Киир

Киир

Бу бэлиэ кэмҥэ сыһыаран, “Кыым” хаһыаты, “Күрүлгэн” уонна “Байдам” сурунааллары тэрийбит Мария Николаевна Христофоровалыын кэпсэтиини бэчээттиибит. 

– Биллэрин курдук, “Ситим” медиа-бөлөҕү аан бастаан 2003 с. тэрийбиппит. Ол эбэтэр, лоп курдук 20 сыл анараа өттүгэр. Бу билиҥҥи курдук түргэн-тарҕан, былдьаһыктаах-былаҕайдаах, түһүүлээх-тахсыылаах кэмҥэ 20 сыл – кырата суох болдьох.

“Ситим” диэн ааты ылыммыппыт – бэйэтэ туспа устуоруйа. Ол гынан баран, бу үлэлээн кэлбит 20 сылбыт холобуруттан сылыктаатахха, хара бастааҥҥыттан туруоруммут сыалбытын-сорукпутун – урукку-аныгы үйэлэри, норуоппутун, дьоммутун-сэргэбитин, уопсастыбабытын барытын ситимниир, биир өйгө-санааҕа, ситимҥэ түмэр туһугар элбэх үлэни-хамнаһы ыыппыт эбиппит.

Бу кэнники 20-ччэ сыллааҕы өрөс­пүүбүлүкэбит олоҕо-дьаһаҕа, үөрүүтэ–хомолтото, кыайыыта–кыайтарыыта бука барыта “Ситим” таһаарыыларыгар биир кэлимник тиһиллэн сылдьар. Аны туран, биһиги ону сурукка-бичиккэ тиһэн үйэтитээччи эрэ курдук буолбакка, быһаччы көҕүлээччи-тэрийсээччи быһыытынан үлэлээн-хамсаан кэллибит.

Ити ааспыт 20 сыл иһигэр “Ситим” бөлөх, “Кыым” хаһыат Гиннесс кинигэтин 4 рекордун тэрийсэн кэллибит. Гиннесс рекорда да араастаах, онно бэрт солуута суох рекордар эмиэ баар буолаллар... Оттон биһиги сыал-сорук оҥостон норуоппут аатын ааттатар, кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, төрүт үгэһин сайыннарар туһугар Хомуһу тардарга, Улахан Оһуокайга, Саха таҥаһыгар, Кымыс иһиитин сиэригэр-туомугар рекордары тэрийэн оҥорсубуппут. Ол аан дойду таһымнаах рекордары тэрийбит уопуппут билигин “Саха сирин рекордарын кинигэтин” оҥорууну көҕүлүүрбүтүгэр кыаҕы биэрэр.

Үлэбит онон эрэ бүппэт. Кэнники сылларга Өрөгөйдөөх Өктөөп күнүгэр тиһигин быспакка “Кыым кэнсиэрдэрин” тэрийэн кэллибит. Үгүс ааҕааччыларбыт бу соторутааҕыта аҕай “Кыым” үгэскэ кубулуйбут 16-с кэнсиэригэр сылдьан дуоһуйа сынньаммыт буолуохтаахтар. Ону таһынан, “Кыым” хаһыат иһинэн төһөлөөх элбэх араас тэрээһин, аахсыйа, төгүрүк остуол, аһаҕас кэпсэтии ыытыллан кэлбитин ааҕааччыларбыт бэйэлэрэ да истэ-билэ сырыттахтара. Билигин биһиги “өрөспүүбүлүкэбит, норуоппут дьылҕатыгар улахан суолталаах биир да боппуруостан туора туран хаалбатахпыт!” диэн эрэллээхтик этэр кыахтаахпыт. Ити кэм устата “Кыым” үлэһиттэрэ Саха сирин устун тиһигин быспакка айанныыллар, дьону-сэргэни кытта көрсөн кэпсэтэллэр, баар кыһалҕалары көтөҕөллөр, уустук боппуруостар быһаарыллалларыгар күүс-көмө, тирэх-өйөбүл буолаллар.

Бу ньыма көдьүүстээҕин олох бэйэтэ көрдөрдө. Санаттахха, “Ситим” бөлөх хара тэ­риллиэҕиттэн ыла туспа тутулунан, бириинсибинэн, ураты структуранан үлэлээн кэллэ. Судургутук эттэххэ, ол саҕанааҕы (билиҥҥи даҕаны) бэчээт эрэдээксийэлэрэ үлэлэрин-хамнастарын, матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаларын, үптэрин-харчыларын араас бытархай боппуруостарын барытын сүрүн эрэдээктэр быһаарар, онуоха эрэдээксийэ барыта биир кэлим тиһигинэн үлэлиир эбит буоллаҕына, “Ситим” – ураты тутуллаах. Биһиги ол кэмҥэ үөскээбит усулуобуйаны, “хаһыат бэйэтин бэйэтэ ииттиниэхтээх, харчыны өлөрүөхтээх” диэн ырыынак бириинсибин толору өйдөөн... айар үлэни менеджментэн арааран биэрбиппит. Ол эбэтэр, суруналыыс өйүн-сүрэҕин барытын ууран туран, айар үлэнэн эрэ дьарыктанар. Атын туохха да төбөтө ыалдьыбат. Оттон менеджердэр суруналыыс туохха да долгуйбакка, туохха да аралдьыйбакка айымньылаахтык үлэлиирин хааччыйаллар. Дьиэ-уот, үлэлиир тиэхиньикэ, үбү-харчыны булуу, хамнас, көлө-тырааныспар, үлэ тэрээһинин боппуруостара – менеджердэр түбүктэрэ.

Билигин бэчээт уонна ааҕыы эйгэтигэр кэккэ уустуктар үөс­кээтилэр. Күнэ-дьыла оннук. Бүгүн, туох да омуна суох, “бэчээттэнэн тахсар хаһыаттар-сурунааллар салгыы баар буолаллар дуу, бары электроннай барыйааҥҥа, “сыыппараҕа” көһөбүт дуу?” диэн боппуруос турда. Онно биһиги хоруйбут судургу: “сыыппараҕа” көһүү – күн-дьыл ирдэбилэ, ону хайыыр да кыах суох. Ол эрээри биһиги көлүөнэ баарбыт тухары – кумааҕы хаһыаттар-сурунааллар эмиэ баар буолуохтаахтар! Ама, 100-тэн тахса сылы быһа тахсан кэлбит, балаҕаны хотонтон араарбыт, бастакы “ликбезтэри” уонна артыаллары-холкуостары тэрийбит, хас да көлүөнэ саханы үөрэхтээбит, сырдыкка-үрдүккэ, саҥа үрдэллэргэ сирдээбит “Кыым” хаһыат тоҕо эстэн-сүтэн хаалыахтааҕый? Туох да омуна суох, “Кыым” диэн хаһыат аата норуоппут “генетическэй” өйүгэр кытта суураллыбаттыы киирэн сылдьар буоллаҕа. Биһиги “Ситим” бөлөҕү, “Кыым” хаһыаты тилиннэрэн таһаарарбыт саҕана саҥа төрөөбүт оҕолор билигин бэйэлэрэ ыал буолан, оҕо төрөтөн эрэллэр. Кинилэр, баҕар, хаһыаты аҕыйахтык ааҕаллара буолуо да эрээри, саха дьонун барытын ситимниир уонна түмэр, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар киэҥник тарҕанар “Кыым” диэн хаһыат баарын аһара бэркэ билэллэр, өйдүүллэр. Кинилэр оҕолоро эмиэ оннук өйдөбүллээх улааталларын туһугар кыһаллыахтаахпыт. “Суруллубут – суоруллубат”, ама, кумааҕыга түһэн үйэтитиллибит тыыннаах бэчээт тылыгар туох тэҥнэһиэй!

Билигин төһө да хаһыаты сурутуу ханна баҕарар уоста турбутун иһин, бэрт дьоҕус уонна иллээх кэлэктииптээх “Ситим” бөлөх таһаарар “Кыым” хаһыата, “Күрүлгэн” уонна “Байдам” сурунааллара Саха сиригэр тахсар бары өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар хас эмэ уонунан ааҕыллар хаһыаттарын-сурунаалларын ахсаанын кытта тэҥ сыһа ахсаанынан тарҕаналлар.

Кэнники сылларга дойдубут сайдыытын сүрүн тосхоло, туһаайыыта уларыйа турар. Ол эбэтэр, урукку курдук “кинилэр киэннэрэ барыта саамай сөптөөх, саамай муодунай” диэн туох да саарбахтааһына-толкуйдааһына суох арҕааҥҥы дойдулар сайдыыларын эрэ үтүктэ, “түһэрэн ыла” олорбуппут кэккэ омсолооҕо көһүннэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, бэйэбит дойдубутугар, норуоттарбытыгар олоҕурбут үйэлээх үгэстэр, сыаннастар өрө тутуллар кэмнэрэ кэллэ. Бу кэмҥэ “Кыым” хаһыат биир үйэттэн ордук кэм устата бигэтик тутуһан кэлбит сыаннастара иккис тыыннарын ылалларыгар, өссө саҥаттан саҥа саҕахтар арыллан иһэллэригэр туох да саарбахтааһын суох.

Биһиги билигин да бу хапсыһыы инники күөнүгэр сылдьабыт.

Кэнники сылларга саха уопсастыбата биллэ-көстө сайынна. Саха духуобунаһа, ураты төрүт култуурата, айар эйгэтэ, эстрадата, киинэтэ, ИТ уо.д.а. технологиялара Арассыыйаны уҥуордаан, атын сирдэргэ эмиэ биллэр-иһиллэр буоллулар. Саха тыла аныгы ырыынак усулуобуйатыгар, ол иһигэр угуйук эргимтэтигэр, айар уонна креативнай эйгэҕэ киэҥник туттуллар. Ити чааһыгар Арассыыйаҕа биһиэхэ тэҥнэһэр кыахтаах национальнай эрэгийиэннэр суохтар. Бу манна барытыгар “Ситим” айар эйгэтэ, “Кыым” хаһыат суоруллубат суруйуулара, үлэ-сыра куттаах суруналыыстара быһаччы кыттыгастаахтарынан биһиги киэн туттабыт уонна салгыы даҕаны Сахабыт сирин айар-тутар кэскилин уһанса туруохпут диэн эрэннэрэбит!

“Кыым” – үйэлээх үгэс, эрэллээх доҕор! Саха баарын тухары кини эмиэ баар буола туруоҕа. Биһигини кытта бииргэ буолуҥ!

"Кыым" хаһыат эрэдээксийэтэ.

Санааҕын суруй