“Спутник и погром” диэн интэриниэт-саайтыгар “Саха сирин хайдах дьаһайабыт?” (“Как нам обустроить Якутию”) диэн ырытыы-ыстатыйа тахсан интэриниэккэ күүлэйдии сылдьар.
Суруллубутуттан көрдөххө, ааптар элбэҕи үлэлээбит, матырыйаал бөҕөтүн ырыппыт, дааннай арааһын хомуйбут, олохтоох хаһыаттары аахпыт. Чэ, быһата, Саха сиригэр кэлэн балай эмэ сыраласпыта, олоро сылдьыбыта (баҕар, билигин да олороро буолуо) көстөр. Үгэс курдук, федеральнай бэчээккэ Саха сирин, сахалар тустарынан ырытыылары тиэмэлэрин билбэт дьон суруйар эбит буоллахтарына, бу киһи биһиги туспутунан балай эмэ бэркэ билэр эбит диэн бэлиэтиэххэ сөп.
Ааҕааччыга уопсай өйдөбүл үөскүүрүн туһугар, бу ыстатыйаны кылгатан билиһиннэрэбит. Маны биһиги хайаан да билиэхтээхпит. Арассыыйаҕа бу ааптар курдук санаалаах дьон аҕыйах буолбатахтара чахчы.
Билиҥҥи Арассыыйа нэһилиэнньэтин, саамай аччаабыта, 86 бырыһыана – нуучча дьоно. Ол аата, дойдуну барытын биһиги – Чудской күөл кытылыттан муустаах Халымаҕа диэри олохтоох нуучча дьоно -- бас билиэхтээхпит.
Дагестан, баҕар, бардын. Ингушетия эмиэ. Ол эрээри дойду бүддьүөтүн супту уулуур “ынах тылларыттан” хайдах босхолонор – туспа боппуруос.
Татаардар уонна башкирдар? Кинилэр нуучча эрэгийиэннэринэн төгүрүллэн олороллор, бэйэлэрин да истэригэр нуучча оройуоннара элбэхтэр. Кинилэри хайдах баҕарар дьаһайыахпытын сөп.
Тыва... Өскөтүн ону ким эмэ ылыан баҕарар буоллаҕына, икки да Тываны биэриэхпитин сөп (хата, ону ылыан баҕалаах көстүө биллибэт).
Ол эрээри, биһигини куттуон сөптөөх биир түгэн баар, ол -- каартаҕа аһара улахан сири ылар Саха сирэ.
Саха сирэ Арассыыйа каартатыгар ылар миэстэтин көрөн баран, баҕарбатаҕыҥ да иһин, куттанаҕын. Арай сахалар туох баар алмаастарын барытын илдьэ арахсан бардыннар? Хаһан эрэ булгуччу үөскээн тахсыахтаах сахалар боппуруостарын Нуучча Арассыыйата хайдах быһаарарый? Билигин Арассыыйа 5-с чааһын ылар Саха сиригэр сахалар хайыы үйэ 50-тан тахса бырыһыаны ылаллар. Дьэ бу туһунан кэпсэтиэхтээхпит. Ол ининэ бастаан хайдах маннык турукка тииийэн кэлбиппитин ырытыһыаҕыҥ...
Сахалар
Сахалар Саха сиригэр кэлии омуктар. Сахалар төрүттэрэ – көс олохтоох түүр омуктар – 1000 сыл анараа өттүгэр билиҥҥи Монголия, Кытай уонна Арассыыйа соҕурууҥҥу кыраныыссаларыгар көһө сылдьан баран, 12-с үйэттэн сыыйа хоту сыҕарыйан барбыттар.
Устуоруйа хараҕынан көрдөххө, “автохтоннай омукпут” дэнэр сахалар нууччалартан бэрт кыранан эрэ эрдэлээн бу сирдэри булбуттар.
17-с үйэҕэ бу сиргэ нууччалар олохтоохтук уонна уһуурдуу оҥостон кэлбиттэрин түргэнник өйдөөннөр, сахалар туох да үгүс айдаана суох Нуучча судаарыстыбатын састаабыгар киирэн хаалбыттар. Ол олорон абориген сахалар сири оҥорууну, о.д.а. туһалаах дьыалалары баһылаабыттар. Таарыйа, үрдүнэн-аннынан да буоллар, христианныы итэҕэли ылыммыттар.
Ол эрээри, тыйыс кыраайга славян нэһилиэнньэтин ахсаана кыайан эбиллибэтэх. 1897 с. биэрэпис көрдөрөрүнэн, 280 тыһ. нэһилиэнньэлээх Саха уобалаһыгар (оччотооҕу уобалас сирэ билиҥҥи Саха өрөспүүбүлүкэтиттэн быдан улаханын да үрдүнэн) славяннар 11 %-ны эрэ ылаллара (сахалар 82 %). Холобур, саамай хойуу нэһилиэнньэлээх Дьокуускай уокуругар нууччалар -- 5 %, сахалар – 90 %. Саамай соҕурууҥҥу, кыракый Өлүөхүмэ уокуругар эрэ нууччалар 54 % (сахалар – 36) буолбуттар.
Ити курдук күн бүгүнүгэр диэри сахалар тымныы дойдуларыгар сүөһүлэрин иитэн олоруо, нууччалар тымныы дойдуга бара да сатыа суох этилэр. Ол эрээри... 1949 с. Саха сиригэр бастакы алмаас көстөр. Дьиҥинэн, Саха сирин соҕуруу өттүгэр нууччалар көмүһү ол да иннинэ хостууллара. 1960-с сылларга Нерюнгрига таас чоҕу хостооһун саҕаланар, тимир суол тутуллар. Хотугу оройуоннарга, кыралаан да буоллар, нуучча дьоно эмиэ олохсуйан бараллар.
Бырамыысыланнай баһылааһын түмүгэр, сүүһүнэн тыһыынча нуучча дьоно уо.д.а. омуктар Арассыыйа үөс өттүттэн көһөн кэлэн, Саха сирин омугунан састаабын төрдүттэн уларыталлар. Түмүгэр, 1989 с. сахалар нэһилиэнньэ 33 %-на эрэ буолан хаалаллар. Нууччалар, сүрүннээн, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕааҥҥы өттүгэр уонна Дьокуускайга олохсуйаллар. Сорох хотугу оройуоннарга эмиэ баһыйаллар эрээри, итиччэ кыралыы нэһилиэнньэлээх улуустарга ким ахсаана баһылыыра улахан оруола да суох. Ханна эрэ сахалар, нууччалар, хотугу омуктар элбэхтэр.
1990-с сылларга, ССРС ыһыллан, экэниэмикэ сатарыйан, “уһун солкуобайы” сырсан барбыт дьон төттөрү “материкка” көһүүлэрэ саҕаланар. Холобур, 1989 с. Магадаан уобалаһыгар 392 тыһ. киһи олорбут эбит буоллаҕына, 2016 сылга онно баара-суоҕа 146 тыһ. эрэ хаалбыт.
Чукотка оннооҕор элбэҕи сүтэрбитэ. 1989 с. 164 тыһ. киһи олорбутуттан, 3 гыммыт 2-тэ көһөн барбыта. 2017 с. онно 50 тыһ. эрэ киһи олорор. Сэбиэскэй кэмҥэ чукчалар Чукоткаҕа 7 % этилэр, билигин 27 %-нар. Дьиктитэ диэн, 1939 с. чукчалар ахсааннара 12 тыһ. этэ, билигин эмиэ 12 тыһ.
1989 с. Саха сиригэр дьобуруопалыы омуктар ахсааннара 700 тыһ. эбит буоллаҕына, билигин -- 400 тыһ. Ол түмүгэр тыа сиригэр күүскэ төрүүр-ууһуур сахалар ахсааннара баһылаан-көһүлээн барар. Манна нуучча аҕыйааһынын “сахалар нууччаны абааһы көрөллөрүнэн”, “былаас омугумсуйуутунан” быһаарбаккын. Холобур, 2002-2010 сс. Саха өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн нуучча В.Штыров олорбутун умнар табыллыбат.
Бу, таһыттан көрдөххө, син биир Кавказка олоҕурбут уопсай хартыынаны санатар: нууччалар көһөн кэлбиттэрэ, көһөн барбыттара. Ол эрээри, Саха сирэ ханнык эрэ Ингушетия буолбатаҕын, бүтүн Индия саҕа иэннээх баараҕай киэҥ сир буоларын өссө төгүл санатабыт.
Билигин онно балаһыанньа хайдаҕый?
Алмаастаах кыраай. Ленскэй уонна алмаастаах Мииринэй. Уустук соҕус да буоллар, манна өссө Өлүөхүмэни киллэриэххэ сөп. Манна сахалар 8-10 %-ны эрэ ылаллар.
Соҕуруу Саха сирэ. БАМы кытта хам бааллыбыт Нерюнгри уонна Алдан. Сахалар ахсааннара манна өссө аҕыйах – 2-4 %. Уоннааҕылара, сүнньүнэн, нууччалар. Саха сиригэр алмаас, руда, сир баайын хостооһун, инвестиция, нолуок уо.д.а. туһунан экэниэмикэ сонунун 90 %-на ити этиллибит нуучча оройуоннарыгар эрэ сыһыаннаах.
Киин Саха сирэ. Манна олохтоох 290 тыһ. киһиттэн сахата – 90 %. Нууччата – 7.
Дьокуускай. Саха сиригэр нэһилиэнньэ хамсыы-уларыйа турар соҕотох куората. Нууччалар мантан көһөн бараллар, сахалар тыаттан көһөн кэлэллэр. 1989 с. манна 186 тыһ. киһи олорбут буоллаҕына, 2010 сылга – 280 тыһ. Дьобуруопалыы дьон ахсаана – 114 тыһ. (40 %), уоннааҕыта -- сахалар. Куорат нэһилиэнньэтэ билигин да эбиллэ, нууччалар аҕыйыы тураллар.
Хотугулуу-арҕааҥҥы Саха сирэ. Биэс аарыма улахан оройуоҥҥа баһылыыр миэстэни эбэҥкилэр, эбээннэр, долганнар ылаллар.
Хотугулуу-илиҥҥи Саха сирэ. Олус киэҥ сиргэ эмиэ хотугу төрүт олохтоох омуктары сэргэ – сахалар уонна нууччалар. Ол эрээри манна нэһилиэнньэтэ олус аҕыйах.
Суумалаатахха, 106 тыһ. киһи олорор хотугу оройуоннарыгар сахалар – 43 (45 тыһ.), нууччалар – 33 (35 тыһ.), хотугу омуктар 23 %-ны ылаллар. Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ сирин баһыйар киэҥ иэнин былдьыыр хотугу улуустарга саха нэһилиэнньэтин 10-ҥа тиийбэт бырыһыана эрэ олорор, нуучча эмиэ оччо курдук. Ол аата, нууччалар бары кэриэтэ Саха сирин 5 соҕурууҥҥу оройуонугар уонна Дьокуускайга эрэ олороллор. Оттон сахалар бары киин оройуоннарга уонна Дьокуускайга эрэ бааллар.
Атыннык эттэххэ, биһигини куттуур сахалардаах, баараҕай иэннээх Саха сирэ дьиҥинэн, муораҕа да тахсыыта суох, сир баайа да суох бэрт кыракый сир буолан тахсар. Бу -- кыра сиргэ симиллибит, чөкө уонна атын Арассыыйаттан улахан тутулуктаах территория. Ол эбэтэр, сахалар күүһүрэн иһэр национализмнара уонна Дьокуускай тулатын сахатытыылара барыта биир судургу формулаттан тирэҕирэн тахсар: нууччалар Мииринэйгэ уонна Нерюнгрига сир баайын хостууллар, оттон ол дохуоту дотацияҕа олорор саха дьоно Дьокуускай куоракка матайдыыллар.
Тугу гыныахха?
Дьэ, нууччалар тугу гыныахтаахтарый? Бу боппуруоһу “административнай-территориальнай” уонна “национальнай” диэн икки чааска арааран быһаарыллыахтаах. Билиҥҥитэ биһиэхэ 3 мөл. кв. км. иэннээх сири кыараҕас харахтаах омугумсах сахалар баһылаан олороллор. Иккиһинэн, Сибиир уонна Уһук Илин ыпсыыларыгар мөлүйүөн аҥаара ахсааннаах монгуоллуу омук бэйэтэ бэйэтигэр көөнньөн олорор. Бу икки боппуруоһу биһиги тэҥҥэ быһаарыахтаахпыт.
Син биир атын национальнай-территориальнай тэриллиилэр курдук, Саха өрөспүүбүлүкэтэ эмиэ суох буолуохтаах. Кинини судургутук “Саха кыраайа” диэн уларытан ааттаабыттан туох да туһа суох, нэһилиэнньэ бырыһыанын ол көннөрбөт.
Саха сирин нууччаларын 93 %-на куораттарга олорор уонна элбээбэт, оттон сахалар 60 %-нара тыаҕа олорор буолан үчүгэйдик төрүүллэр. Холобур, 2010 с. биэрэпистэн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ 1-гэр диэри саастаах оҕолорго сахалар -- 58,4, нууччалар 31,3 %-ны ылаллар. Ол эбэтэр, саҥа төрүүр оҕо 60 %-на -- саха. Быһата, Саха сиригэр билигин демографияны нэһилиэнньэ кэлиитэ-барыыта буолбакка, норуоттар төрүүр-ууһуур дьоҕурдара быһаарар.
Сэбиэскэй кэмҥэ курдук бу эрэгийиэҥҥэ нуучча дьонун төнүннэрэр кыах суох. Онон саамай сиэрдээх быһаарыы – Саха сирин билиҥҥи кыраныыссаларын уларытан, атын эрэгийиэннэргэ түҥэтэн биэрии.
Бүддьүөккэ ыар баттык буолан олорор Арассыыйа Хотугу-Илиҥҥи кыраайын, ол иһигэр Саха сирин хотугу улуустарын, барытын холбоон биир эрэгийиэн оҥордоххо, нэһилиэнньэтэ барыта холбоон 635 тыһ. буолан тахсар. Онно нууччата – 70, сахата куттала суох 7 % эрэ буола түһэр.
Ленскэйи, Мииринэйи, Өлүөхүмэни Иркутскай уобалаһыгар холбоотоххо – саха алмаастара тута Иркутскай алмаастара буола түһэллэр. Остуоруйа онон бүтэр.
Тимир суолунан Амыр уобалаһын кытта ситимнээх Нерюнгрины уонна Алданы онно холбоотоххо, бырамсыысыланнас нолуога Амыр уобалаһын нууччаларыгар барыа.
Оччотугар, быһыллыбыт-отуллубут Саха сирэ олус киэҥ иэннээх резервацияҕа кубулуйар. Оннук сир кимҥэ наада буолуой? Салгыы бу сири Иркутскайы кытта Хабаровскай үллэстэн кэбиһиэхтэрин сөп. Амыр уобалаһын кыраныыссата маннык кэҥээтэҕинэ, нууччата – 72, сахата 20 % эрэ буола түһэр.
Сир боппуруоһа быһаарыллыбытын кэннэ, дьэ, национальнай боппуруос үөскээн тахсар. Өлүөнэ орто сүүрүгэр олорор мөлүйүөн аҥаара ахсааннаах азиат норуоту ханна гынабытый? Билиҥҥитэ алмаас-чох харчытын суотугар олорор сахалар Дьокуускайга эрэ көһөллөр, атын нуучча уобаластарыгар барбаттар. Манна билигин саха тылын туруга эрэллээх, тыаҕа саха дьоно нууччалыы мөлтөхтүк саҥараллар, төрүт сахалыы аакка төннүү барар, Айыы итэҕэлэ чэчириир, национализм күүһүрэн иһэр.
Бырамыысыланнастаах оройуоннар былдьаннылар да, Саха сирин экэниэмикэтэ улахан “минуска” барара саарбахтаммат. Ол – үчүгэй. Быста дьадайдылар да, сахалар биһиги муҥура суох киэҥ Арассыыйабыт устун тарҕаһарга күһэллиэхтэрэ. Саха сирин сахата уонна нуучча уобалаһыгар олохсуйбут саха – тус-туспа дьон. Төрөөбүт тыатын сириттэн атын сиргэ, куоракка көһөн тиийдэ да, саха киһитэ тута дьиҥнээх куорат киһитигэр кубулуйар. Холобур, дьоппуоннар, кытайдар, кэриэйдэр ханна да көһөн тиийбиттэрин иһин, баай-кыах уонна үөрэх өттүнэн тулалыыр эргимтэттэн син биир чорбойо тураллар. Кинилэр ньиэгир да, мусульман да курдук буолбатахтар. Оттон сахалар кытайтан (дьоппуонтан, кэриэйтэн) туох да уратылара суох. Уопсайынан, азиаттар билим туочунай хайысхаларыгар ураты дьоҕурдаахтарын бэлиэтиэххэ сөп.
Ону ыраах Муома улууһугар төрөөн баран билигин аан дойду мөлүйүөнүнэн дьоно смартфоннарыгар устар оонньууларын оҥорор, «MyTona» хампаанньаны тэрийбит Алексей уонна Афанасий Ушницкайдар холобурдарыттан да көрүөххэ сөп. Ушницкайдар – улахан патриоттар. Дьокуускайга киһи бөҕөнү үлэнэн хааччыйалларын таһынан, үбүнэн-харчынан бэл конкуреннарыгар кытта көмөлөһөллөр. Саха сиригэр уһуллубут киинэлэр билигин аан дойду таһымыгар кытта тахсан эрэллэр, улахан бириистэри сүүйэллэр.
Ол иһин биһиги сахалар – Сибиир саамай улахан норуота – Арассыыйа барытын үрдүнэн ыһыллалларыгар көмөлөһүөхтээхпит. Дьоҕурдаах сахалар Хабаровскайга дуу, Благовещенскайга дуу көһөн Азия ырыынактарыгар чугаһыылларыгар көмө-ама, өйөбүл буолуохтаахпыт. Дьокуускайга баар үөрэх тэрилтэлэрин атын нуучча эрэгийиэннэригэр көһөрөн, оскуоланы бүтэрэр оҕолор күргүөмүнэн Арассыыйа соҕурууҥҥу ВУЗтарыгар үөрэнэ баралларын көҕүлүөхтээхпит. Ону таһынан, саха ыччата чопчу ханнык эрэ нуучча куоратыгар көһөрүн үбүлүүр улахан бырагыраамалар наадалар. Ол курдук, Тааттаттан – Владивостокка, Кэбээйиттэн-Бүлүүттэн -- Иркутскайга уо.д.а. диэн.
Биһиэхэ улахан нуучча куораттарын ортотугар бытаммыт, ыһыллыбыт азиаттар общиналара ити билигин бэйэтэ бэйэтигэр көөнньөн олорор Саха сиринээҕэр ордуктар. Ол эбэтэр Приморьеҕа КНД кыраныыссатын таһыгар баар Кэриэй автономнай өрөспүүбүлүкэтин оннугар биһиги нуучча ортотугар олорор дьоҕурдаах Костя Цзюну, Виктор Цойу талабыт.
Арассыыйа киэҥ куртаҕа сахалардааҕар буолуоҕу буһарбыта.