Сэтинньи 1 күнүгэр саҕаламмыт аармыйаҕа ыҥырыы ахсынньы 31 күнүгэр түмүктэнэн өрө тыынан олордохпутуна, аныгыскы ыҥырыыга сыһыаннаах бииртэн биир сонун, сурах-садьык тарҕанар.
Бастатан туран, Бэрэсидьиэн Владимир Путин Арассыыйа сэбилэниилээх күүһүн улаатыннарар туһунан Ыйааҕа тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирдэ. Кини, Оборона миниистирэ Сергей Шойгу байыаннай сулууспалаахтар ахсааннарын - 1,5 мөл., оттон хантараагынан сулууспалааччылары 695 тыһ. тиэрдэр туһунан этиитигэр олоҕуран, Арассыыйа аармыйатыгар үлэлиир дьон ахсаана 2 039 758 буолуохтаах, ол иһигэр 1 150 628 байыаннай сулууспалаахтар киириэхтэрэ диэн бигэргэттэ. Ол эбэтэр, 137 тыһ. киһинэн элбэх. Кинилэри хааччыйар үбү Оборона министиэристибэтэ федеральнай бүддьүөттэн тыырыаҕа.
Иккиһинэн, Сергей Шойгу аармыйаҕа ыҥырыллар сааһы 18-тан 21-гэ, оттон ыҥырыллан бүтэр сааһы 27-тэн 30-ка үрдэтэргэ этии киллэрдэ. Маны толорорго байыаннай сулууспа туһунан сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр ирдэнэр буолан, олоххо тута киирбэтэ. Госдуума Оборонаҕа кэмитиэтэ ылыннар эрэ, туолар чинчилээх. Сэрэйдэххэ, аармыйаҕа сааскы ыҥырыы саҕаланыан иннинэ уларытыыны киллэрэ сатыахтара. Билигин, 18 саҥа туолбут оҕо сулууспалыы барыан кэриэтэ, 21-дээх барара ордук курдук.
Үсүһүнэн, ахсынньы 16 күнүгэр Михаил Фотин диэн байыаннай хамыһаар “Москуба уобалаһын байыаннай хамыһаарын этиитигэр сигэнэн” аармыйаҕа сулууспа болдьоҕо уһуурун туһунан этиилээх киэҥ эйгэҕэ тахсан дьону улаханнык соһутта, аймаата. Онтон сылтаан, сулууспа болдьоҕо уһуурун туһунан сурах күүскэ тарҕанна. Кини ыҥырыыга түбэһээччилэр 1,6 сыл, оттон күһүн ыҥырыллааччылар 2 сыл сулууспалыахтара диэн эппитэ уонна маны толору өйүүрүн биллэрбитэ. Ол эрээри сулууспа болдьоҕун уһатыы эмиэ «Байыаннай эбээһинэс уонна сулууспа» туһунан сокуоҥҥа уларытыыны эрэйэр, онон тутатына кыайан киирбэт.
Билигин нэһилиэнньэни ордук икки түгэн долгутар: аармыйаҕа ыҥырыынан сулууспалааччылары анал байыаннай дьайыыларга ыытыахтара дуо уонна күһүҥҥү хомуур хатыланыа дуо диэн.
Урут элбэхтик этиллибитин курдук, аармыйаҕа ыҥырыынан сулууспалааччылар анал байыаннай дьайыыларга кыттыа суохтаахтар. Онуоха, РФ Бэрэсидьиэнин 1999 с. 1237 №-дээх «Байыаннай сулууспаны ааһыы боппуруостара» ыйааҕын 2-с ыстатыйатын 3-с пуунунан, түөрт ыйдаах сулууспа кэнниттэн ыытыллыахтарын сөп диэн сурулла сылдьар.
“Военнослужащие, проходящие военную службу по призыву, могут быть направлены (в том числе в составе подразделения, воинской части, соединения) для выполнения задач в условиях вооруженных конфликтов (для участия в боевых действиях) после прохождения ими военной службы в течение не менее четырех месяцев и после подготовки по военно-учетным специальностям”.
Оттон буолаары турар хомуур туһунан сурах-садьык интэриниэт ситимнэргэ толору. Сурах эрэ буолбатах, өссө туруорсуулар бааллар. Холобура, “Солдатские вдовы России” телеграм-ханаалга огдооболор уопсай хомууру туруорсар суруйуулара, таһаарыылара тахсыбыттар...
Оттон биһиги аармыйаҕа сааскы ыҥырыы сыллата муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри барарын санатабыт.
Бэйэ кэр.