Киир

Киир

“Халлаан өрүһэ” диэн ушу уонна цигун киинин инструктора Светлана Кобякованы успуорт эйгэтигэр үчүгэйдик билэллэр. Дьон-сэргэ ытыктыыр, дьоҕуругар сүгүрүйэр инструктора. Сайын аайы Кытайга, ушу “чень” диэн истиилэ төрүттэммит Ченьцзягоу диэн дэриэбинэтигэр баран дьарыктанар. Ити истиил нэһилиэнньигэ (Чень дьиэ кэргэн сүүрбэһис көлүөнэтэ) Чэнь Цзыцян – Светлана Кобякованы анал кинигэҕэ киллэрэн туран, биир бастыҥ үөрэнээччитинэн ааҕар.  

Дьалхааннаах 90-с сылларга Светлана Кобякова кикбоксинг, кёкусинкай-каратэ сиэксийэлэригэр дьарыктаммыта. Үйэ саҥатыгар энтузиастар Василий Самсонов, Аркадий Прокопьев Дьокуускайга ушу уонна цигун сиэксийэлэрин үлэлэтэн барбыттара. Ити көрүҥнэргэ Светлана Кобякова өр сылларга көрдөөбүтүн дьэ булбута.

Кини бүгүн “Кыым” ыалдьыта. Ушу уонна цигун туһунан биир матырыйаалга толору кэпсээбэккин, ол эрээри кыратык да буоллар, ити көрүҥнэр кистэлэҥнэрин сэгэтэн ылыахпыт.

 

– Светлана, Кытай эрчийэр-чэбдигирдэр систиэмэлэрэ (ушу, цигун, тайцзицюань) аан дойдуга бүтүннүүтүгэр тилийэ тарҕаммыттарын кистэлэҥэ туохха сытарый?

– Ити систиэмэлэр киһи этин-сиинин эрэ буолбакка, өйүн-санаатын кытта сайыннарарга туһуланаллар. Итинник дьүөрэлэһии киһиэхэ туһаттан атыны аҕалбат. Дьарыктанарга быһаарыммыт киһи хара маҥнайгыттан ити систиэмэлэри дириҥник өйдүү сатыан наада. Европа, Эмиэрикэ араас хайысхаларга бэйэлэрин көрүүлэрин аан дойдуга соҥнообуттара ыраатта. Соҥнообуттара эрэ диэн буолуо дуо, биһиги бары арҕааҥҥы, дьобуруопалыы култуура дьоно буоллахпыт. Оттон кытайдар тулалыыр эйгэни анаарыылара арҕааҥҥыттан чыҥха атын. Итини өйдүүргэ кыһаныахха наада.

– Уһуйаантан, аллараа кылаастартан саҕалаан физкультура уруоктарыгар араас хамсаныыны оҥорон-оҥорон кэллэхпит. Онтубут Швеция, Германия классическай гимнастикатын систиэмэтэ диэн эбит. Оттон Кытай чэбдигирдэр систиэмэлэригэр дьарыктанааччылар чыҥха атыннык хамсаналлар дии.

– Кытай гимнастикатын систиэмэтэ чыҥха атын. Арҕааҥҥы систиэмэ: “Күүһү сайыннарар наадатыгар быччыҥнары хачайдыахха наада”, – диир. Оттон Кытайга: киһи этигэр-сиинигэр (омос көрүүгэ көстүбэт) ханааллар уонна меридианнар бааллар, олор устун “ци” эниэргийэ эргийэ сүүрүгүрэр диэн өйдөбүллээхтэр.

Киһи арҕааҥҥы уонна илиҥҥи гимнастикаларынан булкуйа дьарыктаныан сөп. Итиннэ туох да омсолоох өрүт суох. Дьон үксэ: Кытай гимнастикатыгар бытааннык, намыыннык, биир тэҥник хамсаналлар диэн өйдүүллэр. Оннук буолбатах, Кытай гимнастикатыгар чаҕылҕанныы хамсаныылар да бааллар (күлэр). Ушу бастаан бойобуой ускуустуба курдук үөскээн баран, кэлин чэбдигирдэр систиэмэҕэ кубулуйдаҕа дии. “Ушу” диэн тылы бэлиэтиир иероглифтар “байыаннай, бойобуой” диэн ааҕыллаллар.

Ushu3

– “Ци эниэргийэ киһи этин-сиинин устун ханаалларынан уонна меридианнарынан эргийэ сүүрүгүрэр” диэтиҥ дии. Итини киһи ылбычча өйдөөбөт. Дьарык кэмигэр “ци” эниэргийэ сүүрүгүрэрэ биллэр дуу?

– Биллэр, ону ааһан мин атын киһиэхэ “ци” эниэргийэ сүүрүгэрин эбэтэр сүүрүгүрбэтин тута быһаарыахпын сөп. Холобур, ким эрэ ушу хамсаныыларын оҥоро сылдьар. Кини оҥоруохха эрэ диэн таах мээнэ хамсанар буоллаҕына, ол тута харахха быраҕыллар.

– Кытай гимнастикатыгар биир илиигин инниҥ диэки ууннаххына, иккис илииҥ кэнниҥ диэки барыахтаах. Ити “утарыта күүстэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэр” диэн бөлүһүөпүйэ бириинсибин кытта сибээстээх быһыылаах.

– Итинник диэххэ сөп, ол эрээри ити хамсаныы сүнньүн бэрт судургутук өйдөөһүн. Итиннэ биир илииҥ “толору”, оттон иккиһиҥ “кураанах” диэн өйдөнөр. Өссө “күүрүү, өрө түллүү иннигэр сымныахтааххын” диэн өйдөбүл баар. Итилэр эмиэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорон биэрэ сылдьыахтаахтар.

– Кытайга түөрүйэ уонна быраактыка, төрүт бөлүһүөпүйэ уонна эти-сиини эрчийии биир ситимнээхтэрэ ситиһии төрдө буолар быһыылаах. Холобур, “сымнаҕас кытаанаҕы кыайар” диэн өйдөбүл хабыр цигун (жесткий цигун) хамсаныыларынан бигэргэнэр.

– Кырдьык, түөрүйэ уонна быраактыка бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр. Итини барытын дириҥник үөрэтэр дьон баар. Ол эрээри Кытайга дьон үксэ ити боппуруостарга төбөтүн сынньа сатаабат. Кинилэр былаһааккаҕа, болуоссаттарга таҕыстылар да дьарыктаммытынан бараллар. Арҕааҥҥылыы иитиилээх, толкуйдаах киһи итини барытын толкуйдуу, өйдүү, ырааҕынан иэҕэн ырыҥалыы сатыыр буоллаҕына – Кытай олохтооҕо дьарыктанар, дьарыктанар уонна өссө төгүл дьарыктанар.

Кытайдар ушу ис дьиҥин өйдөөһүннэрэ хааннарыгар баар дии саныыбын. Холобур, Кытай уонна Дьобуруопа дойдутун дьоно аан бастаан ушунан дьарыктана кэлиэхтэрэ. Кытайдар сатаабат дьон сиэринэн бутумахтык, түҥ-таҥ хамсаныахтара, оттон Дьобуруопа дьоно хамсаныылары олус кыһаллан-мүһэллэн, барытын чуолкайдык, сөпкө оҥоро сатыырга кыһаныахтара. Чочумча бириэмэ ааспытын кэннэ көрбүтүҥ: кытайдар эбиллибит аҕай, оттон Дьобуруопа дьоно биир таһымҥа хаалбыт, төһө да кыһаллыбыттарын иһин хамсаныылара “кураанах” буолуохтара. Тоҕо итинник буоларын мин хайдах да быһаарар кыаҕым суох.

Ushu1

– Итиннэ олоҥхону холобур тутан өйдүөхпүтүн сөп буолуо. Олоҥхо ис хоһооно нууччалыы эбэтэр аангылыйалыы суруллубутун ааҕыахха сөп. Оттон дириҥник, дьиҥнээхтик өйдүүр наадатыгар сахалыы ааҕыахха наада буоллаҕа дии.

– Оннук быһыылаах. Кытай Хэнань провинциятын Чэньцзягоу дэриэбинэтигэр мин сайын аайы дьарыктанабын. Онно араас ыарыыга ылларбыт оҕолор да, эдэр да дьон ушунан дьарыктана кэлэллэр. Биһиэхэ ыалдьыбыт, ыарыыга ылларбыт дьону элбэхтик сынньата сатыыллар дии. Оттон кытайдар көрүүлэрэ чыҥха атын.

Кытайга аангылыйалыы саҥарар-иҥэрэр дьон олох аҕыйах. Чэньцзягоуга биир уолчааны кытта кэпсэппитим. “Мин ыараханнык ыалдьыбытым, – диэбитэ кини, – бэл, университет лиэксийэлэригэр да сылдьар кыаҕым суоҕа. Ушу оскуолатыгар сайыны быһа дьарыктанаммын доруобуйам биллэ тубуста. Чэньцзягоуга кыһын саҕаланыар диэри эрчиллиэм уонна аныгыскы сэмиэстиртэн үөрэхпин салгыам.

– Кытайдар мэдиссиинэлэрэ эмиэ төрүт бөлүһүөпүйэлэрин кытта быстыспат сибээстээх быһыылаах дии?

– Оннук. Кытай бырааһа: “Этиҥ итии, төбөҥ ыалдьар, ол аата эккэр-сииҥҥэр “инь” эниэргийэ таһымнаабыт”, – диэн соһутуон сөп. Эбэтэр: “Эйиэхэ “тыал” эниэргийэтэ аҕыйах, ол иһин салыҥыҥ-чалахайыҥ элбээбит”, – диэҕэ. Оттон көннөрү дьон күннээҕи кэпсэтиигэ итинник уустук өйдөбүллэри туттубаттар. Кинилэр, ити кэпсээбит уолчааным курдук: “Ыарыйдым, ол иһин элбэхтик эрчиллиэхтээхпин”, – диэн судургутук этиэхтэрэ.

Ushu2

– Тымныйбыт, үрдүк тэмпэрэтиирэлээх киһи хайдах эрчиллиэй?

– Ушу, цигун уонна тайцзицюань киһи этигэр-сиинигэр эниэргийэ эргийэ сүүрүгүрэрин кытта сибээстээхтэр. “Ци” эниэргийэ эккэ-сииҥҥэ сөпкө, ханна да хаатыйаламакка-хайаабакка сүүрүгүрдэҕинэ – киһи чэбдигирэр, чэпчиир.

– Кинигэ маҕаһыыннарыгар илиҥҥи систиэмэлэр тустарынан үлэлэр хайыр курдук кыстанан турар буолаллар. Кинигэнэн сирдэтэн киһи бэйэтэ дьарыктаныан сөп дуо?

– Кинигэттэн уопсай эрэ өйдөбүлү ылыахха сөп. Тириэньэргэ быһаччы дьарыктаныахха наада. “Хайаан да үчүгэй тириэньэргэ” диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Дьон өйдөөтүн диэн “тириэньэр” диибин. Кытайга “учуутал”, “сэнсэй” диэн олус дириҥ өйдөбүллэр. Мин учууталым, шифум – Чэнь Цзыцян. “Шифу” диэн ушуга туттуллар өйдөбүл. Сэнсэй тус үөрэнээччилэрэ, истиили дириҥник үөрэтээччилэр эрэ ити тылы тутталлар.

Ushu5

– Видео-устуу көмөтүнэн боростуой хамсаныылар комплекстарын үөрэтэр кыаллыбат дуо?

– Үөрэтиэххэ сөп, ол эрээри ити хамсаныылар “кураанах” буолуохтара. Эниэргийэ, “биология хонуута” диэн тылы минньитиигэ эрэ туттуллар өйдөбүллэр буолбатахтар ээ. Тириэньэри кытта хардарыта сыһыан итинник таһымҥа эмиэ олохтонор.

– Ушу уонна цигун хамсаныылара бары спортсменнарга туһалаах буолуо этилэр.

– Оннук, ханнык баҕарар успуорт көрүҥүн бэрэстэбиитэллэрэ ушу уонна цигун хамсаныыларын туһаныа этилэр. Ити хамсаныылар болҕомтону түмүүгэ, турукка киириигэ олус туһалаахтар (концентрация). Сөптөөх турукка киирбит спортсмен баар кыаҕын толору туһанар.

Элбэх дойдуга тириэньэрдэр дьарык былааныгар медитацияны киллэрэллэр. Ити сонун буолбатах, анал литэрэтиирэҕэ элбэхтик суруллар. Болҕомтону түмүүнү уонна медитацияны таба туһанан, сылайыыны-элэйиини түргэнник аһарыныахха сөп.

– Айылҕаҕа тахсан дьарыктанааччыгыт дуо? Ушу уонна цигун намыын, сымнаҕас хамсаныылара айылҕаҕа олус үчүгэйдик көстүө этилэр.

– Сибиэһэй, ыраас салгыҥҥа, эбиитин айылҕаҕа дьарыктанар олус үчүгэй. Тыйыс килиимэттээх буолан, утумнаах дьарыктары дьиэ иһигэр ыытабыт. Кыһынын таһырдьа олус тымныы, оттон сайынын кумаар мэһэй-таһай буолар (күлэр). Ол гынан баран, ардыгар куорат пааркатыгар дьарыктанааччыбыт. Кытайга баар учууталбытыгар Шень Чжигэ бара сылдьан муора кытылыгар дьарыктаммыппыт. Итинник кэрэ түгэн олох умнуллубат, харахпар бу баар.

Федор РАХЛЕЕВ.