Саха сиригэр “Балбаах сокуонунан” сүрэхтэммит “Сүөһү иитии салаатын тобох бородуукталарын уонна РФ кэккэ сокуоннай аактарыгар уларытыыны киллэрии туһунан” диэн 248-с нүөмэрдээх 2022 с. от ыйын 14 к. бигэргэммит Федеральнай сокуон бу дьыл кулун тутар 1 к. күүһүгэр киирдэ.
Итиннэ 5 сокуоннай аак туһунан этиллэр. РФ Бырабыыталыстыбатын 3 уурааҕа, 1 дьаһала:
- 1542 №-дээх “О внесении изменения в Положение о МСХ РФ” (02.09.2022),
- 1925 №-х “О внесении изменений в Положение о федеральном государственном замельном контроле (надзоре) и Положение о федеральном государственном ветеринарном контроле (надзоре)” (29.10.2022 к.)
- 1940 №-дээх "Об утверждении требований к обращению побочных продуктов животноводства" (31.10.2022).
- ”Перечень нарушений требования к обращению побочных продуктов животноводство, в результате которых побочные продукты животноводство признаются отходами” диэн алтынньы 31 күнүнээҕи 3256-р №-дээх дьаһала.
Ону сэргэ:
- РФ ТХМ "Об утверждении порядка, сроков и формы направления уведомления об отнесении веществ, образуемых при содержании с/х животных, к побочным продуктам животноводства" диэн 2022 с. алтынньы 7 күнүнээҕи 671 №-дээх бирикээһэ.
Сиһилии билсэргэ интэриниэттэн судургутук буллуннар диэн, ааттарын тылбаастаабатым.
Эспиэрдэр суоттааһын-нарынан, Арассыыйа дьиэ сүөһүтүн, көтөрүн иитэр бары хаһаайыстыбалара сыччах биир сыл иһигэр 300 мөл. т тобоҕу таһаараллар. Итинтэн 180 мөл. т – т/х тэрилтэлэрин уонна КФХ-ларын (24 мөл. т – сибиинньэ иитэр тэрилтэлэрин уонна 18 мөл. т – көтөр хаһаайыстыбаларын) киэнэ.
Сокуон толкуйдаммыт сыала-соруга, дьиҥинэн, куһаҕана суох: дьиэ сүөһүтүн, көтөрдөрүн хойуута-убаҕаһа айылҕаны киртиппэтин, тулалыыр эйгэни киртитэр тобох (отход) быһыытынан хаалан, сүөһү, көтөр иитэр хаһаайыстыбалар ыстарааптамматтарын, төттөрүтүн, тустаах ирдэбиллэри тутуһан, уоҕурдуу быһыытынан бэлэмнээн, сир үүнүүнү биэрэр кыаҕын улаатыннаралларын, атыылаан эбии дохуоттаналларын ситиһии буолар. Тус-туспа сылдьыбыт сокуон аактарын холбоон, ситэрэн-хоторон биэрэр үтүө соруктаах сокуон дииллэр.
Бу сокуон ноһуому сокуон-быраап өттүнэн икки көрүҥҥэ араарар: ойоҕос бородуукта (побочные продукты) уонна тобох (отходы) диэҥҥэ. О.э., сүөһү сибиинньэ, көтөр иитэр КФХ-лар, урбаанньыттар уонна тэрилтэлэр Россельхознадзор миэстэтээҕи салааларыгар анал уведомление ыытан баран, сүөһүлэрин, сибиинньэлэрин уонна көтөрдөрүн хойуутун (навоз, помет), убаҕаһын, ону тэҥэ хотоҥҥо туттуллубут кирдээх ууну (стоки) уонна сүөһү сытарыгар анаан туттуллубут тэлгэтиини (подстилка) анал оҥоһуулаах сиргэ мунньан сытыаран, курулаабытын кэннэ анаалыстатан, буортулаах бэссэстибэлэрэ суоҕун быһаартаран баран, туттар, батарар түгэннэригэр онтулара ойоҕос бородуукта дэнэр. Оччотугар Россельхознадзор хонтуруолугар, көрүүтүгэр сылдьар буолар. Оттон уведомление суруйбакка, уруккулуу дьаһанан олордоххо, буортулаах тобох (отход) быһыытынан билиниллэр, Росприроднадзор кыраҕы хараҕын көрүүтүгэр киирэр. Батарар, атыылыыр бобуллар.
Уоҕурдуу буолуохтаах ойоҕос бородуукта харайыллар анал былаһааккалара (навозохранилища, лагуны) бары ирдэбили тутуһан оҥоһуллар түгэннэригэр, мантан инньэ кутталлаах тобох харайыллар сиригэр киирсибэт буолаллар. Ол аата, айылҕа харыстабылын кэтээн көрөр уорганнар хаһаайыстыбаларга итинтигитин кутталлаах тобох мунньуллар эбийиэктэр судаарыстыбаннай реестрдэригэр киллэриҥ диэн модьуйаллара тохтуур.
Бу сокуон сылгыны, табаны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбаларга дьайбат. Тоҕо диэтэххэ, сылы эргиччи таска мэччийэр тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтэ, ону тэҥэ бэл сүөһү эмиэ мэччирэҥҥэ сылдьар кэмигэр ити сокуон ирдэбилигэр киирбэт. Ону тэҥэ бу сокуоҥҥа, сокуоннай аахталарга да кэтэх хаһаайыстыбалаахтар (ЛПХ) сүөһүлэрэ хабылларын туһунан тыл да аҥаара суох.
Эбии быһаарыы: сорохтор “подстилка” диэни ходуул диэн өйдөөбүттэр. Ходуул диэн – сүөһү ситэ сиэбэтэх ото, кирэ-хоҕо. Оттон “подстилка” диэн тугуй? Тыа хаһаайыстыбатын официальнай тиэрминнэригэр маннык быһаарыыны буллум: "Подстилка: средство обеспечения животным сухого, теплого и мягкого логова. Подстилка должна быть сухой, мягкой и влагоемкой, не содержать вредных растений и плесени, обладать способностью бактерицидности и поглощения из воздуха вредных газов, а также улучшать качество навоза...". Тиэрмини РФ ТХМ-а 2011 с. ыам ыйын 16 к. 15 N-дээх боротокуолунан сөпсөспүт (одобрено). “ПОДСТИЛКА, солома, торф или опилки, которыми покрывают пол в деннике или стойле (станке) при содержании л. в конюшне... ежедневно удаляя навоз и загрязненные опилки или солому и добавляя вместо них свежие”.
Соҕуруу итинник тэллэҕи киэҥник тутталлар. Ол сүөһү убаҕаһын-хойуутун кытта булкуһарын быһыытынан, тобох эбэтэр ойоҕос бородуукта диэҥҥэ киирсэрэ өйдөнөр. Оттон дьиҥ ходуулу итиннэ “сыбыыр” биһиэхэ содуллаах буолуон сөп.
Күүһүнэн соҥнооботтор диэн да...
Сокуон ылыллыытын туруорсубут дьон: “Бу иннинэ сүөһү-көтөр хойуута оҥорон таһаарыы III–IV кылаас кутталлаах тобоҕунан ааҕыллара, онон т/х тэрилтэтэ лиссиэнсийэлэппэтэх буоллаҕына, “тулалыыр эйгэни айгыратыы иһин” төлөбүрү төлөспөтөҕүнэ ыстарааптанара. Айылҕаны харыстыыр сокуон билигин да тохтообот, үлэлиир. Ол оннугар саҥа сокуон киирэн, ноһуому ойоҕос бородууктаҕа эбэтэр тобоххо киллэрэри хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ быһаарыыларыгар бэриллэр. Ким да булгуччу “уведомлениены” ыытыҥ диэн соҥнообот”, – дииллэр.
Уведомлениены ыам ыйын 1 к. эрэ диэри туталлар
Ойоҕос бородууктаҕа киллэртэрэргэ быһаарыммыттар Россельхознадзор Саха сиринээҕи салаатыгар ыам ыйын 1 к. эрэ диэри “уведомление” ыытыахтаахтар. Уведомлениены хаһаайыстыба илдьэн туттарыан, почтанан ыытыан эбэтэр Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө элэктэриэн көрүҥүнэн да ыытыан сөп.
Ол кэнниттэн хас сыл аайы оннук уведомлениены ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытан иһиэхтээхтэр. Туох эмэ уларыйыы таҕыстаҕына, эмиэ биллэриэхтээх. Уведомление хайаан да анал бигэргэммит халыыпка толоруллар. Онно былааннанар иик-саах кээмэйэ, мунньуллубут күнэ-дьыла, оҥорон таһаарыыга туттары былаанныыр күннэрэ эбэтэр кимиэхэ биэрэргэ суоттанара ыйыллыахтаах.
“Оттон уведомлениены ыыппакка хаалбыттар быһалыы тобох быһыытынан билинэргэ сөбүлэспиттэр диэн өйдөнөллөр” – диэн СӨ Уопсастыбаннай палаата мунньаҕар “Россельхознадзор Амыр уобалаһыгар уонна СӨ управлениетын бэтэринээрийэҕэ хонтуруолун уонна кэтэбилин отделын начаалынньыгын солбуйааччы Анна Старкова этэн турар. Онон толкуйданар да кэммит ыгым буолан тахсар.
Баар усулуобуйаны учуоттанан, хайата ордугун быһаарынар гына, улуустар итиннэ сыһыаннах бэрэстэбиитэллэрэ Россельхознадзор Дьокуускайга баар салаатын 8-4112-40-14-32 эрийэн чопчулаһаргыт ордук.
Тугу ирдиир эбиттэрий?
“Балбаах сокуонун” 5-с ыст. 6 ч 4 п олоҕуран, сүөһүнү, көтөрү иитии салаатын ойоҕос тобоҕун харайыы чопчу ханнык ирдэбиллэрин толорбот түгэҥҥэ тобох (отход) быһыытынан билиниллэрин уонна ирдэбили толорбот буолуу кэрискэтигэр туох киирэрин (перечень нарушений) РФ Бырабыыталыстыбатын 2022 с. алтынньы 31 к. тахсыбыт 3256-р №-дээх уурааҕынан бигэргэммит.
1.Сүөһү, көтөр хойуутун тустаах сыалга анаан оҥоһуллубатах тутууга эбэтэр миэстэҕэ мунньуу иһин. Ити иһигэр ирдэбилгэ эппиэттээбэт сүөһү, көтөр хойуутун-убаҕаһын мунньар сир (навозохранилище и пометохранилище) эмиэ киирсэр.
2. Сүөһү, сибиинньэ, көтөр хойуутун-убаҕаһын уоҕурдуу гынан таһаарарга сөптөөх, анаан оҥоһуллубатах, бэлэмнэммэтэх сиргэ мунньан, уоҕурдуу гынан таһаарыы.
3. "Об утверждении требований к обращению побочных продуктов животноводства" диэн РФ Бырабыыталыстыбатын 2022 с. алтынньы 31 к. 1940 №-дээх уурааҕынан бигэргэммит ирдэбил 15 уонна 16 пп. ирдэбиллэригэр эппиэттэспэт сүөһү иитиитин салаатын тобох бородууктатын (о.э. иик-саах) туһаныы.
Онон ити этиллэр уураах пууннарын көрбүтүм: Уоҕурдуу буолбут тобоххо бу ирдэбилгэ сыһыарыы (приложение) быһыытынан киирэ сылдьар нормативка суруллубуттааҕар элбэх сүһүрдэр элэмиэн, пестицид суох буолуохтаах. Дьэ, ол нуормаҕа төһө эппиэттэһэрин билэргэ хаһаайыстыбалар курулаппыт ноһуомнарыттан анаалыс ылан ыытыахтаахтар. Онтулара 400 гр буолар.
Аны ол чинчийиини ыытарга анал аккредитациялаах, көҥүллээх эрэ лабаратыарыйа анаалыстаан бигэргэппитэ билиниллэр. Оннук көҥүл өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээр чинчийэр лабаратыарыйатыгар, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Сунтаарга баар лабаратыарыйаларга эрэ баар. Ону таһынан Дьокуускайдааҕы Россельхознадзорга ыыттахтарына, салгыы Амурдааҕы лабаратыарыйаҕа ыытыахтарын сөп курдук кэпсэтии барар.
4. Ити 1940 №-дээх уураах 15,16 п ирдэбилигэр эппиэттэспэт сүөһү иитиитин тобох бородууктатын тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар дьарыктаах сирэйдэргэ биэрии.
5. Сүөһү иитиитин тобох бородууктатын хаһаайыстыбаннай-бытовой, оҥорон таһаарыы сүүрүгүрэр (сточнай) ууларын, о.и. нэһилиэнньэлээх пууннар сүүрүгүрэр ууларын кытта (өскөтүн ол уу тыа хаһаайыстыбатын сүөһүлэрэ турар сирдэригэр киирэр, халыйар түгэнигэр) тэҥҥэ тутуу уонна ноһуом ууруллар сириттэн кирдээх уу суурадаһына атын, ыраас уулаах сиргэ халыйар сиригэр харайыы.
6.Сүөһү иитии тобоҕун илдьэргэ-аҕаларга гидромеханическай оборудованиены ( сылаангалаах, сиигирдэр тиһиктээх) туһанан, дьон олорор, сылдьар эйгэтин, айылҕа компоненнарын, о.и. буору, уулаах сирдэри, ойууру-тыаны киртитии.
Ойоҕос бородуукта хараллар былаһаакката хайдах буолуохтааҕый?
Итинник былаһаакка чопчу бигэргэммит тэхиниичэскэй ирдэбилэ билиҥҥитэ суох. Арай “хаһаайыстыбаннай, олох-дьаһах, оҥорон таһаарыы уута уонна булкаас, сүүрүгүрэр уу сириттэн тэйиччи буолуохтаах. Биир кэлим бетон түгэхтээх, быыһа-хайаҕаһа суох гына ыпсары сыһыарыллыбыт пүлүөҥкэ сабыы эбэтэр түгэҕэ 20 см чарааһа суох гына ууруллубут туой дьапталҕа (глиняные продушки) ууруллуохтаах” диэн баар.
Бэлэм уоҕурдуу буолбут ойоҕос бородуукта бааһынаҕа туттуллар кэмэ кэлиэр диэри уу харыстанар эбийиэктэрин, иһэргэ уонна тэхиниичэскэй наадыйыыга туттуллар санитарнай харыстанар уу зоналарыттан тэйиччи баар, тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр, сир үүнэр үрүт араҥатын алдьаппакка, былаһаакка оҥоро сатаабакка, уһаабыта 5 ый устата ууран эриэххэ сөп.
Бу кэннэ ииттэн да диэбит курдук
Ойоҕос бородууктаны туһаныы ирдэбилин кэһиигэ сыһыаннаан, “Административнай быраабы кэһии туһунан” кодекска уларытыылары киллэрэр бырайыак Госдуумаҕа киирбит, ол иннинэ ону бырабыыталыстыба биһириир өттүнэн (положительно) сыаналаабыт. Ол туһунан “Животноводство России” диэн, АП салайааччыларыгар уонна исписэлиистэригэр аналлаах билим-быраактыка сурунаалыгар РФ Эккэ национальнай ассоциация салайааччыта М. Синельников суруйар. “Дуоһунастаах сирэй — 30-тан 40 тыһ. диэри солк., урбаанньыт — 50-тан 60 тыһ. солк. диэри ыстарааптанар эбэтэр ... хаһаайыстыба үлэтэ 90 сууккаҕа диэри кэмҥэ тохтотуллар, оттон тэрилтэ (юридич. сирэй) — 250 тыһыынчаттан 350 тыһ. солк. диэри ыстарааптанар эбэтэр эмиэ үлэтин 90 сууккаҕа диэри тохтотуллар кыахтаах” диэбит.
Тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэтин үлэтин 90 сууккаҕа диэри тохтотор буоллахтарына, үлэлээбэтэх да көнө буоларыгар тиийэр. Бу кэннэ ким ынах ыай, көтөр көрүөй?!
Оттон ССТА Госдуума бастакы ааҕыыга ылыммытын, оттон ирдэбили биир сыл иһигэр иккистээн толорбот түгэҥҥэ дуоһунастаах сирэйдэргэ уонна урбааньыттарга көрүллэр ыстараап өссө – 10-нуу тыһ. солк., оттон тэрилтэ, хампаанньа киэнэ букатын да – 350–450 тыһ. иһинэн халбаҥныыр буоларын суруйар!
Онон, кырдьык-хордьук, талар кыах бэриллэр курдук да, ис-иһигэр киирдэххэ, хайатыгар да сокуоҥҥа хапсар хаһаайыстыбалары хааччахха хаайыы, эбии ночоокко угуу буолан тахсар. Тоҕо оннугун быһаарыым.
Сокуоҥҥа, сокуоннай аактарга даҕаны сүөһү, сибиинньэ, көтөр иитэр тэрилтэлэр, КФХ-лар, ИП-лар сүөһүлэрин, көтөрдөрүн ахсаана, эрэгийиэннэр айылҕаларын, килиимэттэрин уратыта, оҥорон таһаарыыларын кээмэйэ, үп-харчы өттүнэн туруктара, дохуоттара учуоттаммакка, үрдүттэн оҥоһуллубута, барыларын биир кэккэҕэ туруорар ирдэбил олохтоммута – сиэрэ суох. Саатар, киритиэрий баар буолуохтаах. Хас эмэ сүүһүнэн, тыһыынчанан сүөһүлээх аарыма хаһаайыстыбалар тобоҕо дуу, биһиэннэрин быыкаа хаһаайыстыбаларын киэнэ дуу? Сылы эргиччи сылаас турар сир дуу, аҕыс ый тымныы кыһыннаах Саха сирэ дуу? Бу сокуоҥҥа эрэгийиэн килиимэтин уратыта учуоттамматаҕа сыыһа.
Сибиинньэ, көтөр иитэр хаһаайыстыбалар тобохторо айылҕаҕа, салгыҥҥа дьайыылара улаханын быһыытынан, ирдэбил кытаатара өйдөнөр. Ол эрээри кинилэр да ити сокуон ирдэбилин тутуһар гына дьаһаналларыгар үптээх-харчылаах буолуохтарын наада. Оттон оннук үп быйылгы федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ да бүддьүөтүгэр былааннамматаҕа.
Олунньу 17 к. Федерация Сэбиэтин аграрнай ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Сергей Митин, РФ ТХМ, тустаах салаа сойуустара, түмсүүлэрэ, биисинэс -сообщество кыттыылаах “Россельхознадзор” Уопсастыбаннай сэбиэтин мунньаҕа буолбут.
Онно “Россельхознадзор” салайааччыта С.Данкверт бэйэтэ да саҥа агрокомплекстары тутууга сүөһү хойуутун туруоран уоҕурдууга кубулутар (обработкалыыр) тутуулары ыытарга судаарыстыба таһымыгар көмө көрүллүөн наадатын этэр. Оттон бэлиэр үлэлии турар тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэригэр хонтуруоллуур-ыстарааптыыр эрэ өттүнэн үлүһүйбэккэ сиһилии быһаарар наадатын ыйар. Ону ытаһалаан, Федерация Сэбиэтин официальнай саайтын иһитиннэриититтэн быһа тардан угабын: “Что касается действующих сельхозорганизаций, то с ними необходимо проводить кропотливую разъяснительную работу без контрольно-надзорных перегибов и штрафов, если это не требуется”.
Сүрүнэ, “Россельхознадзор” территориятааҕы сулууспалара, бастатан туран, сүөһү иигэ-сааҕа уулаах сирдэргэ сүүрүгүрбэтин хааччыйыахтаахтар диэбит. Ол эрээри ханнык да “переходной” түһүмэх биллэриллэрин эппэтэх.
Аны, Саха сирин бааһынай хаһаайыстыбалаахтарын ортотугар сокуонтан “босхоломмут” кэтэхтэр киэннэрин саҕа, онтон эрэ кыранан элбэх-аҕыйах сүөһүлээхтэр бааллар. Холобур, үүт туттаран дохуоттана түһээри, аҕыйах да ынахтаах аата КФХ, урбаанньыт буолбуттар бааллар. КФХ буолбут “дьолугар” сокуоҥҥа эппиэттэһээри ороскуокка барара төһө сиэрдээҕий?
Тэрээһиннээх да хаһаайыстыбаларбыт сокуон ирдэбилигэр эппиэттиир анал тутууну баар гына охсоллоро уустук. Х-р, Бүлүү улууһугар 100-тэн тахса сүөһүлээх 10 хаһаайыстыба баар. Ону таһынан сибиинньэ иитэр 2 хаһаайыстыбалаахтар. Өссө көтөр киэнэ соторутааҕыта аһылынна. Олоҕурбут үгэс быһыытынан, боппуруоһу, үбүлээһини улуус таһымыгар быһаарыҥ диэтэхтэринэ, бу дьон хайдах буолаллар?
Госдуумаҕа дьокутаат бөҕөлөөх (бэһиэлэр) курдук этибит да, саатар, биирдэрэ эмэ сокуону дьүүллэһии саҕана, Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар сүөһү иитээччилэрбит бэйэлэрэ да бэрт эрэйинэн сүөһү-ас тутан олороллорун, соҕурууҥҥулардааҕар аҕыйах сүөһүлээхтэрин өйдөөн, эбиини-көҕүрэтиини киллэриэхтэрин, туруорсуохтарын, муҥур уһугар өрөспүүбүлүкэ тустаах тэрилтэлэрин салайааччыларын, дьокутааттарын бүддьүөт ылыллыан иннинэ эрдэттэн хамсанарга, дьаһанарга көҕүлүөхтэрин сөп этэ. Сокуон былырыын от ыйыгар ылыллыбытын санатабын.
Курулаабыт ноһуому анаалыстатыы төлөбүрэ, быһа холуйан – 5000 солк. Онтугун өссө тэйиччи лабаратыарыйаҕа диэри тиэрдэриҥ баар. “Сылга биирдэ эрэ” ыытыллар да диэтэллэр, онто да суох үгүс ночооту көрсөр хаһаайыстыбаҕа – эбии дьаакыр.
Ол курдук, сүөһү, сибиинньэ көтөр ойоҕос бородууктатын харайыы, уоҕурдуу гыныы, ноһуому анал былаһааккаҕа тиэрдии-аҕалыы (транспортировка) барыта бэтэринээринэй нуормаҕа, быраабылаҕа, саньытаарынай-эпидемиологическай быраабылаларга, нуормаларга эппиэттиэхтээх. Ону барытын эридьиэстээмиим. Үөһэ суруллубут сокуоннай аактарга билсиҥ.
Сорохтор: “Хаһаайыстыбалар анал былаһаакканы тэринэллэригэр типовой бырайыак оҥоһуллуох тустаах. Үбүн-харчытын быһаарарга бырабыыталыстыба Ил Түмэҥҥэ этиитин киллэриэн наада”, – дииллэр.
Нэһилиэнньэ да оҕустарыа
Аны, омос көрүүгэ эрэ сүөһү, сибиинньэ көтөр иитэр хаһаайыстыбаларга эрэ сыһыаннаах, кинилэр эрэ төбөлөрүн ыарыыта буолуох курдук сокуоммут үүнээйи салаатыгар, оҕуруот аһын үүннэринээччилэргэ, даачалаахтарга, быһата, бары потребителлэргэ эмиэ охсуулаах буолара чуолкай. Биир куул перегной (кунус) куоракка бэлиэр былырыын 250–300 солк. этэ. Онон хаһаайыстыбаларга ночооттоох дьаһаныыны ирдиир бу сокуон үлэлээтэҕинэ, букатын да “көмүс” сыаналанар ини. Оттон уонна төһөнөн оҥорон таһаарыыга ночоот улаатар да, оччонон оҥоһуллар, бэлэмнэнэр ас-үөл сыаната үрдүүрүн быһаара да сатыыр наадата суох.
Кыаллыбата буолуо эрээри..
Оттон “Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон дьокутааттарын бэһис ыҥырыылаах Сэбиэтэ Ил Түмэҥҥэ 2018 сыллааҕы “Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан” 498-с №-дээх (били, айдааннаах “ыппыт сокуона”), “Оҥорон таһаарыы уонна туһаныы тобоҕун туһунан” 1998 сыллааҕы 89 №дээх Федеральнай сокуоннары уонна бу саҥа “балбаах сокуонун”ирдэбиллэрин олоххо киллэриини тохтотон эрэргэ этии киллэрбит. Улуус баһылыга эмиэ сөбүлэһэн илии баттаабыт бэчээттээх суруга бассаапка сылдьарын, үгүстэр, аахтаххыт буолуо. Кинилэр онно: тустаах сокуон килиимэт уратытын учуоттаабат, кэпэрэтииптэр уонна “Бааһынайдар өрөспүүбүлүкэ датаассыйатын суотугар олороллор, бу сокуон киириитэ, тулалыыр эйгэҕэ дьайыы иһин төлөбүр киириитэ тыа хаһаайыстыбатын табаарынай оҥорон таһаарыытын суох оҥорууга тиһэх хааппыла буолуоҕа”, – диэбиттэр.
Арыычча хойутаан хамсаныы да буоллар, син санааны тиэрдии буоллаҕа.
Билиҥҥи балаһыанньаҕа, ас-үөл өттүнэн көмүскэллээх буолуу улаатыахтаах кэмигэр, уруккубут да курдук олорон эриэхпитин сөп этэ. Оттон биһиэхэ бииртэн биир соһуччу сокуон күөрэйэн, онто да суох аймаммыт турукпутун күүһүрдэрэ, кырдьыга да, кыһыылаах. Ол гынан баран айылҕа алдьаныыта-кээһэниитэ, озон улаатан, ириэрии күүһүрүүтэ, араас катаклизм буолуута маннык сокуон ылылларын тиэтэппит буолуон эмиэ сөп. Дьэ, хайдах гынан, тугу тобулан, бу сокуону эргийэ көтөр ньымалары булан, дьоммут үлэлиир, олохтоох бородууксуйаны элбэтэр усулуобуйаларын олохтуубут?
Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.