 8-9 испэктээги туруорабын. Билигин да ыҥырыылар бааллар. “Тугу туруоруоххун баҕараҕын?” диэн ыйыталлар, бэйэлэрэ да этиилээх буолаллар.

Саҥа дьыл кэнниттэн Саха тыйаатырыгар күүскэ үлэ­лиэхтээхпин. Уильям Шекспир “Король Лирин” туруоруохпун баҕарбытым ыраатта. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара”, “Хачыгыр” айымньыларыгар ылсыахпын баҕарабын. Уонна өссө биир баҕам – киинэни сыанаҕа таһааран оонньоппут киһи. Холобур, Федерико Феллини “Дорога”, “Ночи Кабирии” киинэлэрин. Москубаҕа национальнай тыйаатырдар аһаҕас былаһааккалара тутулла сылдьар, Санкт-Петербурга бу ту­һу­нан кэпсэтии барыаҕа. Онно эмиэ туох эрэ үлэ тахсара буолуо.

Билигин “Баассаны” бэлэмниибин. Сүрэхтэниитэ буолбута эрээри, олох аҕыйахта көстөн хаалбыта. Бу пьеса икки көрүҥнээх. Мин иккис таһаарыытын ылбытым, арыый да бүгүҥҥү олоххо сөп түбэһэр дуу диэммин. Манна сэрии да, өрөбөлүүссүйэ да буолбатах, билиҥҥи кэм ойууланар. Айымньыны сахатытан биэрбиппит. Саха баай дьахтара, кини чугас дьоно, дьиэтин иһигэр буолар айдаан көстөр. Пьесаны аахпыт дьоҥҥо интэриэһинэй, мээнэ киһи кэлэн көрдөҕүнэ, соччо сэҥээрбэтэ буолуо дии саныыбын. Испэктээк алтынньыга, сэтинньигэ тахсыахтаах. Билэргит курдук, кэммит ыарахан соҕус. Баҕар, тыйаатырдары олох да сабан кэбиһиэхтэрэ. Арассыыйаҕа хааччах өттүнэн балаһыанньа арыый сымнаһыар буоллаҕына, Дьобуруопаҕа оннук буолбатах. Ирдэбили кытаанахтык тутуһаллар.

Сергей Потапов манна үлэ­лии түһэн баран, Псковка, Уз­бекистаҥҥа барыахтаах. Бу ый бүтүүтэ тыйаатыр салалтата быйылгы үлэни-хамнаһы торумнуоҕа, саҥа сезоҥҥа ким ханнык айымньыны сыанаҕа таһаарарын быһаарыаҕа. Бала­ҕан ыйын 24 күнүттэн хас эмэ ый иһийэн турбут сыана быыһа арыллар. Тапталлаах тыйаатырбытыгар көрөөччү тоҕуоруһа мустуо, саалаҕа ытыс тыаһа хабыллыбытынан барыаҕа.

image 20 09 21 10 55 1

image 20 09 21 10 55 2

 

 

Айаана Ларионова.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар