“Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтэ 2019 с. ахсынньытыгар тэриллиэҕиттэн, икки сыл тигинэччи үлэлээн кэллэ. Тэрилтэ орто сааһа – 43 сыл, үлэлиир кыаҕа – улахан. 2021 с. түмүгүнэн тэрилтэҕэ сүөһү ахсааныттан үлэ көрдөрүүлэригэр тиийэ эбиллии да, уларыйыы да баар. Ол туһунан тэрилтэ дириэктэрэ Александр Еремеевич Артемьевтан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
Сүөһүбүт ахсаана тыһыынчаҕа чугаһаата
– Үлэбит сүрүн соруга Ил Дархан А.С. Николаев 2018 с. т/х-тын сайдыытын стратегиятыгар саха сүөһүтүн элбэтиигэ туруорбут сорудаҕын толоруу буолар. 2021 сылы тэрилтэбит – 967, олортон ыанар ынаҕа 298 сүөһүлээх түмүктээтибит. 2020 с. тэҥнээтэххэ, ахсаана – 152, ыанар ынах 25-нэн элбээтэ. Ньирэй дьыалабыай тахсыыта куһаҕана суох – 88,4%, улахан сүөһүнү тыыннаахтыы иитии 93,5% буолла. Ити барыта тэрилтэ үлэһиттэрин күүстээх, дьаныардаах үлэлэрин түмүгэр ситиһилиннэ. Этэҥҥэ буоллахпытына, аны 3-4 сылынан 1,5 тыһ. тиийэр былааннаахпыт.
Уларыйыыларга тохтоотоххо, 2020 с. сэтинньитигэр Эбээн Бытантай саха сүөһүтүгэр тэрилтэтэ саҥа хотонноох, Саккырыырга уонна Кустуурга турар 200 төбө сүөһүлээх отделение быһыытынан тэрилтэбитигэр холбоммута. Ити сыл бүтүүтэ Сүлдьүкээргэ 200, Нам Таастааҕар 150, Ньурба Аканатыгар 100 төбө турар саҥа хотонноро тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Саха сүөһүтүн материальнай-тэхиниичэскэй базатын бөҕөргөтүү үлэтэ 2021 с. салгыы барда. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов төрөөбүтэ 100 сыла туоларынан, Ил Дархан А.С. Николаев, премьер А.В. Тарасенко боротокуолларыгар киирэн, Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар, Өргөннөөх учаастагар сабыс-саҥа хотонноох отделение тэрилиннэ. Бу уота-күөһэ суох үрэх баһа дойдуга үлэлииргэ аныгылыы усулуобуйа тэринэн кыстаан эрэбит. 56 сүөһүнү аҕалбыппыт, хотон аһыллыаҕыттан 4 ньирэй төрөөн, саха сүөһүтэ төрүт сиригэр тэнийэр төрдө уурулунна. Сыымах сирэ-уота, ото-маһа, мэччирэҥэ үчүгэйинэн сүөһү төлөһүйэригэр, сайдарыгар олус табыгастаах диэн көрөбүн. Аканаҕа икки кыбартыыралаах дьиэлээх, титиик хотонноох сайылык туттубут. Аканалар, отделение салайааччыта А.В. Игнатьев, нэһилиэк баһылыга Е.М. Семенов кыстыыр отторун-мастарын булуммуттарын таһынан, 9 биэрэстэ бүтэй тутуутун оҥорон үөртүлэр, сөхтөрдүлэр. Бүтэй тутуута ыарахан, уустук үлэ. Акана отделениетыгар саха сүөһүтүн Киин Саха сиригэр 1994 с. Эбээн Бытантайтан аҕалан тарҕатыыны саҕалаабыт улахан өҥөлөөх, биһиги бары ытыктыыр, убаастыыр О.П. Марковпыт аатын үйэтитэн иҥэрбиппит.
Киин Саха сиригэр оппутун-маспытын эриэ-дэхси дьаһанан кыстыкка балачча үчүгэй туруктаах киирдибит. Арай, сайыны быһа Нам Таастааҕар, 200-чэ сүөһүлээх саамай бөдөҥ отделениебытыгар, баһаардар буолан, от хаачыстыбата мөлтөх соҕус, сүөһүтэ эмиэ үчүгэйдик мэччийбэккэ хотоҥҥо киирдэ. Ол да буоллар улуус салалтатын, Таастаах баһылыга эдэр эрчимнээх Е.П. Лиханов көмөтүнэн, отделение эдэр салайааччыта А.С. Оконешников, уопуттаах тутаах үлэһиппит О.А. Аргунова этэҥҥэ кыстыгы туоратыахтара диэн эрэнэбит.
Таастаахха элбэх саҥа тутуу барда. Ахсынньы 25 к. 80 ыччат сүөһү кыстыыр хотонун тутан киллэрдибит. Эһиил манна тирэҕирэн, сүөһүнү уотууга үлэлиэхтээхпит. Сайылык дьиэтин, титиигин тутан бүтэрдибит. Күрүөтэ, уота хаалла, саас ыам ыйын 22 к. үлэҕэ киириэҕэ. Билимҥэ тирэҕирэн үлэлиирбитин учуоттаан, Таастаахха билим стационарыгар 2 кыбартыыралаах: аҥара лаборатория, иккиһигэр үлэһиттэр олорор дьиэлэрин уонна 30 сүөһү турар хотонун уу сахалыы маһынан көҥдөйүн бүтэрдибит, быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Таастаахха өссө Нам улууһа (баһылык Ю.И. Слепцов) 50 сүөһүнү эккэ уотар анал былаһаакканы оҥорон биэриэхтээх. Күрүөтүн-хаһаатын тутууну саҕалаатылар. Онон быйыл атырдьах ыйыгар диэри бүтэрэн, Амматтан, Горнайтан, Намтан эккэ барар сүөһүнү мунньан, былыргы саха сүөһүнү сэтинньигэ диэри таһырдьа тутан уотар технологиятын сөргүтэр былааннаахпыт. Билим өттүгэр ТХНЧИ, АГАТУ кытта сөбүлэһии бэрээдэгинэн үлэлиэхпит.
Биһиги саха сүөһүтүгэр аналлаах хотоннору тутууну, эспэримиэн курдук 100-түү сүөһүгэ анаан, кээмэйин кыччатан тутан иһэбит. Сүлдьүкээргэ хотон кэтитэ 12 миэтэрэ этэ, онтон 11 м буолта, 2021 с. туппут хотоннорбутун 10-нуу м кэтиттээх оҥордубут. Биир итэҕэспит, хотоннор тимир эркиннээх буолан сиигирэллэрин суох оҥоруу боппуруоһа турар. Бу үлэҕэ АГАТУ инженернэй факультетыттан этии биэрэ сылдьыбыттара да, сыаната ыарахана бэрт. Уопсай тылы буларбыт буоллар, кыһалҕа быһаарыллыа этэ. Кэнники туппут хотоннорбутугар саах таһаарар ТСН суох, автопоилкалаах, ититэр систиэмэтэ суох, сүөһү сылааһынан турар сахалыы хотоннор.
Инники былааны эттэххэ, Ил Дархан сорудаҕынан, быйыл Үөһээ Дьааҥыга Мачах диэн учаастакка 50 төбөҕө хотон тутуллуохтаах. Бэлэмнэнии үлэтэ улуус салалтатын, ТХМы кытта бара турар. Сүөһүнү Эбээн Бытантайтан тиэрдиэхтээхпит. Суол-иис усулуобуйата уустук, сүөһүнү муус устарга эрэ тиэрдиэххэ сөп.
Эбээн Бытантайга элбэх көнүөн наада
– Кырдьык, Эбээн Бытантай улууһугар саха сүөһүтүн тэрилтэтэ кэлин 30 сыл араас пуорманан уларытыллан үлэлии сатаан баран оннун булбакка кэлбитэ кистэл буолбатах. Биһиэхэ холбоноругар уустук туруктаах, айылҕа да, үлэҕэ да сыһыан өттүнэн наһаа боростуойа суох усулуобуйалаах кэлбитэ. Саккырыырга саҥа хотон баар, оттон Кустуур хотоно эргэ, 1-2 эрэ сыл барар туруктаах. Ол иһин манна хайаан да 100 төбөҕө хотон тутуллуохтаах. Үлэтинэн, сиринэн-уотунан, дьонунан ылан көрдөххө, Кустуур сүөһү турарыгар быдан ордук. Саккырыырга сирэ-уота, мэччирэҥэ кыараҕас. Ол эрээри, судаарыстыба суотугар тутуллубут хотону биһиги үлэлэтиэхтээхпит. Ол инниттэн биһиги ороскуоппутун кыччатар соруктаахпыт. Саккырыыр хотонун ылан көрүөҕүҥ. 600-700 куб. м. маһы оттон кыстыыбыт, 1 куб мас улууска 800 солк. сыаналаах. Судаарыстыба моонньугар бу улахан ноҕурууска. Икки хотоҥҥо быйыл улахан өрөмүөн ыыттыбыт. Ититиитин систиэмэтин, оһохторун барытын уларыттардыбыт. Оттук мас улууска чугаһынан бүтэн эрэр, онон таас чоххо көһөрбүт буолуо, үөрэтэ олоробут.
Отделениены ылыахпытыттан улуус баһылыга Г.Г. Гороховка бары өттүнэн күүс-көмө буоларыгар махтанабын. Саккырыырга, Кустуурга дьаһалталара, улуус ТХУ салалтата уларыйда. Бу уларыйыылар үчүгэй өттүгэр баралларыгар эрэнэбит. Дьон-сэргэ саха сүөһүтэ улуус киэн туттуута буоларын өйдөөн, үлэҕэ-хамнаска сыһыана уларыйарыгар баҕарабыт. Үлэ бэтэрээнэ, саха сүөһүтүн биир ботуруйуота С.Д. Слепцова үс сылга дуогабардаһан зоотехнигынан киирдэ. Отделение салайааччытынан саҥа үөрэҕин бүтэрэн иккис сылын үлэлии сылдьар бэйэбит мантан ыыппыт уолбут үлэлиир. Толкуйдаан баран, бу тохсунньу 1 күнүттэн Эбээн Бытантай отделениетын Саккырыырга уонна Кустуурга миэстэтигэр салайааччыланнаҕына, үлэҕэ табыгастаах буолуо диэн икки тус-туспа отделениеҕа араардым. Быйыл Кустуур кыстыыр отун бэйэтэ толору хааччынан олорор. Маныаха Кустуур баһылыга Р.А. Колесов, М.И. Аммосов диэн чахчы туруу үлэһит киһиэхэ махтанабын. Оттон Саккырыырга Амматтан 100 т илдьэбин. Урукку управляющай кыайан дьаһаммакка, оттооһуну кыайбатаҕа, онтон ардах түһэн ходуһа ууга барбыта. Баар отунан тохсунньуну туоруубут. Хоту үлэлииргэ, усулуобуйата уратытынан, балайда от хаһаастаах буоллахха табыллар эбит. Былырыын гранулированнай от илдьибиппит саппааһа өссө баар.
Урут улууска саха сүөһүтүн тэрилтэтэ үүтү ыабат этэ. Кустуурга быйыл 4 т үүтү ыан улахан кыайыыны ситистибит. Үүтү астаан таһаарбыттарын нэһилиэнньэ хамаҕатык атыыласта. Инньэ гынан Кустуурга саҥа улахан хамсааһын таҕыста. Быйыл Саккырыырга ыаһыны тэрийэн, үүт аһы нэһилиэнньэҕэ таһаарыахпыт. Кустуурга ынах ыырга саҥа титиик тутуохтаахпыт, астыыр сыах тэрилин уларытыахпыт. Саха сүөһүтүн инники бэлиитикэтин Арктикаҕа туһаайан көрөн эттэхпинэ, нэһилиэнньэ бэйэтин айаҕын ииттэрин туһугар сүөһүбүтүн элбэтэн кэтэх ыалга тарҕатыахтаахпыт. Сүөһү атыылыаххыт дуо? – диэн элбэх хоту олохтоох дьон ыйыталаһар. Хомойуох иһин, Саккырыырга лептоспироз ыарыы туран, үһүс сылын харантыыҥҥа турар. Үчүгэй буоллаҕына, быйыл арыллыахтаах. Оттон Кустуур сүөһүтэ ыарыыта суох. Мачахха сүөһүнү Кустууртан, Дьарҕаалаахтан ыытыахпыт.
Эт, үүт оҥоруутун туруга
– Сүөһү ахсаанын элбэтэр буолан, элбэх эти оҥорор кыахпыт суох. Тэрилтэҕэ сыл аайы 200-300 ньирэй төрүүр, олортон аҥаара – атыыр. Оҕустартан үчүгэйин талан иитиигэ хаалларабыт. Сүөһүнү элбэтиигэ уруурҕаһыыны таһаарыа суохтаахпыт. Саха сиригэр барытыгар оҕустары кэмигэр уларытан иһиэхтээхпит. Ити инниттэн племучуот үлэтин билим таһымыгар күүскэ ыытан эрэбит.
Үүппүтүн Саккырыыртан, Сүлдьүкээртэн, Аканаттан ураты отделениеларга ыан сайыны быһа туттардыбыт. 2019 с. саҕалыырга – 5,4 т ыабыт буоллахпытынан, 2020 с. – 32 т, 2022 с. – 41 т үүтү ыатыбыт.
Биир кыһалҕабыт, хааһынаттан үбүлэнэр буоламмыт, үүппүтүн 60 солк. туттарар бырааппыт суох. Собуокка 10 эрэ солк. туттарар кыахтаахпыт. Ол аата, инникитин барыска тахсарга үүппүтүн бэйэбит астаатахпытына табыллар. Ол эрээри, тоҕус отделениеҕа эбии 3-түү киһини астааһыҥҥа бүддьүөттэн хамнастаан тутар уустуга өйдөнөр. Боппуруоһу толкуйдаан быһаарыахпыт.
Үүппүтүн “Сахаагроплемҥа” туттарабыт, ый аайы үүт сыатын анаалыстыыллар, саамай муҥутаан күһүөрү үүппүт сыата 8,3% буолбута. Ити аата саха ынаҕа үүтүн сыатынан сайдар кыаҕа лаппа улахан. Амма отделениетын үүтүн барытын арыылаабыппыт. Куоракка “Ферма” диэн ситиминэн барытын атыылаттыбыт, дьон хамаҕатык ылар.
Тэрилтэ сайдыыта Арассыыйаҕа тахсар
Тэрилтэбитин киһи олоҕор тэҥнээн сайыннарабыт. Бастакы түһүмэххэ материальнай-тэхиниичэскэй базаны күүһүрдүүгэ үлэ барбыта. Хотонноох, дьон олорор дьиэлээх-уоттаах, мэччирэҥнээх, оттуур ходуһалаах буоллахпытына, үлэ тахсар. Иккис этапка, билим өттүнэн бөҕөргөтүнүөхтээхпит. Онтон салгыы бородууксуйабыт тахсыытыгар сертификация уо.д.а. анал боппуруостары быһаарыы кэлэр. Сайдыыга сыһыаннаан эттэххэ, Арассыыйа үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах хаалбыт төрүт боруодалар ассоциацияларын Арассыыйа ТХМ дэпэртээмэнин салайбыт Х.А. Амирханов тэрийэн эрэр. Кулун тутарга Сылгыһыт күнүгэр манна кэлиэхтээх. Биһиги ассоциацияҕа киирэммит саха боруодатын кэскилигэр үлэлэһиэхтээхпит. Ааспыт сыл племкарточкалары толорон, Арассыыйа племенной үлэтин хонтуруоллуур “Селекс” бырагырааматыгар сүөһүбүт 80 % киирдэ. Бу улахан көрдөрүү. Урукку өттүгэр оҥоһуллубатах буолан, сыл саҕаланыыта суоҕун кэриэтэ этэ. Бу үлэ саха сүөһүтүн биллэр энтузиаһа, идэтийбит селекционер-зоотехник С.И. Заровняев үтүөтүнэн кыалынна. Уопсайынан, «М.И.Никанорова диэн РФ ТХМ-тан анаммыт саха боруодатыгар эспиэр, ТХНЧИ, “Сахаагроплем” көмөлөрүнэн племенной үлэ саха сүөһүтүгэр толору ыытыллар буолла» диэн этэр кыахтаахпыт. Онно тирэҕирэн, быйыл Москубаҕа СӨ, ТХМ 100 сылларынан “Кыһыл көмүс күһүн быыстапкаҕа” кыттабыт уонна онно научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ ыытыахтаахпыт.
Билим өттүнэн хаххабыт чараас
Таастаахха арыллар билим лабаратыарыйатыгар саха ынаҕын дириҥник үөрэтии барыахтаах. АГАТУ устудьуоннара манна үчүгэй быраактыканы барыахтара. Инникитин каадыр, профориентация өттүгэр ыччаты саха сүөһүтүгэр сыһыаран, тэрилтэбитигэр үлэлиир дьону иитиигэ болҕомтону ууруохпут. Ыччат болҕомтотун тардарга быйыл агрооскуолаларга саха сүөһүтүгэр улахан научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ оҥоруохпун баҕарабын.
Биһиги эппит-үүппүт, сүөһүбүт боруодата тупсарыгар билим эйгэтэ, улахан институттар биһигини өйүүллэригэр, көмөлөһөллөрүгэр баҕарабыт. Хаһан баҕарар сүөһү хаанынан, хаачыстыбатынан тахсар. Хомойуох иһин, Саха сиригэр саха сүөһүтүгэр идэтийэн үлэлии сылдьар учуонай тарбахха баттанар. Оттон А.В. Чугунов курдук ааттаах-суоллаах, Арассыыйа таһымыгар таҕыстахпытына, билим таһымыгар көмүскэһэр, дурда-хахха буолар учуонайбыт суох. Билим өйөбүлэ суох ырааппаккын.
Саха сүөһүтэ элбии туруоҕа
– ТХМ, СӨ Бырабыыталыстыбата, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.В. Никифоров тэрилтэ сайдыытын бэрээдэгэр улахан кэскиллээх уларытыы киллэрдилэр. Билэҕит дии, саха сүөһүлээх кэтэх ыала сааһыран эбэтэр атын биричиинэнэн сүөһүтүн аҕыйата олорор. Сүөһүнү тыыннаах хаалларар туһугар, биһиги тэрилтэбитигэр субсидия көрүллэн саха сүөһүтүн атыылаһар бырааптанныбыт. Инньэ гынан, саха сүөһүтэ элбииригэр кыахпыт улаатта.
Саха сүөһүтүн элбэтиигэ судаарыстыба көмөтө тирэх хаһаайыстыбаларга улаатта. Былырыын төбөҕө 25 тыһ, буоллаҕына, быйыл 32 тыһ. буолар. Билигин өрөспүүбүлүкэ сахатын сүөһүтүн 40-42% биһиги тэрилтэбитигэр, тирэх хаһаайыстыбаларга 26, ордуга кэтэххэ, биирдиилээн бааһынайдарга бааллар.
Түмүккэ, түгэни туһанан, тэрилтэ үлэтэ сайдарыгар өйөбүл буолалларын иһин СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, ТХМ, Ил Түмэн дьокутааттарыгар, чуолаан А.И. Еремеевкэ, Ю.М. Николаевка, А.М. Находкиҥҥа, В.М. Прокопьевка, М.Д. Гуляевка махталбытын тиэрдэбит.