“Айыы Кыһата” оскуола тэрийбит үөрэҕэ – тус бэйэни сайыннарар үөрэх. Оттон тус бэйэни сайыннарар үөрэх тосхоло – хас биирдии оҕо олох ханнык баҕарар түгэнигэр бэйэтин иһийэн иһиллэнэн, кыаҕын сөпкө туһанан, бэйэтин “өрө тардан” таһаарар сатабыла сайдарыгар олук түһэрсии”.
“Саха үөрэҕэ оскуолаҕа” кинигэттэн.
Бу оскуола 2005 сыл балаҕан ыйын 1-кы күнүгэр Дьокуускай куорат төрөппүттэрин уонна “Айылгы” уопсастыбаннай тэрилтэ көҕүлээһиннэринэн арыллыбыт, оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин өбүгэ өйүн-санаатын ситимигэр олоҕуран ыытар, үөрэнээччи бигэ туруктаах, чөл куттаах, сахалыы сиэрдээх, итэҕэллээх, айылгыта сайдыылаах, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар уонна оҕоҕо сахалыы өйү-санааны иҥэрэн иитэр-үөрэтэр соҕотох оскуола буолар.
2008 сылтан оскуола СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин саха тылын үөрэтиигэ эспэримиэнниир тирэх оскуолата ааты ылан үлэлиир. 2013, 2015 сылларга – үөрэх эйгэтигэр инновациялаах бырайыактары олоххо киллэрэр оскуолалар куонкурустарыгар СӨ Ил Дарханын Гранын кыайыылааҕа.
Билигин оскуола Оҕо дыбарыаһын дьиэтигэр 10 кэбиниэти “дьукаах уларсан” үлэлиир олорор. 24 кылаас кэмпилиэктээх, 719 үөрэнээччилээх. Оттон 2 алын кылаас кэмпилиэгэ Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка аһыллан үлэлиир. Оскуола бастакы хараҥаччылара 2012 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Онон барыта 7 выпуск тахсыбыт. Оскуолаҕа 43 учуутал үлэлиир, кэлэктиип орто сааһа 36.
Эрэйи-муҥу эҥэринэн тэлбит оскуола устуоруйатын саҕаланыыта...
Рустам Каженкин, “Айыы Кыһата” оскуола дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта:
– “Айыы кыһатын” бүгүн үөскээбит кыһалҕата бэҕэһээ эрэ үөскээбит буолбатах. Ол курдук, 13 сыллааҕыта биһиги оскуоланы эспэримиэнниир түһүлгэ быһыытынан ахсынньы 5 күнүгэр, ол кэминээҕи үөрэх салалтата (Е.И. Евсикова) илии баттаан өйүүр. Мэр И.Ф. Михальчук билиҥҥи классическай гимназия сирин “манна саха оскуолата туттуллуоҕа” диэн көрдөрө сылдьыбыта эмиэ биллэр. Ити итинэн хаалбыт.
Дьыала 3 сылынан, 2008 сыллаахха хамсыахча буолар. Билигин 1-кы №-дээх оскуола буолан турар дьиэни биэриэх буолан, хас да мунньах куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар. Ол эрэн, төрөппүт да, кэлэктиип да бэркэ итэҕэйбитин кэннэ, “эһиги таас дьиэҕэ олороҕут” диэн сылтаҕынан ити аадырыска атын оскуола көһөр. Онтон 2010 сыллаахха эмиэ оскуола дьиэтэ наада диэн боппуруос көрүллэн, бэрт элбэх сурук, кэпсэтии, туруорсуу кэнниттэн, 2012 сыллаахтан сир бэриллэн, билиҥҥи 47-с кыбаарталга сөп түбэһиннэрэн, куорат харчы көрөн – бырайыактыыр симиэтэ докумуона оҥоһуллар. Бырайыагы оҥорууга “Туйгун-бырайыак” сүүйэн, биһиги туох баар этиибитин барытын учуоттаан, ирдэбилгэ эппиэттиир гына, бэрт кыараҕас (350 оҕолоох оскуолаҕа анаммыт) сиргэ баҕа санаабыт кыһатын бырайыактыыллар.
Ол эрэн, оскуола тутуллуохтаах сиригэр сэнэх туруктаах 5 элбэх кыбартыыралаах мас дьиэ турар буолан, бу дьиэлэри көһөрүү сыаната олус үрдүгүнэн, саҥа мэр А.С. Николаев – саҥа 203-с микрооройуоҥҥа сир биэриэххэ диэн этии киллэрэн, 2014 сыллаахха балаһыанньа тосту уларыйар. Бу иннинэ оҥоһуллубут бырайыак “посадката” барсыбат диэн буолбута. Онон саҥа бырайыак оҥоһуллан, 2016 сыллаахха харчыта көрүллэн, судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство ньыматынан тутуу 2017 сыллаахха ыам ыйыгар саҕаламмыта. Көстөрүн курдук, биһиги оскуолабыт үлэлээн кэлбит сылларын усталаах-туоратыгар дьон өйөбүлүн чахчы билбиппит, бүрүкүрээтийэ да диэни арааран өйдүүр буолбуппут.
Маннык “айаннаан” кэлбиппит кэннэ эмиэ саҥа тургутуу, саҥа моһол көрсөр: үөрэх салалтата “эһиэхэ нууччалыы тыллаах кылаастар син биир арыллыахтара” диэн эрэннэрэр. Баҕар, арылыннын даҕаны, ол эрэн ити биһиги санаабытын уонна сорукпутун утары дьаһал 10-тан тахса сыл чочуллан, иитиллэн тахсыбыт эйгэбитигэр хайдах дьайыаҕай?
Санатар буоллахха, төрүт оскуола 3 таһымнаах: бастакыта – төрүт тыл уруога баар оскуолата, иккис таһым – дьарык барыта төрүт тылынан үөрэтиллэр буоллаҕына, үһүс таһым – оскуолаҕа төрүт эйгэ тэриллэр буоллаҕына. Үһүс таһымынан үлэлиир оскуола Дьокуускай куоракка 3 эрэ. Олортон биирдэстэрэ, саха үөрэҕин күн чөмчүүгэ – “Айыы Кыһата”.
Өйдүөххэ наада – эйгэлээх оскуоланы куорат таһымыгар тэрийэр, оҕону бэйэтин төрүт омугар эргилиннэрэр күннэтэ уустугуран эрэр диэн. Ити бэрэпиискэ кэмиттэн саҕаланна. Мин урут да эппитим, түннүгүм анныгар турар оскуолаҕа үөрэнэр кыахтааҕым үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрэн бу дьаһал иккис өрүтэ – төрүт оскуоланы тылын булкуйан суох оҥоруу. Өксөкүлээх бэлиэтээн эппитин курдук: “Оччугуйдаах улахан омук ыксалаһан үөскээтэҕинэ – кырата умуллан хаалар...”, – диэн. Ити туруору этии буолбатах.
Тылга сыһыаннаан холобурдаан эттэххэ, оскуолаҕа чуораан кэмигэр оҕолор тоҕо нууччалыы саҥаралларын ордороллоруй? Төрдө-төбөтө ити – омук омугу кытта алтыһыытын биир көстүүтэ. Бу биһиэхэ эрэ баар буолбатах, бары кыра омуктарга баар. Бэл, татаар омукка. Кинилэр итинтэн көмүскэнэн, Казань куоракка баар оскуолаларыгар аадырыстары сыһыарыы докумуонун: бииринэн, куораттааҕы парламеныгар бигэргэттэрбиттэрэ, иккиһинэн, “нууччалыы тыллаах”, төрүт тыллаах диэн араарбыттара.
Биһиэхэ хас да сыллааҕыта эмиэ итинник араарыы баара. Төһө эмэ туһалаах этэ. Ол эрэн борокуратуура бэрэбиэркэтин кэннэ ол дьаһал уларыйбыта. Билигин саҥа микрооройуон дьоно бары кутуллан биһиги оскуолаҕа кэлиэхтэрин баҕараллар диэн өйдөбүлү үөскэттилэр. Биһиги оскуолаҕа, билиҥҥи туругунан, бу сиртэн 70-тан тахса оҕо үөрэнэр. Эһиилги да үөрэх дьылыгар сахалыы үөрэттэриэн баҕалаах төрөппүттэри бастакы кылааска күүтэбит.
Нууччалыы тыллаах оскуола эһиилгиттэн тутуллуо, онуоха диэри нууччалыы тыллаах кылаастар анаан атыылаһыллыбыт дьиэҕэ үөрэниэхтэрин наада. Кыһалҕа диэн тугун билэн туран этэбин. Уопсайынан, төрөппүттэр бэйэлэрэ өйдөөн туран оҕолорун ити оскуолаҕа үөрэттэриэхтэрин наада. Үөрэх салалтата атын ньымалары сатаан тобулбата. Онон эрэл төрөппүттэргэ: “Айыы кыһатыгар” нууччалыы тыллаах кылаас аһыллымыан наада, оттон эһиги 2 сыл күүттэххитинэ, баҕа санааҕыт хоту саҥа оскуола тутуллуоҕа.
Этии быһыытынан түмүктээн эттэхпинэ, 202, 203 микрооройуон оскуолаларын оҕолорун ахсаанын арыый сааһылыыр гына, бииринэн, 202-с микрооройуоҥҥа турар нолуок иниспиэксийэтин дьиэтин саҥардан оскуола оҥоруохха сөп, иккиһинэн, университет педагогическай институтун көһөрөн, ити дьиэни оскуола гыныахха сөп. Иккис этии, оҕо ахсаанын сааһылааһын өттүттэн көрдөххө, ордук табыгастаах. Оччоҕо 33-с, 2-с, 21-с оскуолалар улаханнык чэпчии түһүө этилэр.
Владимир Ю, “Айыы Кыһата” оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Соторутааҕыта куорат баһылыгын ыйааҕа таҕыста. Киниэхэ барҕа махтал. Национальнай гимназия буоллубут. Онон биһиги оскуолаҕа үөрэниэн баҕалаахтары барыларын үөрэтиэхпит.
Иккис оскуола аны 2 сылынан тутуллуо. Онон нууччалыы тылынан үөрэниэн баҕалаахтар үөрэнниннэр. Кыратык кэтэһэ түстүннэр. Биһиги оскуолабыт тутулларын 13 сыл кэтэстибит, кимтэн да оскуола былдьаһа сатаабатахпыт.
Тойоттор территориянан сыһыарыы, СанПиН, ол-бу араас кыра нормативнай аактарынан сирдэппэтиннэр. Икки Конституция мэктиэтэ баар – төрөөбүт тылынан үөрэнэн иитиллэр бырааптаахпыт диэн. Бу ханнык баҕарар сокуон үрдүнэн турар быраап буолар.
Ньургуйаана Заморщикова, төрөппүт, 203 микрооройуон олохтооҕо:
– Биһиги ыал куораттыы соҕус эйгэлээхпит. Кэргэмминиин иккиэн нууччалыы соҕус эйгэҕэ улааппыт буоламмыт, оҕолорбутун сахалыы өйдөөх-санаалаах буоларга иитэбит. Бэйэм сахалыы тылынан сатаан санаабын сайаҕастык саҥарбат буоламмын, ити чааһыгар наһаа эрэйдэнэбин.
Сахалыы тыыннаах оскуолаҕа оҕолорбут (4 оҕолоохпун) үөрэнэ сылдьалларыттан наһаа астынабыт, киэн туттабыт. Бу оскуоланы кытта алтыспыппыт 10-тан тахса сыл буолла. Онон учууталбыт Лидия Шамаеваҕа махталбыт улахан. “Айыы Кыһата” оскуола оҕону үөрэнээччи буоларга үөрэтиитэ, хас биирдии оҕону “личность” быһыытынан сайыннаран, иитэн-үөрэтэн таһаарарын төрөппүттэр сүрдээҕин сыаналыыбыт.
Ханнык баҕарар омук бэйэтин тылын билиэхтээх, убаастыахтаах, киэн туттуохтаах.
Бу сыллар устата оскуолабыт тутулларын үөрэнээччилиин, төрөппүттүүн, учууталлардыын ыра санаа оҥостон наһаа да кэтэстибит.
Алексей Семенов, Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга:
– “Айыы Кыһата” оскуола куораттааҕы национальнай гимназияттан арахсан туһунан юридическай сирэй буолбутун туһунан анал ыйаах таҕыста. Үгүстэр аадырыһыгар булкуллаллар “Тоҕо Киров уул. 20-с нүөмэрэй?” диэн. Билигин бакаа бу аадырыска үлэлии олорор буолан, бу аадырыһынан юридическай сирэй буолан тэрилиннэ. Кэлин саҥа дьиэҕэ көһөн, аак илии баттаннаҕына, нуорма-быраап докумуоннара баар буоллаҕына, кэлин уларытыы киириэҕэ. Оскуола – уопсай үөрэхтээһин хайысхалаах. Оскуолаҕа үөрэх хайысхата икки тиипкэ арахсар – уопсай үөрэхтээһин (общеобразовательная) уонна биирдиилээн биридимиэттэри чиҥэтэн үөрэтэр оскуола (общеобразовательная школа с углубленным обучением отдельных предметов). Мантан атын көрүҥ суох. Бу оскуола үөрэтэр хайысхата бастакы тиипкэ сөп түбэһэр. Куоракка оскуола тиийбэт. Бу оскуола 203 микрооройуоҥҥа сыһыарыллар. Онон үөрэниэн баҕалаах оҕолор олорор сирдэринэн син биир үөрэнэллэр. Нуучча кылааһыгар үөрэнэргэ сайаапкалар киирдэхтэринэ, кылаастар арыллаллар.
Сахалыы эйгэ туһунан этэр буоллахха... Бэйэм үлэлии сылдьыбыт 2-с №-дээх оскуолабын ылан көрдөххө, нууччалыы эйгэлээх диигин дуо? Манна нуучча, саха кылаастара бааллар. Ыһыах ыытар, муҥха ыытар. Тэрээһин нууччалыы да, сахалыы да тылынан ыытыллар. Онон эйгэтин тута сылдьар дии саныыбын.
Сахалыы эйгэлээх оскуола симэлийбэтэр ханнык...
“Айыы Кыһата” оскуола саҥа дьиэтэ Дьокуускай куорат 203 микрооройуонугар тутуллан бүтэн үлэҕэ киирэрэ бэрт аҕыйах кэм хаалла. Таһыттан да, иһиттэн да көрдөххө, барыта сахалыы истииллээх харах халтарыйар кэрэ көстүүтэ буолбут. Ол эрэн, бу оскуола билигин “бырта сыатын былдьаһыытыгар” кубулуйан эрэр бадахтаах. Онно олорор олохтоох нэһилиэнньэ оскуолаҕа нууччалыы тыллаах кылаастары арыйары туруорсар суруктара былаас үрдүкү уорганнарыгар “хотоҕостуу субулунна”, социальнай ситими кытта аймаатылар.
Оскуола кэлэктиибэ, үөрэнээччилэрэ 13 сылы быһа кэтэспит, ыра санаа оҥостубут баҕа санаалара дьэ туолан, сэтинньи 1-кы күнүгэр туһунан оскуола аатын ылар ыйаахтара дьэ таҕыста. Ол эрээри, нууччалыы тыллаах кылаастар арыллаллар диэн кэпсэтии баара сахалыы тыллаах нэһилиэнньэни долгутуон долгутар. Оччотугар куорат биир бастыҥ, баар-суох сахалыы эйгэлээх оскуолата сир сиигинии симэлийэн сүтүө дуо?
Саргылаана БАГЫНАНОВА.