Киир

Киир

Саха сирин норуоттарын VIII успуорка оонньуулара саҕаланаллара 16 эрэ хонук хаалла.

Мүрү – Саха сирин саамай улахан алааһа. Бу киэҥ-куоҥ алааска үс нэһилиэк сытар: Мүрү (Бороҕон), Хоро (Майаҕас) уонна Бастакы Хоро (Чараҥ). Онон, күрэхтэһиилэри Мүрү алааһын биир гына “сүүрэ” сылдьан көрүөххэ сөп. Ол курдук: Майаҕас сэлиэнньэтигэр – буокса турнира, Чараҥҥа – дьахталлар волейболлара, сочуоту таһынан ат сүүрдүүтэ (Нэлээн диэн хонууга). Бороҕон кытыытыгар Мындааба диэн учаастак баар (Мүрү нэһилиэгэр киирэр). Онно – остуол тиэнниһигэр уонна волейболга (эр дьон) күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.

Итини таһынан улуус кииниттэн 28 килэмиэтир тэйиччи сытар Бэрт Уус нэһилиэгэр (Сыырдаахха) – спортинг, оттон Иккис Лөгөй нэһилиэгэр (Тулунаҕа) – буулдьанан ытыы күрэхтэһиилэрэ буолуохтара. Тулуна улуус кииниттэн 17 килэмиэтир тэйиччи сытар.

От ыйын 4 күнүттэн Бороҕоҥҥо Саха сирин норуоттарын VIII успуорка оонньуулара саҕаланаллар. Бу улахан түһүлгэҕэ барыта 206 мэтээл кэмпилиэгэ оонньонуохтаах. Саха сирин бары улуустарыттан 2 000 кэриҥэ спортсмен 16 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ. Саҥа көрүҥнэр бааллар: ГТО многоборьета уонна баскетбол (3 х 3). Хамаандаттан үс киһи оонньуур баскетбола былырыыҥҥы Токио Олимпиадатын бырагырааматыгар баара.

– Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн – Оонньуулар кэмнэригэр култуура 100 тэрээһинэ ыытыллыаҕа, – диэбитэ Оонньуулар мэтээллэрин сүрэхтэниитин кэмигэр тэрийэр кэмитиэт салайааччыта, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников. – Успуорт оонньуулара – кыайыылаахтары эрэ быһаарыы буолбатах, бу улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан суолталаах тэрээһин. Улахан эбийиэктэри тутуу, суоллары саҥардыы, сэлиэнньэлэри ыраастааһын, көҕөрдүү, элэктэриичэстибэ ситимин саҥардыы...

Ааспыт нэдиэлэ бээтинсэтигэр (бэс ыйын 10 күнүгэр) Бороҕоҥҥо суруналыыстар десаннара баран кэллэ. Десант сыала-соруга – тутулла турар эбийиэктэри көрүү-истии.

“Хаачыстыбалаахтык тутулуннун...”

Хаачыстыбалаахтык тутулуннун

Бастакы эбийиэкпит – успуорт элбэх көрүҥүнэн дьарыктаныахха сөптөөх успуорт комплекса (многофункциональный). Бу улахан эбийиэк Оонньууларга бэлэм буолбатын, хойутуу үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан эрдэ истибиппит.

– Билигин бу эбийиэккэ 48 киһи үлэлии сылдьар, – диэн кэпсиир Уус Алдан улууһун тутууга управлениетын начаалынньыга Александр Аммосов. – 8 000 кыбадараат миэтэрэ иэннээх улахан эбийиэк. Икки этээстээх буолуохтаах. Бу эбийиэк, хомойуох иһин, Оонньуулар кэннилэриттэн биирдэ үлэҕэ киириэҕэ. Саҥа дьыл чугаһыгар. Манна кэккэ биричиинэлэр бааллар. Бу учаастакка успуорт комплекса турбута (здание арочного типа – Ф.Р.) Ол комплекс турбут миэстэтигэр, сир араҥатыгар “линзалар” үөскээбиттэр этэ. Онон, исписэлиистэр чинчийии үлэлэрин (изыскания) ыыппыттара. Ол түмүгүнэн сыбаайалары эбии бөҕөргөтөн биэрбиппит. Уонна кыһыннары-сайыннары үлэлиир тымнытар тэрил туруоруллубута (всесезонное охлаждающее устройство – Ф.Р.) Ити – бырайыакка көрүллүбэтэх үлэлэр.

Бастакы былаан быһыытынан “эбийиэк кылгас кэмҥэ тутуллуохтаах, Оонньууларга бэлэм буолуохтаах” диэн этэ. Ол иһин чэпчэки конструкциялары туһанан үлэ барыахтааҕа. Улуус баһылыга Алексей Федотов, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыараҥнатан, толкуйдаан, дьону кытта сүбэлэһэн баран: “Эбийиэк хаачыстыбалаахтык тутулуннун, тутааччылар ыксаабакка үлэлээтиннэр”, – диэн быһаарыыны ылыммыттара.

“Уолан” гимназияҕа

Иккис эбийиэкпит – Василий Алексеев аатынан “Уолан” гимназия.

– Биһиэхэ успуорт былаһаакката тутулла турар, – диэн кэпсиир гимназия дириэктэрэ Федор Татаринов. – Былаһааккаҕа 200 миэтэрэ усталаах сүүрэр суол оҥоһуллуохтаах. Матырыйаала барыта кэлэн сытар. Бу ый бүтэһигэр былаһаакка бэлэм буолуо. Манна ГТО многоборьета эбэтэр оҕунан ытыыга күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.

Итини таһынан гимназиябытыгар 550 кыттааччы түһүөхтээх. Ол курдук Уус Майа, Томпо, Алдан, Нерюнгри, Мииринэй уонна Алдан хамаандаларын көрсүөхтээхпит.

Онон, билигин күүстээх үлэ ыытылла турар. Миэбэллэри таһаартыыбыт, көҕөрдүү үлэлэрэ ыытыллаллар.

Лөгөй пааматынньыга

Легей пааматынньыга

Василий Никифоров-Күлүмнүүр аатынан саҥа култуура дыбарыаһын иннигэр үлэ күөстүү оргуйар. Субуотунньук. Сибэкки олордуута, көҕөрдүү үлэлэрэ.

– Бу көҕөрдүү үлэтэ ыытылла турар, – диир улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Сивцев. – Субуотунньукка култуура дыбарыаһын, улуус дьаһалтатын уонна юннатскай ыстаансыйа үлэһиттэрэ үлэлии сылдьаллар.

Мантан уулусса нөҥүө оскуола уонна остолобуой бааллар. Олор иннилэригэр баар болуоссакка Лөгөй пааматынньыга туруоруллуохтаах. Ол аата, болуоссат Лөгөй аатын сүгүөҕэ. Ити болуоссакка киэһэ аайы кыайыылаахтары уонна призердары наҕараадалааһын буолуоҕа. Лөгөй пааматынньыгын Владимир Левин уонна Владислав Бурцев оҥордулар. Болуоссаты киэргэтии үлэлэрэ өссө да ыытыллыахтара. Баннердар баар буолуохтара, улахан экран туруоруллуоҕа. Болуоссакка “Уус Алдан уустарын уонна иистэнньэҥнэрин быыстапката туруо” диэн былаанныыбыт. Манна Дьоруойдар аллеялара баар буолуоҕа.

Мындааба комплекса

Мындааба комплекса

Мүрү нэһилиэгин биир улахан түөлбэтигэр Мындаабаҕа хапсыһыы араас көрүҥэр анаммыт универсальнай комплекс (32 миэстэлээх уопсай дьиэлээх) тутулла турар. Бу улахан тутуу сыбаайата былырыын эрэ түспүт. Бу эбийиэккэ остуол тиэнниһин күрэхтэһиитэ ыытыллыахтаах.

– Манна икки көбүөр тэлгэнэр тустуу улахан саалата баар буолуохтаах, – диэн кэпсиир тутуу инженерэ. – Итини таһынан эрчиллэр саала, конференц-хос, сыгынньахтанар уонна душтанар сирдэр оҥоһуллуохтаахтар. Иккис эбийиэкпит – 32 миэстэлээх уопсай дьиэ. Ол аата, биһиги икки эбийиэккэ тэҥинэн үлэлии сылдьабыт. Билигин уоту-күөһү тардыыга, вентиляцияҕа үлэлэр барыахтара. Графиктан кыра хаалыы баар, ол эрээри болдьоммут кэмҥэ барыта бэлэм буолуоҕа. Бэс ыйын 30 күнүгэр үлэлээн бүтүөхтээхпит.

Майаҕатта Бэрт Хара аатынан

Майа5атта Бэрт Хара аатынан

Суруналыыстар десаннарын тиһэх эбийиэгэ – 1 000 көрөөччү олорор миэстэлээх стадион. Көрөөччүлэр трибуналара, Оонньуулар уоттара умайыахтаах баараҕай “ымыйа” тутуллубуттар. Стадион кытыытыгар 2009 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕар туруоруллубут Аал Луук Мас дьэндэйэн турар. Ону реставрациялыы, киэргэтэ сылдьаллар.

Биһиги сылдьарбытыгар бульдозер стадион хонуутун ньуурун тэҥнии сылдьара. Манна “искусственнай оттоох” болотуналар тэлгэниэхтээхтэр. Сүүрэр суол матырыйаала кыстанан сытар. Онон, стадион туһааннаах кэмҥэ бэлэм буоларыгар туох да саарбахтааһын суох.

Стадион таһынааҕы былаһааккаҕа түөрт миэтэрэ үрдүктээх Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга туруоруллуохтаах. Скульптура ааптардара – Владимир Левин, Владислав Бурцев уонна Петр Эляков (бу нэдиэлэҕэ Лөгөй уонна Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыктара туруоруллубуттарын туһунан иһитиннэрии кэлбитэ – Ф.Р.)

– Аны уонтан тахса хонугунан көрсүөхпүт, – диир суруналыыстар десаннарын арыаллаан сылдьыбыт улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Сивцев. – Онно кэлэн соһуйуоххут: “Тыый, барыта бэлэм буолбут дии”, – диэн. Сүүрбэ күн анараа өттүгэр кэлбиккит буоллар атын хартыына буолуо этэ. Онон, барыгытын аҕыйах хонугунан Бороҕоҥҥо күүтэтэбит!

Федор РАХЛЕЕВ.
Дьокуускай-Бороҕон-Дьокуускай.