Киһи олоҕо туох эрэ үтүөнү, үйэлээҕи оҥорбутунан сыаналанар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ алыптаах ырыаны бэлэхтиир, дууһаны сынньатар, санааны көтөҕөр ырыалаах-тойуктаах саха эстрадатын биир бастыҥ сулуһа – Битээлий Ачыырап. Маныаха, Битээлий бэйэтэ эрэ буолбакка, ийэтэ Светлана Очирова уонна быраата Кеша Васильев эмиэ ураты куоластаах, көрөөччү биһирэбилин, тапталын сүүйбүт ырыаһыттар.
“Ыллыыр талаан ийэбититтэн бэриллибит” диэн Битээлий Ачыырап “Кыым.ру” саайка санаатын сайа кэпсиир.
- Битээлий, эн бырааккыныын Кеша Васильетыын өрөспүүбүлүкэни биир гына тэлэһийэ айанныыгыт, ырыаҕытын-тойуккутун бэлэхтиигит...
- Чахчы, оннук. Бүгүһүҥҥүттэн Кешалыын “Биир ситимҥэ - ини бии уолаттар” диэн бырайыакпытынан Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, о.д.а. улуустарынан сылдьан, уопсайа 30-тан тахса кэнсиэри тэрийдибит.
- Тыый, ол туһунан истибиппит, билэбит. Быраатыҥ туох идэлээҕий?
- Кини үлэ киһитэ. ДьУоХХ салаа начаалынньыгынан үлэлиир. Биһиэхэ ыллыыр талаан ийэбититтэн бэриллибит. Күн-күбэй ийэбит Светлана Очирова эмиэ көмүс куоластаах талыы-талба Таатта ырыаһыта.
- Бу бырайыак ис хоһооно тугуй?
- Билигин олус кэлиилээх-барыылаах, балысханнаах, сайдыылаах кэмҥэ олоробут. Бу бырайыак сүрүн ис хоһооно эр киһи оруолун үрдэтиигэ, чугас киһигэр истиҥ уонна сылаас сыһыаны олохтуурга туһаайыллар. Ол иһин бырайыакпытын, “Биир ситим” диэн ааттыыбыт. Ол аата ситими быспакка, үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабыт диэн ис хоһоонноох.
- Дьэ, бэйэҥ этэн ааспытыҥ курдук, кылгас кэм иһигэр 30-тан тахса кэнсиэри тэрийбиккит. Ол аата көрөөччүлэр эһигини ылыннахтара дии...
- Билигин усулуобуйа тубуста. Дэриэбинэ кулууптарын үлэтэ сайынна. Урукку курдук тыбыс-тымныы, уота-күөһэ суох кулууп ханна да суох. Аны туран, тыа дьоно барахсаттар ыалдьытымсахтара, көрсүө-сэмэй майгылара бэйэлэрин киэнэ. Тыа сиригэр наһаа үчүгэй ураты тыын баар.
Даҕатан эттэххэ, көрөөччү санаатын таайыы, тапталы сүүйүү эмиэ үлэттэн тахсар. Билиҥҥи көрөөччү артыыстарга олус ирдэбиллээх сыһыаннаах. Ол иһин, биһиэхэ улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Артыыс тас көрүҥэ чэмэлкэй, таҥаһа-саба ыраас уонна кэнсиэрэ хаачыстыбалаах буолуохтаах. Кэнсиэр 1,5 ч.- 2ч. буолуохтаах.
- Эһиги кэнсиэргит туох уратылааҕый?
- Сахалыы тыыннаах. Кэнсиэр арчылаах алгыһынан саҕаланар уонна уруйдаах оһуокайынан түмүктэнэр. Мин көрөөччүлэрбин кытары илии илииттэн ылсан оһуокайдыырбын сөбүлүүбүн. Бу тыыны саха дьоно сүрдээҕин ылыналлар уонна сөбүлүүллэр. Биһиги бары, сахалар, инникилээх, сомоҕолоһуулаах, күүстээх омук буоллахпыт дии!
- Салгыы бу бырайыаккытынан, ханнык улуустарга айанныыр былааннааххытый?
- Саас Бэрдьигэстээххэ, Хампаҕа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Элгээйигэ, Сунтаарга уонна Тойбохойго айанныахпыт. Онон истиҥ истээччилэрбитин, эрэллээх көрөөччүлэрбитин долгуйа күүтэбит!
Саха кутун-сүрүн туппут эр бэртэригэр, ини-бии уолаттарга ситиһиини баҕарабыт! Айар аартыккыт уйгуланан, табыллан истин!
Кэпсэттэ
Екатерина АФАНАСЬЕВА.