Киир

Киир

“Сахалар сорох төрүттэрбит быдан былыр Киин Азия диэкиттэн көһөн кэлбит буолуохтарын сөп”, – диибит. Онон сибээстээн, “баҕар, былыр биһиги сорох төрүттэрбит бу манна аллара ааҕыллар омуктартан, импиэрийэлэртэн ордон кэлбит дьон буолуохтара. Оннук буолбатаҕын да иһин, төрүттэрбит бу омуктар тустарынан син тугу эрэ истэллэрэ-билэллэрэ буолуо” диэн санааттан, былыр Киин Азияҕа, Уһук Илиҥҥэ үөскээн ааспыт судаарыстыбалар, омуктар тустарынан билиһиннэрэбит.

Даурдар

Даурдар билигин

Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ ханнык эрэ учуонай “былыр сахалар төрүттэрэ бу даурдары билэр, доҕордуу сыһыаннаах буолуохтаахтар, сахаҕа баар “доҕор” диэн тыл кинилэртэн үөскээбитэ буолуо?” диэн суруйа сылдьыбыттааҕа. Ол төһө олохтооҕун ким билиэй?

Даурдар (дахур, дагур, монгуоллуу – дагуур) – монгуоллуу тыллаах норуот, билигин Кытай хоту өттүгэр Ис Монголияҕа, Синьцзян-Уйгуур автономнай уокуругар олороллор. Кытайга төрүт олохтоох, официальнайдык билиниллибит 56 омук кэккэтигэр киирэллэр. Ойууннааһын уонна буддизм итэҕэллээхтэр.

2010 сыл туругунан, ахсааннара – 131 992. Учуонайдар “даурдар тыллара монгуоллуу бөлөххө киирсэр эрээри, улахан уратылаах. Бэйэлэрин тылларынан суруктара суох. Кинилэр тыллара билигин суох буолбут былыргы кидань омук тылыгар майгынныыр. Даур билиҥҥи тыла 4 диалектан турар: бутхастыы, цицикардыы, синьцзянныы уонна хайлардыы (сирдэр ааттарынан)” диэн суруйаллар.

Хаһан эрэ Жаргал Бадагаров диэн даур тылын үөрэтэр бүрээт учуонайа Дьокуускайга кэлэ сылдьан: “Кытай даурдара бэйэ бэйэлэрин кытта төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр эрээри, “эһиги тылгытын анаан үөрэтэр учуонайбын...” диэн баран ону-маны ыйытан көрдөххө, төрөөбүт тылларын билбэтэҕэ буолан кубулуналлар, тута кытайдыы саҥаран бараллар. Онон тылларын үөрэтэр олус уустук”, – диэн кэпсээн аһарбыттааҕа. Бука, Кытайга култуурунай өрөбөлүүссүйэ сылларыгар бу барахсаттар туспа тыллаах кыра омук буолалларын иһин туох эрэ үтүргэҥҥэ, туоратыыга сылдьыбыттара дьайар буолуон сөп.

Даурдар 16-с үйэҕэ диэри билиҥҥи Забайкалье кыраайын сиригэр, Шилка (Амыр хаҥас салаата) өрүс хочолоругар, Зея уонна Бурея диэн Амыр өрүс салааларыгар олорбуттар. (Өрөбөлүүссүйэ иннинэ саха дьоно итинэн эмиэ биирдиилээн тиийтэлээн олороллор этэ). Онтон сиэттэрэн, ити түөлбэни нуучча дьоно “Даурия” диэн ааттаабыттара.

Нуучча казактара 1650-с сыллар саҥаларыгар манна тиийэн баран, улахан мас дьиэлээх, кумааҕы түннүктээх, элбэх бурдук-боб култуураларын үүннэрэр, дьиэ көтөрүн арааһын, сибиинньэни, сүөһүнү-сылгыны, барааны иитэр, солко, сиидэс уонна хлопок-кумааҕы таҥастаах, тимир металл арааһын уһанар даурдары көрөн улаханнык соһуйбуттарын суруйбуттара баар. Саха сиригэр хабыр быһыытынан аатырбыт атамаан Поярков онно да тиийэн сидьиҥ киэбэ көнөн хаалбатах эбит. Кини даурдар Гуйдар, Якса диэн куораттарын урусхаллаабытын, аманаакка ылбытын, кыыллыы кыдыйбытын, туппутун-хаппытын түмүгэр, Амыр тардыытыгар олохтоох даурдар бары дьиэлэрин уоттуу-уоттуу соҕуруу, Кытай диэки, күрээн барбыттар. Казак атын атамаана Е.Хабаров биир кыргыһыыга 661 дауру өлөрбүттэрин, 243 дьахтары билиэн тутан ылан “үллэстибиттэрин”, 118 оҕону тутан барбыттарын, хас эмэ сүүһүнэн сылгыны-сүөһүнү халаабыттарын туһунан суруйбута   устуоруйаҕа хаалбыт.

Ол кэннэ нуучча былаастара даурдарга “Нуучча үрүҥ ыраахтааҕытын былааһыгар төннүҥ, дьаһаахта төлөөҥ” диэн ыҥыра сатаабыттар да, төннүөн баҕалаах киһи көстүбэтэх.

Ол кэмтэн ыла даурдар Кытайга олороллор. Таарыйа, Зея алын сүүрүгэр уонна орто Амырга олохтоох даурдары аттынааҕы омуктар “сахарча” диэн ааттыыллар эбит. Ол аата “саха” диэҥҥэ майгынныыр.

“Олоҥхо” диэн туох тылый?

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ-битигэр Олоҥхо декадата ыытылла турарынан сибээстээн...

ЮНЕСКО диэн улахан тэрилтэ олоҥхобутун “аан дойду духуобунай култууратын шедевринэн” биллэрбитинэн саха дьоно киэн туттабыт. Ол иһигэр, Сахабыт сирин кытта “Земля Олонхо” диэн күүркэтэн ааттыыбыт. “Саха омугун духуобунай култуурата, тылын баайа, итэҕэлэ барыта олоҥхоҕо тиһиллэн сылдьар” диэн буолар. Быһата, олоҥхо – саха омугун “визитнэй карточката”.

Дьиҥинэн, олоҥхо диэн тыл хантан уонна хаһан кэлэн хаалбытын, туох ис хоһооннооҕун соччо билбэппит. Баччааҥҥа диэри ону ким эрэ быһаара-ырыта сатаабыт да сураҕа иһиллибэт.

“Олоҥхо диэн тыл үөскээбит төрдүн ыйдаҥардарга, баҕар, кыра эмэ туһа-эбии буолуо” диэн, бэрт сэмэй сабаҕалааһыны быктарыаҕы баҕарыллар.

Бүрээттэргэ да, монгуолларга да “олон – многий, много, множество, все” диэн тыл баар. Холобур, кинилэргэ “олон зон – элбэх киһи”, “олон жэл – элбэх сыл”, “олон үгэтэй – элбэх тыллаах (үгэлээх)”, “олон үнгэтэй – араас өҥнөөх”. Бу “олон” диэн тыл олоҕуттан үөскээбит тыл элбэх. Ол иһигэр, биһигини интэриэһиргэтиэн сөптөөх “олонхи (элбэх ахсааҥҥа олонхид) – большая часть, большинство” диэн тыл баар. Бүрээккэ да, монгуолга да...

Олоҥхо, бары бэркэ билэрбит курдук, уһунунан-киэҥинэн тэҥнээҕэ аҕыйах. Өскөтүн дьоҕус олоҥхо 10-15 тыһ. строкалаах эбит буоллаҕына, “улахан олоҥхо 50 тыһ. тиийэ строкалаах буолуон сөп” дииллэр. Ону былыргы өбүгэлэрбит, аныгы дьон тэлэбиисэр сериалларын көрөллөрүн курдук, нэдиэлэни-нэдиэлэнэн, ыйы-ыйдаан истэн саатыыр буолуохтаахтар. Олоҥхону ким да “кыра” диир кыаҕа суох. Этэргэ дылы, “большинством” даа буолуо дуо! Суолтата син барсыан сөпкө дылы.

Бу тыл монгуолтан биһиэхэ киирбитэ дуу, биһигиттэн кинилэргэ барбыта дуу – туспа боппуруос. Ол улахан суолтата да суох. Ылсыбыппыт-бэрсибиппит элбэх дьон буоллахпыт. Таарыйа, тыл үөрэхтээхтэрэ “саха тылын (лексикатын) 30-ча бырыһыана монгуол тылын кытта ханыылаһар” дииллэр. Олоҥхо да тоҕо ол 30 %-ҥа киириэ суохтааҕый?

Тогон

Тогон

Тогон – сяньби диэн монгуол тыллаах омуктар төрүттээбит судаарыстыбаларын аата. Бу судаарыстыбаны Соҕуруу Маньчжурияттан билиІІи Кытай арҕаа іттүгэр Кукунор (монгуоллуу Хіх нуур – күіх күіл) күілгэ кіґін кэлбит сяньби дьоно тірүттээбиттэр. Бу иннинэ кинилэр Кытай Хотугу Вэй импиэрийэтигэр бас бэринэн олорон баран, босхоломмуттар. Сяньбилар 431 сыллаахха хуннар Ся диэн кыра судаарыстыбаларын урусхаллаан суох оҥорбуттар, хуннар баґылыктарын билиэн тутан кытайдарга биэрбиттэр. 634 с. Тогон кытайдар Тан импиэрийэлэригэр бэринэргэ күһэллибит, 663 с. мөлтөөбүт-ахсаабыт сяньбилары тибиэттэр кыайан-хотон, сир ньууруттан симэлиппиттэр.

Тогон олохтоохторо сылгыны, сүөһүнү, барааны, тэбиэни иитэллэрэ, сир оҥоруутунан дьарыктаналлара. Тимири, алтаны, кыґыл көмүһү уһаналлара, эргиэни кыайа-хото туталлара, боолдьох тордохторго, кибииткэлэргэ олороллоро, кытайдыы суруктаахтара, иччилэргэ итэҕэйэллэрэ.

Чугас олороллорунан сибээстээн, саха былыргы төрүттэрэ бу дьону кытта хайаан да алтыһан ааспыт буолуохтаахтар.

Сахаҕа “кытай” диэн тыл хаһааҥҥыттан баарын билбит суох, ол гынан баран саха олоҥхотугар ахтыллар “Кудай (Кыдай) Бахсы уустар” эҥин ааттара бу омугу (киданнары) кытта сибээстээҕэ соччо саарбахтаммат. Даҕатан эттэххэ, билиҥҥи нуучча тылыгар баар “Китай” диэн тыл эмиэ бу омук аатын кытта ыкса ситимнээх. “Дьиҥнээх” кытайдар бэйэлэрин хаһан да “кытайдарбыт” дэммэттэр этэ. Бу тыл 907 с. Хотугу Кытайы сэриилээн ылан баран онно бэйэлэрин баһылыыр Ляо династияларын олохтообут “кидань” диэн монгуоллуу тыллаах омуктан үөскээбит.

Былыр билиҥҥи Ис Монголия, Монголия, Маньчжурия сирдэринэн көс олохтоох монгуол омуктара олорбуттара. Кинилэр түмсэн баран Хотугу Кытайы сэриилээн ылбыттарын кэннэ, кинилэри “Елюй” уонна “Сяо” диэн аҕа уустара баһылаан, ыраахтааҕылаан олорбуттара. Бу ааттары устуоруктар былыргы Кытай докумуоннарыгар суруллубут барыйааннарынан эрэ билэллэр. Ааттар төһө да ”сяо” эҥин диэн “олус кытайдыы“ этиллибиттэрин иһин, киданнар бэйэлэрэ ону арыый атыннык ааттыыр буолуохтарын сөп. Ол иһигэр, баҕар, “элюй” диэни киданнар бэйэлэрэ “эллэй” дииллэрэ буолуо. Холобур, биллиилээх тюрколог Юрий Васильев-Дьаргыстай сахалар төрүттэрэ буолбут Эллэй Боотур аатын бу Елюй династияны кытта ситимниирэ. “Эллэй Боотур Саха сиригэр кэлбит кэмэ лоп курдук киданнар судаарыстыбалара эстиитин кэмигэр сөп түбэһэр курдук, онуоха эбии, биһиги Эллэйбит эмиэ бэйэтин “ыраахтааҕы сыдьаанабын” дэнэр этэ” диирэ.

Киданнар тэрийбит Ляо импиэрийэлэрэ кыаҕыран-күүһүрэн Дьоппуон муоратыттан Илиҥҥи Туркестаҥҥа тиийэ сири-уоту баһылаабыта. Киданнар кытайдыы суруктаахтара, үрдүк култууралаахтара, сайдыылаах куораттардаахтара. 1004, 1075 сс. киданнар кытай Сун импиэрийэтиттэн сир бөҕөтүн былдьаан судаарыстыбаларын кэҥэппиттэрэ.

1125 с. киданнар Ляо судаарыстыбаларын чжурчжэннэр (маньчжурдар уонна биһиги эбэҥкилэрбит төрүттэрэ) сэриилээн ылбыттара. Кыайтарбыт киданнар Орто Азияҕа тиийэн “Арҕааҥҥы Ляо” (1124-1211 сс.) диэн судаарыстыбаны тэрийэ сылдьыбыттара. Кэлин кинилэр онно олохтоох омуктары кытта булкуһан, суураллан сүппүттэрэ. Ити кыайтарыы кэмигэр кинилэртэн биир эмэ бөлөх дьон хоту куотан Саха сиригэр тиийэн кэлиэхтэрин сөп.

Холобур, Елюй Чуцай (1189-1243) диэн кидань ыраахтааҕыларын сыдьаана Монгуол улуу импиэрийэтин судаарыстыбаннай диэйэтэлэ буолан Чингис хаҥҥа уонна кини уолугар Угэдэйгэ сүбэһитинэн сылдьыбыта, Кытайы салайар административнай тиһиги олохтообута. Ол кэмҥэ, баҕар, кини хаан уруу аймаҕа Эллэй Саха сиригэр кэлэн саха омугун төрүттэспитэ буолуо. Туох билэн эрэр...

 

Даҕатан эттэххэ, генетиктэр суруйалларынан, даурдар да, сяньбилар да, киданнар да хаан уруулуу омуктар. Саха тылыгар баар монгуоллуу төрүттээх тыллар, баҕар, кинилэртэн киирбиттэ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар