Киир

Киир

Дьокуускайдааҕы «Аврора» килииньикэ иһинэн тэриллибит «Утум» көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ аҕам саастаахтарга анаан утумнаахтык үлэлээбитэ хайыы үйэ бэһис сыла. Мэдиссиинэни кытта көхтөөх сынньалаҥы табан дьүөрэлиир Киин сылтан сыл тупсан, сайдан, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр буолла.

Сыл устата Кииҥҥэ 600-кэ аҕам саастаах дьон чэбдигирэн бардылар. Бу СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова өйөбүлүнэн олоххо киирэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Маҥнай куоракка тэриллибит буоллаҕына, билигин Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах уонна Улахан Аан сэлиэнньэлэригэр филиаллар аһыллан тигинэччи үлэлииллэр. От ыйын 30 күнүгэр кэрэ айылҕалаах Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр тэриллибит Киин үлэлээбитэ биир сылын бэлиэтээтилэр.

Untitled 2024 07 31T155413.694 1

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар манна сынньанар аҕам саастаахтар флешмоб оҥорон, ыллаан, үҥкүүлээн, ыалдьыттары кытта сэһэргэһэн, олоххо көхтөөхтөрүн, чэгиэн туруктаахтарын көрдөрдүлэр. Оттон Киин үлэһиттэрэ, кинилэр махталларын истэн, салалтаттан наҕарааданы тутан, ис сүрэхтэн үөрдүлэр-көттүлэр. Сынньанааччылары, үлэһиттэри Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, I Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева, «Аврора» килииньикэ дириэктэрин солбуйааччы Николай Христофоров, кылаабынай быраас Вера Никифорова, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин Хаҥаластааҕы управлениетын салайааччыта Светлана Константинова эҕэрдэлээтилэр, тэрээһини «Утум» көхтөөх уһун үйэлэнии киинин төрүттээччи Мария Христофорова бэйэтинэн иилээтэ-саҕалаата.

5305493670079881527

Түмүккэ кыттааччылар «Тыа сирин усулуобуйатыгар көхтөөх уһун үйэлэнии кииннэрин тэрийии» диэн тиэмэлээх төгүрүк остуолга санаа атастастылар, саҥа соруктары туруордулар. Манна «Аврора» килииньикэ уонна «Хаҥалас улууһа» МТ дьаһалтата салгыы үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. Эһиги болҕомтоҕутугар тэрээһиҥҥэ этиллибит санаалартан быһа тардан таһаарабыт.

Үтүө дьонтон үтүө санаа утумнанар

Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин төрүттээччи, «Утум» тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, VI ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата Мария ХРИСТОФОРОВА балыыһа тиэргэнигэр үйэтитиллэн турар Хаҥалас улууһун Сото нэһилиэгиттэн төрүттээх Петербурдааҕы байыаннай мэдиссиинэ академиятын бүтэрбит, Арассыыйа импэрээтэрин аармыйатын байыаннай хирург-бырааһа, Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа, подполковник Георгий Николаевич Слепцов сырдык аатыгар сүгүрүйэн тыл эттэ. Мария Николаевна бу улуукан киһи бүүһүн алдьаммыт билиитэтин барытын саҥаттан оҥорторон, таас өйдөбүнньүк бүгүн олус үчүгэй көстүүлэнэн турар.

– Быйыл дойдубут мэдиссиинэтигэр улахан өҥөлөөх, сахаттан бастакы байыаннай хирург-быраас Георгий Николаевич Слепцов төрөөбүтэ 170 сыла. Олохтоохтор, бэркэ билэргит курдук, кини ыраахтааҕы саҕанааҕы уустук кэмҥэ Санкт-Петербург курдук куоракка тиийэн, быраас идэтин баһылаан, олоҕун бүтүннүү мэдиссиинэҕэ анаабыта. Ол ситими, удьуору бүгүн дьоһуннаахтык Хаҥалас улууһун быраастара, үрүҥ халааттаах аанньаллар салгыыллар. Ол курдук, Хаҥалас улуустааҕы балыыһатын Артур Павлович Протодьяконов сала­йыаҕыттан улахан үлэ ыытылынна. Кини улуус дьокутаатын быһыытынан бу хайысханы өйөөн, Киин үлэлиир кыахтаммыта. Ол курдук, былырыын биһи­гини массыынатынан тиэйэн аҕалан, бу амбулаторияны көрдөрөн, дьиэ-уот боппуруоһа быһаарыллыбыта. Онон үтүө дьонтон үтүө санаа үөскээн, быйыл «Аврора» килииньикэ үбүлүөйдээх Георгий Николаевич бүүһүн постаменын саҥаттан оҥортордо.

5301259828758436369

Мария Николаевна ыҥырыытынан тэрээһиҥҥэ Георгий Слепцов хос-хос сиэннэрэ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Наталия СЛЕПЦОВА, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Елизавета ЕФРЕМОВА ыалдьыттаатылар. Кинилэр маннык Киин тэриллибитин биһирииллэрин, аҕам саастаахтартан бу тэрилтэ үлэтин туһунан элбэх үчүгэйи истэллэрин эттилэр уонна өбүгэлэрин таас өйдөбүнньүгүн тупсаран оҥорторбут «Аврора» килииньикэҕэ ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.

Хаҥаластар бу хайысханы бастакынан өйөөтүлэр

Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин Ха­ҥалас улууһугар тэрийиигэ бастакынан ылсыбыт, кырдьаҕастар олохторун тупсарыыга, дьиҥ чахчы, кыһалларын көрдөрбүт баһылык Олег ИРИНЕЕВ өрөс­пүүбүлүкэҕэ быһыллыбыт орто саас кэрдииһэ дьахталларга – 79, эр дьоҥҥо – 67 эрэ буоларын, бу дойдуга олохтоммут орто саастан лаппа намыһаҕын бэлиэтээтэ. Онон кини аҕам саастаах дьоммут үйэлэрин уһатар туһугар маннык кииннэри улуус ахсын тэрийэргэ этии киллэрдэ:

– Былырыын миэхэ Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова, улуус кылаабынай бырааһа Артур Протодьяконов уонна нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева Булгунньахтаахха «Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин» арыйыахха диэн этиилээх киирбиттэрэ. Ол кэмҥэ бу балыыһа дьиэтин аҥаара, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр араас уларыйыы буолбутунан, үлэлээбэккэ турбута. Сүбэлэһэн бараммыт, бу Киини үлэлэтэн көрөргө быһаарбыппыт. Онтубут биир сыл иһигэр ситиһиилээҕин, туһалааҕын уонна тыын суолталааҕын көрдөрдө. Онон ыаллыы сытар Улахан Аан нэһилиэгэр сылгы иитэр Бөртө хаһаа­йыстыбатын базатыгар эмиэ маннык Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин тэрийдибит. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан аҕам саастаах дьон Хаҥалас кэрэ айылҕатыгар сылдьан, олохтоох аһы-үөлү амсайан чэбдигирэр, саҥа дьону кытта билсэн сэргэхсийэр, туруктарын бөҕөргөтүнэр кыахтаннылар.

Сахабыт сиригэр 639 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Манна төһөлөөх аҕам саастаах дьон олороро буолуой? Онуоха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кинилэри чэб­ди­гирдэр бэрт аҕыйах тэрилтэ баар. Оттон соҕуруу сынньана барааччы тарбахха баттанарын бары билэбит. Ол эбэтэр, биһиги чэбдигирдиинэн өссө даҕаны элбэх аҕам саастааҕы кыайан хаппакка олоробут. Онон маннык кииннэр атын улуустарга, нэһилиэктэргэ эмиэ аһыллалларыгар баҕарабын уонна баһылыктары бу хайысханы кытаатан өйүүргүтүгэр ыҥырабын, – диэн салайааччыларга туһаайан эттэ.

5305493670079881525

Кини санаатын I Малдьаҕар нэ­һилиэгин баһылыга Айталина ВАСИЛЬЕВА чиҥэтэн биэрдэ. Эдэр салайааччы Киин саҥа тэриллэрин саҕана, үлэ ымпыгын-чымпыгын билээри, управляющайынан үлэлии сылдьыбыта. Кини өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан сынньана кэлбит дьоҥҥо Булгунньахтааҕы талбыттарын иһин махтанна. «Биһиги кэрэ көстүүлээх айылҕалаах сирбит-уоппут хас биирдии киһиэхэ күүс биэрэр, ыраастыыр, арчылыыр. Онон манна сынньанан барааччылар, уһун үйэлэнэргитигэр бигэ эрэллээхпин», – диэн истиҥ тыллары анаата.

Улуус нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин управлениетын салайааччыта Светлана КОНСТАНТИНОВА билигин Арассыыйаҕа аҕам саастаахтары интэринээккэ туттарбакка, дьиэ кэргэҥҥэ кырытыннарар бэлиитикэ бара турарын бэлиэтээтэ. Ол эбэтэр, бука бары кырдьаҕастарбыт өр кэмҥэ көхтөөх, тэтиэнэх сылдьалларыгар кыһаллыахтаахпыт. 

«Тыа сиригэр маннык тэрилтэни тэрийэн үлэлэтии сүрдээх уустук. Бүгүн көрөр Кииммит Олег Валерьевич, Мария Николаевна, Айталина Ивановна, Вероника Александровна курдук биир өйдөөх-санаалаах дьон сомоҕолоһууларын тү­мүгэ буолар. Киин социальнай үлэ бары көрүҥүн ыытарын көрөн сөхтүм-махтайдым. Ол курдук, манна мэдиссиинэ, култуура, успуорт, эбии үөрэх, ону сэргэ туризм холбоспут. Олус улахан үлэни ыытар эбиккит», – диэн социальнай үлэһит улаханнык хайҕаата.

Сэттэлиитэ кэлэн барбыт дьон бааллар

Киин салайааччыта Вероника МАКАРОВА ыытыллар үлэ үтүө түмүктэрин киэн тутта билиһиннэрэр. Кини этэринэн, Кииҥҥэ сылдьыбыт дьон хайаан да иккиһин, үсүһүн, бэл диэтэр, сэттиһин кэлэллэр эбит:

– Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ бары улуус­тарыттан кэлэн сынньаналлар. Сүрүн уратыбыт диэн, мэдиссиинэ өҥө­түн кытта көхтөөх сынньалаҥы сөпкө дьүө­рэлиирбит буолар. Ол курдук, аҕам саастаах ыалдьыттарбыт мэдиссиинэ бары исписэлиистэригэр көрдөрүүнү ааһаллар. Маны таһынан аралдьытыы, сэргэхситии өттүн кыайа тутабыт. Ол курдук, тугу баҕаралларын көрөн, киин куорат кэрэхсэнэр сирдэринэн, араас паарканан, айылҕа кэрэ муннуктарынан сырытыннарабыт. Иллэҥ кэмнэрин туһалаах маастар-кылаастарынан, көрсүһүүлэринэн, тэрээһиннэринэн толоробут.

Идэбинэн уйулҕаһыт буоламмын, киһи доруобуйата уйулҕаны кытта быһаччы ситимнээх диэн бигэтик билэбин. Ол иһин аҕам саастаах дьон уйулҕатын бөҕөргөтүүгэ ордук болҕойобут. Ити курдук бары өттүнэн үлэлэһэр буоламмыт, биирдэ сылдьыбыт дьоммут хайаан да иккистээн эргиллэллэр. Бэл диэтэр, сэттэлиитэ сылдьыбыт дьон бааллар.         Мэдиссиинэ өҥөтүн барытын биир сиргэ оҥорор буоламмыт, куораты билбэт, куоракка аймаҕа суох, кыайан сылдьыбат дьон элбэхтик кэлэллэр, – диэн аҕам саастаахтары кытта күннэтэ алтыһа сылдьар үлэһит астына сэһэргиир.

Оттон «Аврора» килииньикэ кылаабынай бырааһа Вера НИКИФОРОВА киһи доруобуйатын көннөрүүгэ социальнай хайысханы тутуһуу олус суолталааҕын бэлиэтиир. Кини этэринэн, киһи социальнай өттүнэн хайдах олороро уопсай туругар тута биллэр. Онон кини аҕам саастаахтар кииннэригэр чэбдигирии аныгы ньымаларын киллэрэргэ кыһаллар. 

«Биһиэхэ күннэтэ араас социальнай кыһалҕалаах дьон көрдөрө кэлэллэр. Олор ортолоругар балыыһаҕа хаһан да көрдөрүммэтэх, диспансеризация диэни биирдэ да ааспатах аҕам саастаахтар баар буолаллар. Быраастарбыт кинилэри анаалыстаан, туруктарын быһааран, эмтээн, үтүөрдэн ыыталлар. Биһиги үлэбит сүрүн түмүгэ – дьон махтала, үөрүүтэ», – диэн идэтигэр бэриниилээх быраас санаатын үллэстэр.

Сүүс махталтан биир махтал

90 сааһын туолаары сылдьар Аҕа дойду сэриитин оҕото, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа Пётр СТЕПАНОВ кэргэнэ Февроньялыын университет саҕаттан таптаһан олорбуттара хайыы үйэ 56 сыла буолбут. Киин туһунан «Кыым» хаһыаттан билэн, урукку курдук сиэттиспитинэн кэлбиттэр. Иккиэн сэмэйдик санааларын үллэстэллэр:

– Дьокуускайтан дойдубутугар – Кытаанахха – айанныырбытын ыарырҕатар буоламмыт, иккиэн сүбэлэһэн баран, манна кэлэн эмтэнэргэ, сынньанарга быһаарыммыппыт. Олус сөбүлээтибит. Наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, бииртэн биир сэргэх тэрээһини ыыталлар. Көрдөрүнүү, эмтэнии уонна сынньаныы барыта биир сиргэ буолан, саастаах дьоҥҥо олус табыгастаах. Бэс чагда, өрүстээх сир салгына ырааһа сүрдээх үчүгэй. Үйэм тухары хайыһардаабыт буоламмын, Булгунньахтаах сирдэринэн сөбүлээн хаамтым. Айылҕата туох да ааттаах. Онон абыранныбыт. Киин үлэ­һиттэригэр барҕа махтал.

5301259828758436368

Аҕам саастаахтардыын үлэ хайысхата кэҥиир

Мария Христофорова иһитиннэрби­тинэн, билигин хамаанда «Уһун үйэлэнии туурдара» диэн бырайыагы олоххо киллэрэргэ бэлэмнэнэр. Кини этэринэн, Сахабыт сиригэр олорон Дьокуускайтан атыны көрбөтөх, оннооҕор ыаллыы сытар улуустарга сылдьыбатах аҕам саастаахтар бааллар.

«Холобура, бу Хаҥалас улууһун олохтоохторо Нам эбэтэр Бүлүү улууһугар төһө сырыттылар? Дойдулара буолбатах буоллаҕына, кинилэр онно үйэлэрин тухары тиийбэт туруктаахтар. Ол иһин аҕам саастаахтары улуустан улууска сырытыннарар туурдары толкуйдаан олоххо киллэрэн, олохторун киэргэтиэ, үйэлэрин уһатыа этибит», – диэн кини баҕа санаатын эттэ.

Ити курдук үтүө үгэстэри утумнуур, көлүөнэлэри ситимниир «Утум» көхтөөх уһун үйэлэнии киинин Бул­гунньахтааҕы филиалын биир сылын бэлиэтээһин олус истиҥник уонна туһалаахтык ааста. Төрөп­пүттэргитин, эһэлэргитин-эбэлэргитин сынньата ыытар баҕалаах дьон саҥа сезоҥҥа +7 (914) 271-00-88 нүөмэринэн суруйтарарга тиэтэйиҥ.

Тэрээһини сырдатта КҮНДЭЛИ.

Бүтэһик сонуннар