Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа саҥа каадырдары анаталаабыта. Сорохтор онтон соһуйан, сорохтор төттөрүтүн “дьэ, бэрт дьаһаныы” диэн сыаналаабыттара. Хайа баҕарар үрдүкү дуоһунаска ананар киһини бастаан тургутан көрөр суруллубатах сокуон баар. Ити, бастатан туран, ким-туох буолара үчүгэйдик биллибэтиттэн, араас боппуруостар үөскүүллэриттэн тахсар.
Бүгүн, СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтин кэллэктиибигэр саҥа миниистир эбээһинэһин толорооччу Михаил Сивцевы билиһиннэрдилэр. Биһиги эрэдээксийэбитигэр “үөрэппит уолбутун хара үлэлии да илигиттэн араастаан суруйан хооһурҕаттылар, биһиги ону олох тириибит таһынан ылынныбыт, онон бу суруктары бэчээттээҥ” диэн көрдөстүлэр. Ону туох баарынан бэчээттиибит.
Учуутал суруга
Михаил Сивцев оҕо сааһа Уус Алдан улууһун Кэптэни бөһүөлэгэр ааспыта. Аҕалара эрдэ оһолго былдьанан, ыал улахан оҕотунан хаалбыта. Ийэтигэр көмө киһи буолан, икки быраатын, икки балтын көрөн улаатыннарсыбыта. Мин маны барытын көрбүт-истибит, идэни талыытыгар такайбыт учуутала буолабын. Оччолорго, саха национальнай концепциятын олоххо киллэрии үгэннээн турар кэмигэр, Лөгөй оскуолатын учууталларын бөлөҕө саҥа үөрэҕирии эксперименин саҕалаабыппыт. Михаил Петрович үөрэммит кылааһа бу эксперимеҥҥэ кыттан, араас биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэппитэ. Манна кини бары биридимиэккэ дьоҕурдааҕын, дьулуурдааҕын көрдөрбүтэ. Техническэй, естественнэй, гуманитарнай хайысхаларга барытыгар тэҥинэн үчүгэй этэ. Араас олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттыбыта. Оскуоланы бүтэрэригэр, өр толкуйдаан СГУ "Француз тыла уонна история" диэн идэтин талан, олус улахан куонкурсу ааһан үөрэххэ киирбитэ. Маныаха Бельгияттан, эксперимент чэрчитинэн, Кэптэнигэ кэлбит бельгиец-учууталлар сабыдыаллара улахан буолуохтаах. Кинини француз тылыгар үрдүк категориялаах учуутал Валентина Ивановна Бурнашева умсугутан уһуйбута.
Михаил, эр киһи быһыытынан, устудьуоннуу сылдьан дьиэтигэр тахсан саһаанын бэйэтэ кэрдэрэ, дьиэтин-уотун тутан олорбута. Тыа оҕото буолан үлэни-хамнаһы билбит киһи. Ийэтэ Сивцева Альбина Михайловна биэс оҕотун барытын соҕотоҕун атаҕар туруорбут ийэ буолар. Биһиги, оскуолалар, өрүү холобурга туттар төрөппүппүт. Оҕолорун үөрэттэрээри ханнык да үлэттэн иҥнэн турбатаҕа. Сүрдээх үчүгэй асчыт буолан, үлэтин таһынан бэрэски, торт уо.д.а., бурдук астары астаан атыылыыра. Оҕо саадыгар ньээҥкэнэн, оскуолаҕа поварынан быыкаайык хамнаска үлэлээбитэ. Үс уолун, икки кыыһын кимтэн да итэҕэһэ суох аһатан, таҥыннаран улаатыннартаабыта – оҕолоро бэһиэн үчүгэй үлэһит дьон буола үүннүлэр. Онтон биһиги бөһүөлэк дьоно олус киэн туттабыт, кыһамньылаах ийэҕэ махтанабыт!
Альбина Михайловна бэйэтин оҕолорун үөрэттэрбитин таһынан, атын аймах-билэ дьонун оҕолоро кини дьиэтигэр олорон Лөгөй орто оскуолатыгар, кэлин төрүттэммит Саха-Бельгийскэй гимназиябытыгар үөрэнэллэригэр сыратын-сылбатын уурбута. Альбина Михайловна бу оҕолору бэйэтин оҕолорун кытта тэҥҥэ тутан көрбүтэ-истибитэ, олох киэҥ аартыгар атаартаабыта.
Үөрэҕи-үлэни өрө туппут, туохтан да чаҕыйбакка иннин диэки дьулуруйан испит, олоххо дьулуурдаах эдэр киһи үөрэҕириини салайар дуоһунаска анаммытын саамай сөптөөҕүнэн ааҕабыт уонна үөрэбит.
Бэйэтин кыаҕынан, тус дьулуурунан үүммүт киһиэхэ бу эппиэтинэс сүктэрилиннэ.
Биһиги Лөгөйбүтүгэр чахчы да өрөгөй күннэрэ үүннүлэр. Ыаллыы олорор оҕото, оҕо эрдэҕиттэн табаарыһа Сергей Васильевич Местников Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы дуоһунаһыгар мэктиэлэннэ.
Уолаттар үлэлэрин кыайыахтара, онуоха сөптөөх буһууну-хатыыны аастылар. Биһиги кинилэр билиилэрин-уопуттарын туһанан, сыраларын ууран үлэлиэхтэрэ диэн эрэлбит улахан. Үрдүк дуоһунастарга мэктиэлэниилэрэ Лөгөй нэһилиэгэр икки оскуола - Лөгөй орто оскуолата уонна Саха-Бельгийскэй гимназия үүнэр-сайдар саргылаах сарсыҥҥыны түстээбит туоһута буолар.
Тыа сирин олоҕун укулаатын билэр, омук тылын хайысхалаан үөрэппит оҕолорбут, араас үлэлэлэргэ үлэлии сылдьар бары үөрэнээччилэрбит аныгы үйэ олоҕун хамсатар, көҕүлүүр тутаах күүс буолуохтара, Саха сирин сайдыытыгар үлэлэһиэхтэрэ!!!
Эдэрдэр тахсар кэмнэрэ кэллэ – мэһэйдээмиэххэ!!! Өйүөххэ, сүбэлиэххэ, ситиһиини баҕарыахха!!!
Саргылаана НАФАНАИЛОВА, СӨ үтүөлээх учуутала,
Учууталлар учууталлара, Саха-Бельгийскэй гимназияны төрүттээччи,
ЮНЕСКО оскуолаларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Өссө биир француз тылын уруога
Биһиги, ХИФУ омук филологиятын уонна регионоведение институтун француз тылын кафедратын (уруккута ФИЯ) преподавателлэрэ, устудьуоннара уонна выпускниктара Аартык.ру интэриниэт саайтка тахсыбыт Инна Макарова “Уроки французского” диэн ыстатыйатын кытары сөпсөспөппүтүн биллэрэбит. Бу ыстатыйа соторутааҕыта эрэ СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ миниистиринэн анаммыт, биһиги 2002 сыллааҕы выпускникпыт Михаил Петрович Сивцев аатын киртитэр дии саныыбыт. Бу ыстатыйа ааптара маннык үрдүкү судаарыстыбаннай дуоһунаска ФИЯны “филолог, француз тылын уонна литэрэтиирэтин уһуйааччыта” идэлээх бүтэрбитэ “табыгаһа суох” диир. Онуоха икки түгэҥҥэ тохтуохха:
Бастакыта: Ааптар Инна Макарова “... өссө сэбиэскэй кэмтэн ыла француз тылын салаатын бүтэрбит выпускниктар бары кэриэтэ идэлэринэн үлэлээбэттэр” диир. Хомойуох иһин, тоҕо эрэ үгүстэр француз тылын бүтэрбиттэр бары хайаан да оскуолаҕа учууталлыы эрэ барыахтаахтар диэн хаҕыс өйдөбүллээхтэр. “Филология” диэн идэтийии – фундаментальнай хайысха (холобур, суруналыыстыкаттан ураты). Инньэ гынан киэҥ эйгэни хабан, фундаментальнай билиилэри биэрэр, киһи толкуйун уонна дьоҕурун сайыннарар. Филолог диэн, судаарыстыбаннай ыстандаарт быһыытынан, киһи, култуура, тылынан уонна маассабай коммуникация баар эйгэтигэр ханна баҕарар үлэлиэн сөп. Оттон филолог идэтийиитин быһыытынан хас да хайысханан үлэлиир кыахтаах: билим-чинчийэр, педагогическэй, прикладной, бырайыактыыр уонна салайар-тэрийэр хайысхаҕа. Ол иһин, биһиги кафедрабытын бүтэрбиттэр, атын филологтар курдук оскуолаҕа, үрдүк үөрэх кыһаларыгар, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан, СМИ эйгэтигэр, бырабыыталыстыбаҕа таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Иккиһинэн, ыстатыйа ааптара “кыаҕа, дьоҕура, ситиһиитэ татым оҕолор, куонкурус суох буолан туттарсан киирэллэр” диир. Ол эбэтэр, Макарова саныырынан, француз тылын бүтэрээччилэр бары ситиһиитэ суох, уопсайынан “неудачниктар” эбит. Дьэ бу биһиги кафедрабыт выпускниктарын үөҕүү, ыыстааһын, ааттарын сиргэ-буорга тэпсии буолар. Макарова Виталий Петрович Артамоновы – филология билимин кандидатын, Саха сирин бастакы тас экэниэмикэ миниистирин, өрөспүүбүлүкэ норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннарын олохтоспут, кэнэҕэһин Арассыыйа МИДин үлэһитэ, Арассыыйа Намбияҕа уонна Чадка дипломата буолбут киһини үөхтэ. Биһиги киэн туттар выпускниктарбытын: АХШга Хотугулуу Форум Секретариатыгар Арассыыйаттан бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн өр кэмҥэ үлэлээбит Анастасия Николаевна Божедонованы, Парижка ЮНЕСКО иһинэн Арассыыйа Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин сүбэһитин, МИД сотруднигын Вера Ивановна Сидорованы, Парижка РФ Посольствотын култуураҕа атташетынан үлэлээбит, билигин Бельгияҕа Арассыыйа Тас Дойдуларга министиэристибэтин сүбэһитинэн үлэлиир (онно кини үөрэх эйгэтигэр сыһыаннаһыылары салайар) Мария Николаевна Парникованы, идэтигэр бэриниилээх телесуруналыыс Иннокентий Михайлович Слепцову, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлээбит уонна үлэлиир француз тылын учууталларын, араас эйгэҕэ – СМИттэн саҕалаан туризмҥа (дойдуга эрэ буолбака, аан дойду араас муннуктарыгар эмиэ) тиийэ ситиһиилээхтик үлэлиир исписэлиистэри үөхтэ, сиргэ-буорга тэбистэ.
Макарова суруйарын курдук “Ил Дархан туохха да наадата суох идэлээх киһини миниистиринэн туруоран үөрэх систиэмэтин иэдэскэ сырбаппата”, төттөрүтүн, бу ыстатыйа ааптара университеттар “филология” хайысхатынан туох-ханнык бэлэмнээх выпускниктары бэлэмнээн таһааралларын отой да билбэт эрээри, француз тылын салаатын бүтэрбит бары выпусниктары иэдэскэ биэрдэ.
Бу маннык “суруйуулар” (сакааһынан суруллубута буолуо диэн саарбахтаабаппыт) уопсастыбаны атаанныыллар, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи былааһы баҕааһырдалларын ааһан, хайа да коронавирустааҕар кутталлаахтар уонна ыардык дьайаллар.
Биһиги кэллиэгэлэрбит, выпускниктарбыт, устудьуоннарбыт, филологтар ылбыт билиилэрэ бу ыстатыйа ааптарынааҕар быдан духуобунайынан уонна таһымнааҕынан, ааптарга үтүө доруобуйаны эрэ баҕарабыт. Духуобунай уонна эт-хаан доруобуйатын.
Оттон Михаил Петрович Сивцевкэ, биһиги биир киэн туттар выпускникпытыгар, саҥа кирбиигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Араас сылларга СГУ ФИЯ француз филологиятын кафедратын бүтэрбит выпускниктар:
Самсонова Марианна Валентиновна, к.ф.н.,
ХИФУ ИЗФиР француз филологиятын кафедратын сэбиэдиссэйэ,
Мельничук Ольга Алексеевна, ф.н.д.,
ИЗФиР дириэктэрэ,
Заморщикова Людмила Софроновна, к.ф.н.,
француз филологиятын кафедратын бэрэпиэссэрэ,
ИЗФиР дириэктэрин билим чааһыгар солбуйааччы.