Оҥоһуу ыарыы тарҕанан, икки сыл иһигэр элбэх да киһи ыарыйда. Сорохтору, сылдьан эриэх дьону, бэрт кэбэҕэстик антах атаарда. Ити тугу этэрбин, ааҕааччым, өйдүүр инигин? Сахалыы өйдөбүлүнэн сатараабатын диэн соруйан ааттаабаппын.
Мин, иккитэ быһыы ыламмын бэккэ аһардым дуу дии сылдьаммын, бу олох аччаабытын кэннэ соһуччу эмиэ хаптардым. Дьолго, аматык, тура сылдьан, балыаһаламмакка аһардым. Ол эрээри, киһи кыбыстыах, билэр да дьонум аатын умнар, киһи охтуо да суох сиригэр тэмтэрийэр буоллум. Бээ, бу туох айылаах буоллум диэн көрдөрүнэн, "Медицинскэй реабилитация уонна спортивнай медицина өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ" СӨ САТ диэҥҥэ киирдим. Бу киин туһунан быйыл балачча элбэхтик НВК-ҕа кэпсээбиттэринэн билэбин.
Анаммытынан, бу киин спортсменнары чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанара, онтон бу дьаҥ кэннэ, үгүс киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ наадыйар диэн, СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ Киини ыалдьан баран араастаан оҕустарыылаахтарга көмөлөһөр гына быһаарыммыта. Урутаан эттэххэ, олус кэмигэр сөптөөх быһаарыныы. Манна сытааччылар бары биһирииллэр эбит. Киирбит киһи эмтиир үлэһитин, инструкторын кытта бэйэтэ ылсан дьарыктаннаҕына, үчүгэй түмүк баар буоларыгар итэҕэйдим. Атын балыыһалартан уратыта диэн, манна эми бэрт сэдэхтик туттан, араас дьарыгынан чөлгөр түһэрэллэр.
Киирэрбэр дэлби аҕылыырым. Үһүс этээскэ ортотугар олорон уоскуйан баран тахсыбытым. Үһүс күммүттэн, дьарыктар үтүөлэринэн, балачча чэпчэкитик, сынньаммакка тахсар буоллум. Киирдэххэ, быраастар хайысхаларынан көрөн, бу кииҥҥэ тугунан эмтэниэххин сөбүн быһаараллар. Сиэстэрэлэр спирометрияҕын (тыҥа үлэтин) мээрэйдииллэр. Тахсарбар медбрат Кычкин Эдуард спирометриябын мээрэйдээн баран: баһаамнык тупсарбыккын диэн санаам эрдийдэ. Манна ЛФК диэн (эмтиир физкультура) дьарыкка эмтэнээччи барыта сылдьар эбит. Сөпкө тыыныыга дьарыкка бастаан тыыммын олох сатаан туппат этим (онтон бэйэм да соһуйдум, хаһан ону мээрэйдэммитим баарай?). Дьарык түмүгэр бүтэһик күннэргэ тыыммын 18 сөкүүндэ тутар буоллум. Олох үчүгэйэ 21 сөкүүндэ буолуохтаах үһү. Аны заалга киирэммин миигинньик, успуортан ыраах киһи, эҥин бэйэлээх хаһан да харахтаабатах спортивнай станоктары соһуйа, сонурҕуу көрдүм. Барыта сүһүөх, сүрэх, координация, илии-атах эчэйиилээх дьоҥҥо эрчиллии оҥорор аппарааттар. Эмтэнээччи диагноһынан көрөн, быраастар анаабыттарынан, инструктордар бэрт холкутук анаммыт дьарыккын көрдөрөн, оҥорторон биэрэллэр. Дьэ, туһугар мүнүүтэҕэ да иллэҥсийбэт идэлээх дьон манна бааллар эбит. Телевизор рекламатыгар эрэ көрөр магнитотурботроҥҥа сыттым. Координацияны, былчыҥнары сайыннарар "Хубер 360" станокка турбуппар бастаан координациябын 83% көрдөрөрө, үһүс күммүттэн 95-97 % буолла. Күн аайы сытааччыны барытын хабан туран, инструктор Наталья Руслановна бэрт чуолкайдык уонна ирдэбиллээхтик нейрогимнастика оҥортороро олус сэргэх уонна, кырдьык, өйдүүр дьоҕур тупсарыгар куруук оҥоро сырыттахха туһалыа турдаҕа. Бастакы күннэргэ илиигин-атаххын хардары хайысханан хамсатарын олох кыаллыбат дьыала курдуга, сыыйа син бары сатыыр буоллубут. Массажистар, идэлэрин чуолкайдык баһылаабыт буоланнар, манна сытааччы бары тардыһар, син бириэмэ аттаран бары тиксэн, абыранныбыт. Аны алтыспыт аҕыйах ыарыһахтартан сурастым.
Татьяна Егоровна Григорьева, Дьокуускай:
- Короновируска олус улаханнык иккитэ ыалдьыбытым. Ол кэннэ бу сыантырга иккис кэлиибит. Туох баар хроническай ыарыым барыта көбөн, олус эрэйдэммиттим. Манна киирээппин кытары, физиоврач Ольга Гермогеновна сиспэр электродунан внутритканевай электростимуляция биэрэн, олох харахпыттан сыыс ылыллыбытын курдук буолбутум. Бу сырыыга магнитотурботроҥҥа толору сеанс ылан, бэккэ туһанным, абыранным. Чэпчээтим. Оттон Владимир короновирус кэннэ сүһүөхтэрэ ыалдьар буолбуттара, ордук тобуктара. Олох наһаа сылааргыыр, ороҥҥо сыта сылдьар буолбута. Манна эмтэнэн, массажтанан, дьарыктанан абыранна. Лазеротерапиянан туһанна. Үлэтигэр үлэлиир кыахтанна. Уопсайынан, доруобуйа харыстабыла, правительствобыт көмөтүнэн сыантыр кылаабынай бырааһа Кюнна Николаевна Назарова, балаһыанньаны өйдөөн, олох кэмигэр маннык сыантыры аһан, сөптөөхтүк дьаһанан, төһөлөөх дьон чөлүгэр түспүтэ буолуой! Үчүгэй сыантыр, үчүгэй эмчиттэр. Махтал бары үлэһиттэргэ!
Люция Федоровна Илларионова, Оленек:
- Урукку өттүгэр мээнэ ыалдьыбат бэйэм, короновирустааммын, доруобуйам биллэрдик мөлтөөбүтэ. Өлөөн, Мирнэй балыыһаларыгар эмтэммитим, ону таһынан оҕолорум, Дьокуускайтан быраастар сүбэлэринэн кислороднай концентрат ыытаннар, хас да ый эмтэнэн атахпар турбутум. Аны бэйэм балыыһам туруорсан, "Медведь" программанан икки төгүл Дьокуускайга Чайковскай уулуссатыгар баар реабилитационнай кииҥҥэ эмтэнним. Быраас Веревкина Н.Н. сарсыарда эрдэттэн барыбытын кыһамньылаахтык көрөр-истэр. Тута процедураны эбэн-көҕүрэтэн биэрэр. Бу кииҥҥэ араас аппарат, физио, күннээх хос, дьарыктанар саала элбэх. Онно быраас анаабытыгар сырыттым, массажист Колодезников А.И., бэккэ массаажтаан, быдан чэпчээтим. ЛФК, нейро-, тыынар гимнастикалары көтүппэккэ сылдьан, олус туһанным. Дежурнай сиэстэрэлэр ингаляцияны күн аайы оҥороллор. Санитаркалар, сууйан-сотон, ырааһы хааччыйаллар. Сотору-сотору араас таһымнаах бэрибиэркэ оҥороллоро элбэҕин сөхтүм. Биһи сытар кэммитигэр (14 хонук) 3-4 бэрибиэркэ буолан ааста. Сэбиэдиссэй Ефремова А.И. ирдэбиллээҕэ, үтүө-мааны сыһыана өтө көстөр. Онон, олус үчүгэйдик эмэ суох эрчиллиилэринэн эмтэнэр сир баарын булан бэккэ туһанным. Коллективка махталым улахан. Маннык кииннэр элбээн истиннэр, туһанааччылар доруобуйалара тубустун.
Эмтэннээччилэр ааттарыттан Елизавета Попова суруйдум