Киир

Киир

Быйыл ыам ыйын 12 күнүгэр биллиилээх эколог, уопсастыбанньык, 1988 с. Чернобыл­лааҕы АЭС саахалын туоратыы ыстаабын начаалынньыга, атомнай генератор айааччыта, астаапкаҕа олорор 70 саастаах полковник А.И. Чомчоевы өлөрөргө холоммут сэбилэниилээх саба түһүү туһунан “Сталинград” ханаал ю-тубка устубут биэриилэрин барыта 770 тыһ. киһи көрбүт. Ол дьон 4,5 тыһ. кэмэнтээрийдэригэр Анатолий Игнатьевичка доруобуйаны, үтүөнү баҕарыы таһынан буруйдаахтар сокуон хараҕынан буруйу сүгүөхтээхтэр диэн ирдииллэр. Оттон бу дьыала Дьокуускайга ханна тиийбитэ иһиллибэт.

 Дьокутааттары “уоскутуу”
 

Ааспыт өрөбүллэргэ бас­саапка “Бу туох үлүгэр сирэйэ-хараҕа суох быһыыный” диэн суруйуу тарҕанан дьону со­һутта. Онно Ил Түмэн дьокутааттара Елена Голомарева уонна Мария Христофорова туруорсууларын кэнниттэн, А.И. Чомчоевка саба түһүү дьыалатыгар буруйдуур ыстатыйата уларытыллан, ИДЬМ силиэстийэлиир управлениетыттан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтигэр (СК) бэриллибит курдуга. Ол эрээри дьыаланы сэмээр СК-тан Дьокуускай куорат иккис отделыгар силиэстийэҕэ төттөрү ыыппыттар диэн суруллубут. “Чомчоевы быһаҕынан өлөрөргө холонуу ыарахан буруй буоларынан, ыстатыйата кытаатта” диэбиттэрэ убаастабыллаах дьокутааттары уонна уопсастыбаннаһы харахтарын баайыы курдук да буолбут диэххэ сөп.

Норуот дьокутааттара Е.Голомарева уонна М.Хрис­тофорова Чомчоевы өлөрөргө холонууну чэпчэки ыстатыйанан буруйдааһын сыыһа диэн туруорсууларыгар 2022 бэс ыйын 16 күнүгэр СӨ ИДьМын миниистирин э.т. В.А. Климов харда суруга кэлбитэ. Онно кини ыам ыйын 12 күнүгэр РФ ХК 111 ыстатыйатын 2-с чааһынан көбүтүллүбүт “Умышленное причинение тяжкого вреда здоровью, опасного для жизни человека, совершенного с применением предмета используемого в качестве оружия” диэн 12201980069000 №-дээх холуобунай дьыала 2022 с. бэс ыйын 25 күнүгэр буруйдааһына “Покушение на убийство, то есть умышленные действия лица, непосредственно направленные на совершение преступления – умышленное причинение смерти другому человеку, если при этом преступление не было доведено до конца по не зависящим от этого лица обстоятельствам” диэн уларытыллан, РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин СӨ силиэстийэлиир управлениетыгар салгыы силиэстийэҕэ ыытылынна диэн суруйбут этэ. Чахчы, ол кэннэ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа буруй сиэрдээхтик силиэстийэлэнэр буолла диэн уоскуйбута.

Бу – Чомчоевы өлөрөргө холонуу буолбатах дуо?

Күндү ааҕааччы, билигин бастаан норуот дьокутааттара, уопсастыбаннас полицияттан Чомчоевка саба түһүү ыстатыйатын кытаатыннарарга туруорсубуттара сөп эбит дуу, суох дуу диэн сыаналаан көрөргөр А.И. Чомчоев бааһыран сытан миэхэ туох буолбутун кэпсээбитин урут тахсыбыт суруйуубуттан санатыым.

img 7241 1 scaled

А.И. Чомчоев: “Түүн 2 саҕа­на хараҥа этэ, ыт үрэрин истэн таһырдьа тахсыбытым. Көр­бү­түм, дьиэ чугаһыгар биир икки миэтэрэ кэриҥнээх улахан баҕайы итирик киһи хаама сылдьара. “Үрэххэ салгыы хайдах барабыт?” диэбитэ. Ону мин “Лесхоз бобор, төннүҥ, барбатаххытына, полицияны ыҥырыам” диэбитим. Киһим “бэйэбит полицияларбыт” диэбитигэр көрбүтүм, чугас соҕус “ФГУП охрана Росгвардия” диэн суруктаах “УАЗ” турара. Суоппар эмиэ итиригэ. Салгыы кэпсэппиппитигэр “Барабыт” диэн барбыттара. Мин кэннилэриттэн полигоҥҥа киирэр суолга турар шлагбауммун хатаан кэлэн баран, утуйбутум. Онтон дьиэҕэ баар кыра ыт үрбүтүттэн уһуктубутум. Таҥнан тахсыбытым, били до­руобай киһи кэлэн дьиэттэн чугас олорор эбит. Илиитинэн ыҥырар курдук далбаатаабыта. Тиийбиппэр “Росгвардиябыт” диэн баран дастабырыанньатын ууммута. Ону көрө турдахпына, соһуччу олус күүскэ быарга охсубута. Нэһиилэ тыыммын ыла туран көрбүтүм “Макаровка” майгынныыр бэстилиэти хостоон таһаарбыта. Аттыгар суумкалааҕа уонна хаата аһаҕас харабыыҥҥа майгынныыр саа сытара. Ону көрөөт, дьиэбэр сүүрбүтүм, кэннибиттэн хаста да ыппыта. Дьиэттэн доруоп саа ылан баран, “Бар” дии-дии, тахсыбытым, киһим эмиэ ыппыта. Ол иһин салгыҥҥа ытыалаабытым. Киһибин бэриннэрэн, саатын, бэстилиэтин былдьаабытым уонна таһаараары илдьибитим. Хаалаах саатын, суумкатын бэйэтигэр туттарбытым, иннибэр 6-7 м тэйиччи испитэ. Онтон эмискэ малларын быраҕан баран, утары сүүрэн кэлбитэ. Мин нэһиилэ ойуур диэки ойон баран эргийэн көрбүтүм, быһах килбэс гыммыта, түөскэ анньыбытын билбитим. Нэһиилэ быһаҕы биититтэн тутан ылбытым (онтон атын онно таах өлөрөр эбит – ВС.). Мин охтон түспүтүм, анараа киһи миигин миинэн олорон, ыйааһынынан баттаан, быһаҕы түөспэр киллэрэ сатаабыта”.

А.И. Чомчоев, анал байыаннай чаастарга сулууспалаабыт буолан, онно үөрэммит ньыматынан быһаҕы төлө охсубут. Быһаҕа суох хаалан баран, киһитэ миинэн олорон сутуругунан сирэйгэ биэртэлээбит (тиистэрин көтүрүтэ охсубут). Төһө да бааһырдар, эмиэ анал албаһы туттан, миинэн олорор икки миэтэрэлээх киһитин бэйэтиттэн нэһиилэ суулларбыт. Чомчоев саата икки ардыларыгар сытарын анараа киһи ылаары сарбас гыммытын Анатолий Игнатьевич урутаан ылбыт. Анараа киһи ол сааны ылбыта буоллар, баҕар, Чомчоевы сонно ытан да кэбиспит буолуон сөбө.

Чомчоев киһитин саанан куттаан тэйиппит, бааһырбыт да буоллар, хаалаах саатын, суумкатын былдьаан дьиэтигэр төннүбүт. Байыаннай буолан, тыҥаҕа бааһырбыт киһи быраас көмөтүн ылбатаҕына, биир чааһынан хаана баран өлөрүн билэр буолан, массыынатын собуоттаан куораттыырга быһаарыммыт. Чахчы, “Суһал көмөнү” Кэҥкэмэҕэ кэтэһэн хаалбыта буоллар, өлөр эбит.

Массыынатынан шлаг­баумҥа чугаһаабыта били киһитэ кэтэһэ сылдьар эбит. Массыынатын тохтотон баран, бааһырбыт, хаан буолбут киһи саһан тиийэн шлагбаумун арыйбыт. Төннөн истэҕинэ, эмискэ киһитэ иннигэр баар буола түспүт, эмиэ утары кэлбит, “Тохтоо” диэбитин истибэтэх. Онуоха хаана бара сылдьар бааһырбыт киһи ыксаан, көмүскэнэн бааһырдардыы да ытыан сөптөөҕө. Ол эрээри анал үөрэхтээх байыаннай, полковник киһи ыксаабатах, эмиэ байыаннай ньыманан, куттаары, икки атаҕын икки ардыгар сиргэ ыппыт, атаҕын таппат гына. Оннук ыттахха, киһи эчэйбэт эбит. Куттас киһи тута сууллан түһэр, өссө куһаҕанынан холлор үһү. Дьэ, ол кэннэ истибэккэ саба түһэр киһини биирдэ тобукка ытыахха сөп үһү. Чомчоев куттаан ыппыта киһитэ сууллан түспүт, бааһырбатаҕын көрбүт (хаан ыһылла түһүө этэ буоллаҕа). Онтон массыынатыгар олорон куоракка дьиэтин аттыгар тиийбит. Онно олорон туох буолбутун кэпсээбитин видеоҕа устубуттара соцситимнэринэн киэҥник тарҕаммыта. Хаана баран “Суһал көмө” кэлбитин кэннэ, өйүн сүтэрбит. Хойутаабыта буоллар, аара суолга быстыах эбит.

Көрөргүт курдук, буруйданааччы, соруйан сойуоласпыт курдук, сэтэрэн кэлэ-кэлэ, Чомчоевка үстэ төхтүрүйэн саба түспүт. Бастаан ытыалаабыт бэстилиэтэ кэлин биллибитэ “травматическай” эбит. Оҕо оонньуура буолбатах: чугастан төбөҕө табан киһини өлөрүөн сөптөөх кутталлаах сэп. Иккиһин кистээн испит быһаҕынан саба түһэн бааһырдар, өлөрө сыһар. Быһаҕын төлө оҕустаран баран, ыйааһынынан баттаан олорон сутуругунан дөйүтэ, үлтү сынньа сатыыр. Чомчоев “Ити киһи анал байыаннай бэлэмнэниилээх эбит, ону билбитим” диэбитэ. Байыаннай киһи билэр буоллаҕа. Туох баар сэбин-сэбиргэлин былдьатан да баран, шлагбауму арыйбытын кэннэ, өссө сорунан саба түһэрдии кэлэр. Хаана бара сылдьар киһи утарылаһыа суоҕа, мөлтөөбүт диэн сэнээтэҕэ буолуо. Анатолий Игнатьевич, чахчы, кытаанах оҥоһуулаах, үчүгэй бэлэмнээх буолан, хаста да сорунан өлөрө сатааһынтан тыыннаах хаалбыт буолбатах дуо?

Маннык үлүгэр чахчы буолбутун кэннэ, СК бэлииссийэттэн ыстатыйата ыараан кэлбит дьыаланы ылыммакка, төттөрү ыыппыта букатын өйдөммөт.

Анараа дьону быыһыы сатыыллар дуу?
 

А.И. Чомчоев төрөппүт уола, сокуоннай бэрэстэбиитэлэ И.А. Чомчоевы кытта кэпсэтии кэннэ, хайдах эрэ итинник санаа охсуллан ааһар курдук. Игнат Анатольевич дьыаланы СК төттөрү полицияҕа, 2-с отделга, тоҕо төннөрбүттэрин ирдэспитигэр Дьокуускай куорат борокуруорун солбуйааччы К.В. Малюта суругар: “07.06.2022 уголовное дело без принятия следователем СО по г. Якутску СУ СК РФ по РС (Я) возвращено в СУ МУ МВД России “Якутское” (2 ОП) в связи с тем, что в действиях подозреваемого не усматриваются признаки состава преступления, предусмотренного ч.3 ст. 30 – ч.1 ст. 105 УК РФ, поскольку выводы СУ МВД России “Якутское” о наличии в действиях подозреваемого Ермолова Д.Н. признаков преступления сделаны преждевременно, без выполнения необходимых следственных действий. В связи с вышеизложенным, оснований для производства расследования данного уголовного дела следователем СО по г. Якутску СУ СК РФ по РС (Я) в настоящее время не имеется” диэн малтаччы суруллубут.

Көрөргүт курдук, Чомчоев дьыалата Силиэстийэлиир кэмитиэт уонна полиция икки ардыгар “хайдах буолара биллибэккэ тэйгэччи ыйанан” хаалбыт.

Игнат Анатольевич сөҕөн, кэлэйэн да маннык кэпсээтэ: “Бүгүҥҥэ диэри ким да полицияттан тахсыбат да, ыйыппат даҕаны. Дьыала силиэстийэлэнэрэ биллибэт. Албакааппыт Е.Т. Дягилевынан көрдөтөн-көрдөтөн силиэдэбэтэл дьахтары ааспыт нэдиэлэҕэ булбуппут. Албакаат полицияҕа бара сылдьан “силиэдэбэтэл төлөпүөннээн, ыҥыран кэпсэттин” диэн дааннайдарын барытын хаалларбыта. Ким да билиҥҥэ диэри эрийэн ыҥыра илик. Онон, дьыала хайдаҕа төрүт биллибэт. Албакааппыт СӨ ИДьМ силиэстийэлиир управлениетын начаалынньыга Ильини кытта көрсө сатаабыта. Төлөпүөнүнэн кэпсэппиттэрэ да, бэс ыйыттан 2-3 көрсө сатаабыта да – көрсө иликтэр. Болдьоһон баран тиийдэҕинэ, наар суох буолар үһү. СК-тан 2-с отделга бэс ыйын ортотугар төннүбүтүгэр Ильин “дьыала урукку силиэдэбэтэлигэр төннүөҕэ” диэбит. Бастакы силиэдэбэтэл – уоппускаҕа, атырдьах ыйыгар үлэтигэр тахсыахтаах. Албакаат кинилиин сибээстээх. Бу силиэдэбэтэл дьыалатын түргэнник оҥорон, ыстатыйатын уларытан, Силиэстийэлиир кэмитиэккэ биэрбитэ. Инньэ гынан, тустаах үлэтин үчүгэйдик оҥорбута. Оттон билигин олох киһи өйдөөбөт балаһыанньата буолла, ким тугу гынара биллибэт. Дьыала тоҕо тохтообутун дуу, бытаарбытын дуу кимиэхэ да үҥсэрбитин, ким быһаарыан сөбүн да – киһи олох өйдөөбөт үлүгэрэ буолла. Кимиэхэ үҥсэн суруйарбытын да билбэппит. Ол суруйаммыт тугу эмэ ситиһиэхпит эмиэ биллибэт. Албакааппыт сонньуйан: “Биһигини ыҥырбат буоллахтарына, ол аата, биһиги баарбыт да наадата суох курдук, анараа дьон туһаларыгар дьыала ыытылла сытар диэн саныахха сөп”, – диир. Чахчы, аҕам дьыалата тоҕо итинник эргийбитин, ис дьиҥин биһиги билбэппит.

Биһиэхэ кыһамматтара массыынаттан кытта көстөр. Силиэдэбэтэл бастаан олох тыыппаккыт диэбитэ. Икки ыйы быһа “Эспэртиисэни хаһан оҥороҕут, массыынаны сууйабыт дуу суох дуу?” диэн ыйыта сатаабыппыт. Массыына икки ый хаан-сиин буолан турбута. Силиэстийэлиир үлэни оҥорботохторо. От үлэтигэр массыынаҕа наадыйан, сууйарга күһэллибиппит. Албакаат “сууйуохха сөп, оччоҕо анараа киһини буруйдуур улика аҕыйах буолуо” диэбитэ.

Көрөргүт курдук, А.И. Чомчоевка саба түһүү дьыалатын суола “күһүҥҥү ардахха” суураллан, сүтэн хаалыан да сөп курдук буолбут. Биллэр дьонунан ыйыттаран көрбүппэр, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биллибит бу үлүгэр айдааннаах дьыала бэлииссийэҕэ төннүбүтүн быраабы араҥаччылыыр уорганнар сорох тустаах салайааччылара да истибэтэхтэр эбит. Чэ, ол да буоллар, тустаах уорганнарбыт сааһыланан, бу дьыала сиэрдээхтик сууттанан, буруйдаахтар оҥорбут буруйдарын иһин толору эппиэттиэхтэрэ диэн эрэллээх хаалабыт.

Владимир Степанов

Бүтэһик сонуннар