Киир

Киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, уопсастыбаннай диэйэтэл Климент Егорович Иванов Украинаҕа буола турар быһыы-майгы туһунан санаатын суруйар.

Бу күннэргэ ДНР-га, ЛНР-га, Украинаҕа буолбут быһылааннартан аан дойду барыта айманна. Дьиҥнээх, улахан суоһарылаах сэрии даҕаны буолар куттала үөскээтэ. Дьиҥинэн, ити быһылааны төрүттээччилэринэн, Украина кэнники 8 сыл устатыгар ЛНР-н уонна ДНР-н, Крымы күүс өттүнэн бэйэтигэр холбуу сатаан, тохтоло суох айдаана, ытыалааһына, суоһурҕаныыта буолла. Украинаҕа националистар былааһы ыллылар.

АХШ, арҕаа дойдулар Арассыыйаны утары ыытар бэлиитикэлэригэр Украина аллараа сыҥаах эрэ буолбакка, улаханнык куодарыста.

Кинилэр көмөлөрүнэн сэриитин сэбин күүһүртэ, НАТО-ҕа киирэбин уонна ДНР, ЛНР, Крымы күүс өттүнэн бэйэбэр холбуубун диэн өттөйөр буолла. Ол түбэлтэтигэр, Арассыыйаны тобуктатарга үөһүрбүт санааларын толороору АХШ, Арҕаа Дьобуруопа Украинаны бэйэтигэр ылан, Арассыыйаны утары күүстээх былааннары оҥостоору соруннулар.

Арассыыйа бэйэтэ улуу судаарыстыба буолар. Күүһүнэн өттөйүүнү, суоһурҕаныыны, сэриинэн саба түһэргэ бэлэмнэниини көрөн, тулуйан олороро табыллыбат. Ол иһин, дойдубут салалтата ДНР-н, ЛНР-н көмүскүүргэ, баһа-атаҕа суох барбыт. Арассыыйаны утары суоһурҕана олорор, арҕаа өстөөх судаарыстыбаларга сэриигэ бэлэмнэнэргэ территорияларын туран биэрбит Украинаны сэриитин сэбин суох оҥорорго, национализмы тохтоторго байыаннай эпэрээссийэ биллэрдэ.

ЛНР И ЛНР

Билигин, норуокка биллэрэллэринэн, Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрэ былаан быһыытынан ити эпэрээссийэни ыыта тураллар. Сэрии аата сэрии буоллаҕа. Тустаах территорияларга сүтүк элбэҕин долгуйа истэбит. Ити эпэрээссийэ эйэлээх нэһилиэнньэни харыстыыр сыаллаах буолан, кимиитэ бытаан уонна өссө даҕаны уһуур чинчилээх.

АХШ, арҕаа дойдулар аан дойдуга итинэн туһанан баһылыыр-көһүлүүр дуолларын ситиһээри, Арассыыйаны утары араас өрүттэх, куорҕаллыыр соруктаах үлэлэрин күүһүртүлэр, сомоҕолостулар. Агрессивнай, Арассыыйаны абааһы көрөр ис-тас туруктара көһүннэ, сирэйдэрин сабыытын уһуллулар. Арассыыйаны утары аһаҕастык араас куорҕаллыыр ньыманан атаакалаан эрэллэр. Украинаны сэрии сэбинэн, үбүнэн-харчынан хааччыйалларын таһынан, Арассыыйаны утары элбэх сааҥсыйалары биллэрдилэр.

ТанииДьэ, байыаннай анал эпэрээсийэ сыалын ааҕынным. Онтон, нуучча уонна Украина норуота бырааттыы норуоттар: маарынныыр тыллаахтар, итэҕэллэрэ, култууралара биир. Сайдан кэлбит устуоруйалара ону кэрэһилиир.

Онон, мин санаабар, бу байыаннай эпэрээссийэ Украина боростуой норуотун харыстыыр, өстөөхтөрү буолбакка, эйэлээхтик сайдар суолга туруорар соруктаах.

Дьиҥнээх сэриини таһынан информационнай, экономическай сэрии бара турар. Араас сибээс ханаалларынан, Арассыыйаны баһааҕырдыы, сымыйа сурахтары тарҕатыы күүскэ барар. Маны биһиги учуоттаан, бэчээт үлэһиттэрэ, идеология уорганнара нэһилиэнньэҕэ буола турар хартыынаны нэһилиэнньэҕэ киэҥник тарҕаталлара, өйдөтөллөрө наада. Онтон биһиги, боростуой норуот, кытаанах санааланарбыт, дойдубут интэриэһин, инники кэскилбитин өрө тутарбыт наада.

Дойдубут салалтатын ыытар унньуктаах үлэтин актыыбынайдык өйөөтөхтөрүнэ кыайар күммүт кэлэрэ түргэтиэ.

Арассыыйа күүстээх судаарыстыба, Арассыыйа норуота эппиэттинэстээх, ыарахан кэмҥэ түмсүүлээх. Ол биһигини урукку дьылларга даҕаны, билигин даҕаны кыайыыга тириэрдиэ. Экономическай сааҥсыйа охсуута күүстээх буолуо. Ас-таҥас сыаната ыарыа. Кырыымчык даҕаны буолуоҕун сөп.

Онно бэйэбит кыахпытын толору туһанарбыт наада. Эти, үүтү оҥорууну, балыктааһыны күүһүрдэр соругу күүскэ туруоруохха, ону тэрийиэххэ.

Ынах-сүөһү, сылгы иитиитигэр сөптөөх дьаһаллар бэлиэтэннилэр. Санааны түһэрбэккэ, эдэрдиин-кырдьаҕастыын аһыыр аһынан бэйэни хааччынарга түмсүөҕүҥ.

СКОТОВОДСТВО ЯКУТИИ

Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга, «Туймаада» агро-холдиҥҥа түргэнник этинэн хааччынарга хаас иитиитинэн дьарыктанар барыстаах буолуо этэ. Бастаан бэриллэр үп ороскуотун түргэнник сабар кыахтаах. Хаас иитиититтэн бородууксуйаны оҥорон таһаарыы туспа салаатын быһыытынан сайыннарыахха сөп. Бу көтөрү көрөргө-харайарга уустуга суох, аһылыгар даҕаны талымастаммат, биэрэр бородууксуйата бары кыылтан-көтөртөн өлгөм уонна барыстаах. Сири алдьатар диэн сыыһа өйдөбүл баар. Төттөрүтүн элбэх, улахан күөллэрдээх сиргэ сайылатарга тоҕоостоох, туһалаах.

хаастар

Балыктааһыны сөргүтүөххэ, ордук хоту улуустарга. «Сорнай балык» диэн олохтоохтор сордоҥу, сыалыһары, күстэҕи, атын кыра балыгы ааттыыллар. Урут саһыл иитиитэ күүскэ сайдыбыт бириэмэтигэр саһыл аһылыгар тутталлара. Билигин ити «сорнай балыктарга» ким даҕаны наадыйбат. Дьиҥэр, хотугу улуустар кииннэригэр консервалыыр тэриллэри туруортаан, ити «сорнай балыктартан» киһи доруобуйатыгар туһалаах өлгөм бородууксуйаны оҥоруохха сөп.

МОРЖ

Билигин Хотугу муустаах муора кытылын мууһа быдан үөскэ диэри ууллар буолла. Шельфа уута улаханнык кэҥээтэ. Онно, сатаан тэрийдэххэ, кыра кээмэйдээх траулердары аҕалан туруордахха, муора балыгын, ол иһигэр доруобуйаҕа олус туһалаах кальмары, сайын 2-3 ыйга өлгөмнүк бултаан, норуот аһылыкка кыһалҕатын толуйсуохха сөп.

Ити дьаһаллар олоххо киирдэхтэринэ, АХШ, Арҕаа Дьобуруопа империалистарын сааҥсыйаларын чэпчэкитик аһарынарбытын хааччыйыа этэ.

Саха дьоно былыргаттан улуу Арассыыйа патриоттара буолабыт. Араас кыһалҕалаах кэмнэргэ дойдубут туһугар түмсүүлээх буоламмыт, өстөөхтөрү кыайарга кылааппытын киллэрэр ытык иэспитин чиэстээхтик толорон кэлбиппит.

Бу да сырыыга Украина националистарын, бандеровецтары самнаран, кыайыыны ситиһиэхпит.

Украина биһиэхэ доҕордуу сыһыаннаах, көҥүл арҕаа дойдулартан тутулуга суох судаарыстыба буолуоҕа.

Мин кылгас санааларым манныктар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, уопсастыбаннай диэйэтэл Климент Егорович Иванов
Кулун тутар, 2022 сыл.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар