Аҕыс ый анараатыгар Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгин оскуолатын учууталын Николай Сивцевы, ыарахан ис хоһоонноох ыстатыйанан буруйдаан, силиэстийэлиир изоляторга хаайбыттара. Бу күннэргэ кини дьыалатын бүтэһиктээх көрүү буола турар. Силиэстийэ кэмигэр учуутал туох да буруйа суоҕун, оҕолор учуутал аатын сымыйанан, бэйэлэрин буруйдарын саптаары, хараардыбыттарын дакаастыыр элбэх чахчы, туоһу көстүбүтэ.
Биһиги Николай Сивцев буруйа суоҕар бүк эрэммиппит. Ол быһыытынан, кини бииргэ төрөөбүт эдьиийин, ХИФУ саха литературатын кафедратын сэбиэдиссэйэ, филологическай наука дуоктара Валентина Григорьевна Семенова суругун хайдах баарынан таһаардыбыт.
Ыарахан кэммитигэр күн-ый буолан абыраабыт,санаа салҕаабыт, өйөөбүт, көмөлөспүт сахабыт дьоно!
Эһиэхэ Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгин оскуолатын учуутала Николай Сивцев суута бүгүн түмүктэнэрин туһунан иһитиннэрэбит. Аҕыс ыйы быһа барбыт унньуктаах уһун суут хайдах барбытын, туоһулар тугу көрдөрбүттэрин дьон-сэргэ сэргиир буолуохтаах. Учууталы өйүүргэ тэриллибит көҕүлүүр бөлөх суут хаамыытын, ким туох көрдөрүү биэрбитин күн аайы тута ымпыгар-чымпыгар тиийэ бэйэлэриттэн сураһан, бэлиэтэнэн, сурукка тиһэн истэ, онон сотору кэминэн телеграм-ханаалбытыгар суут мунньахтарын отчуотун хайдах баарынан сиһилии уонна аһаҕастык суруйуохпут.
Оттон бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн түмүкпүт маннык: суукка сылдьыбыт буруйдааһын (обвинение) уонна көмүскээһин (защита) 40-ча туоһута бука-бары учуутал туох да буруйа суоҕун дакаастаатылар, балыйбыт икки уол сымыйатын уонна ол төрүөтүн ыраас мууска ууран биэрдилэр. Ордук күүскэ учууталларын, ити балыйбыт икки оҕо истэрин-тастарын бэркэ билэр, интернакка бииргэ олорбут уолаттара көмүскээтилэр. Оҕолор барахсаттар ис сүрэхтэриттэн абаран-сатаран, кыһыйан-абаран туран, силиэдэбэтэллэр хайдах куттаабыттарын, сымыйа көрдөрүүнү биэрэргэ күһэйэ сатаабыттарын, боротокуолга аахтарбакка илии баттаппыттарын, баспытаатал туох да буруйа суоҕун итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Ол эрээри итинтэн салгыы суут кырдьыгы өссө түөрэн арыйыахтаах туоһу оҕолор кэлэллэрин боппута, онон кинилэр оннуларыгар төрөппүттэрэ кэлэн кыттыбыттара. Ол да буоллар, кэлин дьыала ис дьиҥин арыйарга ордук суолталаах көрдөрүүлээх төрөппүттэр кэлэллэрин суут эмиэ аккаастаабыта.
Суут биир суолталаах түһүмэҕинэн балыйбыт уолаттар доппуруостара буолла. С. массыына күрэппит күнүгэр кафеҕа көрсүбүт баспытааталбар педофилтан күрээбитим туһунан кэпсээбитим диэн көрдөрбүтүн, ол кафеҕа көрсүбүт туоһулара суукка кэлэн, уол сымыйатын таһаарда. Олунньу 11 күнүгэр күнүс 14-16 чааска биир сирбиттэн туппута диэбит сымыйата эмиэ толору дакаастанна: баспытаатал ол кэмҥэ атын учууталы кытары оҕолору эрчийбитин, фойены күрэхтэһиигэ бэлэмнээбитин, онтон салгыы куоталаһыыны тэрийбитин туоһулар бэлиэтээтилэр. Хомойуох иһин, ол күн хаартыскаҕа түһэрбит учуутал кыыс телефонун хранилищетыгар хаалбыт фотолары уонна ол күн ол чааска коллектив ватсап группатыгар кэлбит хаартыскалары суут дакаастабыл быһыытынан ылыммата. Оттон иккис уол Э. экспертизаҕа эппит көрдөрүүтүттэн (учуутал «оҕолору биир-бииргэ, икки-иккигэ охсуһуннартааччы, оҕолору бука барыбытын кэккэлэтэн туран, сээкэйбитин көрдөрөрбүтүн модьуйааччы”) аккаастанна. Онон, уолаттар хара балыырдара өйдөөх киһи өйдүүрүн курдук ырылыччы көстөн кэллэ.
Суут кэлиҥҥи түһүмэҕинэн экспертизалары үөрэтии буолла (ити туһунан кэлин отчуокка сиһилии билиһиннэриэхпит). Сакаастаммыт экспертизалар компетентнайа суох, сымыйа, оҥоһуу түмүктэрин адвокаттар суукка анаан ыҥырыллыбыт специалистар уонна судаарыстыбаннай научнай-чинчийэр институттар рецензияларын көмөтүнэн олохтоохтук сууһардылар.
Ити курдук суут бары түһүмэҕэ учуутал кырдьыгын толору уонна чахчылаахтык дакаастаата. Аныгы суут системата төһө сиэрдээҕин: сирэйэ-хараҕа суох балыйарын эбэтэр кырдьыгы өрө тутарын хайдах бириигэбэр тахсарыттан көрүөхпүт буоллаҕа. Кэтэһэбит!