Ааспыт сыл атырдьах ыйыгар «ЯНЦ СО РАН» федеральнай чинчийэр киин Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын институтун археологическэй эспэдииссийэтин илин эҥэрдээҕи этэрээтэ 18-с үйэтээҕи дьикти көмүүнү булбута. Бу Саха сиригэр ойуун таҥастаах иккис эрэ булумньу буолар.
Биһиги институт научнай үлэһитин Александра ПРОКОПЬЕВАНЫ сэдэх көмүү көстүүтүн сырдатарыгар көрдөстүбүт:
«Ааспыт сылга эспэдииссийэ илин эҥэрдээҕи этэрээтэ хаһыы кэмигэр дьикти көмүүгэ тайаммыта. Манна ойуун кумутунан уонна хотойдоох сонунан бүрүллүбүт эр киһи кырамтата баара. Уопсайынан, 17-18-c үйэтинээҕи ойууннааһын туһунан информация олох аҕыйах, онон бу көмүү Саха сирин археологиятыгар, этнографиятыгар, устуоруйатыгар олус улахан суолталаах. Бу көмүү туруга үчүгэйинэн уонна баайынан ураты уонна сэдэх булумньу буолар.
Ол курдук, көмүллүбүт киһи тимир уонна алтан кыаһааннардаах ойуун кумутунан уонна атаҕар хотойдоох сонунан бүрүллэн сытар. Быһааран эттэххэ, хотойдоох сон эр киһи көмүүтүгэр дэҥҥэ көстөр, ордук дьахтар көмүүтүгэр элбэх уонна уруу туомун кытта ситимнээх буолар. Маны сэргэ бэлэпчи кэтэн сытара эмиэ дьиктилээх. Бэлэпчи олус сэдэхтик көстөр таҥас буолар. Бэлэпчи диэн көнө муннуктуу быһыылаах икки өттүккэ баанар ис таҥас. Мааны, түүлээх тас таҥас ол-бу тэрилгэ (быһахха, кыалыкыга эҥин) аалыллыбатын диэн. Бу бэлэпчи олус сиэдэрэй оҥоһуулаах: тимир оҕуруонан, таас оҕуруонан уонна синньэ диэн быысапка көрүҥүнэн симэммит.
Маны таһынан, көмүллүбүт киһи ойуунуттан ураты өссө улахан, үрдүк статустаах буоларын кини сутуруота туоһулуур. Сутуруо хаһыыларга элбэхтик көстөр гынан баран, бачча мааны, сиэдэрэй, элбэх сыраны эрэйбит күндү көстүүлээх сутуруо көстө илик. Тигиллибит тиэхиньикэтэ уустугунан саамай улахан баайдар көмүүлэригэр чугаһыыр. Ол эбэтэр, сутуруону олус үрдүк таһымнаах иистэнньэҥнэр тикпиттэрэ сабаҕаланар».
«ЯНЦ СО РАН» Федеральнай чинчийэр киин пресс-сулууспатын суруйуутунан, көмүүгэ ойуун таҥаһын кытта туттубут сэбэ-сэбиргэлэ эмиэ хараллыбыт: ыҥыыра, иҥэһэлэрэ, икки хаппара уонна да атыттар. Маны барытын Москубатаааҕы И.Э. Грабарь аатынан реставрациялыыр кииҥҥэ сөргүтүүгэ ыыппыттар. Сөргүтүү үлэтэ 2-3 сыл устата барыаҕа, онтон сыаналаах булумньу Саха сиригэр төннөн кэлиэҕэ.
Иһитиннэриини бэлэмнээтэ Күндэли