Киир

Киир

Эдэр төрөппүттэр сахалыы аахпат буоллулар, дьиэлэригэр кинигэ буолуохтааҕар, хаһыат-сурунаал да суох дииллэрин истэбин уонна соччо итэҕэйбэппин. Тоҕо диэтэххэ, тыа сиригэр саха ыала син биир “Кыымы” да, атын да сахалыы бэчээти син биир, кыралаан да буоллар, суруйтаран олорор буолар. Төһө да оптоволокно киирбитин, суотабай сибээс тарҕаммытын иһин. Интернет-саайтар бары сахалыы буолбатахтар – нууччалыылар. Ону да бэйэ-бэйэлэрин хатылаһаллар, биир сонуну соһо сылдьан, алаадьы курдук эргитэ сылдьан суруйаллар. Ол иһин сахалыыга наадыйыы баарын курдук баар.

 

 iHPMrZqLqpQ

Саамай ыарахан кыһалҕа – оҕо бэчээтэ. Оҕолор оскуолаҕа киирэллэригэр ааҕарга баҕалаах, харахтара уоттаах буолар, барыны бары кэрэхсииллэр. Ол кэми мүччү туппатахха, төрөөбүт тылынан ааҕар көлүөнэ тахсан кэлиэн сөп. Быыкаа да кэпсээни, хоһоону, остуоруйаны аахтаран, тэҥҥэ сэргэхсийэн, өйөөн-убаан сэҥээрдэххэ, оҕо барахсан бэйэтэ да ол суолунан бара турар. Салгыы оскуола бибилэтиэкэтин бэйэтэ тиҥсирийэн ааҕар буолар. 21-с үйэни информация үйэтэ дииллэр. Ол аата информацияны бастаан төрөөбүт тылгынан ылынан, ааҕан баран, атын тылга көһөҕүн – нууччалыыга, английскайга, кытайдыыга... Билигин омук тылын үөрэтэргэ кыах барыта баар буолла – эҥин араас куурустар, “языковой турдар”, кылаас кылааһынан баран Кытайга кытай тылын баран үөрэтэн кэлэллэр. Ол тоҕо эрэ барыта өйөбүллээх уонна спонсордаах буолар. Араас “Шаг в будущее”, быыстапка, фестиваль үксэ нууччалыы тылынан бараллар. Оннооҕор Билии күнүн тыа оскуолатыгар нууччалыы ыытар буоллулар. Итинник балаһыанньаҕа, биллэн турар, саха тылын эйгэтэ сүтэр. Сахалыы кэпсэппэт оҕо сахалыы ааҕыа дуо? Уустук ыйытыы.

Оҕо сахалыы ааҕарын кыһалҕата бүгүн эрэ күөрэс гыммата. Ырыынак үйэтигэр, “дьиикэй капитализм” кэмигэр оҕо бэчээтэ күрэстэһэр кыаҕа суох. Реклама киирбэт. Улахан үбү көрбөттөр. Кырдьык, үүт-үкчү оскуолаҕа саха тылын үөрэтэргин төрөппүт бэйэтэ быһаарар диэн курдук буолла: “оҕом сахалыы хаһыаты, сурунаалы ааҕыан баҕарабын эбэтэр отой баҕарбаппын!” диэн. Ол аата саха ыала эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынар күнэ-дьыла дьэ кэллэ. Кимиэхэ да сэлээннээбэккэ. “Кылааһынан суруйтарыҥ” эбэтэр “улуус, нэһилиэк дьаһалтатын баалкылаан, дьону үүрэн аҕалан суруйтарыҥ” диэн күһэйии кэмэ ааста. Кими да күүскүнэн суруйтарар кыаҕыҥ суох эбээт. Барыта көҥүл буолла. Босхо диэн да суох буолла. Дьону босхоҕо үөрэтэн кэбиспиттэрин содула тылбытыгар өссө тугунан-тугунан диэлийэн, содулланан тахсыа биллибэт. Билигин төрөппүт, эһэ, эбэ эрэ көҥүл баҕа санааларыттан оҕолоругар, сиэннэригэр сахалыы сурунаалы, хаһыаты суруйтарыахтарын сөп.

“Киһи аахпат буоллаҕына толкуйдаабат буолар” диэн француз бөлөһүөгэ Дени Дидро эппитигэр “саха киһитэ сахалыы аахпат буоллаҕына сахалыы толкуйдаабат буолар” диэн улаарыта тутан эттэххэ, аныгы саха мөссүөнэ толору көстөн тахсыа этэ.

Онон бу сурутуу хампаанньатыгар таах олорон хаалбакка, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр “Хатан” сурунаалы суруйтаран, 6 ый устатыгар 6 нүөмэри бэлэхтээн үөрдүҥ, саха тыла сайда турарыгар бэйэҕит кылааккытын киллэриҥ диэн ыҥырабын!

Егор Николаев,

“Хатан” оҕо аймах

сурунаалын сүрүн эрэдээктэрэ,

СӨ Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна