“Кыым” хаһыат сэтинньи 25 күнүгэр кыстык хаамыыта, өйөбүл көрүллүүтэ хайдах баран иһэрин, туох уустук-кыһалҕа баарын билсээри “Кыстыкка бэлэм, бүгүҥҥү турук хайдаҕый?” диэн “Ил Түмэн” хаһыат, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кыттыылаах ВКС мунньаҕы тэрийдэ. Кэпсэтиини норуот дьокутаата, “Ил Түмэн” бэчээттиир дьиэ” АУ генеральнай дириэктэр-эрэдээктэрэ Мария Христофорова иилээн-саҕалаан ыытта. Улуус, нэһилиэк баһылыктара, солбуйааччылара, ТХУ салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ, АПК тэрилтэлэрин салайааччылара, бааһынай хаһаайыстыбалаахтар кытыннылар.
ТХМ-тан миниистири солбуйааччы Прокопий Николаев, ТХМ Сүөһү иитиитигэр, племенной кэтээн көрүүгэ уонна кэпэрээссийэҕэ хаһаайыннааһын дьоҕус көрүҥэр дэпэртээмэнин салайааччыта Николай Питимко, Үүнээйи салаатыгар, мелиорацияҕа, материальнай-тэхиниичэскэй хааччыйыыга уонна тыа хаһаайыстыбатын информатизациятыгар дэпэртээмэнин салайааччыта Вячеслав Гаврильев иһитиннэрии оҥордулар, ыйытыыларга хоруйдастылар.
Прокопий Николаев:
– Бастаан от былаана 75 % туолуо диэн сэрэхэдийии баара. Ол гынан баран, бырабыыталыстыба эрдэттэн мобильнай биригээдэлэри тэрийиини өйөөн, үбүлээһин кэмигэр баран, дьоммут күһүн хойукка диэри сыралаһан, от 90 %-на туолла. Тиэйии-таһыы өттө быһаарыллара хаалла. Быйылгы кыстыкка 24504 т от тиэллиэхтээх. О.и. улуустар икки ардыларыгар – 5993 т , улуустар истэригэр – 1382 т, мобильнай биригээдэлэр оттообуттарыттан 17128 т тиэллиэхтээх.
Билиҥҥитэ 5234 т тиэрдилиннэ. Итинтэн Бүлүүгэ – 1220 т от былааннаммытыттан 712 т тастылар. Горнайга 2658 туоннаттан – 1324 т, Кэбээйигэ 2976 т – 1234 т тиийдэ. Ону тэҥэ ордук уустугурбут улуустарга 1119 т комбикорм тиэрдиллиэхтээх. Итинтэн Кэбээйигэ – 109 т, Горнайга – 90 т, Бүлүүгэ – 172 т, Өлүөхүмэҕэ – 140 т, Чурапчыга – 408 т. Таһыыга эппиэттээх эпэрээтэринэн “Якутоптторг” талыллан, таһа сылдьар. Сүрүннээн, Чурапчыга, Бүлүүгэ кыралаан илтэ.
Эпэрэтээбинэй штаб быһаарыыта таҕыста да, оту, сүөһү концентрированнай аһылыгын таһыыга анаммыт 135 мөл. солк. ахсынньы саҥатыгар ыытарга бэлэммит. Улуустар билэллэр, сибээстэһэ олоробут.
Николай Питимко:
– Сүөһүгэ ирдэнэр аһылык эдинииссэтин нуормата сыллата 12 ц курдук буолар эбит буоллаҕына, бу күһүн – 9, 1 ц этэ. Ол иһин чэпсэтиилээх концентрированнай аһылыгы эбэргэ быһаарбыппыт. Өрөспүүбүлүкэ таһыттан быйыл от киллэрбэппит. Улуустар, нэһилиэктэр икки ардыларыгар ылсыы-бэрсии суотугар хааччыллыахтаах.
Сэтинньи 24 к. туругунан өрөспүүбүлүкэ 211130 ынах сүөһүлээх. Былырыыҥҥытааҕар 1,8 % аҕыйах. Ол оннугар ынах ахсаана 1,7 % эбиллэн, 77768 буолла. Саҥа көмө ньыма киирбитэ, ЛПХ ынаҕар 35 тыһ. солк. бэриллибитэ итиннэ көмөлөстө.
229524 сылгылаахпыт, о.э. иннинээҕи сылтан 0,7 % көҕүрээтэ. Оттон биэ ахсаана 2,6 % эбилиннэ. Быйыл Ил Дархан биэҕэ көрүллэр субсидияны 2-тэн 5 тыһ. солк. диэри үрдэтэргэ соруйда. Ол эмиэ үтүө түмүгү биэриэ дии саныыбыт.
Быйыл сир инчэҕэйдии тоҥон, сылгы хаһыыта уустугуруон сөп. 473 сылгы эбии аһатыыга киирдэ. Былырыын баччаҕа 2 тыһ. тахса киирбитэ. Ол эрээри холкутуйар эрдэ. Балаһыанньа түргэнник, нэдиэлэ иһинэн уларыйар. Былырыын олунньуга, кулун тутарга эмискэ эбии аһатыы наадата тирээбитэ. Ол иһин эрдэттэн үлэлэһэн, “Якутоптторг” нөҥүө 1700 т зернофураж тиэрдиллиэхтээх. Халлаан сылаас туран, маассабай идэһэ кэмэ тардыллан, хаһаайыстыбалар кыстыахтаах отторо көҕүрээн, 90 %-на хаалбыт. Былырыын от маннык түргэнник көҕүрээбэтэҕэ.
Мария Христофорова (мантан салгыы – МХ): Ордук ханнык улуустар кытаанах балаһыанньалаахтарый?
– Барыларыгар да судургута суох кыстык иһэр. Арай Хаҥалас, Нам уонна Амма улуустарыгар сүөһү аһын бэлэмэ балачча үчүгэй этэ. Сүөһү-сылгы аһын бэлэмэ хаһааҥҥытааҕар да уустук усулуобуйаҕа ааста.
Вячеслав Гаврильев:
– Быйыл тиэрдиллиэхтээх от былырыыҥҥы курдук элбэх буолбатах. Үлэ эрдэттэн ыытыллан, бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн, 1 т бэлэмнэнэр окко 1 тыһ. солк. суоттаан үп көрөн, мобильнай биригээдэлэр 50 тыһ. т оттоотулар. 20-чэ улууска 80 мөл. солк. барбыта. Ону таһынан отторун 60 км -тан тэйиччи сиргэ оттообуттарга тиэрдии ночоотун сабыныыга үп көрүллэр. Итинтэн чугаска оттообут хаһаайыстыбалар тиэниини бэйэлэрэ уйуналлар. Мантан салгыы бүддьүөт үбүлээһинэ, турук хайдаҕыттан көрөн, уларыйыы киириэн сөп. Билиҥҥитэ 15 улуустан 125 тыһ. т оту тиэйэргэ сайаапка киирэн сытар. Ол үбэ ахсынньы ортотугар тиийэн тиийиэҕэ. Улуустар бэлэм олорон, түргэн-тарҕан соҕустук талыыны (отбор) ыытан, түргэнник тустаах аадырыһыгар ыытан, үбү тус аналыгар тутта охсоллоругар ыҥырабын. Миэстэтигэр бэрээдэк наада. Суһал ыстаап быһаарыыта кэлэр нэдиэлэҕэ тахсыаҕа.
Владислав Иванов, Үөһээ Дьааҥы улууһун баһылыга:
– Халааннаан, уһуннук ардаан, 17 нэһилиэк сирэ олоччу ууга хабыллан, олус уустук сайын ааста. Дьоммут-сэргэбит үлэһит, тулуурдаах буолан, тутуспутунан турунан, өрөспүүбүлүкэбит, бырабыыталыстыба, ТХМ улаханнык өйөөн, үп кэлэн, мобильнай биригээдэ тэриллэн, дьон санаата көнөн, оппут 73,2 %-нын булуннубут. 2152 сүөһүбүтүн, 7026 сылгыбытын кыстыгы этэҥҥэ туоратар соруктаахпыт. Улуус 16 нэһилиэгиттэн биирдиилээн 86-90 % оттообуттар бааллар. Ууга барбыт нэһилиэктэрбит отторо аҕыйах. Холобур, от былаанын Боронук – 64%, Дулҕалаах – 46,8%, Суордаах – 44,2%, Верхоянскай к. 42,3 % эрэ толорбуттара. Улуус иһигэр ордугу оттообут дьонноохпут, кинилэр кырыымчык оттоохторго атыылыыллар. Ыраах нэһилиэктэн от атыыласпыттарга онтуларын тиэнэллэригэр улуус бүддьүөтүттэн үп көрөөрү олоробут. Аны сорох нэһилиэктэр от былаанын төһө да 60-90 % толорбут курдуктарын иһин, кинилэргэ киирсэр тохсунньуга диэри тиийбэт оттоох ЛПХ-лар, тэрээһиннээхтэр эмиэ бааллар. Онон кимиэхэ төһө ото тиийбэтин, төһөҕө диэри сиир оттооҕун чопчулаһан, ТХУ-га сорудахтаан, кыраапык оҥорторон эрэбин. Улууска оту тиэйиини саҕалаатахпытына, бастакы уочарат отторо бэлиэр тиийбэт хаһаайыстыбаларга тиэйтэриэхпит. Биһиэхэ 10 тыһ. 183 т от, 602 т концентрированнай аһылык кэлиэхтээх. Сайаапкаласпыппыт. Таһыынан дьарыктаныахтаах эпэрээтэри кытта көрсө сылдьыбытым. Бүгүн өссө 300 т окко эбии ыыттыбыт. Сүрүн кыһалҕабыт: үп-харчы субсидия быһыытынан кэллэҕинэ, биһиги 800-чэ ЛПХ-ны, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары кытта Сөбүлэҥ түһэрсэн баран, хаһаайыстыбалар тус счеттарыгар түһэриэхтээхпит. Салгыы кинилэр аны “Якутптору” кытта дуогабардаһан, кинилэргэ төлөбүрү ыытыахтаахтар. Биһиги нэһилиэктэрбит чиэски сыталлар, суол-иис уустуктаах. Ол иһин бытаарыы тахсыбатын диэн, быһа барыллаан дуогабардары оҥортуу олоробут.
МХ: ТХМ ыкса үлэлэһэ олорор инигит? Сүрүнэ, үп-харчы кэмигэр тиийиэн наада?
– Нэдиэлэ аайы ВКС нөҥүө сүбэлээн-амалаан биэрэллэр. Балаһыанньа, бэрээдэк өттүгэр методическай эрэкэмэндээссийэ ыыппыттара. Маннык бииргэ үлэлээтэхпитинэ эрэ, кыстыгы туоруур кыахтаахпыт. Үп кэлиэ, бэйэбит бытаарымыахпытын наада.
Наталия Фомина, Эдьигээн нэһилиэгиттэн тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, 58 т оту оттообуттарын, толору кыстыгы туоруурга өссө 25 т наадатын, сайаапка ыыппыттарын эттэ. 59 сүөһүлээх кэтэх хаһаайыстыба уустугурбут. Кинилэр тиийбэт отторун Хаҥаластан ылыах буолбуттар да, ону тиэйтэрэргэ, атыылаһарга 605 тыһ. 577 солк. ирдэнэрин, оннук үптэрэ суоҕун үллэһиннэ.
Онуоха Вячеслав Гаврильев оту тиэйтэриигэ ТХМ үбүлээһини эрэ көрөрүн, оттон тиэйии-аҕалыы, тэрээһин өттүн улуус быһаарыахтааҕын эттэ. “Эдьигээн” ТХПК нөҥүө аҕалтарар гына кэпсэппэтэххит дуо диэн ыйыталаста. Балачча быһаарсыы кэнниттэн син биир кыһыҥҥы суол ахсынньы бүтүүтүттэн аһылыннаҕына эрэ оту тиэйии саҕаланарынан, ТХУ салайааччыта таба хараалыттан кэллэҕинэ, чопчулаһыах буоллулар. Кыһалҕаламмыт хаһаайыстыба саҥа дьылга диэри сиэтэн эрэр оттоох.
Эдуард Михайлов, Бүлүү ТХУтун кылаабынай зоотехнига, сүөһү аһын бэлэмигэр 7 нэһилиэккэ ЧС биллэриллибитин, оттуур сирдэрэ 70-80 % ууга барбытын, от былаана 72% туолбутун, 1600 т сиилэстээхтэрин иһитиннэрдэ. От хаачыстыбата быстар мөлтөх туруктааҕар тохтоото. Сэтинньи 1 к. туругунан, улуус 13 258 сүөһүлээх, 9286 сылгылаах. Сүөһү аһын балаансата кыстыкка хаалааччыга оросчуоттаан оҥоһуллубут. Ол курдук, 10432 ынах сүөһү, 7787 сылгы кыстыахтаах. Энчирэппэт туһугар эбии 3413 т окко сайаапка түһэрбиттэр. Чэпчэтиилээх 1163 т комбикормтан билиҥҥитэ 239 т кэлбит. 67 туоннатын нэһилиэктэр бэйэлэрэ аҕалтарбыттар. Сайаапкаламмыттан 742 т от кэлбит, хаһаайыстыбалар бэйэ күүһүнэн тастарбыттар.
МХ: Үбүнэн чэбдигирдии чааһыгар туруорсуулаах эбиккит? Хаһаайыстыбалар туруктара хайдаҕый?
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муҥутуур элбэх тэрээһиннээх хаһаайыстыба биһиэхэ баар. Кинилэри таһынан бөдөҥ КФХ эбиллэн, уопсайа 11 чэбдигирдии бырагырааматыгар хапсар хаһаайыстыбалаахпыт. Долгуйаллар. Бырагыраама үбүлээһинэ тардыллан, уустугуруу баар. Уопсай балаһыанньаны эттэххэ, хаһаайыстыбалар туруктар орто курдук. Сорохтор отторун сир харатыттан тастаран саҕалаабыттара. Сылгы ырыганнааһына да баар. Инбэнтээрдээһин билигин эмиэ бара турар. От хаачыстыбата букатын мөлтөх.
Афанасий Харлампьев, Лөкөчөөнтөн КФХ баһылыга:
– Сааскы уу да элбэҕэ. Эбиитин тохтообокко ардаан, хаһан да буолбатах сайын ааста. Тартаҕына оттуохпут дии санаабыппыт да, кыах биэрбэтэ. Оттуур ходуһа суоҕа. Биһиги 310-ча т оттоотубут. Паром кэпсэтэн, 150 тыһ. солк. төлөөн, 110 туоннаны туоратан, онтубутун сиэтэ олоробут. Билиҥҥитэ, 20-чэ т оту өссө эбии атыыласпытым. Чэпчэтиилээх уотурба кэлбитэ абыраата: 20 т ылбытым. Өрүс хаһан туран, сорох оппутун эбии тиэнэрбит ыраах. 50-ча т сенаж ыларга кэпсэтиилээхпит. Оту тиэйии көмө үбэ уонна үбүнэн чэбдигирдии үбүлээһинэ түргэнник кэлэрэ буоллар. Онно эрэнэн олоробут. Үүт харчытынан дьоммутун хамнастыахпытын наада, араас ороскуот, нолуок да элбэх.
Хата, мобильнайдарга 380 тыһ. солк көрүллүбүт буолан, ол оппутун тастан олоробут. Билигин үппүт бүтэн, харчыга ыктаран олоробут. 132 ынах сүөһүнү кыстыахтаах, ыанара – 70. Төбөнү энчирэппэт баҕалаахпыт.
Семен Каратаев, Бүлүү Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга:
– Биһиэхэ 620 ынах сүөһү, 330 сылгы кыстыахтаах. От бэлэмигэр уустугурбатахпытын уустугурдубут. Бэрт эрэйинэн, ардах быыһынан оттоон, 52 % толорбуппут. Хаачыстыбата мөлтөҕүн эттилэр. Ходуйуу диэн, мууһу үрдүнэн оттооһун баар, дьон оннук дьаһанан, өссө ол эбиискэ буолла. Урут “страховойга” диэн, 100-тэн т тахсаны бэлэмниир буоллахпытына, быйыл 30 эрэ т оттоохпут. Халлаан хойутуу тымныйан, суол алдьанан, тиэйиитигэр ыктара сырыттыбыт. Ол да буоллар 40 т оту бэйэ күүһүнэн аҕалтардыбыт. Суол турдаҕына, 90-тан тахсаны тиэйиэхпит. ТХМ оту тиэйии үбүн ыыта охсоро буоллар. Сэлээркэ сыаната ыараата. Саҥа дьыл кэнниттэн от таһааччыны буларбыт уустугурар буолуохтаах. Уталыппакка төлөһүөхпүт диэн мэктиэлээн аҕалтарбыппыт. Оттуур ходуһабыт 70-80 % ууга барбыта. Эһиил да көммөтө буолар. Үрэхтээх сирдэргэ мелиорация үлэтэ барыан наада.
МХ: Дьон-сэргэ санаата хайдаҕый? Сүөһүтүн эһээччи элбэх дуу?
Семен Каратаев:
– Кур оту бүтэрэн, ыарахан балаһыанньалаахпыт. Саҥа дьылга диэри сиэтэллэрэ баар. Оппут лаппа тиийбэт. Саҥа дьыл кэннэ от кэллэҕинэ, сааспыт быйылгы курдук буолбатаҕына, син күөххэ үктэннэрэр инибит. Урут ортотунан 660-ну ынах сүөһүнү кыстатар буоллахпытына, олох да 400-кэ тиийэ түһэрэ буолуо диэн, долгуйа сылдьыбыппын. Дьоммут кыалларынан сүөһүлэрин тутан хаалбыттарыттан үөрэн олоробут. Идэһэ кэмин иннинэ от кэлбитэ улаханнык көмөлөстө. Салгыы хайдах буолара биллибэт. Олунньуга кыстык ортото буолар. Аҕыйатыы, биллэн турар баар. Холобур, кыайан оттооботох, биэнсийэлээх 2 ыал сүөһүтүн көҕүрэттэ.
Сунтаартан ТХУ салайааччытын солбуйааччы Григорий Готовцев:
– Биһиэхэ 17431 сүөһү (о.и. ынаҕа 5957), 16411 сылгы (о.и. 7013 биэ) кыстыкка киирдэ. 27 тыһ. 600-тэн тахса т окко былааммытын, хойукка диэри оттоон, 82% толордубут. Ону таһынан 3879 т сиилэс, 189 т комбикорм хаһаастаахпыт. Өрүс турдаҕына таһыы саҕаланыа. От хаачыстыбата мөлтөх. 44 %-а – кылааһа суох. Күһүн субсидированнай туус 100-чэ т ылан нэһилиэктэргэ тарҕаттыбыт, 600 т оту эрэсиэрбэҕэ ууруммуппутун сааһыары наадыйааччыларга түҥэтиэхпит диэн суоттанабыт. От хаачыстыба мөлтөҕүнэн, комбикормҥа наадыйыы син биир баар буолуоҕа. ТХМ эһиилги сылга оту таһыы ороскуотун сабыныыга сайаапката суруйуҥ диэн, онон эрэх-турах олоробут.
Үөһээ Бүлүүттэн ТХУ салайааччыта Сергей Иванов:
– От былаанын 81% толорбуппут. Концентрированнай эбии аһылык кэллэҕинэ, сөбүгэр кыстыахпыт. Эһиилгиттэн 2007-08 сс. курдук үс сыллаах уу кэлээри турар. Ол иһин эрдэттэн дьаһанан, мелиорациялары ыҥыран, үлэ ыыттыбыт. Ол эрээри тустаах салааҕа үп көрүллүбэт буолан, тиэхиньикэ таах турар. Эһиил хоруу ыраастыырга үп көрүллэрэ буоллар. Кыайан оттообот дьоҥҥо көмөлөһүү өттүгэр дьаһалталар мобильнай биригээдэлэри тэринэн, от бэлэмигэр көмөнү быйыл саҕалаатылар. Эһиилгиттэн ыал ынаҕар – 37 тыһ. солк., үүт туттарар тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга л үүт субсидиятын 60 солк. гыммыттара, сылгыны үөрдээн иитиигэ биэ төбөтүгэр – 5 тыһ. солк. бэриллэр буолбута олус үчүгэй. ТХМ, биэҕэ көрүллэр үбү тыыраргытыгар үс кэнники сыл орто көрдөрүүтүгэр тирэҕирэҕит. Оннук гыммакка, сылгы ахсаана эбиллэрин учуоттуургут буоллар. Биһиэхэ быйыл 5 тыһ. эбиллээри турар. Былырыын көрүллүбүт үп сорох биэҕэ тиийбэтэ. Ону быйылгыттан биэрдэхпинэ, быйылгыларым ылбат кыахтаахтар. Оччотугар талан биэрэ олорор курдук буолан тахсар. Итинник кыһалҕа үөскээбэтин курдук, эбиллии баарын учуоттуохха.
Иккиһинэн, бөрө олус элбээтэ. Булт дэпэртээмэнигэр үбүлээһин суох. Онон 10 эрэ хапкааны ыллыбыт. Үп көрүллүөн наада.
Вячеслав Гаврильев:
– Мелиорация управлениетын тиэхиньикэтэ 90 % эргэрдэ. Эһиилгиттэн саҥа тиэхиньикэни атыылаһаары “Росагролизини” кытта үлэлэһэ олоробут. Сыыппараны, кээмэйи билиҥҥитэ эппэппин, хантараак баттана илик.
МХ: Уу кыһалҕата быйылгынан тохтообот чинчилээх. Дойдуга сааҥсыйа биллэриллибитинэн, “импортозамещение” хайысхатыгар үлэлэһэ сылдьаллар. Тиэхиньикэ да көстүүтэ мантан инньэ уустугуруон сөп курдук. Онон уһаппакка-кэҥэппэккэ тиэхиньикэнэн хааччыйыыга күүскэ үлэлэһиэххэ наада эбит.
Амматтан ТХУ салайааччытын солбуйааччы Алексей Шишигин:
– Кыстыкка этэҥҥэ туораары эбиэс, комбикорм өттүн хааччыйдыбыт. “Амгинское” ХЭУо комбикорм бэлэмигэр ылсыбыта 3 сыл буолла. Бэйэ үүннэриитэ эбиэһи киилэтин – 650 солк., бытархай комбикорму – 700 солк. атыылаатыбыт. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэнньэ 46 туоннаны, эбиэһи 50 туоннаны ылынна. Быйыл улуус 1620 т от атыылыахтаах, итинтэн 900 т – улуус иһигэр. Былааммыт 97% туолбута эрээри, 2 нэһилиэкпит курааннаабыта. Улуус тас өттүгэр – Чурапчы, Бүлүү, Хаҥалас улуустарыгар – 720 т атыыланыахтаах. Холобур, Бүлүүттэн “Эбэ” КФХ 250 т ыларга Сулҕаччыттан М.М. Флегонтов хаһаайыстыбатын кытта дуогабардаһан олорор. Ортотунан, туоннатын 8-10 тыһ. солк., атыылыыллар.
Бурдук хаһаайыстыбалара этэҥҥэ үлэлииллэр, былааннарын 85% толорбуттара. Эбиэс үүннэрэн, эбиэс сиэмэтин эмиэ атыылаатыбыт. Мелиорация үлэтин ыытыы хаһан баҕарар наада. Кыра хаһаайыстыбалар, КФХ сүөһү аһын бэлэминэн, ыһыынан дьарыктаныахтарын баҕараллар. Сылын аайы ТХМ КТР бырагырааматынан (манна дулҕаны кырбатыы, ходуһаны сөргүтүү) туһанабыт.
МХ: Хаһан эмэ Амма бааһыналарын чөлүгэр түһэрэн, эбии аһылыгынан, сиир бурдугунан да хааччыйыа диэн эрэллээхпит. Ити өттүгэр кэскиллээх былаан баар дуу? Төһө бааһына туһаныллыбакка турарый?
– Уруккуттан кыччаабыта – мэлдьэх буолбатах. Чопчу бачча диэн этэр кыаҕым суох. Эппитим курдук, “Амгинский” ХЭУО бурдук ыһыытын иэнин кэҥэтэн, сиэмэ бурдугунан хааччыйар соруктаах, зернофураһы кыралаан атыылыыбыт. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх, 30-тан тахса мобильнай биригээдэ тэриллэн, үрэхтэр кытыыларын оттоото. Ол иһигэр Чурапчыттан хас да биригээдэ. Урут хочону эрэ оттуур буоллахпытына, үрэхтэри, сэтиэнэхтэри оттуур буоллубут. Үрэхтэргэ тахсан эрэбит. ТХМ ыкса үлэлэһэн, биһиэхэ тиэхиньикэ эбилиннэ. “Сүөһү аһын бэлэмэ” бырагырааманан 7 Беларус кэлбитэ. Дьокутааппыт Руслан Федотов эмиэ өйүүр.
Уус Алдантан Анатолий Бурнашов, КФХ баһылыга:
– Улуус иһинэн ылсан-бэрсэн, оппутун булунан олоробут. Дьаһалта көрө-истэ хонтуруоллаһа олорор. 2023 с. иккис граҥҥа киирсээри олоробун. Бастаан 2006 с. ылбытым.
Үбүнэн чэбдигирдии бырагырааматын үбэ олунньуттан саҕалаан ый аайы көһөн-көһөн, бастакыга хапсыбатахпыт. Онно эрэнэн, иэскэ киирдибит. Тоҕо кэмигэр кэлбэтий? Сыл бастакы аҥаарыгар быһаарыллыан наада. Кыра хаһаайыстыбалар итинниккэ тута оҕустараллар. Аны, сир боппуруоһун хайдах эмэ быһаараргыт буоллар. Сытыытык турар. Сүөһүнү элбэтэр кыах баар да, сир тиийбэт.
Николай Питимко:
– Үбүнэн чэбдигирдии бырагырааматыгар киирсээччилэртэн докумуоннары бэҕэһээҥҥиттэн, СЭТИННЬИ 24 күнүттэн саҕалаан, АХСЫННЬЫ 4 күнүгэр диэри хомуйабыт. Биллэриини улуустарга ыыталаабыппыт. Тустаах бырагыраамаҕа 301 мөл. солк былааннаммыта. Үбүлээһин талыы муус устарга ыытыллан, от үлэтин иннинэ кэлиэхтээҕэ да, кэккэ төрүөтүнэн үп суоҕунан, тардылла сырытта. Ил Дархан көҕүлээһининэн, ити өйөбүл сөргүтүллэн, бэриллэр буолла. ТХУ-лар дьоҥҥутун кытыарарга үлэлэһиҥ. Уопсайа 186 кыттааччы (резидент) баар. Усулуобуйата судургутуйда, кэлэ-бара сатаабакка онлайн-ыыталлар.
МХ: Хаһаайыстыбалар былааннаммыт үп толору бэриллиэ дуо диэн ыйыталлар.
Николай Питимко:
– Резиденнэр бары куонкуруһу ааһар түгэннэригэр, наадыйыыны олоччу хааччыйарга, 364 мөл. солк. наада. Биһиги 301 мөл. солк. тыырыахтаахпыт. Ити – эрдэ суоттаммыт үптэрин 82-83%-гар тэҥ. Үп хойутаан бэриллэн эрэрэ, биллэн турар, куһаҕан. Ол эрээри билигин да тиийдэҕинэ, сүөһү аһын ылыналларыгар, нолуогу, хамнаһы төлүүллэригэр көмөлөһүө. Балаһыанньаны билэбит. Тиийэр үбү Саҥа дьылга диэри аналыгар туттан бүтэриэхтээхтэрин санатабын. Оттон сир боппуруоһа – оройуоннар боломуочуйалара.
Оттон мелиорацияҕа болҕойуохха диэн сөпкө этэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2-с сылын от былаана 91 эрэ % туоларыгар уһун кэм устата тустаах салааҕа сөптөөх болҕомто ууруллубатаҕын кытта сибээстээх.
Кэлэр сылы, СИР, МЕЛИОРАЦИЯ сылынан да биллэриэххэ баара. Тоҕо диэтэххэ, төһө да үүт, эт ыстаапкатын үрдэт, сири оҥорбот, сир биэрэр үүнүүтүн улаатыннарбат, сүөһү аһылыгын элбэппэт түгэҥҥэ хайдах да оҥоһуллар бородууксуйаны үксэтэр кыаллыа суоҕа. Барыта сири оҥорууттан саҕаланыахтаах.
МХ: Оҥорон таһаарыы, ас-үөл үксээһинин туллар тутааҕа, сүрүн төрүтэ – сир. Сир боппуруоһа, сир тиийбэтэ Ил Түмэҥҥэ элбэхтэ дьүүллэһиллэрэ. Биллэн турар, үгүс өттө, ФЗ иһинэн бэрээдэктэнэр. Ол гынан баран эрэгийиэн таһымыгар эмиэ үлэлэһиэххэ наада. Ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйыахтаахпытын санаан туран, Ил Түмэҥҥэ ТХМ көҕүлээһини, этиигитин киллэриэххитин сөп этэ. Сотору кэлэр сыл бастакы аҥаарынааҕы үлэтин былаанныахтаахпыт. Дьүүллэһиилэри сөргүтэн, чопчу үлэлэһиэ этибит. Тыа хаһаайыстыбатын кэмитиэтэ өйүө дии саныыбын.
Тааттаттан ТХУ салайааччыта Михаил Хаптагаев:
– Быйыл 14725 ынах сүөһүнү (о.и. 5964 ыанньыгы), 15804 сылгыны кыстатыахпыт. Былааннаах 35600 т оннугар 34434 т оту бэлэмнээтиибит. Арҕаа нэһилиэктэрбит курааннаатылар. 38 мобильнай биригээдэ тэриллэн, Амма эҥээригэр 8432 т бэлэмнээтилэр. Оттообут сирдэрэ 60 км тахса ыраах. Сайаапка түһэрбиппит. Ыйытыым: ЛПХ ынахтарыгар 35 тыһ. солк. ылбыттар оту тиэйиигэ көмө үбү ылыахтарын сөп дуо?
Идэһэ кэмэ хойутаан, өлөрүллүөхтээх сүөһүгэ быйыл 2 тыһ. т сиэттибит. Былырыын – 2,7 т. “Мясной двор” буойуна тутуохтаах этэ. Ол кыаллара буоллар. Кинилэргэ 150 тахса сылгыны, сүөһүнү туттарабыт. Буойуналанан, идэһэ сүөһүнү эрдэ тиэнэн ылар гына дьаһаналлара буоллар. Сир оҥоһуутугар, “КТР”-га күүскэ үлэлэһиэххэ. Мульчердары ыллыбыт. Улуус эмиэ көмөлөһөр. Күн бүгүн 60-тан тахса км тэйиччи баран оттообут ЛПХ-лары оту тиэйии ночоото долгутар. ТВ-га оту тиэйиигэ кэтэхтэр эмиэ өйөбүл ылыахтарын сөп диэтилэр диэн, туруорсаллар. Тэриллиилээхтэр киэннэрин сайаапкалаабыппыт. ЛПХ киэнин эмиэ сайаапкалаһабыт?
Вячеслав Гаврильев:
– Ынаҕар ылбыт 35 тыһ. солк. отчуоттууругар от тиэйиитин киллэрбэтэх, атын көҥүллэнэр сыалга туттубутун суруйар түгэнигэр, оту тиэйтэриигэ өйөбүл ылыан сөп. Сүрүнэ, икки отчуокка көрсүбүт ороскуота хатыланыа суохтаах. Иккиэннэригэр суруйдаҕына, төнүннэригэр тиийэр.
Ыытыаххытын сөп. Ол гынан баран, быйылгы үбүлээһини бастааҥҥы сайаапкаларынан олоччу тыыран олоробут. Эһиилгигэ киллэрээриҥ. Бутууру таһааран, сайаапканы иккистээн-үһүстээн уларытымаҥ. Уустук туруктаах Кэбээйи уонна Үөһээ Дьааҥы эмиэ саҥа киллэрбиттэрэ үлэни бытаардар.
Михаил Хаптагаев:
– Уустук балаһыан-ньалаахтары эрдэ киллэрбиппит. Х-р, биир нэһилиэк 1 тыһ. тахса туоннатын 50 %-нын бүтүннүү ыраах нэһилиэктэртэн таһан олорор. Итинниктэри киллэрдибит.
Вячеслав Гаврильев:
– Эбии сайаапка киирдэ да, тута үбүлэнэр диэн буолбатах. Бүддьүөккэ көрүллүбүттэн элбэҕи кыайан биэрбэппит.
Алексей Гуляев, “Туймаада” агрохолдинг дириэктэрин солбуйааччы:
– Сүөһү-сылгы иитэр 5 хаһаайысты-балаахпыт. Ханна да буоларын курдук, от бэлэмэ быйыл уустуктаах. Ол эрээри хара маҥнайгыттан сүөһү сүмэһиннээх аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ улахан болҕомто уурбуппут. Ол курдук, 2018 сылтан 1200 гаа сири эбии оҥостон, ыһыы ыһан, быйыл 9111 т сиилэһи, 4185 т сенаһы, 7800 т оту бэлэмнээтилэр. О.э. 4 хаһаайыстыба окко былааннарын таһынан толордулар, сиилэскэ – 80-90 %, сенаж 140 % туолла. Биһигиттэн Мииринэй “Новай” сопхуоһа” кыһалҕалаах. Кыһыҥҥы суол аһыллыа диэри сиэтэргэ уу суолунан “Бөртөттөн” 368 т илтэрбиппит. Кыһын Өлүөхүмэттэн, Сунтаартан эбии тиэниэхтээхпит. Тиэйии-таһыы “возмещениетын” 2023 сыллааҕыга киллэриэхпитин наада.
Быйыл уопсайа 3400 кэриҥэ ынах сүөһүнү (о.и. 1700 тахса ынах) кыстатыахтаахпыт. 5,5 тыһ. т үүтү туттарыахпыт. өлүөхүмэҕэ от бэлэмэ ыараханнык ааста. Ол эрээри “Кладовая Олёкмы” сөпкө тэринэн-бэринэн, отторун – 100%, 1600 т сиилэс оннугар 2954 т уган, былаанын – 184 %, сенаһы 1700 т оннугар 2240 т оҥорон, былаанын 131% толордо. Толору аһынан хааччылыннылар. Үүт бэлэмин, бородууксуйатын үрдэтэргэ кэккэ былааннаахпыт. Холмогуор боруода генопуондатын тэрийиэхпит.
Мелиорацияҕа үбүлээһин суоҕа, кырдьык, атахтыыр. Биһиэхэ 600 гаа бааһынаны нүөлсүтүөхтээх тиһикпит алдьанан, 4 сыл үлэлээбэтэҕэ. Быйыл үп көрүллэн, өрөмүөннэннэ. Саас үлэлиэ. Улуустар туруорсаллара оруннаах. Үп көрүллэн, баар тиһиктэри көрүү, сөргүтүү барыах тустаах. Тэрилтэ, анал идэлээхтэр бааллар. Хааччаҕа диэн – мелиорация анал тэрилэ хаалбатаҕын тэҥэ. 2007 с. Бүлүү улуустара ууга барбыттарыгар 10-тан тахса саҥа экскаватор ылыллыбыта эргэрдэҕэ. Ол кэнниттэн ылылла илик. Хоруу хаһар, ууну түһэрэр тиэхиньикэ суох.
МХ: “Туймаада-Лизинг” төрүтүгэр агрохолдинг тэриллибитэ. Лизиҥҥэ билигин туох үлэ барарый? Иэһэ-күүһэ ханна тиийдэ? “Росагролизинг” үлэлэстэҕинэ, тиэхиньикэнэн хааччыйыы эһиги нөҥүө буолар дуо?
– Тиэхиньикэни аҕалыы, лизинг биһиэхэ киирсибэт. Иэс боппуруоһунан уонна урут ылбыттар төлөрбүрдэрин ирдэһиинэн дьарыктанабыт.
МХ: Быстах хомуурга сыһыаннаах ыйытыы киирдэ: “Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэһээччилэргэ бронь баар дуо?”. Онно даҕатан эттэххэ, сүрүн күүстэрэ барбыт сүөһүлээх-сылгылаах хаһаайыстыбаларбытыгар көмө оҥоһуллар дуо?
Прокопий Николаев:
– Быстах хомуур буолан бүттэҕэ дии. Билигин баҕа өттүнэн барааччылар бараллар. Буруонньа чааһыгар үлэлэспиппит. Ол да буоллар тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир кыра, улахан тэрилтэлэр дааннайдарын хомуйан, анаалыс оҥорон, балаһыанньаны көрө олоробут. Харыстыы, хааллара сатаатыбыт. Улуустарга хомуурга барбыт хас биирдии ыалы көрөн, этинэн-балыгынан, олохтоох бородууксуйанан хааччыйа сатыыбыт, муус, мас бэлэмигэр көмөлөһөбүт.
МХ: Прокопий Романович, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
– Улуустардыын күннэтэ сибээстэһэ олоробут. Дьылбыт ыарахан, ол эрээри туруорсар боппуруостара эрдэттэн быһаарыллан, күүстээх үлэ барда. Улуустар бэйэлэрэ да кэмигэр көмө үп, өйөбүл кэлэн, кыһалҕа быһаарылынна дииллэр. Дьоммут сүөһүнү сүүскэ охсор туһунан толкуйдаабакка, салгыы иитэр интэриэстээхтэр. 24 тыһ. т окко киирбит сайаапканы толоруу итинэн тохтоон хаалбат. корректировка быһыытынан кэтэх хаһаайыстыбалаахтар боппуруостартын эмиэ учуоттуохпут. Хаһаайыстыбалар, улуустар отчуот оҥороллоругар болҕомтолоох буолуохтарын наада. Бүддьүөт үбэ тус аналыгар барыахтаах. Концентрированнай аһылык уонна көрүллэт үп кэмигэр тиийиитин тэтимирдэ сатыахпыт. Онуоха бастаан Бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыахтаах. Ол бириэмэни ыла түһүө. Ити гынан баран, үп тиийиитин бары да тэтимирдэр баҕалаахпыт.
Мелиоративнай үлэни ыытарга, ону тэҥэ бурдук, туораахтаах култуура ыһыытыгар, хомууругар туттуллар тиэхиньикэ, мелиорация тиһиктэрэ эргэрбитэ, хаарбахтыйбыта үгүстэри долгутара бу да мунньахха көһүннэ. Күн-дьыл туруга биллэ уларыйан, сылыйыы баран, аны, былырыын киэҥ иэннээх тыа умайыыта улахан ириэриини таһааран, уу-хаар элбиир чинчилээх. Оннук түгэҥҥэ мелиоративнай үлэ барбата сэрэхтээх. ТХМ миниистирэ Александр Атласов биир мунньахха тиэхиньикэ ылыытыгар сыһыаннаан, “Росагролизини” кытта үлэлэһэ сылдьалларын, уһатан төлөһүүгэ сөбүлэһиэх курдуктарын, сүрүнэ, үбүлээһинэ наадатын эппитин өйдүүбүн. Онон бу өттүгэр үлэ баран, “муус хамсыыр” ини диэн эрэллээхпит.
Иккиһинэн, үбүнэн чэбдигирдии бырагырааматыгар хапсааччылар былааннаммыт үп 82-83% буолбакка, толору бэриллэрин туруорсаллар. Бу туһунан элбэх салайааччы, бааһынай этэр. Ол гынан баран, ити ВКС-ка сибээс мөлтөҕүнэн, сорох атын тэрээһиҥҥэ, тыаҕа сылдьар буолан, кэпсэтиигэ сатаан кыттыбатахтар. Холобур, мунньах кэнниттэн Бүлүү “1-кы Күүлэт” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Елена Тутукарова эрийэн: “Ил Дархан Айсен Николаев улууска тиийэ сырыттаҕына, чэбдигирдии бырагырааматын үбүлээһинэ толору бэриллэрин туруорсубуппутугар болҕойон истибитэ уонна Ил Түмэҥҥэ бүддьүөтү көрүүгэ үбүлээһин улаатарын курдук боппуруоһу быһаарыах буолбута.Үөрэн, махтанан, ытыс таһыммыппыт. Эр киһи биир тыллаах, Ил Дархаммытыгар эрэнэбит!” – диэн санаатын үллэһиннэ. Улуустар хаһаайыстыбаларын салайааччылара илии баттаабыт, 9 илиистээх туруорсуу суруктарын ыытта.
Кырдьык, дьоммут сүөһү, сылгы ахсаанын энчирэппэт туһугар утуйар ууларын да умнан туран үлэлээтилэр. Ол сыралара таах хаалбатын, көрүллүбүт өйөбүл көдьүүһэ күдэҥҥэ көппөтүн курдук, сөптөөх быһаарыы ылыллыан наада.
Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.