Киир

Киир

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.Путин сорудаҕынан, дойду эрэгийиэннэрэ бары 2014 с. Украина сэриилээһиниттэн айгыраабыт Донбасс өрөспүүбүлүкэтин чөлүгэр түһэриигэ былырыыҥҥыттан көмөлөһө сылдьаллар. Саха сирэ ДНР Кировскай куоратыгар үлэлии сылдьарын бары билэбит.

Бүгүн Кировскайга тиийэ сылдьан, былырыын барбыт үлэни илэ харахпынан көрбүппүн, биһиги дьоммут үлэлэрин федеральнай былаас хайдах сыаналыырын, быйыл уонна кэлэр өттүгэр туох үлэ барыахтааҕын эт кулгаахпынан истибиппин кэпсиэм. 

Тутуу сезона олунньуттан саҕаланна

Кировскайы бүгүн Украина артылыарыйата ытыалаабатынан, сэрии буолбатах сирин курдук көстөрүнэн, ыраах тыылга турар куорат эбит диэн тас көстүүгэ албыннатыахха сөп. Ол эрээри 2014 с. саҕаламмыт сэрии тумнубатах. Украина сэриилэрэ улахан шахтаны ытыалаан алдьата сылдьыбыттар. Элбэх дьиэни табан алдьаппыттара, сорохторо оннук тураллар, үксүн бэйэлэрэ кыахтара тиийэринэн өрөмүөннүүллэр эбит.

8589ec29 3010 4bac 9f14 75e4f674388e

Кировскай сэрии усулуобуйатыгар олорорун түспүт көстүүнэйбит аттыгар “манна кафеҕа мамыыҥкалыыр өҥө оҥоһуллар” диэн, киһи “дьик” гына түһэр, тириитин таһынан киирэр баннера ыйанан турара санатар. Мантан үгүс эр дьон дойдуларын Украина фашистарыттан босхолоһо, охсуһа сылдьаллар.    

Бэрэсидьиэн сорудаҕын толорон, Уһук Илин эрэгийиэннэрэ бары ДНР биирдии муниципалитеттарын ылан, эйэлээх олоҕу чөлүгэр түһэриигэ үлэлииллэр.

Донбаска Саха сирин постпреда, алтынньыттан аһыллыбыт СӨ Кэлим координациялыыр киин салайааччыта А.С. Федотов салалтатынан Саха сириттэн уонча буолан тиийбиппит. Бастаан Кировскайга халлаан ыас  хараҥа буолбутун кэннэ кэлбиппит. Бүгүн куоракка 27,6 тыһ. киһи олорор. Манна Донбасс үрдүнэн саамай элбэх үрдүк хаачыстыбалаах антрацит чох хостонор шахтата баар. Аныгы банаардардаах, сырдатыылаах уулусса устун айаннаан иһэн Андрей Сандаминович: “Былырыын маҥнай кэлбиппитигэр, куорат баһылыгын бастакы көрдөһүүтэ “Олох хараҥаҕа олорбуппут ыраатта, баһаалыста, куораты сырдатарга көмөлөһөргүт буоллар” диэн этэ”, – диэн кэпсиир. Куорат киин уулуссаларыгар 9 км сырдатыы тардыллан, билигин олохтоохтор киэһэ күүлэйдии тахсар буолбуттар.

Аспаал суол Ростовтан ыла былырыын эмиэ дэлби алдьана сытара үһү. Оттон Арассыыйа суолу оҥорон, Донецкайга, ДНР сүрүн куораттарыгар диэри суол үчүгэй. Кировскайга эмиэ биһиэннэрэ көмөлөһөн, киин уулуссалар аспаалламмыттар.

2d77c3f9 1dcd 4122 a27c 7f7c65a009db

Сэбиэскэй архитектуралаах куораттар, барыта шифер сарайдаах дьиэлэрдээх дэриэбинэлэр тас көстүүлэринэн бу дойдуга олох ССРС саҕанааҕынан “тоҥоруллан” хаалбыт курдук көстөллөр. Украина тутулуга суох буолуоҕуттан суолларын, уоттарын, ууларын, уопсайынан, дьон олоҕун хааччыйар инфраструктураларын сайыннарыыга  туох да үлэ ыытыллыбакка кэлбититтэн киһи дьиктиргиир. Ону А.С. Федотов: “Донбаска олигархия чахчы муҥутаан олорбута көстөр. Украина олигархтара дьон кыһалҕатыгар наадыйбакка, сир баайын атыылаабыт харчыларын сиэптэригэр эрэ хачайдыы олорбуттар. Дьон олоҕун сайыннарыыга кэппиэйкэни да укпатахтар”, – диэн быһаарар. 

Кировскай куоракка А.С. Федотов Саха сириттэн үлэлии тиийбит дьону, олохтоох дьаһалтаны, полпред Ю.П. Трутнев бэрэстэбиитэлэ,  Уһук Илин ыстаабын салайааччыта, астаапкаҕа сылдьар генерал Ю.Б. Цветков кыттыылаах ыыппыт мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ көмө үлэтин 2023 с. сезона олунньу 1 күнүттэн саҕаламмытын биллэрдэ. Кировскайга баар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччынан СӨ ТХМ миниистирин солбуйааччы, инбэстииссийэҕэ, тутууга улахан уопуттаах А.А. Александров ананан тиийдэ.

Сахалар аныгы технологиялары киллэрэллэр

А.С. Федотов ити мунньах иннинэ дьонун барытын илдьэ өрөспүүбүлүкэ чөлүгэр түһэрбит эбийиэктэрин барытын көрдө-иһиттэ. Эбийиэктэринэн сылдьан көрдөххө, Кировскайга Андрей Сандаминовиһы үчүгэйдик билэллэрэ, ытыктыыллара көстөр.

Саха сирин саамай улахан ситиһиилээх үлэтинэн, дьон бары Кировскай куорат сэбиэскэй кэмтэн уларытыллыбатах ититиитин систиэмэтин өрөмүөннээн, саҥардан, дьон быйыл сылаастык кыстаабытын ааттыыллар. Урут систиэмэлэрэ эргэрэн, дэлби тэстэн, өссө дьон ууну сүүрдэн ылар буолан, хочуолунайдара кыһын аайы сүгүн сылыппакка тоҥоллоро үһү.

Биһиги бастаан Саха сирэ өрөмүөннээбит, гааһынан оттуллар, куорат 80% сылытар 1№-дээх хочуолунайыгар тиийэбит. Хочуолунай үлэһиттэрэ сахалар ССРС саҕана оҥоһуллубут ититии систиэмэтин уларытан, аныгы технологиялары киллэрэн, быйыл куорат дьиэлэрэ, социальнай эбийиэктэргэ сылыйбыттарын кэпсээтилэр. Кэлин куорат балыыһатыгар сырыттахпытына, кылаабынай быраастара урут сылаас тиийбэт 3–4 этээс балааталарыгар таапачыканан сылдьаллар диэбитэ. Ититии ситимин өрөмүөннээһин, саҥардыы, сылааһы кэмчилиир үлэни ыытыы түмүгэр, ууну, сылааһы сүтэрии икки төгүл аҕыйаабыт.

ea6e2c53 4b36 4d15 83b7 311df589bf2c

Кировскайга биһиэннэрэ киэн тутта кэпсиир федеральнай бырабыыталыстыбаҕа биллэр улахан суолталаах, сир анныттан шахтаҕа киирэр ууну туһаҕа таһаарар эспэримиэни ыыппыттара табыллыбыт. Ыраас иһэр уунан нэһилиэнньэни хааччыйыы Донбасс барытын бүгүҥҥү саамай улахан кыһалҕата. Урут Хотугу Донецкай өрүс ханаалыттан ылаллара байыаннай балаһыанньанан тохтообут. Билигин Дон өрүстэн турба тардаллар. Уу тиийбэтинэн, бэл, киин куораттарыгар Донецкайга хастыы эмэ хоно-хоно аҕыйах чаас биэрэн ылаллар эбит. Оннооҕор гостиницаларга, атын уопсастыбаннай сирдэргэ унитазтар, раковиналар аттыларыгар туттарга анаан кэниистирдээх, көстүрүүлэлээх, хомуостаах уулары уураллар.

Саха сирин исписэлиистэригэр былырыын Кировскай биир бэтэрээн инженерэ урут 1980-с сылларга шахта уутун туһанар былаан баара диэн кэпсээбит. Биһиэннэрэ олохтоох инженердэри кытта сүбэлэһэн, шахтаттан турба тардан, сир аннынааҕы ууну ыраастыыр ыстаансыйа туруорбуттар. Аныгы фильтрдэринэн ыраастанан, уу киһи иһэр хаачыстыбаламмытын лабаратыарыйа анаалыһа бигэргэппит. Билигин аҕыйах уу оҥоһулларынан, ыраастаммыт ууну хочуолунайга ититиигэ, нэһилиэнньэ тэхиниичэскэй сыалга туһанарыгар тутта олороллор.

Шахта уутун иһэр уу оҥоруу судаарыстыба былааныгар киирдэҕинэ, Кировскайга табыллыбыт сахалар эспэримиэннэрэ Донбасс инники сайдыытын улахан кэскиллээх бырайыага буолуон  сөп дииллэр. Бу бырайыагы бастаан ким да итэҕэйбэтэх эбит. Ол эрээри биһиги тымныыттан көмүскэнэргэ мындыр уопуппут күүһүнэн, бырайыагы сөпкө оҥорон, эспэримиэн табыллыбыт.

Ленин киинэни мээнэ сэргээбэтэҕэ

2014 с. сэрии кэмигэр куорат култууратын дьиэтэ ытыалааһынтан эмсэҕэлээбит, аны хаһан да хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбатах. Билигин биһиэннэрэ чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһө сылдьаллар. Инники үлэлээбэккэ турбут култуура дьиэтигэр киирдэххэ, эмиэ ССРС кэмин санатан, үлэ бастыҥнарын мэтириэттэрэ көрсөллөр. Ис өттө эмиэ өрөмүөннэммит, кырааскаламмыт, саалаҕа олорор кириэһилэлэрэ уларытыллыбыттар. Ититиитигэр биһиэннэрэ манна элэктэриичэстибэнэн сылытыы систиэмэтин киллэрэн боруобалыы сылдьаллар. 4 улахан калориферы туруорбуттар. Уот боруобата саҥардылыннаҕына, толору үлэлэтиэхтээхтэр.

30bf7a06 96ed 42f0 b39d 2ae7c59638a0

Киинэ көрдөрөр саалаҕа Саха сириттэн биһиги бэйэбит оҥорбут киинэ көрдөрөр аппарааппытын туруорбуттар. РФ Култууратын министиэристибэтэ өйөөтөҕүнэ, манна элбэх киинэ кэлэн босхо көрдөрүллүөхтээх. Дириэктэр итини истэн сүрдээҕин үөрдэ. Бу түгэҥҥэ В.И. Ленин киинэ судаарыстыба идеологическай үлэтин сүрүн ньымата буолар диэбитин саныы түһэҕин. Донбасс дьоно идеология өттүнэн Арассыыйалыын биир буолуохтаахтар.

ceb606e6 ee6b 4120 b0b4 2ec8043fa816

2014 с. сэрии кэмигэр Украина артылыарыйата куорат таҥаратын дьиэтин сулууспа буола турдаҕына, сууллуор диэри дэлби тэптэрбит. Аҕабыыттара, үҥэ кэлбит дьон өлбүттэр. Билигин олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн урукку аттыгар саҥаны тута тураллар. 

Балыыһалара эмиэ оронноругар, миэбэллэригэр, ааннарыгар тиийэ урукку сэбиэскэй саҕанааҕынан турар. Технология өттүнэн улахан хаалыы баара харахха быраҕыллар. Балыыһа ититиитин систиэмэтин биһиэннэрэ өрөмүөннээн, улаханнык сылыйбыт. Быйыл салгыы балыыһа кырыыһатын өрөмүөнүн үлэтэ салҕаныахтаах, быстах өрөмүөн ыытыллыахтаах. Кылаабынай быраас: “Сэбиэскэй саҕаттан сүүрэр “Суһал көмө” уазиктарбыт эргэрэн бүтэн, ыһыллар туруктаахтар, Донецкайга улахан балыыһаҕа ыарыһахтары ыытар кыахпыт суох, саатар, 1–2 саҥа массыынаны буларга көмөлөстөргүт”, – диэн көрдөһөр.

Кировскайга дьон И.П. Луцкан салалталаах Саха сириттэн тиийэ сылдьыбыт харах  быраастарын махтана ахталлар, хаһан кэлэллэрин сураһаллар. Сотору кэлэллэрин истэн үөрэллэр.

ДНР бастыҥ оскуолата буолуоҕа

Куорат үс этээстээх 2-с №-дээх оскуолатын өрөмүөннэммит, саҥа кырааскаламмыт дьиэтэ ыраахтан сырдаан, киэргэйэн көстөр. Олбуор иһигэр турар кыһыл көмүс солотуулаах В.И. Ленин бүүһэ киирэр дьону күлүмүрдүү көрсөр. Дириэктэр дьахтар биһигини үөрэ-көтө көрсөн, батыһыннара сылдьан, өрөмүөн хайдах ыытыллыбытын, оскуола төһө саҥа тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыллыбытын  барытын кэпсии-кэпсии көрдөрөр.

9a1399fc 6b04 48bf a51f ba761a1537bb

Хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, кылаастар бары ып-ыраастар, сибиэһэй кырааска сыттаахтар. Өрөмүөн кэмигэр оҕолор билигин дьиэҕэ олорон үөрэнэллэр эбит. Дириэктэр: “Оҕолор оскуола хаһан аһыллар диэн наһаа кэтэһэллэр. 11-с кылаастар түргэнник киллэриҥ, саатар маннык үчүгэй оскуолаҕа кыратык да үөрэнэн хаалыахпыт этэ диэн көрдөһөллөр”, – диэн кэпсиир. Остолобуойдара, куукуналара саҥа ас астыыр тэрилинэн, остуолларынан толоруллубут. Былырыын кэлэллэригэр биир улахан эргэ сэбиэскэй элэктэриичэскэй мясорубка баара үһү. Бу мясорубкаларын урукку олохторун санатар гына, көрдөрүүгэ туруоруохпут дииллэр. Оскуолаҕа уот саҥа боруобатын тардыбыттар. Икки көмпүүтэр кылааһа толору  тэриллээх турар. Оскуоланы олохтоох былаас интэриниэккэ холбуур үлэни ыыта сылдьар. Ааспыт сыл ахсынньытыгар Ил Дархан А.Николаев уонна ДНР баһылыга Д.Пушилин түһэрсибит сөбүлэһиилэринэн, Кировскай куорат икки оскуолата ДНР IT технологияларын сайдыытын сүрүн тирэҕэ буолуохтаахтар. Олохтоохтор Кировскайга курдук аныгы оскуола ДНР үрдүнэн суох диэн киэн тутталлар.

Оскуолаҕа Саха сириттэн кэлэн үлэлии сылдьар Василий Кашкин диэн эдэр уолу көрсөн кэпсэтэбин:

343f7a2c 55b6 443f b1e3 93ec54d49ca9

– Манна 2022 с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр бырааппыныын кэлбиппит. Кини сүрүн үлэтин бүтэрсэн баран, дойдулаабыта. Кэлэрбэр атын дойду этэ, билигин Арассыыйаҕа киирэн, бэйэбит дойдубут буолла. Урут таһаҕаспыт киирэригэр таможняны ааһарыгар бэрэбиэркэ бөҕөтө этэ. Биир дойду буолан, билигин пааспар хонтуруола эрэ хаалла. Иккис оскуола миэбэлин, көмпүүтэрин, успуорт саалатын, административнай кэбиниэттэри таҥыытын барытын оҥордубут. Кэлэр нэдиэлэҕэ таҥас ыйыырдар кэлэллэр. Ону туруордум да, үлэм бүтэн дойдубар барыаҕым, – диэн кэпсээтэ.

Владимир Степанов.
(Салгыыта бэчээттэниэ).

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар