Хоруона хамсыгын утары охсуһар Саха сиринээҕи суһал штаб чахчыларын аахтахха, балаһыанньа биһиги Мииринэйбитигэр тыҥааһыннаах эбит.
2022 сыл, олунньу 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри, 1 627 киһи хоруона хамсыгынан ыарыйда. 10 эрэ күн устата!
Дьон мааската суох сылдьалларын, антисептиктары туһамматтарын түмүгэр, Мииринэй куоратын олохтоохторо, бэйэ-бэйэлэрин хоруона хамсыгынан, сол да сутуһа сылдьаллар. Буолаары буолан, кинилэр элбэх эмчити, чуолаан МЦРБ бэликилииникэтин уонна балыыһатын үлэһиттэрин сутуйталаатылар. Үгүс эмчит ковиднай госпиталь реанимациятыгар киирэ сылдьыбыттара.
Соҕурууттан уоппускаларыттан кэлбит дьон ыалдьа сылдьалларын ааххайбаттар. Дьон, бастаан тымныйбыт курдук, үрдүкү кыраадыстаах балыыһаҕа киирэллэр. Быраастарга, ыарыһахтар быыстала суох хахсыйан сөтөллөбүт, итииргиибит-тоҥобут дииллэр.
Бастакы диагноз – ОРВИ, тымныйыы. Инфекционист-эмчиттэр, бу дьон, күөмэйдэриттэн уонна мурунннарын сарыыларыттан мазок ылан, олохтоох иммунологическай лабораторияҕа тургуталлар. Ол анаалыһы, Дьокуускайга, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иммунологическай лабаратыарыйатыгар бигэргэттэрэллэр. Сорох дьон, ыарыыларын дьаалайбакка, тыҥаларын 40-50 бырыһыанын хамсыкка сиэтэн кэбиһэллэр.
Көмпүүтэр томограбын (КТ) түмүгүттэн соһуйуу-ыксааһын буолааччы. Оттон, тыҥаларын 70-75 бырыһыан сиэппит дьону, ыарахан ыарыһахтар сытар ковиды эмтиир салааларын реанимациятыгар ыыталлар. ИВЛ аппараатыгар тыҥаны ускуустубаннай бэнтэлээссийэлиир палаатаҕа сытыараллар. Дьэ, ол диэкиттэн тыыннаах таҕыстаххына – дьол! Хроническай ыарыылаах, саахардара үрдүк, сүрэхтэрэ мөлтөх дьон өлөн да хаалыахтарын сөп.
Тус бэйэм 2020 сыллаахха кыһын, уоппускам кэмигэр хамсык дьаҥыгар далбыттаран охтубутум. Аны, ол саҕана вакцинация сыта да суох. Тыҥам 40 бырыһыанын сиэтэн, 39 кыраадыстаах ковид ыарыытын эмтиир госпиталыгар мөлтөх туруктаах сыппытым.
Онно эмтиир бырааһым, үрдүкү кыраадыһыҥ букатын түспэт, аны тыҥан сиэниитэ өссө кыратык улааттаҕына, реанимацияҕа тахсыаҥ (ИВЛ-га) диэн сэрэтэн турар. Ону, өлүмээри хабытайданан, сыаналаах укуоллары ылан, эмп-битэмиин бөҕөтө сиэн, сатурацияны кичэллээхтик тутуһан, син өрүттүбүтүм. Киирэрбэр 80-ча киилэ ыйааһыннаах киһи 18 күн балыыһаҕа сытан, хохоччу ыран, 69 киилэлээх эрэ сыылан тахсыбытым. Аһыахпын баҕарбат этим. Олох олорор баҕа күүстээх буолан, күүскэ аһаан, эмтэнэн, сааһыары бэттэх кэлбитим.
Хоруона хамсыгыттан кэһэйбит буолан, быһыыны ким хайа иннинэ ылан турабын.
Онон, доҕоттор, бука диэн харыстаныҥ. Дьаабы ыарыы буулаан турар.
Станислав Алексеев. Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара