Киир

Киир

(Биэс сыл устата уһун үйэлэниини көҕүлээн)

Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ киһи сааһын умнан олорорун сүдү кыайыынан ааҕаллар: пааспарга суруллубут сыыппараҕа сигэммэккэ, сааһы аахсыбакка билсиһиини, сааһыттан тутулуга суох саҥа саҕалааһыҥҥа ылсартан толлубат буолууну. Сорох киһи оннооҕор түөрт уон сааһыгар “кырыйдым, быһынным” диэн сөп, оттон сорохтор аҕыс уоннарыгар да эдэр курдук сананыахтара.

“Аврора” мэдиссиинэ килииньикэтин иһинэн үлэлиир “Көхтөөх уһун үйэлэнии” киинэ аҕам саастаахтарга доруобуйаларын бөҕөргөтөргө эрэ буолбакка, олох амтанын үчүгэйдик билэргэ көмөлөһөр. Бу сайын Киин үлэтэ саҥа таһымҥа таҕыста, оттон күһүҥҥүттэн сынньанааччылары өссө биир соһуччу бэлэх кэтэһэр. Бу туһунан “Көхтөөх уһун үйэлэнии” киинин төрүттээччи, “Утум” НКО бэрэссэдээтэлэ Мария Христофорова кэпсээтэ.

Мария Николаевна этэринэн, “Аврора” мэдиссиинэ килииньикэтин иһинэн үлэлиир “Көхтөөх уһун үйэлэнии” киинэ (Островскай уул., 4-гэр баар) бастакы сезонун 2019 сыллаахха арыйбыт. Онтон ыла Киин арааһы барытын ааһан, бэрт интэриэһинэйдик атаҕар турда:

“Мин 2018 с. Ил Түмэн VI ыҥы­рыы­лаах мунньаҕын дьокутаатынан талылларбар үгүс аҕам саастаах дьон өйөбүлүн ылбытым. Кинилэр биир баҕа санаалара – Дьокуускай куоракка хайаан да “Уһун үйэлэнии киинэ” баар буолуохтааҕын, ону миэхэ дьокутаат быһыытынан туруорсарбар эппиттэрэ. Онно бастыҥ сүбэһиттэринэн Екатерина Сидоровна Васильева, уруккута СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Надежда Прохоровна Баишева, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйаачы – бүгүҥҥүгэ диэри мин итэҕэллээх дьонум буолбуттара.

329ccfb2 2320 49a2 9865 d4021d6e894b

Бастакы сезоммутугар аҕам саастаахтары мунньан култуурунай сынньалаҥнары тэрийбиппит. Кинилэргэ анаан маастар-кылаастар, экскурсиялар, түмэлгэ, тыйаатырга сылдьыы тэриллибиттэрэ. Ону тэҥэ саастаах дьоҥҥо сөп түбэһэр мэдиссиинэ комплексын тобулан барбыппыт. Биллэрин курдук, киһи сааһыран истэҕин ахсын этэ-сиинэ уларыйан иһэр, инньэ гынан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар анаммыт мэдиссиинэ көрүүтэ саастаах дьоҥҥо барытыгар сөп түбэспэт. Биһиги Кииммит уратыта аҕам саастаахтарга мэдиссиинэ көрүүтэ уонна кинилэр психоэмоциональнай туруктарын чэбдигирдии этэ.

Хааччахтары тоҕо көтөн

Хомойуох иһин, ити үлэбит биир сылынан тохтоон хаалбыта. 2020 сыл саҥатыттан хоруона хамсыга туран, туох барыта сабыллан, онлайн олоххо көспүтэ. Хааччах киирбитэ, бары түөрт истиэнэҕэ хаайтарбыппыт. Киһи киһини кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэрэ кыаллыбат буолбута.

2021 сыллаахха хамсык хааччаҕа уһуллубутун кэннэ, Кииммит үлэтин сөргүтүү уустук этэ. Биир өттүнэн, дьоммут тыыннаах кэпсэтиини олус ахтыбыта, иккис өттүнэн, хоруона хамсыгыттан куттанара. Бу ыарыыга элбэх киһи чугас дьонун, аймаҕын сүтэрбитэ. Онон аҕыйах киһи эрэ дьиэлэриттэн тахсар, дьону кытары алтыһар буолбута. Дьону-сэргэни кытары сирэй көрсөн кэпсэтиигэ тардыһыы көмөтүнэн арыый уоскуйан, урукку олохпутугар төннүү уонна бэйэҕэ туох эрэ саҥаны арыйыы кыаллыбыта. Онон мин аҕам саастаах дьоммутугар хорсуннарын, муударайдарын, биһиэхэ эрэммиттэрин иһин дириҥник махтанабын.

xmn

2022 сыл эмиэ чэпчэкитэ суоҕа. Бары өйдүүбүт: урукку олохпут укулаатыгар саҥардыы төннөн эрдэхпитинэ, аны омикрон (SARS-CoV-2 саҥа көрүгэ) буулаабыта. Инньэ гынан биһиги кииммитин эмиэ аҕыйах ыйга сабарга күһэллибиппит. Медиктэргэ, “Аврора” килииньикэ эмчиттэригэр эрэ буолбакка, доруобуйа харыстабылын тиһигэр үлэлиир бары үлэһиттэргэ, бу кыра кэм иһигэр омикрону саба баттаабыттарыгар махтаныах эрэ тустаахпыт.

2022 сыл муус устарыгар урукку эрэсииммитигэр төннүбүппүт. Уопуттаах буоламмыт, ыарыр­ҕаппатахпыт. Сезон бүтүүтэ ыарыһахтарбытыгар хамсык кэннинээҕи ыарыылар, атын диагнозтар үөскээбиттэр этэ, биһиги ону эмтиирбитин тохтоппотохпут: сүбэ-ама биэрбиппит, олорор сирдэринэн салгыы ханна, хайдах эмтэнэллэригэр, көрдөрүнэллэригэр суолу тобулбуппут.


2022–2023 сыллар биһиэхэ олус ин­тэриэһинэйдик, толору ис хоһоонноох­тук аастылар. Култуура бары тэрилтэлэрэ толору үлэлээбитинэн барбыттара. Өйдүүр инигит: уопсастыбаннай миэстэлэргэ кириэһилэлэргэ, олбохторго араарар лиэнтэлэр баалларын? Ону барытын хомуйбуттара, ол – уопсастыба хамсыктан босхоломмутун бэлиэтэ этэ.

Абыраллаах “Аврора”

Мин ордук чорботон килииньикэбит кэлэктиибин үлэтин бэлиэтиибин. Кинилэргэ “Көхтөөх уһун үйэлэнии” киинигэр мэдиссиинэ үлэтэ – эбии ноҕурууска. Килииньикэҕэ 10 тыһ. киһи сылдьар, ити – наһаа улахан кээмэйдээх үлэ. “Аврора” ОМС тиһигинэн эрэ буолбакка, мэдиссиинэ төлөбүрдээх өҥөтүн эмиэ оҥорор. Биһиги килииньикэбит ыстааба – учаскуобай терапевтар буоллун, чопчу хайысхалаах исписэлиистэр (кардиологтар, неврологтар, лор уо.д.а.) буоллун – толору аттарыллан турар. Кинилэр – кардиолог-быраас Т.Д.Румянцева, невролог М.П.Федорова, УЗИ бырааһа Нь.Д. Никитин. “Аврора” килииньикэни Валерия Анатольевна Охлопкова са­та­быллаахтык салайар. Мэдиссиинэ чааһыгар кинини Вера Дмитриевна Никифорова, килииньикэ-эспиэрдиир үлэҕэ Карина Васильевна Зуева солбуйаллар.

cb6d56ba 4d98 4a7a a2a4 70e934026f3a"Аврора" килииньикэ салалтата

2023 сыллаахха “Көхтөөх уһун үйэ­лэнии” киинэ Хаҥалас Булгунньах­таа­ҕар бастакы филиалын аспыта. Түгэни туһанан, оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа, улуус дьокутаата Артур Павлович Протодьяконовка, улуус баһылыга Олег Валерьевич Иринеевкэ уонна 1-кы Малдьаҕар нэһи­лиэгин баһылыга Айталина Ивановна Васильеваҕа өйөбүллэрин, көмөлөрүн иһин барҕа махталбын тиэрдэбин!

Саҥа дьыаланы саҕалыырга тылынан эрэ буолбакка, дьиҥ дьыаланан көмөлөһөр, өйүүр дьону көрсөр олус суолталаах. Сыалы ситиһэргэ элбэх кыра соруктары толоруохха наада.

Кэрэ айылҕалаах Хаҥалас сиригэр

Биһиги 2017–2019 сс. ыытыллыбыт доруобуйа харыстабылын “оптимизациятын” өйдүүбүт. Ол түмүгэр улуустарга, кыра нэһи­лиэктэргэ доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ улаханнык айгыраабыта. Төһө киһини көрбүттэринэн дууһанан үбүлээһин көрүллэн, нэһилиэктэргэ амбылатыарыйаны, стационары тутан хаалар кыаллыбат буолбута. Ол да буоллар элбэх нэһилиэккэ бөҕө туруктаах, тупсаҕай, толору хааччыллыылаах эбийиэктэри тэрийиигэ үбүлээһин ситэ кө­рүллүбэтэ. Оттон ону үлэ­лэтэргэ, хааччыйарга, тутан хааларга үп тиийбэт буолбута. Үкчү оннук балаһыанньаҕа Булгунньахтаах түбэспитэ.

95fe7272 5227 4cf8 b498 3994209ce2bb

Биһиги олохтоох дьаһалтаны кытары кэпсэтэн, биир тылга киирэн, баһылык Айталина Ивановна күннэтэ хонтуруолунан бу бэртээхэй, олус туһалаах бырайыакпытын олоххо киллэрдибит. Булгунньахтаахха сынньана кэлэр дьоммут чэбдигирэллэр, туһалаахтык сынньаналлар, айылҕалыын алтыһаллар. Кылгас сайыммытыгар кэрэ айылҕалаах Хаҥалас сиригэр – Өлүөнэ туруук хайаларыгар, тукулааннарга, бизонарийдарга уо.д.а. сылдьан дуоһуйаллар. Хаҥалас улууһа – Саха сиригэр тыа сирин туризмын флагмана. Ону биһиги туһаммакка, туора туран хааларбыт хйадах да сатаммат этэ.

1b865380 a154 49c0 9e10 50da85e603cf

Уот ааныттан сайыҥҥы лааҕыр курдук үлэлиэхтээх Булгунньахтааҕы филиалбыт сыл устата үлэлээн, былдьаһыкка сырытта. Биһиэхэ үксүн тыа сириттэн куоракка оҕолорун, сиэннэрин көрсөөрү көмөҕө кэлбит кырдьаҕастар сылдьаллар. Кинилэр куорат кыараҕас дьиэтигэр тэһийбэттэр, тыа сирин олус ахталлар. Тыаҕа чуумпу, көй салгын... Онон биһиги кинилэргэ кылгас да кэмҥэ тыаҕа сынньанан, эмтэнэн тахсалларын тэрийэрбититтэн олус астынабыт.

IMG 1504

Бу саас улууска иккис филиалбытын Улахан Ааҥҥа арыйдыбыт. Онуоха улахан махталбытын “Бөртө” сылгы собуотун салайааччыта Александр Васильевич Павловка, “Туймаада” агрохолдинг генеральнай дириэктэрэ Пётр Семёнович Ефремовка тиэрдэбит. Кинилэр биһиэхэ бэртээхэй базаны туран биэрдилэр. Саас, сайын уонна күһүн биһиги онно иккис филиалбыт олохсуйан үлэлиэҕэ. Улахан Ааҥҥа сынньана кэлбит дьоммут астына-дуоһуйа нэһилиэк кэрэхсэбиллээх сирдэринэн сырыттылар, Айыы Уолугар анаммыт тэрээһиҥҥэ сырыттылар, дьэ­дьэннээтилэр, “Бөртө” олус минньигэс, иҥэм­тэлээх аһын-үөлүн амсайдылар.

IMG 1502

Хас сезон ахсын Хаҥалас улууһугар баар филиалларбытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэн сынньаннылар. Маны таһынан босхо квотанан сезон ахсын 1–2 Булгунньахтаах олохтооҕун сынньаттыбыт. Биһиги кииммитин олохтоохтор киэҥник ту­һаныахтарын олус баҕарабыт. Ол иһин бу күһүн, сүрүн эбийиэктэр үлэ­лэрин таһынан булгунньахтаахтарга анаан күнүнэн сынньанарга дьоҕус дьиэни астыбыт.

IMG 1503

Дьэ, ити курдук “Көхтөөх уһун үйэлэ­нии” киинин үлэтэ оргуйан олорор. Доҕотторбутугар, Сомоҕолоһуу күнүн көрсө (сэтинньи 4 күнэ) Дьокуускайга Октябрьскай уул., 26/4 баар дьиэбит саҥа өрөмүөн кэнниттэн аанын тэлэччи аһарын туһунан үөрүүлээх сонуммутун иһитиннэрэбин. Бу дьиэбит социальнай эбийиэк бары ирдэбилигэр толору эппиэттэһэр гына оҥоһулунна. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо харгыһа, мэһэйэ суох эйгэ (безбарьерная среда) тэрилиннэ, киэҥ-куоҥ, сырдык кэбиниэттэр, сынньанарга сөптөөх усулуобуйа! Онон барыгытын саҥа кииммитигэр үөрэ-көтө кэтэһэбит! Онуоха диэри эһигини Дьокуускайга Островскай уул., 4-гэр, Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕар кэтэһэбит.

IMG 1510

Күндү оҕолорбут, сиэннэрбит! Төрөппүттэргитигэр, эбэлэргитигэр, эһэлэргитигэр тэҥ саастыы­лаахтарын кытары умнуллубат сын­ньалаҥы, алтыһыыны бэлэхтииргэ тиэтэйиҥ. Кинилэргэ болҕомтолоох, үтүө сыһыаннаах буолуҥ! Биһиэхэ кэлэн сынньаммыт дьон 60 бырыһыаныгар путевка эбии төлө­бү­рүн чугас дьонноруттан бэлэх ылан кэлэллэрин курдук ыҥырабын. Биһиги эдэр көлүөнэ чугас дьонугар ытыктабылы, тапталы биллэрэригэр, үөрүүнү уонна дьолу бэлэхтииригэр баҕарабыт!

Өрөспүүбүлүкэ өйүүр

2017 сыл “Аврора” мэдиссиинэ килииньикэтэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин социальнай өҥөнү оҥорооччулар Реестрдэригэр киирсэр. Инньэ гынан, килииньикэ 2021 сылтан аҕам саастаахтарга социальнай өҥөнү оҥорор “Көхтөөх уһун үйэлэнии” бырагыраамаҕа киирсэр. 2023 сылтан кииҥҥэ 614 Саха сирин олохтооҕо сынньанна, оттон бу сыл тохсунньутуттан – 334.

2023 сыл ахсынньытыгар Ил Дархаммыт А.С. Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар уонна бар дьонугар анаабыт Илдьитигэр ураты бол­ҕомтону аҕам саастаахтарга уур­бута. Ол курдук улуустар, нэһи­лиэктэр көхтөөх уһун үйэлэ­ниини өйүүллэригэр ыҥырбыта.

Өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ уонна со­циальнай сайдыыга миниистирэ Елена Александровна Волкова Саха сиригэр бу хайысханы кэмигэр, олус сөптөөхтүк өйөөбүтэ. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр “Московское долголетие” хамсааһын күүскэ үлэлиир, ону таһынан кэккэ эрэгийиэннэргэ бу бырагыраама эмиэ араас хабааннаахтык үлэлээбитэ хас да сыл буолла. Министиэристибэ өйөөбүт биһиги бырайыакпыт сүрүн уратыта – мэдиссиинэ арыаллааһынын уонна комплекснай көрдөрүнүү, бэрэбиэркэлэнии социальнай өҥөнү ылааччылар бырагыраамаларыгар табыгастаахтык киллэрии буолар. Норуот итэҕэлин ылан, биэс сыл норуот дьокутаатынан талыллан, доруобуйа харыстабылын уонна социальный бэлии­тикэ сис кэмитиэтигэр үлэлээн сахам дьонун туһугар көхтөөх уһун үйэлэнии бэлиитикэтин олоххо киллэрэн “Уһун үйэлэнии” киинин үлэтин тэрийбиппинэн киэн туттабын уонна өйөбүл, сүбэһит буолбут дьоммор махтанабын, – диэн Мария Христофорова түмүктээтэ.

IMG 1505

Сиһилии иһитиннэриини бу нүөмэргэ эрийэн билсиҥ: 8 (914) 271-00-88.

Майя АКИМОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар