Ырааппыт да эбит. Мин университекка үөрэппит учууталым, Горнайга бииргэ булка-алка, сиргэ-уокка сылдьыспыт аҕа табаарыһым, историческай наука хандьытаата Е.Е. Алексеев хаһыакка үлэлии киириэхпиттэн, университекка дипломнай үлэтин салайбыт Алексей Николаевич Саввин суруйууларын таһаара сатыырбар сүбэлиирэ. Ол этэрэ бу күн сүрэхтэнэр кинигэҕэ сыһыаннааҕа. 1991 с. кулун тутар 23 күнүгэр “Үлэ күүһэ” хаһыаппытыгар Алексей Саввин “Кинилэр бандьыыттар этэ дуо?” диэн ыстатыйатын аан бастаан таһаарбыппыт. Онтон ити ыстатыйаны нэдиэлэ курдугунан, “Кыым” хаһыат эмиэ бэчээттээн, Саха сиригэр барытыгар тарҕаммыта.
2023 с. кулун тутар 3 күнүгэр Дьокуускайга Национальнай библиотека историческай саалатыгар историк, кыраайы үөрэтээччи, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Мытаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Алексей Николаевич Саввин «Көҥүл туругурарын туһугар – “Албан ааттаах өлүүнү” талбыт конфедералистар” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Көрсүһүү Горнай улууһун, Мытаах нэһилиэгин дьаһалтатын, П.Д.Аввакумов аатынан Горнайдааҕы Киин библиотека көҕүлээһиннэринэн, “Хаҥалас” түмсүү, Саха сирин Суруйааччыларын союһун кыттыыларынан, тэрийсиилэринэн үрдүк таһымнаахтык барда.
Нэһилиэк олохтооҕо суруйбут кинигэтин сүрэхтэниитин, Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Чолбон” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Гаврил Андросов бэйэтинэн салайан ыыппыта элбэҕи этэр.
Маннык улахан суолталаах кинигэ күн сирин көрбүтүнэн, истиҥ эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын эттилэр: СӨ култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр Департамент салайааччыта Н.А.Макаров, Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах борохуотустубатын дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Хаҥалас улууһун баһылыгынан үлэлээбит А.С.Владимиров, “Ситим” Медиахолдинг генеральнай дириэктэрэ, Россия үтүөлээх суруналыыһа, биир дойдулаахпыт В.Н.Степанов, Горнай улууһун баһылыга Н.В.Андреев, Мытаах нэһилиэгин баһылыга И.Е.Петров, ХИФУ профессора, биллиилээх юрист М.М.Яковлев, “Саха сирин суруналыыстарын союһун бастыҥ общественнай кэрэспэдьиэнэ” диэн аат хаһаайына Е.Е.Скрябин, Хаҥалас улууһун Г.В.Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Е.А.Мартынова, Ксенофонтовтар дьиэ кэргэттэрин түмэлин сэбиэдиссэйэ Р.С.Степанова о.д.а.
Саха сирин государственноһын бөҕөргөтүүгэ үлэлэспит Россия үтүөлээх юриһа, академик М.М.Яковлев, конфедералистар салайааччылара П.В.Ксенофонтов олус үчүгэй бэлэмнээҕин, юрист быһыытынан үрдүк таһымнааҕын, кинилэр дөкүмүөннэриттэн ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт сокуонугар, судаарыстыбаннай суверенитет декларациятыгар, Федеративнай дуогабарга туһаныллыбыттарын бэлиэтээтэ (видеону көр).
Мытаах нэһилиэгин баһылыга И.Е.Петров конфедералистар тустарынан киинэ устарга эппитигэр, оннук кэпсэтии киинэ режиссера Никита Аржаковы кытта бара сылдьарын быһаардылар.
Саха сирин норуодунай суруйааччыта П.Н.Харитонов үөлээннээҕин, элбэх сыл бииргэ алтыспыт доҕорун Алексей Николаевиһы истиҥник эҕэрдэлээн туран маннык эттэ:
- Биһиги урут конфедералистары кырыыртан-таныйартан, “бандьыыттар” диэн үөҕэртэн атыны билбэт дьон этибит. Ол эрээри ити норуот тыла буолбатаҕа. Оччотооҕу система, идеология оннукка үөрэппитэ, күһэйбитэ чахчы.
Дьэ, билигин киһи сөҕө саныыр. 1991 с. Горнайтан Алексей Саввин “Кинилэр бандьыыттар этэ дуо?” диэн ыстатыйата тахсыбыта. Ол олох субу кулгаахпар иһиллэр, харахпар көстөр. Ити саҕана биһиги син биир дьик-дьах тутта, сэрэнэ сылдьар кэммит этэ. Кини бу суруйуутунан сөбүлэспэтин биллэрэн, маннык этии көнүөхтээх диэн дьон санаатын тириэрдибитэ. Бу көннөрү общественнай кэрэспэдьиэн, спортсмен, кыраайы үөрэтээччи, ханнык да партийнай үлэһит буолбатах киһи элбэҕи, киэҥи ырыҥалаан баран суруйдаҕа.
Бүгүн кэлэн санаан көрдөххө, этиэхтээх киһи эппит, кэмигэр эппит, этиллиэхтээҕи эппит. Баар суох бастыҥ дьоммут бандьыыттарынан ааттана сылдьаллара хайдах да сатаммат этэ. Оччотооҕуга дьон-сэргэ ортотугар санаабыт хайдыһара. Бэл улуустар ааттарын сахалыыга уларытыыга эмиэ. Итинник үлэлээн кэлбитэ урукку былаас. Дьону хайытан, талбытынан баһылаан-көһүлээн. Онон тус бэйэм ааппыттан Алексей Николаевичка истиҥ махталбын тириэрдэбин.
Бэйэтин санаатын араадьыйаҕа, тэлэбидиэнньэҕэ, араас хаһыаттарга аһаҕастык, кырдьыктаахтык тириэрдэринэн, Саха сиригэр киэҥник биллэр РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ Е.Е.Скрябин, кинигэ ааптара А.Н.Саввин конфедералистар сүрүн туруорсууларын ханнык да учуонай, салайааччы, кыраайы чинчийээччи киэҥ эйгэҕэ этэ, иһитиннэрэ иликтэринэ, бастакынан хаһыакка аһаҕастык суруйбутунан уратылааҕын, үтүөлээҕин, хорсунун махтанан туран бэлиэтээтэ.
Кэлбит ыалдьыттар бу уһун, киэҥ, сорох түгэннэргэ долгутуулаах көрсүһүүгэ санааларын аһаҕастык атастастылар, «Үлэ күүһэ” хаһыат общественнай кэрэспэдьиэнигэр А.Н.Саввиҥҥа сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Бу үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ чугас дьоно, төрөппүт оҕолоро кэлэн, наһаа ис сүрэхтэн тахсар үтүө тыллардаах эҕэрдэлэрин тириэрдибиттэрэ, уйгу-быйаҥ чороонун туттарбыттара Алексей Николаевиһы олус долгутта.
Автор бэйэтин олоҕуттан, айар үлэтиттэн сырдатан туран, көрсүһүүгэ кэлбиттэргэ, тэрийбиттэргэ, бары эҕэрдэлээбиттэргэ истиҥник махтанна.
Мин маннык кинигэлэр сүрэхтэниилэригэр элбэхтик сылдьабын. Онно биири бэлиэтии көрөбүн. Барыта тэҥ халыыбынан барар, кинигэ ааптардара, олор аймахтара, ыстатыйа суруйбуттар, үбүлээбиттэр, биир тэрилтэҕэ үлэлээбиттэр кэлэллэр. Ити манна суруллубутун курдук, үчүгэй бөҕө буоллаҕа.
Ол эрээри, үгүс кинигэ бэлэмнээбиттэр, ити үлэлэрэ ыччаттарга, кэлэр көлүөнэҕэ ананарын ураты тутан кэпсииллэр. Онон бу курдук устуоруйаны үөрэтиигэ ураты суолталаах кинигэлэр сүрэхтэниилэрин, ааҕааччылар кэмпириэнсийэлэрин, көрсүһүүлэрин, салгыы ыччаттар түмсүүлэригэр, оскуолаларга киэҥ далааһыннаахтык ыытар киһи, патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, күүстээх үлэҕэ уһуйууга ордук туһалаах, көдьүүстээх буолуо этэ.
Түмүгэр, манныгы бэлиэтиим. Конфедералистар хамсааһыннарыгар олус улаханнык эмсэҕэлээбит, саамай чулуу дьонун сүтэрэн, эрэйи-буруйу көрсүбүт Хаҥалас уонна Горнай улуустара биир төрүттээхтэр, уруулуу-аймахтыы элбэх. Онон бу икки улуус хас да сыллааҕыта бииргэ үлэлииргэ дуогабардаах этэ. Ону сөргүтүөххэ диэн санаа иһиллэн ааста. Улууспут баһылыга Н.В.Андреев, Мытаах нэһилиэгин баһылыга И.Е.Петров Хаҥалас улууһуттан Конфедералистары үйэтитиигэ көхтөөхтүк үлэлэспит, көмөлөспүт салайааччыларга махтанан туран сэмэй бэлэхтэрин туттардылар, өссө да бииргэ үлэлииргэ үтүө баҕа санааларын эттилэр.
Василий Алексеев.