Киир

Киир

Сорторутааҕыта “Сиэрэ суох силиэстийэ?!”  http://kyym.ru/sonunnar/daj/2733-siere-suokh-siliestije диэн ыстатыйаҕа былырыын алтынньы 1 күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр буолбут ыар өлөрүүгэ Петров Михаил диэн эдэр киһи уорбаланарын туһунан суруйбуппут. Суут буола турар эрээри, бэс ыйын 10 күнүгэр диэри тохтообута. Ол ыстатыйаҕа эрэннэрбитим курдук, суут хайдах баран иһэрин туһунан санаабын этэргэ сананным. Уопсайынан, ааспыт нүөмэргэ суруллубут (чахчы буолбут?!) биэрсийэни бу дьыалаҕа уорбаланааччыны буруйдуур да, көмүскүүр да өрүт ылымматтар. Ол өйдөнөр. Тоҕо диэтэххэ, уорбаланааччы бастаан утаа “билиммит” көрдөрүүтэ баар буолан, бастакыларга – “далаһа”, иккистэргэ “мэһэй” буола сылдьар.

Уорбаланааччыны көмүскүүр албакаат Тихон Дормидонтов – “Михаил кэргэнин сүтэрэн, ыар турукка сылдьан, психологическай аффекка (ол аата, өйүттэн тахсан) киирэн маннык ыар буруйу оҥорбут” диэн биэрсийэни туруорсар! Тоҕо диэтэххэ, Петров хайдах балаһыанньаҕа сылдьан бу ыар буруйу оҥорбутун дуу, суоҕун дуу, быһата, быһылааҥҥа тугу гыммытын ончу өйдөөбөт, сарсыарда биирдэ өйдөнөр. Кини этиитин Москубаҕа Сербскэй аатынан психиатрияны чинчийэр кииҥҥэ 37 сыл үлэлээбит биллэр-көстөр улахан учуонай Сафуанов наукаҕа уонна сокуоҥҥа сигэнэн толору бигэргэтэр.

JAY4

Албакаат Тихон Дормидонтов

Эрдэ эппитим курдук, Михаил Петров бу быһылаан буолуо түөрт уон хонук иннинэ соһуччу ойоҕун сүтэрэр. Атырдьах ыйын 19 күнүгэр эдэр ыаллар доҕотторун кытары айылҕаҕа тахсан шашлыктыыллар, сынньаналлар. Шашлык кэннэ доҕотторун кытары бары Петровтарга кэлэллэр. Эдэр ийэ Кристина дьиэтигэр кэлэн баран, киирбэккэ даҕаны дьүөгэтин кытары тэлгэһэҕэ хаалар. Михаил иһирдьэ кыра кыыһын утута киирэр. Ол кэмҥэ Кристина дьүөгэтин кытары кыратык ону-маны кэпсэтэн баран: “Киирэ тур, мин манна олоро түһүөм”, – диир. Дьүөгэтэ киирбитин кэннэ, туох да сылтаҕа суох олорон эрэ бэйэтигэр тиийинэн, быалана охсон кэбиһэр. Соһуччу! Тоҕотун, туохтан маннык быһыыга тиийбитин ким даҕаны билбэт. Эдэр аҕа ойоҕо хайыы үйэ сүрэҕэ тохтоон бүппүтүн кэннэ биирдэ тахсар. Дьиктитэ диэн, кэргэнниилэр этиспэккэ да, айдаарсыбакка да сылдьар кэмнэрэ! Бу иннинэ кыралаан этиһии ханна барыай?! Ыал аайы баар көстүү буоллаҕа. Ол туһуттан үс оҕолоох ийэ бэйэтигэр тиийиммэтэ чахчы. Кэргэнниилэр хайдах курдук истиҥ сыһыаннаахтарын, тапталларыгар бэриниилээхтэрин, хаартыскалара, суруктара, доҕотторо бигэргэтэллэр, туоһулууллар. Этиһэ, айдаарса сылдьар дьон ити күн ураты истиҥ суруктары суруйбаттар. “Инстаграмтан” көрдөххө, Михаил ити күн кэргэнигэр сибэкки, “Айфон” төлөпүөн бэлэхтээбит уонна киниэхэ анаан олус истиҥ иэйиилээх күүстээх таптал тылларын суруйбут. Онуоха биирдэрэ эмиэ истиҥ тылларынан хардарбыт. Ама, бачча иэйии, билинии кэннэ, ханнык киһи бэйэтигэр тиийиниэр диэри ыар турукка киириэй?! Кристина хайдах туруктаах олорон бэйэтигэр тиийиммитэ – таабырын! Бу кыыс эрдэ (Мишаны көрсүөн иннинэ) бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт үһү. Ол аата, кини кимтэн эрэ кыыһыран дуу, муунтуйан дуу тиийиммит буолбатах. Урут-уруккуттан итинник кыдьыктаах эбит. Маннык ыарыһахтары психо-неврологическай диспансерга эрэ киллэрэн эмтииллэр.

Улахан охсууну ылан

Бу үөрэ-көтө сылдьан, соһуччу ойоҕу сүтэрии эдэр киһи уйулҕатын хамсатара, кутун-сүрүн көтүтэрэ биллэр. “Тоҕо?”, “туохтан?” диэн ыйытык көһөҥө таас курдук ыар санаа буолан, Михаил дууһатын төһөлөөх хаанынан ытаппыта, мэйиитин төһөлөөх ытыйбыта буолуой?! Утуйар уутун умнуор диэри түүннэри-күнүстэри, ойоҕун кытары олорбутун барытын эргитэ саныы сырыттаҕа. Маннык соһуччу охсуу хайдахтаах да доруобай киһини кэбирэтэрэ, кэрбээн сиирэ биллэр. Кута-сүрэ көппүт киһи көҥдөй хаҕа эрэ сырыттаҕа.

Ол туһунан туоһу, уорбаланааччы ийэтэ Е.И. маннык көрдөрүү биэрбит: “Уолум кэргэнэ бэйэтигэр тиийинэн өлбүтүттэн улахан охсуу ылбыт этэ. Санаан кэлэ-кэлэ ытыы сылдьар буолан хаалбыта. Биирдэ субуоннаабыппар: “Утуйбат буолан хааллым”, – диэн кэпсээбитэ. Дабылыанньата наһаа үрдээбит этэ. Кэргэнин туһунан саҥаны, этиини олус ыарыылаахтык ылынара...” Ийэ барахсан уолун бу кэминээҕи туругун курдат биллэҕэ.

Бу туһунан атын туоһулартан эмиэ ыйыталастым. Бары биир киһи курдук Миша кэргэнэ өлбүтүн кэннэ олус улахан охсууну ылбытын, ыар туруктаах сылдьыбытын, сотору-сотору кэргэнин санаан ытыырын, аанньа утуйбат буолбутун, түһээн кэргэнин көрөрүн, ол түүлүгэр кэргэнэ кинини ыҥырарын туһунан кэпсээтилэр. Хомойуох иһин, силиэстийэ кэмигэр бу дьону туоһу быһыытынан ыйыппатахтар. Оттон Мишаны билэр туоһу дьонтон, кэргэнэ өлбүтүн кэннэ туругун ыйытары наадалааҕынан аахпатахтар.

Киһи кута-сүрэ көтөр түгэнэ

Санатар буоллахха, быһылаан кэмигэр эмсэҕэлээччи уорбаланааччы өлбүт ойоҕун сэмэлиир. Миша ол сэмэлиир саҥаттан төлө баран, оһо илик бааһын таарыйтаран, эмсэҕэлээччини охсуталаан киирэн барар. Бу айдаара-куйдаара сылдьар кэмигэр кини ыскаабы суулларарын, үстэ-түөртэ охсорун өйдүүр. Ол кэннэ эмискэ “сүтэн” хаалар. Өйүн сүтэриэр диэри арыгы испит диэҕи, наһаа оннук элбэҕи испэтэх. Бэйэтэ да, туоһулар да этэллэринэн, пиибэ эрэ испит. Ол аата, бу киһи ый анараа өттүгэр соһуччу буолбут ыар охсууттан кута-сүрэ көтөн, онтуттан өрүттүбэккэ, наһаа өр кутурҕаҥҥа сылдьан, аны бу кэмҥэ “бааһын” таарыйтаран, өйүттэн тахсан хаалар. Сарсыарда биирдэ уһуктар.

Эрэбилэ суох эриэхэбэй эспэртиисэ?!

JAY3

Быһылаан кэннэ, алтынньы 16 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри, уорбаланааччы Михаил Петровка Саха сиринээҕи психо-неврологическай дьыспаансыр түөрт анал үлэһиттээх хамыыһыйа эспэртиисэтэ ыытыллыбыт. Онно эмиэ, мэлдьи буоларын курдук, үрдүнэн-аннынан эспэртиисэлэммит. Саамай сүрүн туругун (!) (кэргэнэ өлбүтүн кэннэ ыар туругун) ымпыгар-чымпыгар тиийэ ыйыталаспатахтар. Ыар охсууну ылбытын, улахан истириэскэ сылдьыбытын болҕомтоҕо ылбатахтар! Дьиҥэ, уйулҕаһыт бу саамай көрүөхтээх-истиэхтээх туруга эбээт! Бэл, эспэртиисэ кэмигэр көрөн олордохторуна, кэргэнин туһунан ыйыппыттарыгар, Петров эмиэ ытаан киирэн барбыт. Туох аанньа туруктаах киһи эспэртиисэ кэмигэр ытыы олоруой?! Маны эмиэ болҕомтоҕо ылбатахтар. Быһата, алта боппуруостан икки бүтэһик боппуруоска буоллун-хааллын диэн көтүмэхтик сыһыаннаспыттар.

“Ответ на 5 и 6 вопросы: На основании результатов настоящей судебно-психологической экспертизы, материалов уголовного дела, свидетельских показаний, учитывая индивидуально-психологические особенности Петрова М.Г. (признаки изменения личности по возбудимому типу, склонность к “самовзвинчиванию” в конфликтных ситуациях, к драматизации имеющихся проблем, неустойчивость эмоций и мотивации, повышенная чувствительность к критике в свой адрес), его переживания по поводу смерти жены, конфликт с тещей, вероятное общее эмоциональное напряжение, можно предположить, что высказывания потерпевшего в отношении жены подэкспертного, со слов Петрова М.Г. непосредственно предшествовавшие совершению им преступных действий могли спровоцировать у последнего, эмоциональную реакцию в виде выраженной злости и агрессии по отношению к потерпевшему. Данная эмоциональная реакция не достигла степени аффекта (нет клинических проявлений его четкого трехфазного течения, признаков нарушенного сознания), но по степени своей выраженности могла ограничивать способность Петрова М.Г. в полной мере руководить своими действиями в период инкриминируемого ему деяния” , – диэн түмүгү таһаарбыттар.

Бу эспэртиисэҕэ сокуонунан дьиҥэ 11 бэрэбиэркэлиир ньыма оҥоһуллуохтааҕын баара-суоҕа икки эрэ оҥоһуллубут! Дьэ, туох да диэбит иһин, киһи дьылҕатын быһаарарга аһара көтүмэх сыһыан буолбатах дуо?! Син итэҕэйэн оҥортороллоро буолуо дии. Өссө бу албакаат бэйэтэ билэн-көрөн (!) Москубаҕа тиийэ сыаналаппыт. Манан буоллаҕына, хамыыһыйа өссө төһө киһиэхэ сымыйа эспэртиисэни оҥоро сылдьара биллибэт курдук.

Оттон Москуба улахан учуонайа тугу эппитий?

jay2

Уорбаланааччыны көмүскүүр албакаат Тихон Дормидонтов маннык көтүмэх психолого-психиатрическай эспэртиисэ түмүгүн кытары сөбүлэспэккэ, Москубаҕа – РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир В.П. Сербскэй аатынан Психиатрияны уонна наркологияны чинчийэр кииҥҥэ суут-эспэртиисэ лабаратыарыйа салайааччыта, 37 сыл судебнай-психологическай эспиэр быһыытынан үлэлии сылдьыбыт идэтийбит психолог, психологическай билим дуоктара, Фарит Суфиянович Сафуановтан манна ыытыллыбыт эспэртиисэни сыаналыырыгар көрдөспүт. Бэрэпиэссэр Сафуанов 2019 сыл олунньу 6 күнүгэр маннааҕы дьыспаансыр хамыыһыйата эспиэрдээбит түмүгүн чинчийэн баран, “сокуоҥҥа хайа да өттүнэн эппиэттээбэт ситэтэ суох түмүгү таһаарбыттар, эспэртиисэлэрин бары көрүҥэр хас биирдии пууҥҥа көтүмэхтик сыһыаннаспыттар” диэн сиһилии хоруйдаабыт. Бу суут-сокуон хараҕынан түөрт уонча сыл үлэлээбит уопуттаах, тыһыынчанан киһини эспэртиисэлээбит, чинчийбит бөдөҥ учуонай эспэртиисэҕэ туох сыыһа-халты оҥоһуллубутун, эспэртиисэ бары көрүҥэр сокуону кэһии баарын ыйан туран кырдьыгы уот харахха эппит.

Тугу суруйбутун быһа тардан көрдөрдөххө маннык: “Фактически, вывод об отсутствии у Петрова М.Г. состояния аффекта в момент совершения инкриминируемого ей деяния ничем не обосновывается. Не проанализирована динамика изменений эмоционального состояния подэкспертного после высказывания потерпевшего о его жене. Не раскрыта роль предшествующих переживаний Петрова М.Г., связанных с самоубийством супруги, что имеет значение для оценки степени психотравмирующего характера ситуации, возникшей непосредственно перед совершением правонарушения, хотя в самом заключении психолога указано: “Из показаний И.Е. известно, что Петров М.Г. тяжело воспринял самоубийство жены, много плакал, говорил, что потерял сон, также у него поднималось давление... очень болезненно воспринимал любую информацию по этому поводу”. Не учтены данные о возникновении эмоционального возбуждения Петрова М.Г. после слов потерпевшего о его жене, не дана оценка частичному сужению сознания и частичному запамятованию событий у Петрова М.Г., которые он описывает в показаниях в качестве подозреваемого и обвиняемого, так и во время производства психолого-психиатрической экспертизы. Проигнорировано в заключении психолога и психическое состояние Петрова М.Г. после содеянного – глубокий сон, возможно терминальный, неполное осознание случившегося после пробуждения”, – диэн бэрэпиэссэр Сафуанов маннааҕы эспиэртиир хамыыһыйа итэҕэһин-быһаҕаһын сыанабылын бастакы пуунугар ыйар.

 Өйдүүргүт буолуо, уорбаланааччы Петров М.Г. көрдөрүүтүгэр барытыгар (хара бастакыттан) эмсэҕэлээччини 3-4 сирэйгэ ытыһынан, сутуругунан охсон эрэрин өйдүүр, ол кэннэ эмискэ тугу даҕаны өйдөөбөтүн суруйбут этэ. Сарсыарда биирдэ өйдөнөр! Доппуруоска барытыгар оннук этэр. Ону бу эспэртиисэҕэ тоҕо эрэ болҕомтоҕо ылбатахтар. Ол туһунан Сафуанов: “Необходимо было обосновать отсутствие у подэкспертного состояния патологического аффекта. На возможную оценку психического состояния Петрова М.Г. как патологического аффекта указывают практически полная амнезия собственных действий, терминальный сон”, – диэн иккис пуунугар ыйар.

Түмүк оннугар

Көрөргүт курдук, маннааҕы психолого-психиатрическай хамыыһыйа баары – суох, суоҕу баар гынан сымыйа аҥаардаах оҥорбут эспэртиисэтэ төрдүттэн сөбө суоҕа ырылыччы көстөн кэллэ буолбатах дуо? Баҕарбатахпыт да иһин, ким эрэ интэриэһигэр соруйан оҥоһуллубут эспэртиисэ дуу диэн өйдөбүл үөскүүр! Хомойуох иһин, үрдүк үөрэхтээх, уопуттаах идэтийбит психологтар, психиатрдар үлэлэригэр эмиэ көтүмэхтик сыһыаннаһаллар эбит дуу диэн соһуйа ылынабыт.

Ол иһин да албакаат Тихон Дормидонтов сыччах уорбаланааччыны ыар буруйга тарда сатыыр сыаллаах сиэрэ суох ыытыллыбыт силиэстийэни, хас да өрүккэ сокуону кэспит эспэртиисэ түмүгүн кытары сөбүлэспэтин биллэрбит эбит. Бу кинилэр туруорсууларынан, уорбаланааччы ыар буруйу оҥорбут да буоллаҕына, өйүттэн тахсан баран, ол аата психологическай аффекка сылдьан оҥорбут буолуон сөп.

Сунтаардааҕы суут дьыаланы киһилии көрөн, уорбаланааччы ыар туругар болҕомтотун ууран, сиэрдээх силиэстийэ хаттаан ыытылларыгар, сокуон бары ирдэбилигэр эппиэттиир эспэртиисэни саҥаттан ыыталларыгар уураахтыа диэн эрэнэ саныыбыт.

 

Бэй. кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар