Аллараа Халымаҕа тиийээт, тута сүөһү иитэр дьону ыйыталаспытым. Бу иннигэр суруйбут Нина Самотищукпуттан ураты сүөһүнү иитэр бүтүн пааркалаах учуонай баарын туһунан эппиттэрэ. Кыбыстыам иһин, бу дьоруойум туһунан эрдэ тугу даҕаны билбэт этим. Ол да буоллар, күһүҥҥү хараҥаҕа өрүс үрдүгэр турар ыстаансыйаҕа тиийэн, учуонайы илэ көрүстүм.
– Билим, тыа хаһаайыстыбатын туһунан туох билиилээххиний? – диэн курданарыгар диэри уһун суһуохтаах, бөдөҥ нуучча киһитэ тургутардыы көрүстэ.
– Бэрт кыра диэхпин сөп...
– Оччоҕуна хайдах суруйаҕын?
– Баҕар, тугу даҕаны өйдүөм суоҕа эрээри, тыа сиригэр олорор саха дьонугар эн этэргин хайдах баарынан тириэрдэр кыахтаахпын, – диэн хайыҥ охсуннум.
– Киир, – диэн, саалаҕа ыҥырда.
Онон, билсэн кэбиһиҥ – сэбиэскэй саҕанааҕы уонна Арассыыйа билиҥҥи эколога, Черскэйгэ Хотугулуу-Илиҥҥи научнай ыстаансыйа научнай консултаана, “Плейстоценовай паарка” бырайыак тэрийээччитэ, ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа, ирбэт тоҥҥо сүөһүнү иитиигэ элбэх научнай үлэлээх Сергей Зимов. Кэпсэтиибит ааҕааччыларбытыгар интэриэһинэй буолуо диэн эрэллээхпин.
– Сергей Афанасьевич, туохтан сылтаан Саха сиригэр ирбэт тоҥу үөрэтиигэ ылсыбыккыный?
– Саха сиригэр өссө устудьуоннуур сылларбар Владивостоктааҕы География институтун эспэдииссийэтин кытта кэлэ сылдьыбытым. Ирбэт тоҥҥо кыыл уҥуоҕа элбэҕиттэн улаханнык соһуйбутум. Билигин Саха сирин айылҕата балачча дьадайда. Хайа да дойдутааҕар бырдах олус элбэх. Муоҕу уонна тиит маһы сиир кыыл суоҕун тэҥэ. Лабыктаны табаттан атын туох да сиэбэт. Оттон ирбэт тоҥҥо былыргы кыыл уҥуоҕа ыга симиллэн сытар. Оччолорго дойду үрдүнэн урут окко ураты үчүгэй килиимэт тура сылдьыбытын туһунан кэпсэтии сэҥээриллэрэ. От аһылыктаах кыылларга мэччирэҥ сирэ элбэҕин, киэҥин, онтон килиимэт уларыйан, ардаан-хаардаан, муох сытыйан, мэччирэҥ ууга баран, кыыл-сүөл өлбүтүн сабаҕалыыллара.
Итинник быһаарыыны биир бэйэм сөбүлээбэтим. Хоту дойду муннуктарынан сылдьан, ити сиргэ от үчүгэйдик үүнэрин илэ көрбүтүм. Оччолорго, бэл, улахан учуонайдар уруккута сир-дойду кууран-хатан, кытаатан, онтон сиигирэн, сылгы быыкаа туйаҕынан аһылыгы сатаан булумматын туһунан суруйаллара. Оттон Саха сирэ сылгыны иитэринэн биллибит сир буоллаҕа. Сэбиэскэй кэмҥэ манна 450 тыһыынча сылгы баарын Москуба үгүс бөдөҥ учуонайдара билбэт этилэр. Оннооҕор “Что? Где? Когда?” биэрии өйдөөхтөрө Саха сиригэр табаттан атын кыыл суох диэн өйдөбүллээхтэрэ. Дьиҥэр, Саха сирин килиимэтэ сылгыга олус табыгастаах эбээт. Саха хаһаайыстыбатын сүнньэ – алаас, от уонна сылгы. Онон мин “дьыала килиимэтигэр буолбатах” диэн итэҕэтээри манна баарбын. Аллараа Халыма ураты айылҕатын, булдун, балыгын сөбүлээн, 80-с сылларга дьоммун көһөрөн аҕалбытым. Ыстаансыйа тэрийэн, үлэлии-хамсыы олоробун.
– Сэлиилэр хаама сылдьыбыттарын киһи итэҕэйимиэн курдук...
– Түҥ былыр манна Африка саванналарыгар майгынныыр бүтүн экосистиэмэ баара. Африкаҕа курдук сэлии, носорог, оҕус, сылгы, антилопа хаама сылдьыбыттар. Маннык экосистиэмэ манна эрэ буолбакка, Испанияҕа, Францияҕа, Германияҕа, Кытайга, Аляскаҕа, Калифорнияҕа, Арктика арыыларыгар, соҕуруу, Арассыыйа сиригэр – барытыгар баара. Ол эбэтэр ханнык баҕарар килиимэккэ бу экосистиэмэ олохсуйар кыахтаах. Билигин даҕаны Саха сирин бары муннугар от үчүгэйдик үүнэр сирэ элбэх. Үчүгэйдик үүнэрин туһугар көрүү-харайыы, ол эбэтэр кэмигэр охсор, уоҕурдар наада. Ол үлэ барбатаҕына, сир-уот лаҥха буолар, талах саба бүрүйэр.
Аныгы экосистиэмэҕэ туох барыта олус бытааннык үүнэр. Ол кэнниттэн сыыйа сытыйар. От сытыйан, туһалаах эттиктэр сиргэ төннө иликтэринэ, саҥа от үүммэт. От – экосистиэмэ саамай эдэр көрүҥэ. Маһы, талаҕы, муоҕу кытта күөн көрсөр кыаҕа суох. Кини түргэнник үүнэн, кыыл аһылыга буолан, туһалаах эттигэ сиргэ төннөн, хат үүнэр аналлаах. Онон оту сиир кыыл төһөнөн элбэх даҕаны, оччонон ходуһа үүнүүтэ тупсар. Өссө улахан ириэрии кэлэ илигинэ сир үрдэ барыта мэччирэҥ сир буолан турбутун хас эмэ көлүөнэ учуонай дакаастаан кэллэ. Холобур, Африкаҕа, Индияҕа саванналар буоллахтарына, Саха сиригэр сэлии истиэбэ нэлэйэн сыппыт. Онтон киһи баар буолбут, кыыллары кыдыйан барбыт. Кыыл аҕыйаан, мэччирэҥ сирэ иччитэхсийэн, талах саба үүммүт. Онон сири тыынар тыыннаах иччилиир.
Хонууга сүөһү, сылгы мэччийэрин тухары муоҕунан, талаҕынан бүрүллэр куттала суох.
– Оттон билиҥҥи балаһыанньа билим көрүүтүнэн хайдаҕый?
– Кыыл-сүөл эһиннэ. Эн бүтүн Халыматтан биир да кыылы көрбөккө төннүөҕүҥ (Дьоруойум эппитин курдук, чахчы, биир да кыылы көрбөтүм – ааптар). Онуоха киһи буруйдаах. Билиҥҥи табаны лабыктаҕа үөрэттилэр. Оту сайынын эрэ сиир. Ол иһин сири-дойдуну кыыл сиэбэт ото-маһа саба үүнэн, бырдахха эрэ табыгастаах сиргэ кубулуйда. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэ сирин иэнэ, састааба от дэлэйдик үүнэригэр эппиэттэһэр. Ходуһа сирэ өссө кэҥиир кыахтаах. Саха сирин сайдыыта – оҕус уонна сылгы. Урут оннук этэ. Ону чөлүгэр түһэрэргэ ити кыыллары харыстыахха эрэ наада. Ол иһин элбэх оҕуһу, сылгыны, табаны, барааны кыыл ыытан, урукку экосистиэмэни чөлүгэр түһэриэххэ сөп.
– Аан бастакы сүөһүлэри хаһан аҕалбыккытый?
– Өссө сэбиэскэй кэмҥэ эспэримиэн быһыытынан 20 кыыл сылгыны аҕалбыппыт. Бэрт кылгас кэм иһигэр сири тэпсэн, киһи көмөтө суох үчүгэй үүнүүлээх сиргэ кубулуппуттара. 250 араас кыылы ыыппыппыт. Овцебык аҕалбыппыт да, бары атыыр буоланнар, күрүөнү алдьатан, айылҕаларынан соҕуруу диэки барбыттара.
Саха сириттэн бүтүн планета инникитэ тутулуктаах. Ирбэт тоҥҥо органическай углевод курдук наадалаах эттик тропическай тыаттан 12 төгүл элбэх. Сэлии кэмигэр органика элбэх сирэ баар буолбут. Билигин ирбэт тоҥ ханна даҕаны ирэн эрэр. Микробтар тиллэннэр, баар эттиктэри сиэн, углекислай гааһы таһаараллар. Оттон ол гаас массыынаттан, собуоттартан тахсар гаастааҕар ордук буортулаах. Онон ирбэт тоҥ ириитин бытаардар, тохтотор туһугар үлэ барыахтаах. Саха сирэ тымныытын үрдүнэн сирэ тоҕо сылааһый? Биллэн турар, онуоха сымнаҕас хаарбыт оруоллаах. Саха сиригэр мөлүйүөнүнэн бөдөҥ кыыл баар буоллаҕына, олор сири тэпсэн, ирбэт тоҥу халыҥатан, ирииттэн быыһыахтара. Өрөспүүбүлүкэ инникитин алмааһынан, гааһынан, чоҕунан буолбакка, туох да ороскуоту таһаарбат кыыл сылдьар сүөһүнэн эргиниэн сөп.
Саха сирэ – бизон дойдута. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно бизон уҥуоҕун үрдүнэн хаамар. Бэл, саамай тымныытынан аатырбыт ледник эпохатыгар олорон ааспыттар. Күн бүгүн кинилэр тэнийэллэригэр киһи эрэ мэһэйдээмиэн наада.
Аллараа Халымаҕа урут 150 тыһыынча кыыл таба баар буола сылдьыбыта биллэр. Бүтүн Халыма үрдүнэн 1 мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Бүгүн биир да таба суох. Атын сиртэн кэлэ сатаабыттарын ытыалаан, ыраатыннарбатахтар. Оттон сылгы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 150 тыһыынчаттан элбээбэтэх буолуохтаах. Онон сылгыны элбэтиэххэ наада.
Саха сиригэр мөлүйүөнүнэн бөдөҥ кыыл баар буоллаҕына, олор сири тэпсэн, ирбэт тоҥу халыҥатан, ирииттэн быыһыахтара.
– Чараас сириннээх ынах сүөһү бу үлүгэр тымныыга хайдах кыыл сылдьыай?
– Сылгы сылдьарын курдук, онтуҥ эмиэ сылдьар толору кыахтаах. Арай саха сүөһүтэ билигин аһара кыра, намчы буолан хаалла. Ол иһин сүөһү боруодатын тупсарыыга үлэлиэххэ наада. Саха, калмык, шотландия боруоданы иссиһиннэрдэххэ, хайдах да усулуобуйаны тулуйар сүөһүнү таһаарыахха сөп. Калмык сүөһүтэ талаҕы сииринэн үчүгэй. Хаары хаспат. От суох да түгэнигэр тыыннаах хаалар кыахтаах. Оттон хаары хаһыыга бизоннары анаан иитэр наада. Сунтаарга, Халымаҕа калмык ынахтара уһун кыһыҥҥа таһырдьа олус үчүгэйдик сылдьаллар. Биһиги билигин 200 ынах сүөһүлээхпит. Элбэхтэн элбэх ордорун курдук, сүөһү ахсаана элбиэн наада. Бастакы эрэ сылларга эбии аһатыахха сөп. Онон сүөһүнү ийэ айылҕаҕа төттөрү таһаарыыга үлэлэһиҥ.
– Урут, чахчы, элбэх кыыл олорон аастаҕа...
– Уҥуох хомуйуутунан элбэх сыл дьарыктаммытым. Саха сирин кыбадыраат килэмиэтирин аайы 3 туонналаах сэлии, 600 кг ыйааһыннаах 5 бизон, 450 киилэлээх 7 сылгы, 100 киилэлээх 15 таба сытар. Онно тайаҕы, марал табаны, барааны эптэххэ, биир кыбадыраат килэмиэтири 10 туоннаттан тахса ыйааһыннаах кыыл тэпсэн, олорон ааспыт диэн быһаарабыт. Оттон бүгүҥҥү көрдөрүү – 10 эрэ киилэ курдук. Былыр кыылга ким да мэһэйдээбэт эбит буоллаҕына, бүгүн киһи аймах биир да кыылга, көтөргө тэнийэр кыаҕы биэрбэт. Дьиэ да кыыла хаалбата. Таба, сылгы, сүөһү ахсаана биллэрдик аччаата. Саха сүөһүтэ Кыһыл кинигэҕэ киирэрэ кэллэ. Оттон сир баайа эмиэ бүтүө. Сыана да түһүө турдаҕа. Бэйэ сиригэр дэлэйдик аһыыр усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Киһини муохтаах тыа буолбакка, мэччирэҥнээх сыһыы аһатан кэлбитэ. Киһи сиир бурдуга, сүөһү, сылгы сиир ото сыһыыга үүнэр.
Килиимэт уларыйан иһэр. Айылҕа улахан аҥаара кураантан, умайан, сир ирэн, суох буолара биллэр. Ону быыһыыр кыаллыбат. Ол оннугар саҥа айылҕаны оҥорор, сириэдитэр кыах баар. Тугу да саҥаны толкуйдаабакка, баары сөргүтэн үлэлии сатыахха.
Бэйэ сиригэр дэлэйдик аһыыр усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Киһини муохтаах тыа буолбакка, мэччирэҥнээх сыһыы аһатан кэлбитэ. Киһи сиир бурдуга, сүөһү, сылгы сиир ото сыһыыга үүнэр.
Бөрө туора эрэ үөргэ саба түһэр, бэйэтин киэнин харыстыыр. Кинини кытта өйдөспөт быһыыны-майгыны киһи эрэ таһаарар.
– Хамсык кэнниттэн кэлиэхтээх киирисис туһунан туох санаалааххын?
– Кириисис дириҥ буолуоҕа. Баайга-дуолга сыһыан уларыйыа. Саха сирэ кириисистэн тахсарыгар бу усулуобуйаҕа уруккуттан тутуллан кэлбит эрэ хайысхалар быыһыыр кыахтаахтар. Сахаларга биир тахсар суол – өбүгэ саҕаттан кэлбит сүөһүнү иитиигэ, сири оҥорууга төннүү. Саха сирэ 400 мөлүйүөн сүөһүнү иитэр, хас да мөлүйүөн киһини аһатар кыахтаах. Бу быыһык кэмҥэ ирбэт тоҥу харыстаан, ириини бохсон, кыыл сүөһүнү иитэн, эбии дохуоту киллэринэр толору кыах баар. Өссө суол алдьаныа, уот мөлтүө турдаҕа. Ол туһунан мэлдьи суруйа сатыыбын.
– Холобур, киин улуустарга сырыы элбэх буолан, сыһыыга сылдьар сүөһүлэри уоруу элбэх. Оннукка киһи хайдах эн этэриҥ курдук дьаһаныай?
– Дьэ, онуоха манааһын, көрүү-истии эрэ быһаарар кыахтаах. Саха сирин араас быттыгар-хонноҕор ол кыаллар дии саныыбын. Былыр-былыргыттан сүөһүнү саваннаҕа – хахай, истиэпкэ, туундараҕа бөрө манаан кэлбиттэрэ. Олохтоох кыылы кытта “уопсай тылы” булуохха, өссө өлүүлүөххэ наада. Бөрө туора эрэ үөргэ саба түһэр, бэйэтин киэнин харыстыыр. Кинини кытта өйдөспөт быһыыны-майгыны киһи эрэ таһаарар.
– Хас да улууска кыстык хаар түспүтүн кэнниттэн ардаан, сылгыга ыарахан дьыллар буолан ааспыттара. Сылгыга анаан оттуур буоллулар. Онуоха тугу этэрдээххин?
– Ити – сылгыны тараҥнатыы биир көрүҥэ. Сахалар былыр ынахха эрэ анаан оттууллара. Сылгы – айылҕа оҕото. Кини эмиэ айылҕа уустук усулуобуйатыгар аһылыгын булуна үөрэниэхтээх. Кыратыттан бэлэм аска үөрэммит сылгы ыарырҕатара, охторо биллэр. Кыстык иннинэ хаардыыр балаһыанньа үөскүүр түгэнигэр ити этэн аһарбыт овцебык, бизон курдук кыыллары иитэн, кинилэр тэпсибит сирдэринэн сылгыны ыытыахха наада.
Тыа сирин нэһилиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй балаһыанньатын үчүгэйдик быһаарар наада. Дьон сиртэн хостонор баайга эрэнэллэр. Дьиҥэр, баай-дуол аттыларыгар, илиилэрин иһигэр баар. Ол – сүөһү, сылгы, бизон, овцебык. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһөлөөх элбэх сүөһү, сылгы кыдыйылынна, төһөлөөх элбэх сири талах саба үүннэ? Ону иччилиэххэ, көрүөххэ-истиэххэ, сүөһүнү элбэтиигэ үлэлиэххэ баар этэ.
Сир-дойду отунан-маһынан бүрүллэригэр кыыл-сүөл элбиэхтээх. Аҥаар кырыытыттан кыдыйыыны, сиэрэ суох бултааһыны тохтоторго далааһыннаах үлэ наада. Оччотугар эрэ киһилии, айылҕаны кытта биир санаанан олорор кыахтаахпыт.
Оксана ЖИРКОВА
кэпсэттэ.