Киир

Киир

Бүгүҥҥү нүөмэргэ балаҕан ыйын 1-кы күнүгэр буолан ааспыт Ньиэп, гаас уонна оттук бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин күнүн чэрчитинэн “Сахатранснефтегаз” АУо сүрүн инженерэ Михаил Иванов ыалдьыттыыр.

Үтүө күнүнэн, кэпсэтиибитин, үгэс курдук, билсиһииттэн саҕалыахха.

– Дорообо, Михаил Валентинович Иванов диэммин. “Сахатранснефтегаз” тэрилтэҕэ “Управление газораспределительных сетей” диэн салаа сүрүн инженерэбин. Төрдүм-ууһум Ленскэй улууһа. “Сахатранснефтегазка” 2006 сыллаахтан үлэлиибин. Үөрэхпин бүтэрээт, бастаан Кыһыл Сыырга маастарынан үлэлээбитим. Онтон киин сиргэ тардыһан, көһөн кэлэн билигин үлэлиир салаабар инженеринэн үлэлээн барбытым. Билигин сүрүн инженер дуоһунаһыгар диэри үүнэн, үлэлии-хамсыы сылдьабын.

– Михаил Валентинович, үлэҥ-хамнаһыҥ хайысхата тугуй, сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?

– Күөх төлөн ситимин көрүү-истии, сайыҥҥы өттүгэр  кыстыкка бэлэмнэнии, гаас ситимин тутуу, саҥардыы, гаас ситимин тыырар пууннар (“газораспределительный пункт” салгыы – ГРП) үлэлэрин хонтуруоллааһын, атын регламент үлэлэрэ, ону таһынан уопсай өрөмүөн, нэдиэлэ аайы кэтээһин – барыта биһиги эбээһинэспит. Ону таһынан гаастаах дьиэлэри көрүү-истии эмиэ биһиги үлэбитигэр киирсэр. Ол курдук, бэйэбит көрөр-истэр ГРП-ларбытыгар, дьиэлэрбитигэр сыл аайы кыраапыгынан сылдьан бэрэбиэркэлиибит. Икки нэдиэлэ буола-буола, гаас быыһылаабатын диэн, үлэһиттэрбит ситими бэрэбиэркэлииллэр. Өскөтүн ханан эмэ гаас тахсар буоллаҕына, тута өрөмүөннэнэр.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта хас сиргэ тэрилтэҕит салаалара баалларый?

– Улуустарынан этэр буоллахха, тоҕус улууска уонна Жатайга, Хатаска эксплуатациялыыр пууннарбыт үлэлииллэр. Соторутааҕыта Чурапчыга, Ленскэйгэ киирдилэр. Хас биирдии ЭГУ-га, учаастакка туспа салайааччылаахтар уонна үлэһиттээхтэр. Уопсай ахсааммыт билиҥҥитэ – 1 115 киһи. Гаас ситимэ тэтимнээхтик киирэринэн, сыл аайы кыралаан эбиллэбит. Холобура, быйыл Чурапчыга Харбалаҕа иккис түһүмэҕинэн саҥа бөһүөлэккэ гаас киирдэ уонна Мэҥэ Хаҥаласка, Өлөчөйгө, киириэ. Ону тэҥэ Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыгар 16 км-дээх гаас магистральнай ситимин тарда сылдьабыт. Бу ситим үлэтэ ситэн-хотон, эһиил дьон олорор дьиэлэригэр күөх төлөн киириэхтээх. Быйыл ити 16 км-тэн Майа–Лоомтука хайысхаҕа тардыахтаахпыт.

–Эһиги тэрилтэҕит өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 67 258 гаас хочуолун уонна 113 716 гаас билииккэни көрөр эбит.

– Гаас хочуолун уонна билииккэни силиэсэрдэр көрөллөр-истэллэр, нууччалыы эттэххэ, “слесари эксплуатации, ремонта газового оборудования” диэн буолаллар. Улуустарга баар үлэһиттэр бэйэлэрин ситимнэрин, уопсай ситими, ГРП-лары, дьиэ өттүн эмиэ көрөллөр. Ону тэҥэ эркиҥҥэ ыйанар оһохтору  көрөр-истэр КИПиА силиэсэрдэрэ бааллар. Үлэһиттэрбит сыл аайы квалификацияларын үрдэтинэллэр. Ол курдук, эркин оһохторун оҥорор соҕурууҥҥу тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлэһэбит. Холобур BAXI, Rinnai курдук “высокотехнологическай” хочуолларга уларыйыы киирдэҕинэ, ол тэрилтэлэртэн кэлэн, анаан үөрэтэллэр. Үлэ арыый намыраабыт, суол-иис баар кэмигэр саас улуустарга баар дьоммутун ыҥыртаан сэминээр ыытабыт.

– Михаил Валентинович, идэлээх киһи быһыытынан санааҕар эркиҥҥэ ыйанар оһох ордук дуу, муостаҕа турар дуу?

– Ханнык оһоҕу туруорарын, хайдах олоҕу тэринэрин хас биирдии киһи бэйэтэ быһаарар. Дьиэтигэр туалеттаныан, дуустаныан баҕарар дьон тыа сиригэр даҕаны эркин хочуолун туруоран, сылаас уунан хааччыныахтарын сөп. Ол эрээри тыа сиригэр уот сотору-сотору барар-кэлэр буолан, сорох дьон уоттан тутулуга суох үлэлиир, муостаҕа турар оһоҕу туруора сатыыллар.

– Оттон Өлүөнэни туоруур гаас турбатын көрүү-истии эһиги эппиэтинэскитигэр киирэр дуо?

– Өрүһү туоруур ситими көрүүнэн-истиинэн биһиги тэрилтэбит магистральнай ситимнэри көрөр-истэр ЛПУМГ (линейно-производственное управление магистральных газопроводов) диэн управлениета дьарыктанар. “Сахатранснефтегазка” гааһы хостуур уонна магистральнай ситимнэри көрөр-истэр икки тус-туспа управление баар. Гаас ситимигэр дабылыанньа түһүүтэ эҥин эмиэ кинилэр эппиэтинэстэригэр киирэр.

– Ээ сөп. Онтон гаас оһоҕу туттууга туох кэһии тахсыан сөбүй?

– Гаас оһох үлэлиир болдьохтоох. Биллэн турар, уотунан барар оһохтор уот эмискэ хамсааһыныттан алдьанан-кээһэнэн хаалыахтарын эмиэ сөп. Ол эрээри ол-бу алдьанар түгэнигэр биһиэхэ бэйэбитигэр да, маннааҕы маҕаһыыннарга да сапчаас баар. Алҕас сапчаас наадата тирээн, түүннэри маҕаһыыннары кытта кэпсэтэн, дуогабарынан да ылыахпытын сөп.

Гаас оһох төһө уһуннук үлэлиирэ оһох пааспарыгар сурулла сылдьар. Үксүгэр уонтан уон биэс сылга диэри болдьоҕу суруйаллар. Ол эрээри туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, онон хаһаайыннар оһохторун кинигэтин болҕойон ааҕыахтарын, кэмигэр көрдөрүөхтэрин наада. Бэлиэтээн эттэххэ, анал идэтэ суох киһи гаас оһоҕу оҥороро, өрөмүөннүүрэ сокуон быһыытынан бобуллар. Ханнык баҕарар гаас оһоххо, тэрилгэ уларытыыны анал идэтийбит тэрилтэ эрэ оҥоруохтаах. Атын тэрилтэ оҥорбот. Арай биһигиттэн көҥүл, тех-усулуобуйа ылан эрэ баран хочуолу уларытыахха сөп, ити барыта сокуоҥҥа сурулла сылдьар.

– Оччотугар бэрэбиэркэлии кэллэхтэринэ, “оһоҕум туруга хайдаҕый, тугу уларытыахтаахпыный?” диэн ыйытыахтаахпын дуу?

– Оннук. Биһиги тэрилтэлэргэ да, чааһынай дьиэлэргэ да сыл ахсын бэрэбиэркэ ыытабыт. Бу бэрэбиэркэ кэмигэр хас биирдии киһи эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан гаас үлэһиттэрин киллэриэн, оһоҕун көрдөрүөн наада. Дьиҥинэн, гаас үлэһиттэрэ ханнык аадырыска, хаһан бэрэбиэркэлии тиийэллэрэ эрдэттэн сэрэтиллэр, саайка да суруллар эрээри, элбэх киһи дьиэтигэр суох буолар. Оннук дьону кытта биирдиилээн үлэлэһэбит. Билигин сокуон уларыйан, гаас үлэһиттэрин киллэрбэт буоллахха,  ыстараапка тиийэ эппиэккэ тардыллыахха сөп. Сыыспат буоллахпына, ыстараап – 5 тыһ. солк.

– Эһиги үлэҕитигэр гаас ситимин тардан биэрии эмиэ киирэр.

– Оннук. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В. Путин уурааҕынан 2021 сылтан социальнай гаастааһын бырагыраамата үлэлиир. Онон уопсай гааһы тыырар ситимтэн учаастакка диэри күөх төлөнү тиэрдэн биэрии босхо. Бу бырагырааманы өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С. Николаев эмиэ күүскэ өйүүр. Айсен Сергеевич – социальнай гаастааһыҥҥа эрэгийиэннээҕи ыстаап бэрэссэдээтэлэ. Ол курдук, ыстаап нэдиэлэ ахсын кэриэтэ мунньахтыыр, үлэни-хамнаһы Бырамыысыланнас министиэристибэтэ хонтуруоллуур, биһиги генеральнай дириэктэрбит А.З. Колодезников эмиэ күүстээх болҕомтотун уурар. Социальнай гаастааһын бырагыраамата үлэлиэҕиттэн күөх төлөн киирбит дьиэтэ сылын аайы элбиир. Быйылгы былааҥҥа саҥа гаас киирбит дэриэбинэлэрин холбоон туран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1934 дьиэҕэ гаас төлөнүн киллэриэхтээхпит. 2023 с. өрөспүүбүлүкэ гаастаныаҕыттан саамай улахан көрдөрүүнү ылары ситистибит, ол курдук, 200 км курдук ситими тардыбыппыт. Быйыл эмиэ ити көрдөрүүттэн кырата суох, 150 км курдук ситими тардар былааннаахпыт. Билиҥҥи былаанынан, 133 км диэн эрээри, көрдөрүүбүтүн арыый таһынан барарга кыһаллабыт.

– Михаил Валентинович, социальнай гаастааһыҥҥа ыал барыта тиксэр дуо?

– Ыал барыта тиксэр. Бу социальнай гаастааһыны сэргэ атын бырагыраамалар эмиэ бааллар: өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай субсидиялар, комплекснай гаастааһын туһунан 112-с уонна 104-с уураахтар. Манна элбэх оҕолоохтор, АБДь кыттыылаахтара, үбүнэн-харчынан тиийиммэт дьон, биэнсийэлээхтэр киирэллэр. Бу бырагыраамаларга киирсэргэ, холобур, биэнсийэлээх дьиэтэ булгуччу бэйэтин аатыгар докумуоннаах уонна ИЖС буолуохтаах. Социальнай гаастааһыҥҥа, субсидияҕа да ити докумуоннары ирдииллэр.

Бу саас “садовай товариществолары” гаастааһын туһунан В.В. Путин уурааҕа тахсан, биһиги ити сирдэргэ инвентаризацияны ыыттыбыт. Онон инникитин күүскэ үлэлиэхпит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, куораппытыгар да диэххэ, СОТ-тар үксүлэрэ гаастаах олороллор. Холобура, куорат таһынааҕы “Тускулга” бырайыактыыр үлэни ыыта сылдьабыт. Бу сир куорат да былааныгар, биһиэнигэр да, эрэгийиэн да бырагырааматыгар баар. Хатас ыстаансыйатыгар үлэ ыытыллан, кыамтата улааттаҕына, “тускуллар” гааска холбонуохтара. Тулагы, Сатал өттө эмиэ бырагыраамаҕа баар, былаан быһыытынан үлэлээн иһэбит.

– Михаил Валентинович, үөһэ “2023 с. 200 км ситим тардылынна, онтон  быйыл 150 км курдугу былаанныыбыт” диэтиҥ. Ити аата, көрдөрүү түстэ дуо?

– Суох, оннук буолбатах. Былырыын 2 000 дьиэҕэ гаас киирбитэ, быйыл былаан эмиэ бу ахсаантан түспэт. Биһиги гаастааһын бигэргэммит бырагырааматынан үлэлиибит.

– Оттон дьиэ иһигэр гааһы киллэрии туһунан чуолкайдаан этэр буоллахха...

– Дьиэ иһигэр гаас ситимин киллэриигэ үксүгэр чааһынай тэрилтэлэр дьарыктаналлар. Биһиги 112-с уурааҕынан комплекснай киллэриигэ оҥоруохпутун сөп. Манна бэйэбит бэдэрээтчиттэрбит биһиги ааппытыттан үлэлииллэр.

Ирдэбил туһунан этэр буоллахха, хочуолунай икки миэтэрэттэн тахса үрдүктээх, түннүктээх, аана тас өттүгэр аһыллар буолуохтаах. Итини гаас киирэригэр дьиэ хаһаайынын кытта сүбэлэһэн, ааҕан-суоттаан бырайыактаан оҥороллор.

– Саха сиригэр гаас хаһаайыстыбатын тэриллиитэ 1967 сыллаахтан, Таас Тумустан Дьокуускайга диэри гаас ситимэ тардыллыаҕыттан ааҕыллар. Оттон сорох сиргэ, эппиппит курдук, гаас саҥа тардыллар. Ситимҥэ өрөмүөн хайдах ыытылларый?

– Анал кыраапыгынан үлэлиибит. Гаас бастаан киирбит улуустарыгар Нам, Хаҥалас диэки, куорат эҥээр, Кэбээйи да диэки билигин үлэлиибит. Быйыл 9,5 км ситимҥэ бөҕөргөтүү, хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах.  Билиҥҥитэ 6 км олох бүтэрэн олоробут диир кыахтаахпын. Хаалбыт 3 км оттукка киириигэ диэри бүтүөхтээх. Хаҥаласка үрдүк күүрүүлээх гаас ситимнэрин уларыттыбыт. Өссө Дьокуускайга, Бүлүү эҥээр Бүлүү Сыдыбылыгар уларыта сылдьабыт.

– Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ гаас оһоҕу уонна билииккэни туһаныыга сыһыаннаах уларыйыы киирэн, үгүс кэпсэтии тахса сырытта.

– 71-с ФЗ диэн саҥа Федеральнай сокуон тахсыбыта. Бу сокуоҥҥа гааһынан хааччыйыыга уопсай бэрээдэктээһин туһунан этиллэр. Биһиги былырыыҥҥыттан саҕалаан үлэлии сылдьабыт. Уларыйыы манна тохсунньуттан саҕаланан барбыта. Ол курдук урут 69 000 абаньыаны көрөн олорбут буоллахпытына, билигин 135 000 абаньыан буолла. Урут чааһынай тэрилтэлэр үчүгэйдик хонтуруоллаабакка олорбуттар.

Гааһынан отут сылтан ордук хааччыллан олорбут дьиэлэр үчүгэйдик хонтуруолламмакка олорбут буоллахтарына, билигин биһиэхэ көһөн көрүү-истии үлэтэ ыытыллан эрэр. Гаас хочуол, билииккэ туттуллубута отут сылын ааспыт буоллаҕына, дьиэ хаһаайына, салайар хампаанньа эспиэрдиир тэрилтэлэринэн тэхиниичэскэй диагностиканы ыыттарыахтаах. Бу дьиэ гааһын турбата өссө төһө өр үлэлиэн сөптөөҕүн, туга уларыйыахтааҕын, туох кэһиилээҕин быһаараллар. Биһиги итиннэ элбэх үлэни ыыттыбыт, бу үлэ куорат да, өрөспүүбүлүкэ да, бырабыыталыстыба да өттүттэн улахан хонтуруолга турар. Дьон өйдөөтө дии саныыбын.

Салайар хампаанньалар, дьиэлээхтэр вентканалларын, буруо тахсар турбаларын бэрэбиэркэлиэхтэрин наада. Өскөтүн кыбартыыраҕа эбэтэр дьиэҕэ ханан эмэ гаас быыһылыыр түбэлтэтигэр, салгын тахсар турбата ыраас, ирдэбилгэ эппиэттиир буолуохтаах. Ити 410-с уурааҕынан ирдэнэр. Сокуонунан ити эбээһинэс салайар хампаанньаларга сүктэриллэр. Билигин нэдиэлэҕэ биэстэ ити боппуруоһунан куорат быраабатын, салайар хампаанньалары кытта көрсүһэбит. Билиҥҥи туругунан, күүстээх бэрээдэктиир үлэ ыытыллар. Салайар хампаанньалар итини хонтуруоллаан сылга үстэ: кыстыкка киириигэ, кыстык ортото, кыстык бүтүүтэ – бэрэбиэркэ ыытан аак толоруохтаахтар уонна биһиэхэ тиксэриэхтээхтэр. Ол үлэтин бэйэлэрин үлэһиттэрин үөрэттэрэн эбэтэр анал тэрилтэлэри наймылаһан оҥорторуохтарын сөп.

– Түмүккэ хаһыат ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?

– Арассыыйа, бүтүн аан дойду да үрдүнэн гааһы саамай уһуннук туттар нэһилиэнньэлээх Саха сирэ буолар. Онон гааһы туһанар дьоҥҥо сэрэхтээх буолуҥ, дьиэҕит-уоккут вентканалын, буруо тахсар турбатын көрө-истэ, кэмиттэн кэмигэр бэрэбиэркэлэтэ сылдьыҥ, гаас үлэһиттэрин бэрэбиэркэ кэмигэр дьиэҕитигэр киллэрэр буолуҥ диэн этиэм этэ. Чугас дьоҥҥутун, оҕолоргутун, балыстаргытын, бырааттаргытын гааһы сэрэнэн туттарга үөрэтиҥ.

Кэпсэттэ Мария САННИКОВА.