Анатолий Чомчоевы Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа уонна тас дойдуларга элбэх дьон билэр. Бастатан туран, учуонай, эколог уонна уопсастыбанньык быһыытынан. Анатолий Игнатьевич олоҕун аргыһыныын хоту сир үлэһит дьонун олоҕун тупсарар соруктаах элбэх научнай үлэ, арыйыы ааптардара буолаллар. Ону сэргэ Чомчоевтар саха ынаҕын иитэн төрөтөллөр-ууһаталлар, бар дьоҥҥо олохтоох ас туһатын, искэн ыарыыттан харыстаныы, эмтэнии туһунан, Саха сирин култууратыгар, устуоруйатыгар, экологиятыгар сыһыаннаах лиэксийэлэри ааҕаллар.
Дьон кыһалҕатын үчүгэйдик өйдүүр учуонай кыра кыамталаах атомнай генераторы айбыта хаһыс да сылыгар барда. Бу генераторы үлэлэтии, адьас кыра ороскуоттааҕын ааһан, 500 киһилээх нэһилиэнньэни тохтоло суох 50 сыл устата хааччыйар кыахтаах диэн, кини олоххо киллэрэн Саха сиригэр киэҥник туһаныллыан баҕарар. Хомойуох иһин, бырайыак аныаха диэри үп-харчы өттүнэн өйөбүлү кыайан ылбакка турар. Анатолий Игнатьевич бырайыагын, тас дойдулар кытары ыйыта сылдьыбыттарын үрдүнэн, кимиэхэ да атыылаабакка, биэрбэккэ, дойдутугар хаалларар санаалаах.
Бу саас Анатолий Игнатьевич олус соһуччу уонна улахан охсууну ылбыта. Ыам ыйын 12-c түүнүгэр хара санаалаахтар Чомчоевтар полигоннарыгар күүс өттүнэн киирэннэр Анатолий Чомчоев олоҕор суудайбыттара. Онно кинини тус уопута, мындыр өйө, күүстээх санаата эрэ быыһаабыта. Иэдээннээх быһылаан буолуоҕуттан икки ый ааста даҕаны, саба түһүүгэ, киһини ыараханнык эчэтиигэ буруйданааччылар эппиэккэ тардылла иликтэр. Силиэстийэ дьыаланы суукка ыытарга ыксаабат курдук. Оннооҕор Чомчоевтар массыыналарын, силиэстийэлиир дьайыылары оҥоробут диэн ааттаан ылан бараннар, төттөрү биэрэ иликтэр. Онтон сылтаан, куораттан тэйиччи олорор саастаах ыал эбии уустуктары көрсөллөрө биллэр суол.
Ол быһылаан кэннэ дьон Анатолий Игнатьевиһы өссө күүскэ ытыктаабыта. Ити кэмҥэ кинини уопсастыбаннас күүскэ өйөөбүтэ, дьиэтин-уотун өрө тардыыга харчы хомуйуутун саҕалаабыта. Ол түмүгэр, балтараа эрэ ый иһинэн Чомчоевтар олорор полигоннарыгар Кэнкэмэҕэ эргэ холомо оннугар икки этээстээх саҥа дьиэ тутуллан дьэндэйбитэ. Учуонай киһи иккис этээскэ элбэх түннүктээх сырдык уонна киэҥ үлэлиир хостоммута.
Уопсастыбаннас өйөбүлэ итинэн эрэ муҥурдаммата. Бэҕэһээ, от ыйын 12 күнүгэр, «Ситим» медиа-бөлөх ХЭТ, "Кыым" норуот хаһыата уонна "Саха сирин Арктиката" уопсастыбаннай тэрилтэ биир нэдиэлэ иһигэр Анатолий Чомчоевка аналлаах «Ким доҕордоох – ол дьоллоох!» өйөбүл аахсыйа-кэнсиэр тэрийдилэр. Манна быһаччы дьиҥ норуот дьокутааттара Мария Христофорова, Елена Голомарева, уопсастыбанньык Марина Платонова-Хомпорууна уонна «Ситим» медиа-бөлөх үлэһиттэрэ сүүрдүлэр-көттүлэр.
Кэнсиэри тэрийиигэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Антонида Корякина салайааччылаах А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ улаханнык көмөлөстө. Биллиилээх ыытааччы Сардаана Сивцева-Дана Сард, тэрээһин ис хоһоонун суруйан, Сахабыт сирин эмиэ биир биллиилээх ыытааччыта Георгий Белоусовы кытта ис сүрэхтэриттэн олус сэргэхтик, истиҥник иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кэнсиэркэ кэлбит дьон саалаҕа баппат элбэх көрөөччүттэн улаханнык соһуйдулар. Билиэт барыта атыыланан бүтэн, сорох дьон олорон көрөр миэстэтэ суох хааланнар, ыксаатылар, айманнылар. Онуоха үлэһиттэр, эбии олоппостору киллэрэннэр, баҕалаах дьону барыларын батардылар.
Өйөбүл кэнсиэркэ үөрүүнү кытта, сорохтор бэйэлэрэ тылланан тураннар, биллиилээх артыыстар, ырыаһыттар, ансаамбыллар кытыннылар. Кинилэри барыларын киэн тутта ааттыыбыт. Бу - Владимир Заболоцкай, Анастасия Готовцева, Владимир Татаринов, Тамара Попова-Хадаана, Герман уонна Клавдия Хатылаевтар, Владимир Индигирскэй, Валентина Романова-Чыскыырай, Саина, Юрий Баишев, Наталья Михалева-Сайа, Людмила Акимова-Сунтаар Күөрэгэйэ, Санита Ай, Дунаайа уонна Хадаана кыттыылаах “Сунтаар суһума” ансаамбыл, Михаил Рожин, Анастасии Габышева «Сыдьаайа» айар бөлөҕө, Дорҕоон Дохсун, Татьяна Балаганчик, Долгун Кыыһа, Роман Алексеев, Сергей Алексеев, 11 саастаах Алик Алексеев, Строительнай уокурук дьахталларын сэбиэтин «Птица счастья» ансаамбыла.
Ытык киһини, учуонайы өйүү, махтал тылларын этэ кэллилэр: Ил Түмэн наукаҕа, үөрэҕириигэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, Ил түмэн бэһис уонна алтыс ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, “Сахаэнерго” генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев, РАЕН академига, Саха сиринээҕи научнай киин регионнааҕы, экономическай уонна социальнай чинчийиилэргэ отделын сэбиэдиссэйэ, экономика билимин дуоктара, СӨ норуодунай хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас уонна Сунтаар улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо Александр Пахомов, Саха сирин саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова кэллилэр. Феодосия Васильевна Чомчоевтарга Анатолий Игнатьевич биир дойдулаахтарын - Үөһээ Бүлүү олохтоохторун аатыттан баһылык Владимир Поскачин илии баттааһыннаах 100 000 солкуобай сууммалаах сэртипикээти туттарда.
Көрөөччүлэр тэрээһин устатыгар экраҥҥа Анатолий Чомчоев олоҕун, үлэтин-хамнаһын, дьиэ кэргэнин сырдатар уһулуулары, хаартыскалары кэрэхсии көрдүлэр. Хас биирдии тыл этии, кыттааччы нүөмэрин дохсун ытыс тыаһынан атаардылар. Анатолий Игнатьевич кэнсиэригэр анаан-минээн кыттаары, Бүлүү Тыымпытыттан айаннаан кэлбит 11 саастаах сиэн быраатын Алик Алексеев ырыатын долгуйа иһиттилэр. Тэрээһин бүтүүтэ Анатолий Игнатьевич уустук кэмҥэ өйөбүл, күүс-көмө буолбут бар дьонугар ис сүрэҕиттэн махтаммыт видеотын көрдөрдүлэр. Хас биирдии көрөөччү, бэйэтин Чомчоевтар оҥорор үтүө дьыалаларыгар, ол барыта инникитин олоххо киириитигэр сэмэй кылаатын киллэрэн, ис сүрэҕиттэн үөрдэ-көттө.
Түмүккэ норуот дьокутаата Мария Христофорова уонна Чомчоевтар кыыстара Туйаара Потапова кэнсиэркэ кэлэн олорор, тэрийсибит, сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо барыларыгар, култуура уораҕайын үлэһиттэригэр, кыттыбыт артыыстарга муҥура суох махталларын эттилэр. «Ийэлээх аҕам үлэлэрин үрдүктүк сыаналаан, өйөбүл буола кэлбиккитигэр барҕа махтал!», - диэн Туйаара, улаханнык долгуйан туран, махтанна.
Өйөбүл аахсыйа-кэнсиэртэн барыта 400 000 кэриҥэ харчы киирдэ. Кэнсиэркэ кыайан сылдьыбат сорох дьон Анатолий Игнатьевичка бэйэтигэр ыыттылар. Ол барыта кини доруобуйатын тупсарарыгар уонна ураты суолталаах полигонун бөҕөргөтөрүгэр туһуланар. Ити курдук «Ким доҕордоох – ол дьоллоох!» кэнсиэркэ норуот Анатолий Чомчоевы ытыктыырын, сөбүлүүрүн уонна киниэхэ ис сүрэҕиттэн үтүөнү баҕарарын толору көрдөрдө.
Тэрээһини сырдатта Күндэли