Киир

Киир

Бэҕэһээ ахсынньы 29 күнүгэр хаһыаппыт дьоруойа буолбут ытык кырдьаҕаспыт Лидия Игнатьевна ЛЫТКИНА саҥа кыбартыыратыгар киирэр үөрүүлээх түгэнэ тосхойдо. Толору миэбэлинэн, бытовой тиэхиньикэнэн, иһитинэн-хомуоһунан, утуйар таҥаһынан толору хааччыллыбыт дьиэтигэр киирэн, итии чэйдээх сандалы остуол тула олорон кэпсэтэбит.

       “Ааным боруогун атыллаан киирээт, көрөммүн наһаа соһуйдум, үөрдүм. Кырдьар сааспар олох “принцесса” курдук олорор олохпун тэрийбиттэр. Бу улахан миэбэллэр – куухуна, киирэ түһээти аан хос улахан сиэркилэлээх ыскаабын көрөн “ама, бу мин туспар бачча сыаналаах миэбэллэри оҥорбуттара буолуой?” – диэн көрө уйадыйдым, дууһам ытаата.

639ecc01 2d55 460f 831a 0c5eb4b134c5

          Кинини кытта бииргэ олорор, Дьокуускай куорат технологическай сервис техникумугар повар идэтигэр 2-с кууруска үөрэнэр Вячеславтан “Дьиэҥ иһигэр саамай ордук тугу сөбүлээтиҥ?” – диэн ыйыталаспыппар, “Микроволновай оһох уонна духуопкалаах электрическай оһох”, - диэн тута эппиэттиир. Буолумуна, Слава повар идэтин баһылаары сылдьар. Эбэтэ кэпсииринэн, араас омук астарын бары астыыр эбит. Бэйэтэ даҕаны “астыырбын наһаа сөбүлүүбүн” диэн өрө көтөҕүллэн олорон, санаатын үллэстэр. Оҕо оҕо курдук наһаа симик, кыбыстанньаҥ, үөрбүт “эмоциятын” биллэрбэт буола сатыыр даҕаны, долгуйбута, үөрбүтэ-көппүтэ сирэйигэр көстөр.

a7209d26 a829 4dd0 b9d3 74d88c3fcd21

       Иккиэннэриттэн “Бастаан көрөргүтүгэр туга даҕаны суох кураанах дьиэни көрбүккүт. Хайдах-туох дьиэҕэ киириэхпит дии санаабыккытый?” – диэн ыйытыкпар, “утуйарбытыгар дьыбаан уонна аһыырбытыгар остуол, олоппос эрэ баар буолуо дии санаабыппыт. Маннык дыбарыас курдук оҥоһуллубут дьиэҕэ олоруохпут диэн түһээн да баттаппатахпыт” – диэн сөхпүттэрин кэпсииллэр.

24a84206 1d64 453c 9866 a2fa00dee4fc

2803ac55 fed6 4449 8022 93cf84cdc9f4 “МебельКомплект” тэрилтэттэн салайааччы Владислав Яндреев аан хоско ыскаап-купе бэлэхтээтэ

       Оннук да буолуон сөптөөҕө. Өскөтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл, урбаанньыт, Уопсастыбаннай Палаата чилиэнэ, “Сделано в Якутии” ассоциация бэрэссэдээтэлэ О.Г.Григорьева куорат биирдиилээн урбаанньыттарыгар ыҥырыылаах тахсан, бассаап бөлөх тэринэн,  барыларын түмпэтэҕэ буоллар. Мин бастаан, сэмэйдик Ольга Григорьевна бассаабыгар суруйан, “Көмүлүөк” сахалыы иһиттэриттэн “бэрсэригэр” көрдөспүтүм. Ону тута төлөпүөннээн, туох көмө наадатын ыйыталаспытынан барбыта. Хайыахпыный, харахпын быһа симэн баран, улахан наада буолар миэбэллэри – куухунатыттан саҕалаан “прихожкатыгар” тиийэ баҕа санаабын этиннэҕим дии. Соһуйуом, сөҕүөм иһин, ол күн аҕыйах бириэмэ устатыгар бассааппар миэбэл, дьиэҕэ наадалаах тэриллэринэн буор босхо хааччыйар, туруоран биэрэр үтүө санаалаах урбаанньыттар испииһэктэрэ “үтүө санаа холууба” буолан көтөн кэлбиттэрэ. Ону көрөн “норуот күүһэ-көмүөл күүһэ” күүстээх дьайыылааҕар итэҕэйбитим.

2afea96e dacc 4d1f 82a3 62c4156ece21

58904419 9246 400f be7e bfcaffae70c9

      Дьэ, ити курдук, биллэр урбаанньыт О.Г. Григорьеванан сирэйдээн –  “Саҥа дьылы - саҥа дьиэҕэ!” үтүө санаа бырайыагар кыттыспыт куорат биирдиилээн урбаанньыттарыгар – “Верона” миэбэл солуона (сал.Семен Фролов), “МебельКомплект” (сал. Владислав Яндреев), “Тирэх СПК, “Фокуспро” хампаанньа (Лина Жиркова), “Узнавайка” ситим оҕо уһуйааннаах Анна Постниковаҕа, Ил Түмэн дьокутаата П.В. Ксенофонтовка В.П. Лихановаҕа, А.В. Боескороваҕа, А. Васильев – Байдам Ууска, С.Олесоваҕа, И.Павловаҕа, маны тэҥэ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга  (Е.А.Волкова), Геология уонна бырамыысыланнас министиэристибэтэ (М.В. Терещенко ), СӨ федерациятын профсоюһугар (Н.Н. Дегтярев), Дьокуускай куорат социальнай харыстабылга управлениета (С.И.Матвеев), куорат 1-кы №-дээх поликлиникатыгар (А.В. Эверстова), СӨ суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Г.А.Бочкареваҕа, Горпечать тэрилтэ (дир. С.Н.Жиркова), элбэх оҕолоох ийэ Л.К. Михайловаҕа о.д.а. сүгүрүйэн тураммыт, үүммүт сыл барыгытыгар ситиһиини, үрдүк дабайыылары аҕаллын диэн алгыыбыт.  

186d3cfa 0ae7 4e4d b531 e2b75eb263e0

         Лидия Игнатьевнаны дьиэтигэр киллэрбит үтүө мааны чааспытыгар маннык үтүө дьыалаҕа кыттыспыт урбаанньыттар бары кэлэн үөрүүтүн үллэһиннилэр. Кырдьаҕаска бэйэлэрин баҕа санааларын кытта “Сделано в Якутии” ассоциация, эдэр урбаанньыт кыргыттар сэмэй бэлэхтэрин улахан сууманы уу харчынан илиитигэр туттаран, баабысканы өссө улаханнык долгуттулар. Маннык кэрэ түгэни ол кэмҥэ сырдык эйгэлээх саҥа кыбартыыраҕа мустубут дьон эппитинэн-хааммытынан ылынныбыт, ытамньыйа, уйадыйа көрдүбүт, үөрдүбүт-көттүбүт. Түмүккэ, бу улуу дьыалаҕа сэмэй кылааттарын киллэрсибит биирдиилээн урбаанньыттарбытыгар, кэккэ министиэристибэлэргэ  “Ситим” медиа бөлөх уонна “КЫЫМ” хаһыат эрэдээксийэтин аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. “Үтүө санаа” бырайыакпыт этэҥҥэ түмүктэнэн, Саҥа дьылы кыайыы көтөллөөх көрсөбүт.

77082394 b396 4066 9737 9563d51f764d

2e1eccef e919 4dd4 ad74 7c716bb15f03Кулинар Татьяна Павлова анаан астаабыт торда

a46009f0 5b1a 4c82 bf26 b1290005bcfdТурцияҕа утуйар таҥаһы оҥорон таһаарар урбаанньыт Сандаара Ноговицына эдьиийинээн утуйар таҥас кэмпилиэгин бэлэхтээтилэр

e526b4a5 7da4 4deb 8da5 93091ccb132f"Верона" миэбэл салонун салайааччыта Семен Фролов сыаналаах куукунаны бэлэхтээтэ

c7bb34dc 5433 4835 8f4c 7c4f583dfd99

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

             

   

Санааҕын суруй